1925 с. төрүттэммит норуоттар икки ардыларынааҕы “Артек” киин уонна 1936 сылтан тахсар “Бэлэм буол”-“Кэскил” хаһыат ситимнэһэр өрүттээхтэр. Араас сылларга “Бэлэм буол” мэктиэлээн, Саха сирин оҕолоро “Артекка” сылдьар, сынньанар дьолго тиксибиттэрэ. “Бэлэм буол” пионер хаһыата буоларын быһыытынан, хаһыат үлэһиттэрэ Саха сирин оҕолорун “Артекка” арыаллаан сылдьыбыттара. Уонна биллэн турар, “Артекка” сылдьыы туһунан оҕолор санааларын “Бэлэм буолга” хото үллэстэллэрэ. Ону хаһыат саһарбыт илиистэрэ чаҕылхайдык туоһулууллар.
Муус устар 19 күнүгэр Ойуунускай аатынан литературнай мусуой “Артек в жизни якутян” диэн бэрт истиҥ, интэриэһинэй көрсүһүүнү көҕүлээтэ. Мусуой үлэһиттэрэ Яна Даниловна Поскачина, Анна Ивановна Гоголева баай ис хоһоонноох быыстапканы, презентацияны бэлэмнээбиттэр уонна араас сылларга “Артекка” сынньаммыт дьону ыҥырбыттар. Ол курдук, бэйэлэрин оҕо саастарын кэрчигин М.К.Аммосов аатынан ХИФУ сурук-бичик мусуойун дириэктэрэ Афанасий Мигалкин, “Күбээйи” эбэҥки общинатын бэрэссэдээтэлэ Еремей Исаков, Национальнай бибилэтиэкэ дириэктэрэ Саргылаана Максимова, “Сосновый бор” киин дириэктэрэ Яна Иванова, “Саха” НКИХ ыытааччыта, суруйааччы, сценарист Сардаана Мигалкина, “Сахаэнерго” пресс-сулууспатын специалиһа Виктория Контоева, суруналыыс, тылбаасчыт Алексей Амбросьев-Сиэн Мунду, Дьокуускай куорат олохтооҕо Лена Торговкина-Кельциева ахтан-санаан аастылар.
Ыалдьыттар кэпсээннэрин “Сосновый бор” киин симиэнэтигэр билигин дьарыктана сылдьар “Юнармия” байыаннай-патриотическай общественнай хамсааһын уонна “Малая академия дорожных наук” түмсүү иитиллээччилэрэ иһиттилэр.
Норуодунай поэт Иван Мигалкин 1967 с. “Артекка” сылдьан, Юрий Гагарины, “Неуловимые мстители” киинэ геройдарын көрбүтүн, тылларын-өстөрүн истибитин, бастакы хоһооннорун ол кэмтэн ыла саҕалаабытын туһунан Анна Гоголева мустубут ыалдьыттарга кэпсээтэ.
Афанасий Мигалкин оччотооҕу блокнотун, оҕолор баҕа санааларын суруйбут кыһыл хаалтыстарын аҕалан көрдөрдө. “Хайдах эрэ, кыһыл хаалтыска уруучуканан суруйтарар санаам суоҕа. Ону өйдөөн, иитээччим саҥа хаалтыһы миэхэ автограф, баҕа санаалары хомуйарбар диэн биэрбитэ”, диэн аҕынна. Кини “Артекка” черчениеҕэ өрөспүүбүлүкэтээҕи олимпиада кыайыылааҕа буолан барбыт.
Үөрэх туйгуннара буолан “Артекка” талыллыбыт Еремей Исаков, Алексей Амбросьев “Артектааҕы” хаартыскаларын онно мустубут ыалдьыттар уларса сылдьан көрдүлэр.
“1958 с. Уус Маайа Эдьээниттэн “Артекка” бараары аан бастаан Дьокуускайга кэлбитим. Сөҕүү-махтайыы буолбутум. Биһигини бу ыраах айаҥҥа пионер баһаатай Галина Анисимовна Хайдурова арыаллаабыта. Кини татаар хааннаах буолан, биһигиттэн сахалыы тыллары бэрт түргэнник үөрэммитэ”, диэн ахтар Еремей Исаков.
1979 с. ыраах айаҥҥа барыахтаах оҕолору “Бэлэм буол” редакциятыгар Нина Иннокентьевна Протопопова салалталаах редакция истиҥник маанылаабытын Сардаана Яковлевна аҕынна. “Бэлэм буол” эдэр кэрэспэдьиэннэрин “Артекка” бөлөҕүн үтүө, сымнаҕас киһи, оҕо суруналыыһа Николай Прокопьевич Васильев салайан илдьибитэ”, диир Сардаана Мигалкина.
Сойуус ыһыллыан аҕай иннигэр “Артекка” эмиэ “Бэлэм буол” эдкора буолан талыллыбыт Виктория Варламова-Контоева оҕо хаһыата “Бэлэм буол”-“Кэскил” мэлдьи сырдык, үтүө өйдөбүллэри саҕарын аҕынна.
“Отзовитесь, мои дорогие артековцы!” диэбит “Коммунист” хаһыакка сааһын тухары оҕо эйгэтигэр айымньылаахтык үлэлээбит Фаина Авдеева. Кини 1948 с. Саха сирин оҕолорун арыаллаан сылдьыбыт. “Артектан” төннөллөрүгэр Москваҕа уон хонук сылдьыбыттар, Саха сириттэн Үрдүкү Сэбиэт депутатынан үлэлээбит адмирал И.С. Юмашевы көрсөн кэпсэппиттэрин, онно оҕолорго кинигэ, хаартыска бэлэхтээбитин ахтар. Ол хаартыскаҕа Мэҥэ Хаҥаластан Филипп Охлопков көстөр эбит. Ону “Бэлэм буол”-“Кэскил” суруналыыһынан уһуннук үлэлээбит Николай Дмитриев “Письма детям Саха сирэ” кинигэтигэр киллэрбитэ баар. Оччолорго “Артекка” сылдьыбыт Филипп Охлопков кэлин да, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин, Ил Түмэн Государственнай муннаҕын депутатынан үлэлиир кэмигэр баһаатайын Фаина Иннокентьевна Авдееваны кытары ситимин быспатах.
Жанна Леонтьева.
Виталий Слепцов, Надежда Кузьмина түһэриилэрэ.