Төрүт оскуолалары саҥардан сайыннарыы кэнсиэпсийэтэ бигэргэммитэ оруобуна 30 сылын туолар күнүгэр, ол эбэтэр ыам ыйын 23-гэр, “Ийэ тыл кэскилэ” уопсастыбаннай хамсааһын (сал. Вилюяна Никитина) “Национальнай иитии-үөрэтии инникитэ” диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи форуму видео-сибээс көмөтүнэн тэрийэн ыытта.
Кэпсэтиини Айыы кыһатын учуутала Рустам Каженкин сүрүннээн ыытта. Барыта 160-тан тахса киһи араас улуустан кыттан, бэрт элбэх санаа этилиннэ, салгыы үлэлииргэ баҕалаахтарын биллэрдилэр, сөргүтэргэ уолдьаспытын бэлиэтээтилэр. сайыннарарга соруктары туруордулар, баар кыһалҕалары ыйдылар, уопуттарын үллэһиннилэр, үлэ хайысхаларын торумнаатылар. Онон бэрт сэргэх уонна туһалаах, суолталаах түһүлгэ түстэннэ.
Егор Жирков, Национальнай кэнсиэпсийэ “аҕалаатар аҕата”:
—“Национальнай кэнсиэпсийэ” диэн тыл ситимин уонна өйдөбүлү аан бастаан 1989 сыллаахха хаһыакка суруйарбар туттубутум. 1990 сыллаахха Үрдүкү Сэбиэт ону дьон-сэргэ дьүүлүгэр таһаарбыта. Онон ити Кэнсиэпсийэ норуот ырытыытын ааспыт тиһик, 100 энтузиаст киһи эрэ торумнаабыт тосхоло буолбатах. 1991 с. ыам ыйын 23 күнүгэр СӨ Бырабыыталыстыбата 272-с уурааҕынан бигэргэтэн, судаарыстыба суолталаах Кэнсиэпсийэҕэ кубулуйбута. 1992 сыллаахха «СӨ үөрэҕин тиһигэр эрэгийиэннээҕи национальнай киллэһиктээх үөрэтиини олохсутуу уонна сайыннарыы анал бырагыраамата» диэн уурааҕы Бырабыыталыстыба, өссө Бэрэсидьиэн ыйааҕа тахсыбыттара. Онон оччолорго былаас таһымыгар күүскэ тахсан, 10 сыл бэлиитикэ быһыытынан ыытыллыбыта. Ол билигин мөлтөөн турар. Үрдүкү салалта соччо-бачча кыһаммат кэмигэр уопсастыбаннай хамсааһыннар баҕаларынан, туруорсууларынан күүһүрдэрбит эрэйиллэр.
Феодосия Габышева, Ил Түмэн дьокутаата:
—Кэнсиэпсийэни салгыы сайыннарар буоллахпытына, бастатан туран, научнай төрүттэригэр болҕомтону ууруохпутун наада. Оччоҕо эрэ инникилээх буолуоҕа. Төрүт оскуолалары үөрэтэр-чинчийэр үнүстүтүүппүт федеральнай суолталанан, Арассыыйа норуоттарын тылларын үөрэтэр тэрилтэ Саха сиринээҕи салаата буолла. Онон ХИФУ лабораториятыгар тирэҕирэн, Наука академиятын иһинэн национальнай оскуолаларынан дьарыктанар научнай кииннэ бэйэбит тэриниэххэйиҥ. Онно үлэни ыыта сылдьабыт. Иккиһинэн, төрүт эйгэни кэҥэтиигэ үөрэҕи эрэ аҥаардастыы өрө туппакка, култуураны эмиэ умнумуохха. Норуот ырыатыгар-тойугар, фольклоругар уһуйуллуу сахалыы тыыны, куту, сиэри-майгыны уһугуннарар ньыма буоллаҕа эбээт.
