Алҕас туттууттан, сыыһа быһыыланыыттан, оҕо оонньообут да түгэнигэр кыым саҕа уоттан улахан алдьархай да тахсар түгэннэрэ олоххо баар суол. Уоттан, баһаартан сэрэхтээх буолууга оҕоҕо кыра эрдэҕиттэн өйдөтөр үлэни ыыттахха, элбэх быһылаантан сэрэтиэн, көмө, өйдөбүл, үөрэх буолуон сөп. Оҕо кыра сылдьан иҥэриммит билиитин быдан өйүгэр тутан хаалар.
Ытык Күөллээҕи “Чуораанчык” уһуйаан оҕону уоттан, баһаартан сэрэхтээх буолууга, суол быраабылатын тутуһарга сылын аайы анал нэдиэлэлэри ыытара үгэскэ киирбит. Ол курдук, ааспыт нэдиэлэҕэ кырачааннарга аналлаах уоттан, баһаартан сэрэхтээх буолуу нэдиэлэтэ буолан ааста. Нэдиэлэ устата иитиллээччилэр төрөппүттэрин кытта араас оҥоһуктары оҥорон быыстапка тэрийдилэр, оонньуу нөҥүө уот кыыма кутталлааҕар үөрэннилэр, биктэриинэ ыытылынна.
“Чуораанчык” уһуйаан “Полянка” бастакы улахан группатын үрдүк категориялаах иитээччитэ Ирина Михайловна Билюкина: «Группабытыгар 24 иитиллээччилээхпит. Ыалдьа сытар оҕолору аахпатахха, баар 18 оҕо төрөппүтүн кытта бу нэдиэлэҕэ көхтөөхтүк кытынна. Ол курдук, Пономарева Альмира баай ис хоһоонноох, ойуулаах альбом оҥорон кэлэн кэпсээтэ, 5 оҕо баһаарынай үлэһит таҥаһын накидкатын тигэн, “Куоска дьиэтэ” остуоруйанан оонньууга кытыннылар, баһаарынай буолан холонон көрдүлэр. Гуринов Сахаян баһаарынай массыына макетын олох үүт-үкчү гына оҥорбута. Заболоцкай Алеша икки олоппоско кэтэрдиллэр баһаарынай массыына чехолын тигэн быыстапкабытын байытта, Мартынова Күннэй-Маша сымнаҕас огнетушитель оонньуур тигэн, хайдах туттарга үөрэттэ. 9 оҕо баһаарынай щит макетын оҥорон, онно туох баар буолуохтааҕын, олору хайдах туттарбытын кэпсээтилэр. Кинилэр истэригэр сэргэх кэпсээннээхтэринэн Гуринов Сахаян, Мосоркина Арина буоллулар. Оҕо төрөппүтүн кытта тэҥҥэ олорон оҥорбута тута көстөр, олох хас биирдии малы барытын билэллэр. Уотунан оонньуур кутталлааҕын видеонан көрдөрдүбүт, көрдөөх эстафета ыытылынна. Оҕолорбут наһаа көхтөөхтүк кытыннылар, нэдиэлэ устата буолбут тэрээһини наһаа астыннылар, ол түмүгэр Айаан Товаров уонна Уруйдаан Шестаков баһаарынай үлэһит буолуохтарын баҕардылар. Төрөппүттэрбитигэр улахан махтал».
Таатта улууһун 32 нүөмэрдээх баһаарынай сулууспа, баһаары сэрэтэр инструктора Мартынова Ирина Петровна: «»Чуораанчык» уһуйааҥҥа баһаартан сэрэхтээх буолуу нэдиэлэ ыытыллыбытыгар, оҕолор баһаарга туттуллар, уоту умуруорарга аналлаах маллары бэйэлэрин төрөппүттэрин кытта оҥорбут быыстапкаларыгар сылдьан, көрөн наһаа үөрдүм. Уһуйаан 7 группатын оҕолоро баһаар буоллаҕына бастакынан туһаныллар маллары: пожарнай щиттэри, ол толору комплегын сүрдээхтик мындырдаан, араас матырыйаалларынан оҥорбуттара сөхтөрдө. Чулуу үлэнэн ааттыам этэ — бүтүннүү тимиртэн сваркалаан дьиҥнээх пожарнай щит кып-кыра макетын аҕатынаан онорбут Айсен Эляковы. Итинник пожарнай щит толору комплегын бүтүннүү маһынан оҥорбут үлэ эмиэ үрдүк сыанабыллаах. Уот күөдьүйүүтүн тутатына умулларарга туһаныллар огнетушители сымнаҕас оонньуур гына Мартынова Күннэй-Маша тикпит. Маннык огнетушители уһуйааммытыгар эрэ буолбакка, олорор дьиэбитигэр эмиэ туһаныллыахтааҕын өйдөөн, күннэтэ кууһа сылдьар оонньуур гына тикпитэ хайҕаллаах. Уоттан быыһыыр пожарнайдар кэтэр анал таҥастарын оҕолорго сөрү-сөп гына тикпит Эрхан Марков күн-күбэй ийэтигэр улахан махтал. Уһуйаан иитиллээччилэрэ баһаар буолар түгэнигэр түргэнник төлөпүөнүнэн 01 нүөмэргэ бигэтик билбиттэр, олорор дьиэлэрин аадырыһын умнубакка үөрэппиттэр, хойуу буруоттан харыстыыр халыҥ мааска тиктэрбиттэр, хас группа аайы анал баһаартан сэрэхтээх буолуу муннуга тэриллиэҕэ — ити барыта баһаартан сэрэтэр нэдиэлэ үтүө өрүттэрэ. Быыстапкаҕа сүрдээх улахан суолта ууран, көхтөөхтүк кыттыбыт төрөппүттэргэ дириҥ махталбын тиэрдэбин, инникитин да бииргэ үлэлэһиэххэйиҥ. Уһуйаан үлэһит иитээччилэригэр суолта ууран үрдүк таһымҥа баһаартан сэрэхтээх буолуу нэдиэлэтин тэрийэн ыыппыттарыгар, оҕолор билиилэрэ хаҥаабытыгар, сэҥээриини ылбытыгар махтанабын. Ситиһиилээх буолуҥ, сэрэхтээх буолуҥ.
Ойор-тэбэр күннээх оҕо саас алдьархай, иэдээн диэни билбэтин, кырачааннарбыт төрөөбүт дойдуларыгар туһалаах дьон буола улааттыннар.
Ааптар: Галина Им.