(Кэпсээн)
Данилка быйыл алтыс кылааһы бүтэрдэ. Сайыҥҥы уһун өрөбүлүн кэмигэр аҕатыгар көмөлөһөн, илии-атах буолар. Сытыытын-хотуутун, тугу барытын суһаллык, түргэнник оҥоро охсорун иһин, аҕата кинини балыкка, булка өрүү илдьэ сылдьар. Уол бэйэтэ даҕаны тыаҕа сылдьарын сөбүлүүр.
Биир үтүө күн аҕата Ньукулай: “Сарсын өрөбүлүм. Онон балыктыы барыа этибит”, – диэбитин Данилка сэргии иһиттэ.
– Аҕаа, ыалбыт Дьөгүөр эһээни илдьэ барыахха. Хаһан да, ханна да сылдьыбат дии. Сэргэхсийиэ, үөрүө этэ…
– Кини, тукаам, ыарытыйар дии. Өрүскэ сылдьар кэммитигэр, арай, дабылыанньата эмискэ тахсан хааллын эбэтэр сүрэҕэ ыарыйдын? Оччоҕо хайдах буолабыт? – аҕата мунаахсыйар.
– Оттон эһээ куруук: “Оо, абыраммыт да дьоҥҥут, чэбдик салгыҥҥа, тулалыыр айылҕаҕа сотору-сотору сылдьаҕыт”, – диэччи. Ол иһин этэбин…
– Чэ, оччоҕо, бэйэтин кытта баран кэпсэт, туох диирин бил. Эбээ Дуораттан эмиэ ыйытаар. Баҕар, сөбүлүө суоҕа.
– Сөп, – диэт, уол элэс гынан хаалла.
Өр буолбата, Данилка үөрбүт-көппүт сирэйдээх сүүрэн киирдэ:
– Аҕаа, эһээ Дьөгүөр барсар буолла. Эбээ Дуоралыын наһаа үөрдүлэр, – уол аҕата туох диирин кэтэһэр.
– Сөп. Оччоҕо илдьэбит, – Ньукулай уола үөрбүт сирэйиттэн санаата көнньүөрэн, илимнэрин салгыы бэрийдэ. Данилка илим иилистибитин араарсыбытынан барда.
Сарсыарда эрдэ туран, аһаан-сиэн, иһиттэрин-хомуостарын, астарын-үөллэрин тэринэн, балыктыы барар дьон быһыытынан, биэрэккэ киирдилэр. Баран иһэн аара оҕонньордоругар таарыйдылар. Дуората атаарсаары биэрэккэ диэри барыста.
Мотуордара, бензиннэрэ, балыктыыр тэриллэрэ хааламмыт балоктарыгар тиийэн, онтуларын-мантыларын бэриннилэр. Онтон иҥнэри сытар оҥочолорун лэкэчэк маһынан халытан, ууга киллэрдилэр. Мотуору иилэн, бензини толору куттан, өссө канистраҕа эбии ылынан, таһаҕастарын тиэнэн, оҕонньордорун оҥочоҕо ортолоругар олордон, дьэ хоҥуннулар. Дуора эмээхсин кытылга, оҕонньорун сайыспыттыы, кэннилэриттэн далбаатыы хаалла…
… Халлаан киэһэриитэ балыксыттарбыт этэҥҥэ эргиллэн, бөһүөлэк аннынааҕы кытылга тигистилэр. Оҥочо тумсугар бириһиэни тэлгэтэн, балыктарын үллэһиннилэр. Дьөгүөрдэригэр улахан иһиккэ анаан-минээн бөдөҥ балыктартан биэрдилэр. Оҕонньордоро үөрүү бөҕө.
“Ыйааһына ыарахан буолуо, дьиэҕэр диэри илдьэн биэриэхпит”, – диэн Ньукулай эппитин оҕонньор отой буолуммата. “Бэйэм тутан тахсыам, кыайар инибин”. Ол эрээри Данилка: “Саатар көнө сиргэ диэри көмөлөһүөм”, – диэн, таһаҕаһын тутуһан, үктэнэргэ мэһэйэ суох сиргэ диэри атааран биэрдэ.
