Байыаннай дьыалаҕа уолаттары кыра эрдэхтэн сыһыаран, үөрэтэн, такайан таһаарар ордук тоҕоостооҕун оччолортон өйдүүр буоланнар, ыраахтааҕы былааһын кэмигэр сыыйа-баайа элбэх кадетскай корпустар тэриллибиттэрэ.
1943 сыл атырдьах ыйыгар Сталин илии баттаабыт дьаһалынан Суворовскай уонна Нахимовскай училищелар тэриллэн киирэн барбыттара (кадетскай корпустар оннуларыгар).
Кэлиҥҥи кэмҥэ Арассыыйа киэҥ түөлбэтигэр Үөрэх министиэристибэлэрин тэрийиилэринэн үгүс кадетскай оскуолалар, кадетскай кылаастар аһыллан үлэлииллэр.
Саха сиригэр бааллар эрээри ахсаан өттүнэн аҕыйахтар. Мин барыларыгар сылдьыталаан турабын, үксүн араас тэрээһиннэригэр ыҥырыллан, сороҕор судьуйа, жюри чилиэнэ быһыытынан. Эдэр, кыраһыабай формалаах уолаттар строевойунан хаамалларын, чуолкайдык араас хамсаныылары, приемнары оҥороллорун көрөммүн дуоһуйан хаалааччыбын. Биир хомойорум диэн уолаттартан олох аҕыйахтара байыаннай үөрэххэ бараллара. Уруккуга тэҥнээтэххэ билигин саха байыаннайа наһаа аҕыйаан тураллар.
Биһиги бары киэн туттар бастакы Дьоруойбут Ф.К. Попов аатын сүгэр Баатара кадеттара Арассыыйаҕа 3 миэстэни ылан өрөгөйдөөбүттэрэ миэхэ, атын да сүгүрүйээччилэригэр, сөҕүмэр үөрүүнү аҕалбыта. Оскуола коллективыгар, кадеттарга барыларыгар үрдүктэн үрдүк ситиһиилэри, олоххо туох баар үтүөнү, кэрэни, дьолу-соргуну баҕарабын. Федор Кузьмич Попов аата уһун үйэлэр тухары ааттана турдун!
Павлов Василий Николаевич
подполковник, Арассыыйатааҕы
«Звезда» сэбилэниилээх күүстэр сэбиэттэрин
Саха сиринээҕи салаатын бэрэссэдээтэлэ,
Уссурийскайдааҕы суворовскай училище выпускнига.
Баатара – ытык сир
Баатара нэһилиэгэ баай устуоруйалаах кырдьаҕас нэһилиэктэр ахсааннарыгар киирсэр. Сирин иэнинэн Мэҥэ-Хаҥалас улууһугар биир улаханнара. Бастайааннай олохтооҕо – 444 киһи, ол иһиттэн оҕото — 118, быыбардааччытын ахсаана – 326.
Баатара үтүө аата дьоһун дьонунан киэркэйэр. Сахалартан бастакы Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Кузьмич Попов, СССР, РФ, Саха АССР народнай артыыстара: Д.Ф. Ходулов, Г.Г. Колесов, Л.Л. Сергучев, А.Н. Варламова, государственнай, политическай деятеллэр: М.В. Мучин, М.Е. Попов, И.П. Шадрин, салайар үлэһиттэр: И.И. Корякин, Г.М. Сергучев, И.Е. Сергучев, А.Н. Хван, Н.И. Петров, П.В.Мучин, В.Н. Корякин, В.Р. Попов, Санников С.Е., М.М. Тастыгин, о.д.а.
Дьоруой үөрэммит оскуолата
Баатаратааҕы оскуола 1921 с.сэтинньи ыйга арыллыбыта. 1944 с. Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Кузьмич Попов аата оскуолаҕа иҥэриллибитэ. Оскуола музей-комплексыгар элбэх докумуоннар, матырыйааллар мунньуллан көрдөрүүгэ тураллар.
