Сааскы сырдык, хаардаах киэһэ остуоруйа дьиктилээхэй туонатыгар баар буолан хаалбытым: быыс аһыллар, намыын муусука тыаһыыр, Үчүгэй Үдьүйэн уонна Куһаҕан Ходьугур олорор тэлгэһэлэрэ көстөр. Улахан уол Үчүгэй Үдьүйэн бултуу барар, кыра уол Куһаҕан Ходьугур дьиэҕэ хаалар.
Дьэ, ити кэннэ мүччүргэннээх түгэн саҕаланар: Ходьугур убайыттан кистээн, кинини батыһан ойуурга барар, аракаайканан көтөрдөрү, кыыллары кыҥыыр. Кыталыктар кэрэчээн кыргыттарга кубулуйаллар. Үчүгэй Үдьүйэн кыргыттартан кыраларын, Арылы Куону сөбүлээн кэбиһэр. Дулҕа быыһыттан Куһаҕан Ходьугур кынаты булан ылан оонньуур уонна иҥнэн хаалан, кыыһыран, быраҕаат, баран хаалар. Арылы Куо арай, көтөөрү гыммыта, кынатын булбат. Инньэ гынан, кыыһы Үчүгэй Үдьүйэн дьиэтигэр илдьэ барар.
Сатаан аахпат эрдэхпинэ, уот баран хааллаҕына, чүмэчи уотун сырдыгар эдьиийим Груня Суорун Омоллоон хомуйан оҥорбут остуоруйалардаах кинигэтиттэн алыптаах, аптаах куолаһынан миэхэ ааҕара күндү да этэ.Онон оҕо саас дьоруойдара Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет тыйаатырыгар“Сказочная долина” диэн балекка кими баҕар итэҕэтэрдии, субу көстөн кэллилэр.
Инньэ гынан, саха балетын историятыгар оҕолорго аналлаах бастакы дьоһун туруоруу буолла. “Үчүгэй Үдьүйэн” остуоруйа матыыбынан, Иван Гоголев “Кыталыктар кырдаллара” пьесатыгар олоҕурбут оҕо балета бу кэллиэс төрүттээччитэ, бастакы дириэктэрэ Наталья Семеновна Посельская төрөөбүтэ 75 сылыгар ананна. Балекка барыта оҕолор сүрдээх чаҕылхайдык кытыннылар. Маннык үчүгэй үлэни кэллиэс урукку иитиллээччитэ, РФ уонна СӨ үтүөлээх артыыската Екатерина Тайшина туруорда. Муусукатын бары билэр киһибит, СӨ өрөгөйүн ырыатын ааптара, СӨ искусствотын үтүөлээх деятелэ Кирилл Герасимов, ойуутун-мандарын худуоһунньук, СӨ искусствотын үтүөлээх деятелэ Саргылана Иванова, сценарийын уонна либреттотын искусствоведение кандидата Парасковья Заболоцкая айан таһаарбыттар. Испиктээкил СӨ филармониятын “Symphonica ARTica» симфоническай оркестрын тыыннаах доӄуһуолунан барда. Дирижер СӨ искусствотын үтүөлээх деятелэ Наталья Базалева. Научнай консультаннар ГЧИ үлэһиттэрэ, истор.наука кандидата Валерий Васильев, фил.наука кандидата Надежда Павлова.
Кыһаллан, бэлэмнэнэн кытынным
Чыычаах оруолун толорбут Эйнара Таркова:
—Мин Аксения уонна Наталья Посельскаялар ааттарын сүгэр балет оскуолатыгар бэһис кылааска үөрэнэбин. Кыра эрдэхпиттэн остуоруйалары кэрэхсээн истээччибин. Оҕо суруйааччыларыттан ордук чорботон Петр Тобуруокап, Күннүк Уурастыырап, хоту улуустан төрүттээх буоламмын, эбээн суруйааччылара Андрей Кривошапкин, Мария Федотова-Нулгынэт айымньыларын умсугуйан аахпытым. Быйыл Иван Гоголев-Кындыл айымньытын ыкса билистим. Учууталбыт В.Н. Титова маныаха кылаас чааһын ыыппыта. Чыычаах оруолугар кыһаллан, бэлэмнэнэн кытынным. Бу Е.Л.Тайшина олус интэриэһинэй, дьэрэкээн көстүүмнэрдээх уонна ойуулаах туруоруута. Онон мин учууталларбынан уонна оскуолабынан киэн туттабын, кинилэргэ махтанабын. “Кэскил” хаһыат ааҕааччыларыгар туйгун үөрэҕи, билиини баҕарабын.