Дьөгүөр иһитин туппутунан дьиэтин диэки оргууй аҕай бара турда. Ол баран иһэн, аара суолга дьону көрүстэҕин аайы, бэркэ астынан: “Айылҕабар сырыттым, бу балыктаан иһэбин. Барыта оҕом Данилка үтүөтэ. Кини тэрийэн, чэбдик салгыҥҥа сылдьан кэллэҕим”, – диэн киэн тутта кэпсии истэ.
Дьиэтигэр эмээхсинэ котоку үөрэ көрүстэ.
– Хайа, оҕонньор, хайдах сырыттыҥ? – диэн ыйыта тоһуйда.
– Наһаа үчүгэйдик сырыттыбыт. Мэктиэтигэр, кыһыл оҕо курдук, кылгастык нуктаан, сынньанан эҥин ыллым. Туох да үчүгэйэ сүрдээх! – диэн баран, көхсүн этиттэ. – Мэ, бу бүгүҥҥү балыкпын, – оҕонньор иһитин утары уунна. Эмээхсин соһуйан-өмүрэн, бачча элбэх бөдөҥ балыгы ханна гыныаҕын билбэтэхтии, халахайданна.
Сотору буолаат, дьиэҕэ Данилка көтөн түстэ:
– Хайа, эһээ, этэҥҥэ кэллиҥ дуо? – диэн ыйытаат, остуолга өссө биир улахан үрүҥ балыгы уонна эбээ Дуораҕа анаан курууска сугуну ууран кэбистэ.
– Тоойуом, эһэҥ бэркэ сылдьыбыт бадахтаах. Сүргэтэ көтөҕүллүбүтэ сүрдээх. Данилкам барахсан үтүөтүнэн өрүскэ баран көнньүөрэн кэллэҕэ, – дии-дии Дуора уолу сүүһүттэн сыллаан ылла. – Оҕом өссө сибиэһэй сугуну аҕалбыт дии! Үчүгэйии-ин!
Данилка үөрэн-көтөн, биэрэккэ көмөлөһө сүүрдэ. Ньукулай уолун кытта оҥочоҕо иилиллибит мотуордарын өһүлэн, таһаҕастарын таһан баран, болуоктарын хатаатылар, бултуйбут дьон быһыытынан, дьиэлэригэр бардылар. Тиэргэннэригэр киирбиттэрэ, Данилка эбэтэ тэлгэһэҕэ тахсан, сынньана олорор эбит. Киниэхэ анаан үргээбит биэ эмиийин уол аҕалан ууммутугар эбэтэ: “Тыый! Оҕом кэһиитин сиэн бөҕө буоллаҕа дии. Аата үчүгэйин! Мм-м, минньигэһиин!” – диэн амтаһыйан баран, сиэнин сылаастык, сымнаҕастык сыллаан ылла.
Бырааттаах балтыгар уохта үргээн аҕалбытын үллэстэн айманнылар. Дьиэ кирилиэһигэр мичээрдии турар ийэтигэр бөтүөҥҥэ үргээбит сугунун биэрдэ.
– Ийээ, маны сүөгэйгэ булкуйан сиэхпит. Оннугу наһаа сөбүлээччигин дии, – диэтэ Данилка.
– Ии, оҕом сыыһа, бу кэһиитэ элбэҕин! Дьиэҕэ киирэн суун-тараан, сылаас ас остуолга тардыллан турар. Ол кэнниттэн бэйэҥ билэргинэн сынньанаар, – дии-дии ийэтэ уолун кууста.
Оттон эбэтэ сиэнэ номнуо дьоһуннаах киһи, төрөппүттэргэ сүрүн көмөлөһөөччү буолбутуттан үөрэн, хараҕыттан халыйбыт таммахтары былаатын уһугунан сотто олордо. “Оҕом барахсан киһи киһитэ буолан эрэриттэн сэмээр үөрэбин. Олох очурдарыгар оҕустарбакка, сиэннэрим барахсаттар этэҥҥэ эрэ сырыттыннар. Оо, Үөһээ Айыылар, сирим-дойдум, дьонум-сэргэм, оҕобут Данилка инники кэскилин арчылааҥ, харыстааҥ даа!” – диэн, көрдөһөр- ааттаһар икки ардынан муннун анныгар ботугуруу олордо.
Варвара Аполлонова.
Эдьигээн.