Үүнэр көлүөнэни гражданскай-патриотическай иитиигэ анаан 2002-2003 үөрэх сылларыгар информатика учуутала Макаров Геннадий Алексеевич (оскуола дириэктэрэ Баишева В.А.) көҕүлээһининэн “Бигэ Уолан” уолаттар кулууптара тэриллибитэ. Бу үтүө саҕалааһыны Мэҥэ-Хаҥалас улууһун байыаннай хамыһаара, подполковник Докторов П.Н. уонна Ф.К. Попов аатынан музей-комплекс дириэктэрэ Колесова Т.С. тута өйөөннөр, кадетскай кылаас арылларыгар олук уурбуттара.
Сүөдэр Попов диэн кимий?
Федор Кузьмич Попов 1921 сыл ахсынньы 8 күнүгэр Мэҥэ-Хаҥалас улууһугар 2 Баатара нэһилиэгэр Поповтар дьиэ-кэргэннэригэр сэттэ оҕоттон алтыс соҕотох уол оҕонон күн сирин көрбүтэ. Аҕата Кузьма Самсонович оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн үлэҕэ-хамнаска үөрэтэн-такайан улаатыннарбыта. 1930 сыллаахха «Октябрь» колхуоска дьиэ-кэргэнинэн үлэлии киирбиттэрэ. 1931 сыллаахха,10 саастааҕар, олорор алааһыттан 9 биэрэстэ ыраах сиргэ сатыы баран үөрэнэн кэлэрэ. Үөрэҕин таһынан дьиэ ис-тас үлэтигэр дьонугар илии-атах буолара. Сүөдэр атаҕынан быһый, илиитигэр эрчимнээх, кыайыгас үлэһит буола улааппыта. Нэһилиэк, колхуос биир бастыҥ ыччатын биригэдьииринэн анаабыттара. Бу үлэтигэр эппиэтинэстээх, сатабыллаах тэрийээччи буолан бар дьонугар сүрдээҕин сөбүлэппитэ.
Дьоруой хорсун быһыыта
Ф.К. Попов 1942 с. бэс ыйын 24 күнүгэр бэбиэскэ тутан төрөөбүт алааһыттан Сыҥаһалаахтан барбыт. Аармыйаҕа тиийэн байыаннай хайыһардьыт идэтигэр дьарыктана сылдьан, Федор тымныйан 84 хонук Молотов куоракка (билигин Пермь) баар 443-с байыаннай госпитальга сытан эмтэнэр. Эмтэнэ сыттаҕына, бииргэ дьарыктаммыт үөлээннээхтэрэ, доҕотторо Ильмень күөлгэ охтубуттарын истэн бэйэтигэр ситиһэргэ андаҕар биэрэр.
Алтынньы 2 күнүгэр 81 стр-й дивизия 61-с аармыйаҕа сыһыарыллан Любеч куорат арҕаа өртүгэр Днепр өрүс илин кытылынан атаакаҕа киирэрдии бэлэмнэнэн тураллар.
Алтынньы 3 күнүгэр сарсыарда эрдэ 3 чааска туорааһын саҕаланар. 467-c стр. полк үс ротата үһүөн харбаан кимэн киирэллэр, сэттэ чааска арҕаа кытылга өстөөх бастакы окуопаларын хабыр илии кыргыһыытынан былдьаан ылаллар. Онно Ф.К.Попов биир бастакынан киирэн 23 өстөөҕү өлөрөр. Ол күн сэрии уота тохтобула суох күөдьүйбүтэ. Сарсыарда алтынньы 4 күнүгэр ниэмэстэр тоҕуста төхтүрүйэн туран контратаака оҥороллор. Олортон биир контратаакаҕа өстөөх бөлөмүөтүнэн кэтэхтэринэн сыылан киирэн барыларын кыргар, 50 тахса ниэмэс саллаатын уонна эписсиэрин охторор. Кытылтан 800 м кэриҥэ иһирдьэ турар Глушец дэриэбинэни ылыыга өстөөх буулдьатыгар таптаран алтынньы 10 күнүгэр сырдык тыына быстар
Бастаан онно бырааттыы көмүүгэ көмүллэр, кэлин Деражичи дэриэбинэ хоту өртүгэр көмүүгэ көһөрөллөр. Күн бүгүн онно 2016 Кыһыл аармыйа байыастарын уҥуохтарын кырамталара хараллан сытар, ол иһиттэн Сэбиэскэй Сойуус 12 Дьоруойа, кинилэртэн биирдэстэрэ Баатара хорсун-хоодуот уола Федор Кузьмич Попов.