Үөрэх министиэристибэтин иһинэн урут учуобунньуктары, мэтэдиичэскэй босуобуйалары оҥоруунан дьарыктанар сулууспа баара. Олор ааптарыскай үлэлэри чопчулаан, салайан, таһааран биэрэллэрэ. Билигин оннук үлэ, хайдах эрэ, ыһылынна диэххэ. Сааһылыахха баара. “Эркээйи эргиирэ” бырагыраама киирэн эрэрэ кэрэхсэбиллээх. Национальнай киллэһигинэн инновационнай үлэни сөргүтүөххэ. Аныгы IT технология сайдыытын туһанан.
Елена Голомарева, Ил Түмэн дьокутаата:
— 90-с сылларга мин Өлөөҥҥө үөрэх управлениетын начаалынньыга этим. Национальнай кэнсиэпсийэ Бүлүүгэ буолбут сэминээригэр көс оскуолалар туһунан бырайыакпытын кэпсээн, сэҥээриини ылан, үөрэн кэлбиппитин өйдүүбүн. Егор Петрович: “Олоххо киллэрэргит бэйэҕититтэн тутулуктаах”, — диэбитэ. Онон оройуон бүддьүөтүттэн туспа штат көрөн, төһө да хамнас сыл аҥаардыыта кэлбэт кэмэ буоллар, астарыгар 10-нуу тыһыынчаны тыыран, көс оскуолатын тэрийбиппит.
Ил Түмэҥҥэ 13-с сылбын дьокутаат быһыытынан үлэлиибин. 2008 сыллаахха улуустан кэлэрбэр, кырдьыгынан эттэххэ, сокуоҥҥа да үчүгэйдик быһаарсыбатым. Ол кэмҥэ “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр үөрэхтээһин туһунан” сокуон национальнай киллэһик туһунан 7-с ыстатыйатын федеральнай суут көтүрээри гыммыта. Ону Зоя Корнилова, Егор Жирков буолан үһүөн чочуйаммыт, көмүскээммит, билигин оннооҕор федеральнай сокуоҥҥа “Төрөөбүт тыллар” диэн туспа салаа баар буолла. Аҕыйах ахсааннаах омуктар тылларын харыстыырга туһуламмыт пуонданы, элбэх мунньахха тыл этэн-этэн, олохтообуппут. Ол пуонда харчыта, холобура, учуобунньук таһаарарга эҥин туттуллар. Дьүкээгирдэр билиҥҥэ диэри букубаардара да суох. Биэс эрэ киһи тылларын билэр. Баҕа санаам диэн, куоракка ханнык эмэ тэрилтэҕэ хос булан, онно мустар буолуоххайыҥ: сүбэлэһэ, уопут үллэстэ, идиэйэлэрбитин кэпсии, о.д.а. Төрөөбүт тыл кэскилин туһугар кыһаллар дьон сылдьар сирэ буолуо этэ. Бэлиитикэни норуот оҥорор, чэйиҥ, Кэнсиэпсийэбитигэр иккис тыыны биэриэххэйиҥ! Ил Түмэҥҥэ “парламент истиилэрин” ыытыахпыт. Кыбыстыбакка, ханна баҕарар этэн иһиэххэ: “Кэнсиэпсийэни киллэрээри”, “Кэнсиэпсийэни салҕаары”, “Кэнсиэпсийэни сөргүтээри”, “Кэнсиэпсийэҕэ олоҕуран”…
Уйбаан Шамаев, Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй дириэктэрэ:
—Төрүт оскуолалары саҥардан сайыннарыы кэнсиэпсийэтин устуоруйатын кэпсээтэххэ, Егор Жирков аспирантураҕа соҕуруу үөрэнэ сырыттаҕына, биһиги Антонина Петровалыын ахсаан учуобунньуктарын сахалыы тылбаастаан саҕалаабыппыт. Онно П.П. Петров, И.Г.