Мин Алтайскай кыраайга Белокуриха куоракка ийэбин кытта сынньанан кэллим. Ыраах хоту тымныы сиргэ олорор буолан, сайын сылааһын элбэхтик иҥэриниэхтээхпин.
Белокуриха куоракка бастаан күөмэйбин ыраастаатылар. Бассейҥа сөтүөлээтим. Эмтээх чэй истим. Сибиэһэй салгыҥҥа дуоһуйа сырыттым.
Наһаа да улахан мастар үүнэллэр эбит! Кырдьык, соҕуруу сиргэ күн уота дэлэй эбит. Ол да иһин ото-маһа улахан, суон, кэтит.
Оҕолоор, Алтайскай кыраайга Тымныы оҕонньор дьиэтэ баар эбит. Күөх сайын мин Тымныы оҕонньор дьиэтигэр ыалдьыттаатым. Кириэһилэтигэр олорон хаартыскаҕа түстүм.
Остуоруйа дойдутугар сылдьар курдук олус да үчүгэй кэмнэр аастылар. Умнуллубат сайыны бэлэхтээбит ийэбэр Полина Даниловнаҕа махтанабын.
Вова ПАВЛОВ, III кылаас, Эдьигээн орто оскуолата, Эдьигээн.
1
+1