Биһиги күндү киһибит — аҕабыт, эһэбит Новгородов Иннокентий Тарасович 1934 сыллаахха Ытык Чөркөөх сиригэр Сэккээччи нэһилиэгэр Түүлээх алааһа диэн сиргэ күн сирин көрбүтэ. Олох кыра эрдэҕинэ төрөппүттэрин, бииргэ төрөөбүттэрин күн сириттэн сүтэрбитэ. Олус эрдэ тулаайах хаалыы, сут-кутурҕан кыһалҕатын, олох бары ыарахаттарын оҕотук санныгар сүкпүтэ. Хата, үтүө санаалаах аймахтара аттыларыгар илдьэ сылдьыбыттара, киһи-хара буоларыгар көмө буолбуттара.
Биһиги аҕабыт 12-13 сааһыттан булчут буолар дьылҕата тардан буолуо, быйаҥнаах Амма сирин сөбүлээн дойду оҥостуммута. Кырдьаҕас булчуттары кытта тэҥҥэ сылдьан, сонор араас кистэлэҥнэрин билбитэ, булт дьикти алыбар ылларбыта.
Мантан саҕаламмыта ардаҕы-хаары, силлиэни-буурҕаны кытта хатыһар унньуктаах, сыралаах сонорун уһун суола. Онтон ыла 65 сыл усталаах-туоратыгар ыраах Ноху, Куолума үрэхтэрин, Амма, Таатта систэрин атынан сылдьан, күндү түүлээҕи бултаабыта.
Биһиги аҕабыт өрөспүүбүлүкэҕэ тиийэ биллибит «Таатта» совхоз биир чулуу үлэһитэ, эдэрдэргэ холобур буолар сорсуннаах сонордьута буолбута.
1975 сыллаахха Коммунистическай үлэ ударнига бэлиэнэн наҕараадаламмыта.1973-85 сс. нэһилиэккэ уонна улууска хас да төгүл социалистическай куоталаһыы кыайыылааҕынан тахсыбыта. 1984-87сс. үөрэнээччилэр үлэ уонна сынньалаҥ лааҕырдарыгар наставнигынан үлэлээбитэ. Лааҕыр начальнига Е.Е.Жерготов. Бу сыллар усталарыгар лааҕыр үлэтэ өрөспүүбүлүкэҕэ тиийэ биллибитэ. 1985-86 сс. өрөспүүбүлүкэҕэ 2 уонна 3 миэстэ буолан, үрдүк ситиһиини ситиспиттэрэ.
Биһиги аҕабыт Иннокентий Тарасович үлэтэ үрдүктүк сыаналанан Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ анал бэлиэнэн наҕараадаламмыта.
Муус устар 27 күнүгэр 2015 с. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Борисов Егор Афанасьевич уурааҕынан «Саха Республикатын Бочуоттаах Бэтэрээнэ» анал бэлиэтин илиитигэр туппута.
Биһиги нэһилиэкпит биир кырдьаҕас, туруу үлэһитэ, сорсуннаах сонордьута, сайыннары- кыһыннары үлэттэн илиитин араарбакка, үлэттэн эрэ дуоһуйууну ылар сүрүн үтүө хаачыстыбалаах этэ биһиги аҕабыт Иннокентий Тарасович.
Чөркөөх аар-саарга аатырбыт музейа атаҕар туруутугар биһиги аҕабыт көмөтө кырата суох. Ол курдук, Дмитрий Кононович Сивцев-Суорун Омоллоон көрдөһүүтүнэн төрөөбүт алааһыттан сэттэ кырыылаах бабаарынаны кытта сыһыары тутуллубут ампаары бэлэх биэрбитэ.
Саха норуотун аарыма саарына Суорун Омоллоон 1970-80 сылларга биһиги аҕабытынаан бииргэ бултаабыт кэмнэрэ. Дмитрий Кононович уонунан сылларга саас аайы Аммаҕа киирэн кустаан-хаастаан, айылҕаҕа сылдьан, дуоһуйа сынньанан, махтанан тахсар этэ. Кини ол сырыыларын туһунан Германияҕа Дармштадт куоракка «Vom Holz zum Haus» немец тылынан тахсыбыт кинигэтигэр биһиги аҕабыт Иннокентий Тарасович туһунан элбэх хаартыскалары, матырыйааллары киллэрбитэ. Саамай интэриэһинэйэ, бу кинигэ 76-с сирэйигэр биһиги аҕабыт Аммаҕа Булудьумаҕа бултуур үүтээнин аттыгар кустаах- хаастаах турарын көрөн олус соһуйдубут даҕаны, үөрдүбүт даҕаны. Бу хаартысканы биһиги дьиэ кэргэммит альбомугар харыстаан илдьэ сылдьабыт.
