Оскуола инкубаторыгар күн сирин көрбүт хаастар, Тураахтаах күөллээх нэлэмэн алааһыгар, сайын үтүөтүн билэн көччүйэ сайылыыллар. Бу хортуоппуй бааһыналаах үтүөкэннээх алаас оскуола бас билиитигэр киирэр. Манна сылын аайы учууталлар, итиэннэ оҕолор үлэ быраактыкатын ааһаллаллар — хортуоппуй олордуутун, от үлэтин көҕүлүттэн туталлар. Уолаттар, эр дьон учууталлары кытта, 5 км уһуннаах күрүө туппуттара.
Быйыл сайын Тураахтаах «хаһаайыттарынан» көтөрдөр буоллулар. Хаастар Линда уонна Сиэрэй, оттон кустар — Каюга боруодалаахтар.
Көтөрдөр айылҕа чэгиэн эйгэтигэр төлөһүйэ улааталларыгар бары усулуобуйа тэриллибит — анал уйа, аһыыр сир тутуллубут.
Көтөрдөрү көрүү-истии туһунан агро-блок үлэһитэ Галина Егорова бу курдук сырдатар:
— Хаастар айылҕаттан күөх оттоох, уулаах сиргэ чөл туруктаах сылдьар аналлаахтар. Онон, оскуолабыт алаастааҕа көтөрдөрү иитэргэ, сайылатарга олус табыгастаах. Күҥҥэ үстэ анал комбикормунан , күөх отунан аһылыктаналлар, күөлгэ көччүйэ усталлар, сөтүөлүүллэр, уулууллар. Оскуолабыт агро-хайысхалаах буолан, хас биирдии учуутал, үлэһит бу үлэҕэ сыстар. Бука бары үөрэ-көтө көтөрдөрбүтүн хоно сытан дьуһуурустубалаан көрөбүт-истэбит, аһатабыт. Үөрэнээччилэр көтөрдөрү иитиини кэтээн көрөн, чинчийэр үлэ ыытан, норуоттар икки ардыларынааҕы, дойду таһымнаах кэмпириэнсийэлэргэ ситиһиилээхтик кытталлар.
Бу курдук, агро-оскуола үлэтэ сайыннары-кыһыннары күөстүү оргуйар.
Ааптар: Изабелла Романова