Александр Эверстов,
Эркээйи
Кадетскай кылаас арыллыыта
2005 сыллаахха атырдьах ыйын 15 күнүгэр Мэҥэ-Хаҥалас улуустааҕы управлениетын бирикээһинэн Баатаратааҕы Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Кузьмич Попов аатынан орто оскуолатыгар кадетскай кылаас аһыллыбыта. Дойдуга бэриниилээх патриоту, эт-хаан, өй-санаа өттүнэн дэгиттэр сайдыылаах ыччаты бэлэмниир соруктааҕа.
Саҥа аһыллыбыт 7 кылааска улуус араас оскуолаларыттан кадет буолуон баҕалаах15 уолаттар сүүмэрдэнэн үөрэнэ кэлбиттэрэ. Оҕолор босхо аһынан-таҥаһынан толору хааччыллан интернакка (казармаҕа) байыаннай бэрээдэгинэн, Устаап көрдөбүлүнэн олороллор, үөрэнэллэр. Уопсай орто үөрэхтээһин бырагырааматын таһынан эбии биридимиэт быһыытынан:“Общевоинские дисциплины”, “Основы военной подготовки”, “История вооруженных сил РФ”, “Военно-прикладная физкультура” үөрэтэллэр.
“Кадеттар”диэн байыаннай-патриотическай кулууп тэриллибитэ. Сарсыарда 7 чаастан киэһээ 10 чааска дылы кадеттар араас куруһуоктарга, спортивнай секцияларга дьарыктаналларын таһынан туризмҥа, бальнай үҥкүүгэ, ыллыырга-туойарга үөрэнэллэрэ. Ылбыт билиилэрин күөн күрэстэргэ, күрэхтэһиилэргэ, олимпиадаларга, конференцияларга кыттан тургутан көрүүнү ааһаллар. Дипломант, призер аатын улуустааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэргэ ситиһэн сүргэлэрэ көтөҕүллэр. Улууска ыытыллар дьаһалларга көхтөөхтүк бочуоттаах караулга тураннар атын үөрэнээччилэргэ үтүө холобур буолаллар.
Суолу тэлээччи
Кадетскай кылаас бастакы военругунан Иван Викторович Сидоров анаммыта.Кини өссө 1996-98 сылларга аармыйаҕа ыҥырыллан Хабаровскайга МЧС байыаннай чааһыгар сулууспалаан ытык иэһин төлөөбүтэ.
2002 с. Хабаровскайдааҕы прапорщиктар оскуолаларыгар бэйэтэ тылланан үөрэнэ барар. Аналлаах үөрэх кэнниттэн хантараагынан Курильскай арыыларга олохсуйбут ПАДН (Пушечно-Артиллерийский дивизион) байыаннай чааһыгар сулууспалаан дембеллэнэн кэлбит кэмэ этэ.
Барыта бастакы, саҥа саҕалааһын буолан материальнай-үөрэтэр базаны тэриниигэ улахан болҕомтону уурбута. Манна кини биэс сыллаах армейскай олоҕуттан ылбыт билиитэ, үөрэҕэ олус туһалаабыта.