Майгытын көрдөрдүм
Алеша Ноговицын, Куһаҕан Ходьугур оруолун толорооччу:
—Чурапчыга “Мичил” биэбэйиккэ сылдьан, саха остуоруйаларын үгүстүк истибитим. Олортон Таал-Таал, Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхситтэр тустарынан остуоруйалары өйдөөн хаалбыппын. Миэхэ Куһаҕан Ходьугур оруола түбэспитигэр үөрбүтүм уонна долгуйбутум. Кини мэник, атаах оҕо. Убайа таптыыр уонна үөрэтэр. Кыра уол улаатыан, бултуон-алтыан олус баҕарар. Ол да иһин сиэмэх кыыллартан куттаммакка, убайын тылын истибэккэ, кинини батыһан, ойуурга мүччүргэннээх сырыыларга түбэһэр. Үҥкүүлүүрбэр Ходьугур майгытын көрдөрөргө кыһаллыбытым. Күһүҥҥүттэн саҕалаан, киэһэ хойукка диэри бэлэмнэммиппит. Арыт сылайар этим. Ол эрээри, бириэмэ биллибэккэ хаалбыта. Сценаҕа тахсарбын мин сөбүлүүбүн. Үлэбит үчүгэйдик түмүктэммититтэн үөрдүм.
Эбэм аттыбар баар курдуга
Алисия Пак, Аксения уонна Наталья Посельскаялар ааттарынан кэллиэс I кууруһун устудьуона:
—Бу – үтүө уонна мөкү киирсиилэрин, онуоха үтүө өрөгөйдүүрүн көрдөрөр аптаах остуоруйа. Удаҕан оруолугар өйбүн-санаабын түмэн туран бэлэмнэммитим. Үрдүкү күүстэртэн анаан көрдөспүтүм. Удаҕан оруола уустук уобарас. Кини сири, айылҕаны араҥаччылааччы. Ол курдук, уолаттары ойуур ортотунан баралларыгар, бөрөлөртөн көмүскээбитим. Бу остуоруйаҕа таптал кыайара көстөр. Испэктээкилгэ олус долгуйан бэлэмнэммитим, тоҕо диэтэххэ, бу тапталлаах эбэм Наталья Семеновна Посельская сырдык кэриэһигэр анаммыт туруоруу. Кини Саха сиригэр балет сайдыытыгар олоҕун анаабыта. Онон ол сааскы киэһэ, мин кинини саныы-саныы үҥкүүлээбитим. Бу күн аттыбар кини баар курдуга.
Оҕолорго аналлаах балеты бастакынан көрбүт дьонтон биирдэстэрэ, СӨ композитордарын Сойууһун Бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, искусствоведение кандидата, СӨ искусстволарын үтүөлээх деятелэ Татьяна Владимировна Борисова санаатын маннык үллэһиннэ:
—Кирилл Герасимов айар үлэтин үгэнигэр, ухханыгар сылдьар киһи. Кини айымньы дьиҥ төрдүн сыныйан көрөр уратылаах уонна бэйэтигэр композитор быһыытынан, үрдүк ирдэбиллээх. Саха муусукатын историятыгар “Сказочная долина” балекка кини айымньыта—сонуну этэр, кэрэһилиир. Тоҕо диэтэххэ, оҕолор кыттыылаах балет, эдэр көрөөччүгэ тиийимтиэ, уус-уран өттүнэн толору, дириҥ ис хоһоонноох, истииллээх айымньы өссө да айылла илигэ. Онон бу “Сказочная долина” премьера — үтүө түмүктэрдээх уонна ситиһиилээх буолла. Саха композитордара өссө да оҕолорго аналлаах искусство жанрдарыгар болҕомтолорун туһаайаллара, уураллара эрэйиллэр. Тоҕо диэтэххэ, итиннэ оҕолор кыттан, бэйэлэрин айар-тутар кыахтарын арыйаллар.
Жанна Леонтьева.