Егоров актыыбынайдык кыттыбыттара. Онтон Егор Петрович бүтэрэн кэлэн, университекка математиканы үөрэтии методикатын кафедратын сэбиэдиссэйэ буолбута. Тылбааспыт бөлөҕөр кыттар буолбута. Дьэ, онно сахалыы үөрэтиигэ “бытыга умайан” барбыта. Биир үтүө күн букатын да киһибит: “Кэнсиэпсийэ суруйабын. Михаил Ефимович туох диэҕэй?” – диэн ыйытта. Биһиги: “Өйүүр бөҕө буоллаҕа”, — диэтибит. Чахчыта, оннук буолбута, үөрэн аҕай кэлбитин бу бэҕэһээ курдук өйдүүбүн. 1991 сааһыгар улуустарынан сылдьан, дьоҥҥо-сэргэҕэ билиһэннэрбитэ. Бүлүү үөрэҕин сэбиэдиссэйэ Г.П.Андреев, Ньурбаттан М.П.Федоров өйөөн, куоракка тиийэн кэлэн, бастакы историческай суолталаах мунньахпытын сайын кэлиитэ, оруобуна бу күҥҥэ, бэрт өрө көтөҕүллүүлээхтик ыыппыппыт. Норуот маннык түгэн тосхойуохтааҕын кэтэһэн олорбута өтө көстөрө, төлөннөөх тыллар этиллибиттэрэ. Онтон Егор Петрович Госдумаҕа барар буолбута. Ол кэтэх өттүлээҕин, былаастар үөһэттэн кэтииллэрин оччолорго билбэппит буоллаҕа. Кэлин Рамазан Абдулатипов кинигэтигэр ааҕан, былаас төрөөбүт тыл утары охсуһуута өрүү баарын дьэҥкэ өйдөөбүппүт. Онно эбии билигин төлөпүөн, Интэриниэт содула улахан. Бу кэлэр 5 сыл иһигэр быһаарыылаах хардыыны оҥорботохпутуна, тылбытын букатыннаахтык сүтэрэбит. Ити чахчы. Төрөөбүт тылы үөрэтиигэ дьон болҕомтотун тардыах, ону оҥорор систиэмэни толкуйдуох.
Галина Попова-Санаайа, ХИФУ бэрэпиэссэрэ:
—Кэнсиэпсийэ, саха сандалытын курдук, үс атахха тирэҕириэхтээх: психологияҕа, этнопедагогикаҕа уонна культурологияҕа. Национальнай кэнсиэпсийэ идиэйитин тарҕатыыга төһүү күүс буолбут “Эркээйи” бырагыраама, “Эркээйи эргиирэ” диэн ааттанан, эмиэ сөргүтүллэн эрэр. Урукку састаабы салайбыт Татьяна Ильина бэйэтинэн иилэн-саҕалаан үлэлэһэ сылдьара икки бүк үөрүүлээх. Оччолорго научнай салайааччы А.П.Оконешникова этэ, билигин – Ф.В.Габышева. Бу “Эркээйи эргиирин” эрчимнээх эдэр киһи Геннадий Охлопков сүрүннүүр. Сэминээр, сүбэ мунньах бөҕөтүн ыытар. Кини тула түмсүөҕүҥ, оскуолаларбытыгар “Эркээйи эргиирин” киллэриэххэйиҥ.
Екатерина Чехордуна, олоҥхо педагогикатын чинчийээччи, к.п.н.:
—Национальнай кэнсиэпсийэ биир сүрүн салаата төрүт култуураны үөрэтии этэ. Тоҕус бырагыраама оҥоһуллан, кинигэлэр тахсаннар, үөрэх тиһигэр чиҥник киирбиттэрэ. “Үрүҥ Уолан”, “Кыыс Куо” курдук биридимиэттэр баар буолбуттара. 1998 с. төрүт омуктар оскуолаларын чинчийэр үнүстүтүүт этнопедагогикаҕа лабораторията Амма, Хаҥалас, Уус Алдан улуустарын 242 оҕотугар ыйытык ыыппыта. Онно “Киһилии сиэри-майгыны ханнык уруок иитэрий?” диэн ыйытыыга 79%–нара “төрүт култуура” диэн хоруйдаабыта. 1993 с. Тааттаҕа Ойуунускай ааҕыыларын суруйааччы 100 сылынан ыыппыппыт. Онно 33 оройуонтан кэлэн, 3 күнү быһа тэрээһиммит буолбута. СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Климент Корякин уонна Үөрэх миниистирэ Егор Жирков тахса сылдьыбыттара. Онно Климент Кириллович: “Талба талааннах ыччаттаах норуот инникилээх”, — диэн бэртээхэй түмүгү оҥорбута.