Дьокускайдааҕы кадетскай оскуоланы кытары ыкса сибээһи олохтоон сөптөөх хайысханы тутуспута. Үөрэх уонна ыччат министиэристибилэрин көмөлөрүнэн, өйөбүллэринэн тэтимнээх үлэ күөстүү оргуйбута. Көмөлөһөөччүтэ Сергучев Семеннуун бэйэлэрэ барытын толкуйдаан, былааннаан оҥорбуттара. Нэһилиэк баһылыга Захаров Ф.Ф., оскуола дириэктэрэ Баишева В.А., музей-комплекс дириэктэрэ Колесова Т.С. уонна бииргэ үлэлээбит коллективыгар көмөлөрүн уонна өйөбүллэрин иһин махтал тылларын аныыр.
Оскуола выпускнига, СГУ преподавателэ юстиция генерал-майора Иван Корякин, СӨ Конституционнай суутун бэрэссэдээтэлэ, профессор Дмитрий Миронов, СГУ юридическэй факультетын декана, юридическэй наука кандидата Петр Гоголев кадеттары кытта көрсөн, санаа атастаһан, элбэх сүбэ-ама биэрбиттэрэ.
2007-2008 үөрэх дьылыгар уопуттаах физкультура учуутала, Афганистан сэриитин кыттыылааҕа, олохтоох уол Филиппов Петр Михайлович үлэлии кэлэр. Кини кэлиэҕиттэн байыаннай-спортивнай күрэхтэһиилэргэ кыттыыбыт саҕаламмыта – салгыы сэһэргиир Иван Викторович. Араас ыытыллар слеттарга, күрэхтэһиилэргэ, байыаннай хомуурдарга, нэһилиэк, улуус тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кыттан кадеттар буһуу-хатыы оскуолатын ааһан испиттэрэ. Кыайыы өрөгөйүн, кыайтарыы хомолтотун эмиэ билбиттэрэ. Ситиһиилэрэ элбээн испиттэрэ.
2011 сыллаахха оскуола үлэһитэ Мария Филиппова сценарий суруйан, “Кадет” диэн уус-уран киинэ уһулбута. Режиссер Иннокентий Туйма (Барашков). Военрук Сидоров тахсыылаах үлэтэ киинэҕэ прототип быһыытынан устуоруйаҕа киирбитэ, үйэтитиллибитэ.
СӨ ыччакка политикатын туйгуна, ыччаты байыаннай-патриотическай иитии иһин өрөспүүбүлүкэ байыаннай хамыһаарыттан үгүс Грамоталардаах Иван Викторович кэтэхтэн үрдүк үөрэҕи бүтэрэн “юрист” идэтин ылан, билигин Мэҥэ-Хаҥалас улууһун толорооччу – суут бириистэбинэн ананан эппиэттинэстээх үлэни толорор.
Таптыыр кэргэнэ Юриана Семеновна “Сардаана” оҕо уһуйааныгар баспытааталлыыр. Дьоллоох дьиэ-кэргэн икки оҕолоохтор. Улаханнара Арина 13 саастаах, Майатааҕы И.В. Тимофеев аатынан лицей 7 кылааһыгар туйгуннук үөрэнэр. Кыралара Виктория Майатааҕы Ф.Г. Охлопков аатынан орто оскуола 5 кылааһын үчүгэй үөрэнээччитэ
Кадетым туһунан ахтыы
Оскуола – олоҕу түстээччи, олох суолун арыйааччы кыһабыт буолар. Хас биирдиибит тус олохпутугар оскуола – сотуллубат, сууйуллубат оҕо сааспыт сырдык өйдөбүлэ, олоххо бастакы хардыыларбыт умнуллубат, оһон-сүтэн хаалбат омоон суола.
