Аввакумов Дьулустаан. П.А.Ойуунускай аатынан Чөркөөх оскуолатын IV кылааһын үөрэнээччитэ.
Суорун Омоллоон тэрийбит музейын биир куолакала
Чөркөөхтөөҕү политссыылка музейа Республика, Таатта дьонун-сэргэтин бары күүһүнэн тутуллубута. Музейы тутууну биир дойдулаахпыт, норуодунай суруйааччы Дмитрий Кононович Сивцев – Суорун Омоллоон тэрийбитэ. Ханна даҕаны ханнык баҕарар музей экспонаттара баайынан сыаналанар. Алексеевскай оройуон, Республика бары муннуктарыттан араас туттар тэрил, сэп-сэбиргэл, иһит-хомуос мунньуллан музей экспозициятын байыппыт. Билиҥҥи туругунан Чөркөөх музейын фондата 5648 сэдэх, сыаналаах, көмө фондаҕа 20 тыһ. тахса экспонат баар. Балар истэригэр биир сыаналаах экспонаттарынан куолакаллар буолаллар.
Куолакал таҥара дьиэлэригэр туттуллар музыкальнай инструмент буолар. Тылын истиэнкэтигэр охсон тыас таһаараллар. Кини музыка таһаарар уонна сигнал биэрэр суолталаах. Куолакалы тыаһатар киһини звонарь дииллэр. Урут куолакаллар сигнал биэрэр инструмент быһыытынан киэҥник туттуллар этилэр. Куорат болуоссаттарыгар куолакал ыйааннар бырааһынньыктарга эбэтэр баһаар буолар түбэлтэтигэр тыаһатан дьоннору ыҥыраллара. Хараабылларга тумаҥҥа суолларын булалларыгар эмиэ тутталлар. Билигин оскуолабытыгар эмиэ чуораан туттабыт. Уруок саҕаламмытын уонна бүппүтүн кини тыаһаан сигнал биэрэр.
Куолакалга ханна баҕарар киһиэхэ курдук сыһыаннаһаллар. Ол курдук холобура киниэхэ киһи курдук төбөлөөх, курдаах, бииллээх, уостаах, тыллаах, саннылаах буолар эбит. Кинилэргэ киһи курдук аат кытта биэрэллэр эбит. Холобура музейга баар биир куолакал «Уол куолакал» диэн ааттааҕа биллэр. Кыргыһыы кэмигэр кыайбыт киһи куолакалы билиэн ылар эбит. Оннооҕор 1591 сыллаахха Углич куоракка былааһы утары тэрээһиҥҥэ тыаһаан дьону ыҥырбытын иһин куолакалы тылын быһан Тобольскай куоракка сыылкаҕа ыыппыттара биллэр.
Чөркөөх музейыгар барыта 16 устуука куолакал хараллан турар. Тааттатааҕы Николаевскай таҥара дьиэтигэр, Уолбатааҕы Владимирскай часовняҕа, Туора-Күөлгэ баар Дьүлэй часовнятыгар, Чычымах таҥаратын дьиэтигэр, куоракка баар Никольскай таҥара дьиэтигэр уонна Ытык – Күөл нэһилиэгэр баар Хадаайы музейыгар Преображенскай таҥара дьиэтигэр көрүөххэ сөп. Бу куолакаллартан үксүлэрэ музейы төрүттээччи Дмитрий Кононович Сивцев – Суорун Омоллоон уонна Тааттатааҕы паамытынньыктары харыстыыр общество председателя Иннокентий Алексеевич Уваров көмөтүнэн Саха сирин араас муннуктарыттан булуллубуттара. Ол курдук музей тэриллиитигэр Бүлүүттэн, Ытык-Күөлтэн, Охотскай перевоз бөһүөлэктэн, Дьоккуускай куораттан, Орджоникидзевскай оройуонтан, Мэҥэ Хаҥаластан, Усть Майаттан, Өлүөхүмэттэн тиэйиллэн кэлбиттэрэ.
Бу куолакаллар истэригэр биир интириэһинэй остуоруйалаах куолакол баар. 1982 сыл ыам ыйыгар Иннокентий Алексеевич Уваров музейга туттарбыт актыгар Саныях нэһилиэгин Николаевской таҥара дьиэтин куолакала диэн бэлиэтээн суруйбуттар. Ол аата Өлүөхүмэ улууһун куолакала буолар. Тулатыгар эргиччи «Лить в Тюмени 1894 г. в.завод братьев Гилевых» диэн суруктаах.
Бу суругунан сирдэтэн үөрэттэххэ музейга баар куолакал Тюмень куоракка 1894 сыллаахха оҥоһуллубут. Тюмень куоракка олохтоох Гилевтар диэн атыыһыттар икки сүүс сылы быһа куолакал оҥоруутунан утумнаахтык дьарыктанан Сибииргэ тарҕаппыттар. Кэлин бииргэ төрөөбүт бырааттыылар уларытан «завод братьев Гилевых” диэн ааттаммыттар. Кинилэр оҥорбут куолакаллара ураты кэрэ ойуулаах – мандардаах, ыраас тыастаах куолакаллар быһыытынан биллибиттэр. Билиҥҥи кэмҥэ бу завод таһаарбыт куолакала аан дойду үрдүнэн 50 эрэ устуука баара биллэр. Олортон биирдэстэрэ бу Уолбатааҕы часовня колокольнятыгар ыйанан турар куолакал буолар.
Түмүккэ этиэм этэ, музей хас биирдии экспонат малын чинчийэн үөрэттэххэ элбэҕи билбэтэххин билэҕин, интириэһиргээн хасыһаҕын.