Билигин “Эркээйи эргиирэ” бырагырааманан үлэ саҕаланна. Бу бэртээхэй бырагыраама нөҥүө Национальнай кэнсиэпсийэни дириҥэтэн киллэриэх тустаахпыт. Онуоха олоҥхо педагогикатын туһаныахха. Олоҥхо киһини киһи быһыытынан эрэ ииппэт, өссө норуоту тилиннэрэр аналлаах. Туох баар билиибит онно баар. Итиччэ бэйэбит олоҥхолоох эрээрибит, сүдү кыаҕын ситэри туһаммаппыт хомолтолоох. Оҕону кыратыттан олоҥхо тылыгар сыһыаран, айдырыгын арыйыахха. Айдарык диэн удьуорунан кэлбит ис кыах, дьоҕур. “Эркээйи эргиирэ” хас биирдии үөрэх тэрилтэтигэр үлэлиир кыахтаах бырагыраама. Онон оскуолалар үлэлэһэргитигэр ыҥырабын. Аны туран, ыытыллыбыт үлэ ырытыллан, хас эрэ сыл буола-буола түмүктэнэрэ ордук. Онон дьарыктанар, ырытар-анаалыстыыр, чинчийэр-үөрэтэр, кэтээн көрөн, мониторинг оҥорор анал тэрилтэ баар буолуохтаах.
Анна Маркова, Чымнаайы оскуолата, Таатта:
—Национальнай кэнсиэпсийэни бастакынан өйөөбүт оскуола буолабыт. Оччолорго дириэктэр Г.П.Бястинов педкэлэктииби өрө күүрдэн, бэриниилээхтик ылсан, бары учууталлары, нэһилиэнньэни, дьаһалтаны атахтарыгар туруоран, саҥа сүүрээни кылгас кэм иһигэр киллэрбитэ. Мария Прокопьева “Саха фольклора уонна сиэр-туом тойуктара”, Валентина Посельская “Хаһыат матырыйаалларын туһаныы”, мин “Нэһилиэк былыргыта уонна билиҥҥитэ”, Зинаида Матвеева “Төрөөбүт дойду” ааптарыскай бырагыраамалары суруйан, 1992 сыллаахха Үөрэх министиэристибэтигэр көмүскээбиппит. Оскуолабыт ис-тас өттүн, кылаастары, фойебытын сахалыы оһуордаах-мандардаах гына оҥорбуппут. Саха балаҕана, начаалынай оскуола куорпуһа тутуллубута. Үлэ бэтэрээннэрэ И.В.Саввин, П.П.Саввин, Г.Н.Кривошапкин, В.В. Макаров, М.М. Хоютанов мусуой дьиэтин босхо тутан бэлэхтээбиттэрэ. Учууталлар О.И.Арылахов, А.П.Данилов “Одун” куруһуоктарыгар уолаттар чороон, кытыйа оҥорон, улуус иһигэр улаханнык биллибиппит, сакааска кытта оҥорор этилэрэ. Ааптарыскай оскуола үлэтин билсэ, дэлэгээссийэлэр кэлэллэрэ. Ол иһигэр РФ Үөрэҕин министиэристибэтиттэн, Москваттан “Учительская газета” суруналыыстара кытта. Чахчы, кэнсиэпсийэ кэмигэр олус айымньылаахтык, өрө көтөҕүллэн үлэлээбиппит. Билигин оннук күөртүүр көх күүһүрүөн наада.