Баатара оскуолатыгар 2005 сыллаахха Догдоҥо ситэтэ суох орто оскуолатыттан 3 буолан талыллан барбыппыт: Новгородов Алик, Александров Ариан уонна мин (Степанов Павлик). Атын нэһилиэктэртэн эмиэ оҕолор кэлбиттэрэ, уопсайа 15 оҕо этибит. Военругунан Сидоров Иван Викторович үлэтин саҕалаабыта. Элбэхтик күрэхтэһиилэргэ, сбордарга Дьокуускайга, атын да улуустарга сылдьыбыппыт. Хабаровскай куоракка учениеҕа тиийэн, дьиҥнээх аармыйа олоҕун ааспыппыт, элбэхтик буспуппут-хаппыппыт, эт-сиин өттүнэн эрчиллиини барбыппыт. Атын кадеттары кытта сыл аайы араас күрэхтэһии ыытыллара. Онно кыайыы өрөгөйүн билэн үөрэрбит, ардыгар кыайтарыы да хомолтотун билэрбит.
Оччолорго оскуолаҕа, улууска, республикаҕа да ыытыллар тэрээһиннэргэ түмсүүлээх, эйэлээх этибит. Баатара оскуолатыгар үөрэммит кэмнэрбин истиҥник саныыбын. Үөрэппит учууталларбын умнубаппын. Биһигини киһи быһыытынан чиэһинэй, аһыныгас, сиэр-майгы өттүнэн үтүө дьон буоларга үөрэтэллэрэ-такайаллара. Төрөөбүт дойдуну таптыырга, үөрэххэ кыһамньылаах, бэйэҥ күүскэр эрэллээх буоларга, биһигини, иннэлээх-сап курдук батыһыннара сылдьан үөрэтэн-такайан, олоххо, аармыйаҕа бэлэмнээн илдьэ сылдьыбыт военрукпутугар Иван Викторович Сидоровка махталбыт муҥура суох.
Саамай үөрэрим диэн – Советскай Союз Геройа Федор Кузьмич Попов аатынан Баатара оскуолатыгар кадетскай кылааска үөрэммитим буолар. Быйыл Федор Кузьмич Попов 100 сааһын бэлиэтиибит. Баатараҕа геройга аналлаах памятниктар, музейдар бааллар. Ону барытын илэ харахпынан көрбүтүм, үөрэппитим. Тыа сирин сэмэй ыччата Федор Попов сидьиҥ өстөөҕү сиҥнэрэр туһугар хабыр хапсыһыыга хорсун быһыыны көрдөрөн, сахалартан бастакынан бу үрдүк ааты ылар чиэскэ тиксибитэ үтүө холобур буолар.
Баатара оскуолатын бастакы кадетскай кылааһын 2010 сыллаахха 11 кылааһы бүтэрэн, олох киэҥ аартыгар үктэммиппит. 15 оҕоттон 6 эрэ буолан бүтэрбиппит. Мин санаабар, саамай тулуурдаах, инникигэ эрэллээх оҕолор хаалан оскуоланы бүтэрбиттэрэ. Ол оҕолор билигин араас улуустарынан тарҕаһан үлэлии сылдьаллар. Бэйэ-бэйэбитин кытта ыкса билсэбит-көрсөбүт. Мин бэйэм Мэҥэ-Хаҥаластааҕы судприставка үлэлии сылдьабын.
Бииргэ бүтэрбит уолаттарым Трофимов Егор полиция ст.лейтенана, оперуполномоченнай, Мэҥэ-Хаҥаластааҕы МВД отдела. Свешников Петр — ст.лейтенант, Илин Уһук байыаннай уокуругар сулууспалыыр. Чупров Павел Чуумпу (Тихэй) акыйаан флотугар, сибээс батальонугар механик.
Герой Попов аатынан оскуола кадетскай кылааһын бастакы выпускнига буоларбынан киэн туттабын.
Советскай Союз Геройа Федор Кузьмич Попов оҥорбут хорсун быһыыта үйэлэргэ умнуллубат. Бар дьоҥҥор мэлдьи тыыннааххын!