Биһиги аҕабыт, эһэбит Иннокентий Тарасович — улууспут биир кырдьаҕас сонордьута, олоҕун бүтүннүүтүн саха омук сүрүн дьарыгар-булт уустук,унньуктаах уһун суолугар анаабыт, Баай Байанайдыын аргыстаһан алта уон биэс сыл устата, бэйэтэ талан ылбыт ыарахан идэтигэр бэриниилээх, күүстээх санаалаах, дьулуурдаах уонна тулуурдааах буолуу сүрүн туоһута, үүнэр көлүөнэҕэ үлэһит Киһи — саҥа үйэ уонна ааспыт кэм хатыламмат үтүө холобурунан буолар. Олоҕун аргыһа, ийэбит, эбэбит Чурапчы көһөрүллүүтүн кыттыылааҕа Коммунара Саввичналыын ыал буолан, оҕолонон-урууланан эйэ дэмнээхтик 49 сыл олорбуттара. Оҕолорун үөрэттэрэн, ыал оҥорон, дьиэ тутан, сиэн көтөҕөн сирдээҕи олох дьолун барытын билбиттэрэ.
Мин оскуолаҕа куруук үчүгэйдик үөрэнэн ийэбин, аҕабын үөрдүбүт буолуохтаахпын. Оскуолабын бүтэрэн, олох киэҥ аартыгар үктэнэн хайаан да үөрэниэхтээхпин диэн санааттан куоракка университет омук тылын факультетыгар туттарсан үөрэнэ киирбитим.
Оскуолаҕа да, үрдүк үөрэххэ үөрэнэр кэммэр да мин куруук аҕам бултаабыт түүлээх таҥаһынан таҥнан ахан кэллэҕим. Араас бэдэр, киис бэргэһэни кэттэхпинэ оҕолор наһаа муодарҕаан, ымсыыра да көрөр этилэрэ.Университекка бэһис кууруска үөрэнэ сырыттахпына саас, өрүс барыан аҕай эрэ иннинэ аҕам барахсан тобус-толору кууллаах эти сүкпүтүнэн олорор сүүрбэһис уопсайбыт тохсус этээһигэр миэхэ киирэн кэлбитигэр наһаа да соһуйбутум, үөрбүтүм даҕаны. Кууллаах этин санныттан түһэрэн, олорор хоспун көрөн олус үөрбүтэ, «Үчүгэйдик сылдьар эбиккин» диэбитэ. Аҕам кырдьан да баран миэхэ куруук этэр этэ: «Эн дьулуурдаах буолаҥҥын үөрэммитиҥ» диэхтиирэ. Ол курдук, мин аҕам үөрэҕи наһаа сыаналыыра, миигиттэн куруук сиэннэрин ситиһиилэрин истэн-билэн сэмээр үөрэрэ. Оннооҕор аҕыс уон саастаах олорон үөрэммэккэ хаалбыт оҕо сааһын ахтан-хараастан кэлэрэ…
Онон билигин, биһиги бэйэбит ийэ-аҕа буолан олорон оҕолорбутун үөрэххэ дьулуурдаах, аныгы үйэ араас идэлэрин баһылыыр дьон буола улааталларыгар кыһанар эбээһинэстээхпит.
Биһиги аҕабыт, эһэбит аттыбытыгар үлэ үөһүгэр сылдьан, бу олохтон олус соһуччу букатыннаахтык барбыта… Биһиги тапталлаах эһэбит ыраас дууһата, биһиэхэ сылаас таптала, үлэни эрэ өрө тутар дьүккүөрдээх санаата, Орто дойдуга олорон ааспыт дьоһун олоҕо биһиги сүрэхпитигэр куруук тыыннаах буолуоҕа. Эһэбит сырдык аатын ааттатар ыччаттара Саҥа үйэ үөрэҕин баһылаан, үлэһит дьон буола улааталларыгар бары өйбүтүн-санаабытын, болҕомтобутун уурабыт.
Дмитрий Кононович-Суорун Омоллоон биһиги төрүттэрбитин олус үчүгэйдик билэр этэ. Ол курдук, 1921 сыллаахха суруллубут «Охоноон» диэн айымньытыгар Охоноон прототиба биһиги хос-хос эһээбит Киирик ойууламмыт эбит. Бу дьиҥнээх олоххо буолбут айымньы биһиги өбүгэлэрбит олорон ааспыт олохторо суруллубута, биһигини ордук умсугутар.Бу айымньыны киһи сатаан долгуйбакка, харах уутун таһаарбака аахпат… Биһиги хос-хос эһэбит Киирик Айанньыытап сахаҕа үөрэхтээх, Таатта улууһун ревкома буола сылдьыбыт, биллэр киһи эбитэ үһү. Кытаанах санаалаах, сытыы тыллаах-өстөөх, киэҥ сырыылаах, санаабыт санаатын тиһэҕэр тиэрдэр киһи эбитэ үһү. Ол иһин кинини эккирэтиһэн, сойуолаһан бандьыыттар накаастаан өлөрбүттэрин туһунан суруллубута музей архыыбыгар баар. Ол иһин эбитэ буолуо, Суорун Омоллоон бу айымньытын суруйдаҕа.