Лидия Сивцева, Г.П.Башарин аатынан Сылаҥ агрооскуолата, Чурапчы:
—Оскуолабыт бүгүҥҥү ситиһиитэ барыта ССРС үтүөлээх учуутала, Ушинскай мэтэллээх педагог, наука хандьыдаата Е.Д.Макаров аатын кытта ситимнээх. Национальнай кэнсиэпсийэ киириитигэр кини соҕотох бэйэтэ 10 куруһуогу үлэлэтэн, 100 оҕону дьарыктыыра. Ол көлүөнэ оҕолоро билигин бары тус суолларын булбут дьоһун дьон. 1993 с. экологическай үөрэтиигэ экспериментальнай былаһаакка буолбуппут. Егор Дмитриевич этнопедагогика суолтатын күүскэ өйдөөн, 1997 с. оскуолабыт “Эйгэ” социальнай-экологическай комплекс” диэн буолбута. Ол аата уһуйаан-оскуола-нэһилиэк бары биир ситимнээхтик үлэлиирбит. Иҥэмтэлээх аһылыгы тиэргэн иһиттэн ыларга, айылҕаны харыстыырга, чөл олоҕу тутуһарга, ыччаты төрүт дьарыкка, үгэскэ уһуйарга туһуламмыт үлэ ыытыллан, билиҥҥэ диэри нэһилиэкпит социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыы көрдөрүүтүнэн улууска инники күөҥҥэ сылдьар. 2004 с. агрооскуола буолар тирэхпит ол кэмтэн ылыллыбыта. Өссө 1984 с. Егор Дмитриевич сири оҥоруу мусуойан тэрийбитэ, 3000 кэриҥэ экспонаты муспута. 2018 сылтан бу түмэл кини аатын сүгэр. Итинник идэлэригэр бэриниилээх дьон ол кэмҥэ үлэлээн, Национальнай кэнсиэпсийэ киллэһигэ үөрэххэ-уруокка сатамньылаахтык киирбитэ.
Александр Винокуров, Мэҥэ Хаҥалас Дьабыыл оскуолатын дириэктэрэ:
—Оскуолабыт оччотооҕу дириэктэрэ И.Е. Сергучев салалтатынан, 1992 сыллаахха Дьабыыл оскуолата ааптарыскай бырагырааманан үлэлиир кыһа буолбута. Өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр учууталлар И.Баишев Айыы үөрэҕэр, А.Нестеров “Үрүҥ Уолан” уруогар тус бырагыраамалара киэҥ сэҥээриини ылбыттара. Национальнай кэнсиэпсийэ идиэйэтин тирэх оҥостон, кэлин агрооскуола буолбуппут. Сорукпут – сахалыы төрүт дьарыкка уһуйан, оҕону тыа сирин олоҕор сыһыарыы. Онуоха үс сүрүн кыһалҕаны көрөбүн: 1. Интэриниэт сайдан, кыра саастаах оҕолорбут нууччалыы эрэ чубугураһа сылдьар буоллулар. 2. Ыччат тыа сиригэр олохсуйбат буолла. Бары куоракка талаһаллар. Ол үөрэнээччибит ахсаана аҕыйыырыгар дьайар эрэ буолбатах, төрүт дьарыкпытыттан тэйэллэр. Ону кытта сахалыы тыл-өс сүтэр. 3. Атын омуктар олохсуйа кэлиилэрэ үксээтэ. Ол ордук биһиги улууспутугар биллэр. Онуоха тыл, култуура өттүгэр баһыйтарбакка, төттөрүтүн анарааҥҥылары бэйэбит сиэрбитигэр-туоммутугар, үгэспитигэр уһуйуохха. “Мин сахабын” диир санаа төбөҕөр, өйгөр-санааҕар иҥиэхтээх, тас дьүһүҥҥүнэн быһаарыллыбат. Онон Национальнай кэнсиэпсийэ билигин бэлиитикэ быһыытынан барыахтаах.
