П.А. Ойуунускай аатынан Чөркөөх орто оскуолатын үөрэнээччитэ Владик Дмитриев бу дьыл балаҕан ыйыгар 115 сылын бэлиэтиир саха народнай суруйааччыта, Саха АССР уонна РСФСР искусстволарын үтүөлээх деятелэ, Социалистическай Үлэ Геройа, А.Е.Кулаковскай уонна П.А.Ойуунускай ааттарынан Судаарыстыбаннай бириэмийэлэр лауреата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Духуобунаска академиятын академига, Өрөспүүбүлүкэ бочуоттаах гражданина, ытык киһибит Дмитрий Кононович Сивцев-Суорун Омоллоон олоҕор, айар үлэтигэр 2016 сыллаахха, өссө алын сүһүөх кылааска үөрэнэ сылдьан, сүрдээх интэриэһинэй үлэ оҥорбутун бүгүн манна таһаарабыт уонна үйэтитэбит. Бу үлэтинэн Владик «Бастыҥ чинчийээччи» анал аатынан бэлиэтэммит. Чинчийэр үлэ салайааччыта — Ф.Е. Баева.
Үлэм сыала: Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон туһунан билии.
Үлэм соруга:
- Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон автобиографиятын билсиһии;
- Дьарыгын үөрэтии;
- Билбити оҕолорго тиэрдии, сырдатыы.
Тоҕо бу тиэмэни таллым: Саха Өрөспүүбүлүкэтин народнай суруйааччыта Дмитрий Кононович Сивцев-Суорун Омоллоон саха литературатыгар элбэх кылааты киллэрсибит, саха остуоруйаларын, фольклорун оҕолорго тиэрдээччи, бэртээхэй учебниктары айан, ыччаты иитиһээччи киһи быһыытынан билэбит. Мин санаабар, биһиги, Саха сирин инники көлүөнэтэ маннык дьоммутунан киэн туттуохтаахпыт, кинилэри үчүгэйдик билиэхтээхпит, үөрэтиэхтээхпит.
Мин кини автобиографиятын хасыһан, үөрэтэн баран кини туһунан элбэх билбэтэхпин арыйдым, саҥаны көрдүм, дьикти талаанын биллим. Онон мин Дмитрий Кононович туһунан дакылаат суруйарга сананным.
Саха народнай суруйааччыта Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон олоҕун устата үүнэр көлүөнэҕэ ураты болҕомтотун уурбут олус дэгиттэр талааннаах киһибит. Кини уус-уран айымньылара саха норуотугар киэҥ билиниини уонна дириҥ тапталы ылар. Кини туттарбыт түмэллэрэ республика эрэ үрдүнэн буолбакка Арассыыйа, тас дойдуларга аата ааттанар, суон сураҕырар.
Мин бу дакылааппар кини дэгиттэр талааныгар тохтуом.
Биһиги, үгүстэр, кинини суруйааччы эрэ быһыытынан билэрбит буолуо. Онтон кини, суруйарын таһынан хаартыскаҕа түһэриинэн ылсан туран дьарыгырбыт уонна олус диэн үчүгэйдик уруһуйдуур эбит.
Суорун Омоллоон оҕолорго да, улахан да дьоҥҥо анаан суруйбут кэпсээннэрэ, остуоруйалара, драмалара элбэхтэр. Киһини умсугутар, элбэххэ үөрэтэр айымньыларын киһи ааҕан сиппэт…
1. Кини үөрэх хайысхатыгар эмиэ кырата суох кылааттаах. 1932-1948 сылларга дылы таһааттарбыт хомуурунньуктара билиҥҥэ диэри тупсарыллан туһанылла сылдьаллар.
Көстөрүн курдук үөрэх хайысхатыгар аҕыйаҕа суох үлэлэрдээх.
1933 сыллаахха таһааттарбыт “Төрөөбүт тыл” пособиетын булан көрдүм. Суругун көрөн бастаан сатаан ааҕыа суохпун диэбитим киһи иҥнибэккэ ааҕар эбит.
Маҥнайгы кылааска анаан суруйбут “Букубаара” билигин да үөрэтэргэ көмө пособие буолар.
2. Суорун Омоллоон сүрдээх үчүгэйдик уруһуйдуур эбит.
Өтөх. Төрөөбүт балаҕаным. Д. Сивцев 1926 с. уруһуйа.
Сайылык балаҕаным. Д. Сивцев уруһуйа.
Саввин Степан Андреевич- Куохайаан. Д.Сивцев уруһуйа.
Бу Суорун Омоллоон уруһуйдарын сороҕо эрэ.
3. Суорун Омоллоон хаартыскаҕа түһэрэрин олус сөбүлүүрэ. Ханна да сырыттар камератын тута сылдьар эбит.
Кини туттубут аппарата, таас негативтара, фотобумагатын ордуга билигин биһиги музейбытыгар сыаналаах экспонаттар буолан тураллар.
Бу „Зенит — Е“ диэн фотоаппарата.
4.Түмүк. Суорун Омоллоон дэгиттэр талааннаах киһи, уһулуччулаах суруйааччы, кэрэхсэнэр кэпсээнньит. Айар үлэтэ саҕаланыаҕыттан кини саха норуотун баай тылынан уус-уран айымньытыттан тахсар дириҥ толкуйдаах айымньылара хайдах да киһи дууһатын таарыйбат буолуон сатаммат. Кини норуот ураты Улуу дьонун кэккэтигэр киирэр, тарбахха баттанар дьонуттан биирдэстэрэ. Суруйан хаалларбыт айымньылара улахан дьоҥҥо, оҕолорго уос номоҕо буолан үйэттэн үйэлэргэ бэриллэн иһэллэр.
Дакылааппын суруйан бүтэн баран маннык түмүктэри оҥордум:
- Суорун Омоллоон Саха сиригэр, норуотугар, дойдутугар үгүс үтүөнү оҥорбут;
- Оҕолорго аналлаах элбэх айымньылардаах;
- Үөрэх тиһигэр элбэх пособиены оҥорбут;
- Талааннаах уруһуйдьут эбит;
- Фотоаппаратынан түһэрэр дьарыктааҕа оччотооҕу кэми кэрэһэлиир элбэх хаартыскалардаах эбит.
Суорун Омоллоон дьолун тааһа — айар үлэтигэр, хатыламмат дьикти дьылҕатыгар.
Туһаныллыбыт литература:
- “Улуу Суорун”, Дьокуускай, 2012 с.;
- “Айымньылар уонна үлэлэр толору хомуурунньуктара” , 5 тома, Дьокуускай, 2007 с.;
- Суорун Омоллоон “Аман өс”, Дьокуускай, 2003 с.