Былыр урукку Хочо (урут Сунтаар) улууһугар, аатырбыт «Арыылаах» эбэҕэ Моонньо кулуба албан ааттанан, дохсун сурахтанан олорбут үһү. Суос-соҕотох кыыһын аатын Мойбордуур Мотурууна диэбиттэр, оттон сураҕырбыт сахалыы аата Суоһалдьыйа Толбонноох диэн эбит.
Моонньо кулуба күндү кыыһын киискэ кистээн, саһылга саһыаран, былыттаах халлааҥҥа быктарбакка, алыс атаахтатан ииппит. Бу кыыс дьүһүннээх үчүгэйэ, уҥуохтаах көнөтө, майгылаах бастыҥа буола улааппыт.
Оччолорго улуус бэртэрэ, дойду чулуулара Суоһалдьыйа Толбоннооҕу ыйыттарар буолан барбыттар. Кыыс элбэх дьону сирэттээн ыыталаабыт, онон Моонньо кулуба кыыһа Суоһалдьыйа Толбонноох сириксэн сураҕа үс дойдуга тарҕаммыт.
Ол саҕана биирдэ Моонньо кулуба Аанньаахха (урут Өлүөхүмэ) киирэ сылдьан, урукку атаһыгар Мойуор атыыһыкка сылдьан, күүлэйдээбит. Ол атыыһыт ойох ыла илик, туран эрэр уоллаах эбит. Икки сүҥкэн баай дьон аһыы олороннор, “оҕолорбутун холботолуохха, Аанньаах, Хочо улуустарын үйэ-саас тухары уруулуу оҥортуохха”, — диэн кэпсэппиттэр.
Инньэ гынан, Мойуор атыыһыт уолун кытары Моонньо кыыһын көрө Хочоҕо кэлбиттэр. Кыыс, уруккутун курдук, кыккыраччы аккаастаан кэбиспит. Онуоха аҕата атыннык тыынан турбут: «Мас курдук сөбүлэс, итинтэн ордук ыраахтааҕы уола эйигин кэлэн ыйыттарыа дуо?», диэбит. Онон Бөтүрүөп иннигэр сыбаайбалаан баралларыгар кэпсэппит.
Аанньаахтар болдьохтоох кэмнэригэр тиийэн кэлбиттэр. Тойбохой — Арыылаах икки ардыгар балтараа көстөөх сиргэ ат олугун аайы кыһыл көмүс манньыаты быраҕан испиттэрин, кэннилэриттэн бэрэмэдэйдээх киһи батыһа сылдьан, ону хомуйа испитэ үһү диэн үһүйээн баар. Дьэ, аарыма уруу-оонньуу тэриллибит, ас-үөл ыһыллыбыт.
Сарсыарда күтүөт киһи сүөм түһэн турбут, онтон оонньууга киирэн, үҥкүү тыла этэн сырбаппыт. Этэр тылын хоһооно идиэн: «Бачча барҕа баайбын, күдэн үппүн холооҥҥо да куппуппун, барбахха да матайдаабыппын».
Ити кэнниттэн Суоһалдьыйа Толбонноох сүтэн хаалбыт. Уруу дьоно барыта үс хонугу быһа көрдөөннөр, кыыс сис хаба ортотугар харыйа маска ыйанан, өлөн турарын булбуттар.
Сотору кэминэн Суоһалдьыйа Толбонноох улахан үөр буолбут. Кинини «Хочо хотуна» диэн ааттыыллара үһү.
Георгий Кардашевскай,
“Эдэр коммунист” №72.
1959 с. Бэс ыйын 19 күнэ