Степанов Павел Павлович,
Майа
Кыайыыларга сирдээччи
Баатара кадеттарын кылааһыгар ст. офицер-иитээччинэн (воспитатель) 2014-2015 үөрэх сылларыгар Семенов Николай Семенович үлэлии киирбитэ. Кэллиэгэлэрин Николай Валерьевич Кузьмин уонна Владислав Павлович Шкулев көмөлөрүнэн интэринээт иһигэр уларытыылары, саҥардыылары киллэрбитэ. Кадеттарга сынньанар, телевизор көрөр киэҥ хос, таҥастарын-саптарын уурар тупсаҕай хос, баттах кырыйтарар, таҥастарын өтүүктэнэргэ аналлаах миэстэлэр оҥоһуллубуттара.
Бириэмэ ирдэбилинэн саҥа стендэлэр ыйаммыттара. Кадетскай үөрэхтээһин көрдөбүлүгэр эппиэттиир саҥа параднай таҥас булааһынын кыһалҕата тирээбитэ. Төрөппүттэри ыҥыран мунньахтаан, бары биир санааҕа кэлэн, кадетскай параднай таҥаһы сакаастаан тиктэрэргэ быһаарыы ылыммыттар.
Кадетскай үөрэхтээһин балаһыанньата ирдииринэн, оҕолор бэйэлэрин истэриттэн салайар дьоҕурдаах, эппиэтинэстээх, толоругас хамандыырдар анаммыттара. Арассыыйа кадетскай куорпустарын устуоруйаларын үөрэтэн хас биирдии кадет «полонез», «падеграс», «вальс» үҥкүүлэри сатыыллара ирдэнэр эбит. Директорбыт Чугунов Марк Николаевич көмөтүнэн «Кыталык» народнайүҥкүүансаамбылын (сал. В.П. Винокуров) кытарыыксаүлэлэһэнбарбыппыт. Улууска, өрөспүүбүлүкэҕэыытыллыбыт, араасхабааннаахтэрээһиннэргэкадеттарбытүҥкүүлэринэнэлбэхтиккыттыбыттара.
Улуу кыайыы 70 сылын чэрчитинэн, олунньу ыйга «Дойдуну көмүскээччилэр» күннэринэн улуус иһинэн «Кадетский бал» (строевой хаамыы, ырыа уонна үҥкүү) тэриллибитэ. Улууспут оскуоларыттан 21 хамаанда кэлэн күрэс былдьаспыттара. 3 көрүҥ түмүгүнэн оҕолорбут 1 миэстэҕэ тахсыбыттара. 10 оҕоттон турар бочуотунай караул тэриллибитэ. Улуус бэлиэ күннэригэр, кыайыы параадыгар кыттан дьон-сэргэ сэҥээриитин ылбыппыт.
2017 сыллаахха өрөгөй ситиһиибитинэн Москуба куоракка ыытыллыбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы «Победа» байыаннай-спортивнай оонньууларга кадеттарбыт, дойдубут 63 эрэгийиэниттэн кыттыыны ылбыт хамаандалартан, уопсай түмүккэ 3 миэстэҕэ тахсан, Дьоруой Ф.К. Попов аатын дуорааннаахтык ааттаппыта.
Семенов Николай Мирославович 2004 с. Мэҥэ-Хаҥалас байыҥкамаатынан Арассыыйа Сэбилэниилээх Күүстэригэр ыҥырыллан Приморскай кыраай 14-с «спецназ» бэригээдэтигэр Уссурийскай куоракка сулууспалаабыта. Бойобуойкыргыһыыларбэтэрээннэрэ, «За службу на Кавказе», «Участник боевых действий» бэлиэхаһаайыннара. «Доблесть» — бойобуойкыргыһыыларбэтэрээннэринулуустааҕыуопсастыбаннайтэрилтэлэринбэрэссэдээтэлэ.
Байыаннай – патриотическэй үлэҕэ ситиһиилэрин иһин «СӨ үөрэхтээһиҥҥэ туйгуна»; «СӨ ыччат бэлиитикэтин туйгуна».
Идэлэрэ – ситэтэ суох үрдүкү байыаннай үөрэх. 2007-2010 сылларга Уһук Илиннээҕи Сэбиэскэй Сойуус Маршала Рокоссовскай аатынан үрдүкү байыаннай училище курсана. Аахсыллар биричиинэнэн үөрэҕиттэн уурайбыта.