Дмитрий Кононович биһиги аҕабытын кытта 1970-1980 сыллардаахха Куолума, Ноху үрэхтэринэн бултуу сылдьыбыт эбит. Бу туһунан аҕам ахтара: «Кырдьык, Суорун Омоллоон бу сылларга миигин кытта алтыспыт, миигин кытта бултаспыт кэмнэрэ. Аммаҕа киирэн саас аайы кустуурбут, ыраах Куолума, Ноху үрэхтэргэ тиийэ бултаан-алтаан сылдьыбыппыт. Бииргэ сылдьан аарыма эһэни бултаабыппытын өйдүүбүн. Бу сырыыларын кини барытын хаартыскаҕа түһэрэн иһэр этэ. Дмитрий Кононович наһаа сааһыт, ыттаҕына төрүт сыыспат буолара. Бүппэт элбэх кэпсээннээх-сэһэннээх кырдьаҕас этэ. Бу сырыыларыттан Суорун Омоллоон олус сынньанан, дуоһуйан, махтанан, астынан тахсара».
Бары билэрбит курдук, Дмитрий Кононович-Суорун Омоллоон 1977 сыллаахха Чөркөөхтөөҕү мемориальнай музейы төрүттээбитэ. Чөркөөх аар-саарга аатырбыт музейа атаҕар туруутугар биһиги эһэбит Иннокентий Тарасович көмөтө кырата суох. Ол курдук Дмитрий Кононович Сивцев-Суорун Омоллоон көрдөһүүтүнэн төрөөбүт алааһыттан сэттэ кырыылаах бабаарынаны кытта сыһыары тутуллубут ампаары бэлэх биэрбитэ.
Бу сайылык дьиэни Түүлээх алааһа диэн сиртэн саас 1977сыллаахха көһөрөн аҕалбыттар. Бу сайылык дьиэ – сэттэ кырыылаах бабаарына уонна сыһыары тутуллубут ампаардаах. Көмүлүөк оһох хаҥас өттүгэр бурдук тардар таас турар, бабаарынаны тула наара ороннор, сахалыы остуол, талах олоппостор, туттулла сылдьыбыт былыргы иһит-хомуос билигин да тураллар. Бу сайылык дьиэни уон тохсус үйэҕэ биһиги хос-хос эһэбит Киирик бэйэтэ туппут эбит. Биһиги төрүттэрбит, аҕабыт оҕо сааһа ааспыт ытык сирэ буолар. Аҕабыт төрөөбүт бабаарынатыгар оскуола үөрэнээччилэригэр анаан араас аһаҕас дьарыктар ыытыллаллар, үөрэнээччилэр дакылаат, хоһоон ааҕаллар.
Саас уонна күһүн дьиэ кэргэнинэн тахсан хомуйабыт, санаа атастаһар, инники былааннары оҥостор ытык сирбит буолар. Аҕабыт аатын ааттатар сиэн уолаттара араас таһымнаах научнай-практическай конференцияларга дакылаат ааҕан, үрдүк ситиһиилэммиттэрэ. Билигин кинилэр үрдүк үөрэх кыһатын устудьуоннара.
Биһиги аҕабыт Суорун Омоллоону кытта олус чугастык уонна истиҥник санаһан сылдьыбыттарын ааҕан, истэн тапталлаах, күндү киһибитинэн — аҕабытынан, эһэбитинэн киэҥ туттар санаа өссө күүһүрэр.
Биһиги аҕабыт төһө да дьиппиэн көрүҥнээҕин иһин, наһаа уйан дууһалаах, дьону барытын аһынар-харыстыыр ураты күүстээх санаалаах, олох бары уустугун-ыараханын барытын санныгар сүгэн, мөлтөөн-олорон биэрбэккэ, иннин диэки үрдүккэ дьулуспут сүдү күүһэ, киһилии сиэрдээх олорон ааспыт олоҕо барыбытыгар үтүө холобур буола сылдьыаҕа.
Таптыыр-убаастыыр, сүгүрүйэр күндү киһибит — аҕабыт туһунан сырдык өйдөбүл, кэрэ кэпсээн буолан үйэлэргэ ахтылла туруоҕа! Биир киһи олоҕор бэриллибит дьоһун олоҕун сиэрдээхтик, барыбыт туһугар кэскилбитин түстээбитигэр Аҕам барахсаҥҥа махталым муҥура суох. Олоҕум устатын тухары Аҕам эппит тыллара, сүбэтэ-амата сырдык суолдьут сулус буолан үрдүккэ, кэрэҕэ сирдии туруоҕа!
Валентина Иннокентьевна Новгородова-Харитонова,
П.А.Ойуунускай аатынан Чөркөөх орто оскуолатын омук тылын учуутала, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, Таатта улууһун үөрэҕириитин сайдыытыгар анал бэлиэ хаһаайына, Таатта улууһа.