Лена Тимофеева, Мэҥэ Хаҥалас үөрэҕин салалтатын начаалынньыгын солбуйааччы:
— Мэҥэ Хаҥалас улууһун үөрэҕириитин тиһигэр Оҕо саас сылларын биллэрэн, 2018 сыллаахха Иитии кэнсиэпсийэтин 3 сылга ылыммыппыт. Нэһилиэк оскуолалара бэйэлэрин историческай, култуурунай, социальнай уратыларыгар олоҕуран, бырайыактары суруйбуттара. Онуоха сүрүн 6 хайысханы тутуһабыт: 1. Дойдум историческай уонна духуобунай төрүттэрин ытыктыыбан. 2. Норуот култуурунай сыаннастарын уонна идеалларын сыаналыыбын. 3. Биир дойдулаах Дьоруойдарынан киэн туттабын. 4. Төрөөбүт дойдум айылҕатын харыстыыбын. 4. Үлэ үгэстэригэр уһуйуллабын. 5. Турукпун бөҕөргөтөбүн. 6. Чөл олоҕу тутуһабын. Маннык үлэлээн, кылааһынан хаһыаты, кинигэни ааҕыыны көҕүлээтибит. Улууспут уран маастардарын, суруйааччыларын, буойуннарын, биллэр дьонун үөрэтэбит. Хомуһу, оһуокайы, сахалыы остуол оонньууларын күүскэ пропагандалыыбыт. Араас омук түмсэн олорор буолан, хас биирдии норуот итэҕэлин ытыктаан туран, саха тылын эйгэтин кэҥэтэбит. Төрүччүлэрин чинчийэллэр, аймах ааҕыыларын тэрийэбит. Мэтэдиичэскэй ыйынньыктары таһаардыбыт. Эт-хаан өттүнэн сайыннаран, “Манчаары оҕолоро” бырагырааманан 15 көрүҥҥэ күрэхтэһэллэр. Иитии бу кэнсиэпсийэтэ “Эркээйи эргииригэр” оруобуна киирэн биэрдэ, онон өссө айымньылаахтык кэҥэтэн үлэлиэхпит.
Валентина Кривошапкина, Амма Аччыгыйын аатынан Харбалаах оскуолата, Таатта:
—Урусхаллаах 90-с сыллар ыһыллыыларын кэмигэр бу Кэнсиэпсийэ түмээччи буолбута. Кэнсиэпсийэни таатталар олус үөрэ ылыммыппыт. Билигин да тиһигин быспакка, онно ылбыт өйбүтүнэн-санаабытынан салаллан үлэлиибит. Холобура, биһиги оскуолабыт үс бырааттыы Мординовтар холобурдарыгар оҕону иитиини көҕүлүүбүт. “Сааскы кэм” диэн бырайыактаахпыт. Оҕолору саастарынан арааран, киһи хара, киһи киһитэ, Айыы киһитэ буоларга уһуйабыт. Онуоха дьиэ кэргэттэри кытта ыкса ситимнээх үлэ барар. Бэйэм уолаттары 35-с сылбын хоһоонноохтук ааҕыыга дьарыктыыбын. Ол төрөөбүт тылы билэргэ, ыраастык, чуолкайдык саҥарарга, саха буолалларынан киэн тутталларыгар төһүү буолар. Миигин төрүт култуура уруоктарын ылан эрэллэрэ долгутар. Үөрэх министиэристибэтэ, Ил Түмэн бу боппуруоһу быһаарара буоллар. Киһилии киһини иитэр саамай суолталаах биридимиэти хааллараллара ордук.
Софья Игнатьева, Людмила Павлова, Элгээйи оскуолата, Сунтаар:
—90-с сылларга ааптарыскай оскуола буолбуппут. Дириэктэрдэрбит Клим Павлов, Егор Николаев, Лука Никифоров салалталарынан бэрт айымньылаахтык үлэлээбиппит. Билигин нэһилиэккэ баар тэрилтэлэри кытта холбоһон, оҕону киэҥ эйгэҕэ таһаарыы бырйыагынан үлэлиибит. Холобура, бибилэтиэкэ ааҕыыны көҕүлүүр, мусукаалынай оскуола дьоҕуру сайыннарар, кулууп ол ылбыт сатабыллары бар дьон иннигэр көрдөрөргө кыаҕы биэрэр. “Оһуор” култуура киинигэр бэйэбит суруйааччыларбыт айымньыларынан испэктээк туруорабыт. Уйбаан Нуолур төрөөбүтэ 90 сылыгар, оскуолабыт аатын сүгэр П.Х.Староватов туһунан Николай Якутскай кэпсээнин, улахан учуонай Г.Р.Кардашевскай туһунан дьүһүйүүнү. Түгэнниирэпкэ эмиэ. Испэктээктэргэ ийэ, аҕа, оҕо, учуутал, нэһилиэк олохтоохторо бары кыттар буолан, биир сомоҕо эйгэ үөскүүр. Онон маннык тэрилтэлэринэн түмсэн үлэлиир көдьүүстээх эбит.
Бигэ Өрүкүй Бааһынай Уола, Ньурба:
—Уйбаан Шамаев: “Билигин дьаһамматахпытына, аны 5 сылынан тылбытын көрдөрбүтүнэн сүтэрэбит”, — диэтэ. Оннук балаһыанньа үөскээтэ. Кыра оҕолор кэпсэтэллэрин иһиттэххэ, бары нууччалыы эрэ саҥараллар. Оччотугар 10-20 сылынан саха омуга суох буолар чинчилээх. 1990 сыллаахха ЮНЕСКО үлэһитэ кэлэ сылдьан кэпсээбитэ: “Аан дойду тыллара сүтэллэрэ олус түргэн. Бэйэтин төрөөбүт тылынан суруйарыгар, саҥарарыгар 20-30 бырыһыан атын омук тылын туттар буоллаҕына, бу тыл сотору кэминэн өлөр. Оттон биһиги социальнай ситимнэрбитигэр дьон хайдах суруйсарын көрөргүт буолуо, улахан аҥаара нууччалыы тылынан… “Ийэ тыл” хамсааһын симэлийдэ. Сөргүтүөххэ наада. Улууска барытыгар салааларын тэрийиэххэ. 2022 с. олунньутугар түмсэн мунньахтыахха. Онно ким баҕалаах сырыттын, булгуччу тыл үөрэхтээхтэрэ эрэ диэн буолбакка.
Надежда Тимофеева, Саха политехническай лиссиэй дириэктэрэ:
—Бэлиитикэни норуот оҥорор. Ол эрээри үрдүкү салалта өйөөбөтөҕүнэ, ол сыыйа мөлтүүр. Ону бу Кэнсиэпсийэ дьылҕатыгар көрөбүт. Билигин саҥалыы тыынныырга соруннубут. Онуоха саха ыччатын инженернэй, техническэй, IT идэлэргэ сыһыарарга эмиэ үлэни сүрүннүөххэ наада. Аны, ити сыл аайы суруйар, ВПР дэнэр бэрэбиэркэлиир үлэлэри сахалыы эмиэ тылбаастыахха наада. Саатар, алын кылаас оҕолоругар анаан. Дьокуускайга 51 оскуола баар. Онтон баара-суоҕа 5-һэ эрэ сахалыы эйгэлээх. Ону да оскуола аҕыйаҕыттан, тустаах түөлбэ олохтоохторо туруорсан, нууччалыы кылаастары арыйарга күһэлиннибит. Оттон билэрбит курдук, нуучча кылааһа аһылынна да, сыыйа сахалыы тыын симэлийэн барар. Онон Бырабыыталыстыба, Үөрэх министиэристибэтэ, “төрүт оскуолалар булгуччу саха эрэ кылаастарын арыйаллар” диэн ирдэбили туруоран, бу боппуруоһу быһааралларыгар.
Прасковья Байанаева, Нам педучилищета:
—Идэни биэрии үс хайысханан барыахтаах — идэҕэ уһуйуу, гражданин быһыытынан иитии уонна туруктаах үчүгэй ийэ, аҕа буоларга үөрэтии. Ону наар үсүһүн умнабыт. Дьиҥэр, эдэр сааска, бу устудьуоннуур кэмнэригэр сахалыы сиэргэ-майгыга, үгэскэ уһуйдахпытына, кэлин сахалыы куттаах, төрүт дьарыгын өрө тутар дьиэ кэргэттэр тэнийиэхтэрэ. Олор оҕолорун сахалыы сиэринэн иитэллэрэ чуолкай. Онон Кэнсиэпсийэ үлэтин ийэ, аҕа буолууга эмиэ туһаайара оруннаах, “Эркээйи эргиирэ” 0-24 сааска диэри хабар буолбута үөрдэр.
Туйаара Самсонова, Хаҥалас:
—Төрүт култуура биридимиэт быһыытынан суох буолан эрэр. Быйыл бүтэһик кылаас хаалла. Онтон ФГОС оҕолоро кэлэллэр. Оттон үөрэтэр учуобунньук баар, V-XI кылааска диэри. Е.М. Поликарпова, А.Н.Павлов-Дабыл, Г.С.Попова-Санаайа, Нь.Никитина буолан бэлэмнээн таһаарбыттара. Дьэ, бу духуобунаска иитэр бэртээхэй кинигэттэн оҕолорбутун матараары гынныбыт. Өссө 2018 сыллаахха университекка бу учуобунньугунан үөрэтиигэ куурус ыытыллыбыта. Уонна кэлэн, ыччаты киһи быһыытынан иитиигэ саамай сабыдыаллаах, суолталаах төрүт култуура уруокупутун сотон-туоратан, суох оҥорон эрэбит. Аны, үөрэх былааныгар “хайысхалаан үөрэтии” диэн киирдэ. Ол суотугар саха литэрэтиирэтин чаастарын X-XI кылаастарга сарбыйаллар. Үсүһүнэн, алын кылаастарга ыытыллар хонтуруолунай үлэлэри сахалыы тылбаастыыр хаһан кыаллыай?.
Сардаана Хоро, “Сэргэлээх” оскуола, Дьокуускай:
—Билигин аттестация баалынан буолан, ол бааллары хомуйсуу эрэ буолан хаалла. Урукку курдук, хардары-таары уруоктарга сылдьыы сүттэ. Кумааҕынан отчуот эрэ барытын быһаарар буолла. Быраактыка, настаабынньыктааһын, аһаҕас уруоктарга сылдьыы сөргүтүллэрэ буоллар.
Дьокуускайдааҕы национальнай гимназия дириэктэрэ Валентина Пермякова өр сылларга кыһаларын салайбыт Н.К.Чиряев бу Кэнсиэпсийэни киин куорат үөрэҕин ситимигэр киллэриигэ оруолун бэркэ сырдатта. Мария Винокурова хоруона хамсыгын кэмигэр сахалыы тылынан араҥаччыланары сүбэлээтэ. Таатта улууһун баһылыгын солбуйааччы Изабелла Сивцева сахалыы тыыҥҥа, эйгэҕэ бэлэмэ суох үлэһиттэр үөрэхтэрин бүтэрэн кэлэллэрин бэлиэтээтэ. Төрөөбүт тыллары чинчийэр үнүстүтүүт үлэһитэ Розалия Никитина Национальнай кэнсиэпсийэ аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктарга туһатын-өҥөтүн аҕынна. «Бэйэлэрин төрүт тылларын үөрэтэр оскуолабыт ахсаана 5-тэн 25-кэ диэри элбии сылдьыбыта. Нерюнгрига лаборатория баар буолбута, Өлөөҥҥө, Муомаҕа көс оскуолалара тэриллибиттэр, Анаабырга долган, Аллараа Халымаҕа чукча, Алдаҥҥа, Өлүөхүмэҕэ эбэҥки тылын үөрэтэр кыһалар аһыллыбыттара. Учуонайдар В.А.Роббек, Н.Д.Винокуров, Н.Д.Неустроев, Н.А.Бугаев, В.Л.Егоров, А.Н.Мыреева, Г.Н.Курилов улахан үлэни ыыппыттара. Ульяна Винокурова салалтатынан хотугу норуоттары иитии-үөрэтии кэнсиэпсийэтин олуга ууруллубута», — диэн бэлиэтээтэ.
Тэрийээччи Вилюяна Никитина хас биирдии дакылаатчыт сүрүн санаатынан түмэн, Резолюцияны билиһиннэрдэ. Ону өссө чочуйан-ситэрэн, киэҥ эйгэҕэ таһаарыахтаахтар. Бу кэпсэтии, дьиҥэр, “Салгыы хайдах үлэлиибит?” диэн сүбэ мунньах курдук барыахтааҕын, үксүлэрэ 90-с сылларга ыыппыт үлэлэрин аҕыннылар, сорохтор үлэлэрин отчуоттаатылар. Ол эрээри форум 3 чаас устата ыытыллыбытын тухары 160-тан тахса киһи сэҥээрэн иһиттэ. Ол аата дьон бу Национальнай кэнсиэпсийэ идиэйэ аныгы көлүөнэ ыччакка тарҕаныан баҕарар, үлэлэһэргэ интэриэстээх эбит.
Ааптар: Анисия Иевлева