— Арассыыйатааҕы туризм уонна сервис госуниверситета. Менеджмент.
— ХИФУ «Основы безопасности жизнедеятельности» (ОБЖ).
Сайдыылаах эдэр уолу 2010 сыллаахтан байыаннай-патриотическай тэрээһиннэргэ өрөспүүбүлүкэҕэ сэҥээрэн көрөр этибит. Кини 2010-2014 сылларга «Дьокуускайдааҕы кадетскай интернат оскуолаҕа» офицер-воспитатель дуоһунаһыгар үлэлээбитэ.Кэргэннээх, икки оҕолоох.
Баатара – суол арыйааччы
2013 сыллаахха армияттан кэлэн баран Чурапчытааҕы государственнай институтка кэтэхтэн үөрэнэ уонна үлэлии киирбитим.
2014 сыллаахха сэтинньи ый саҥатыгар, киэһээ үлэбэр олордохпуна Сыымах оскуолатын директора Чугунов Марк Николаевич эрийдэ, кэпсэтиибит уһаабата, түргэн соҕус буолла. Марк Николаевич үөрэммит оскуолаҕар, интернаткар кэлэн үлэлээн көрүөн дуо диэтэ. Мин испэр үөрдүм уонна толкуйдаан баран сарсын биллэриэм диэтим. Сарсыныгар Марк Николаевич эрийэн туоһулаһар хайыыр буоллун диэн, онуоха мин сөбүлэһэбин, киэһэ тиийиэм диэтим. Марк Николаевич чэ бэрт, эйигин кытта Марха кадетскай оскуолатыгар үлэлээбит Семенов Николай Мирославович үлэлиэ диэтэ. Киэһэ айаннаан кэлээт тутатына интернатка тиийдим. Николай Мирославович мин кэлиэм аҕай иннинэ кэлбит этэ. Директорбыт Марк Николаевич үлэ хаамыытын, оскуола, интернат коллективын кытары билиһиннэрдэ. Ол курдук, Николай Мирославовичтыын суол-сорук туруорунан күүстээх үлэбитин саҕалаабыппыт. Николай Мирославович уопуттаах буолан кадетскай кылааска саҥа идеялары, ирдэбиллэри киллэрбитэ, интернаппыт ис-тас көстүүтүн тупсарбыппыт. Оҕолор биир эрэ хайысханан буолбакка, бары өттүнэн сайдар кыахтаммыттара. Ол кэннэ оҕолорбут улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ, Россия таһымнаах күрэхтэһиилэргэ ситиһиилээхтик кыттар буолбуттара.
Билигин И.Г.Игнатьев аатынан Харатааҕы спортивнай орто оскуолатыгар оҕолору байыаннай дьыалаҕа уонна интернатка иитээччинэн ситиһиилээхтик үлэлии сылдьабын. Баатара сирэ-уота миэхэ үлэһит киһи буоларбар күүс-көмө, суол арыйааччынан буолар. Баатараҕа тиийэммин миигин элбэххэ үөрэппит, уһуйбут учуутал убайым диэн киэн тутта ааттыыр Семенов Николай Мирославовиһы кытта алтыһан, киниттэн элбэххэ үөрэммитим. Махталым муҥура суох.
Кузьмин Николай Валерьевич,
кадет оскуолатын выпускнига
Дьоруой суолунан
2016-2017үөрэх сылыгар Мэҥэ-Хаҥалас улууһун үөрэҕириитин управлениетыгар иитэр үлэҕэ уонна эбии үөрэхтээһин салаатыгар саҥа арыллыбыт патриотическай иитии хайысхатын сүрүннүүр исписэлииһинэн үлэлии киирбитим. Баатара орто оскуолатыгар кураторынан ананан, үлэм тиһигэ быстыбакка саҕаламмыта. Бу сыл Дьоруой Федор Попов төрөөбүтэ 100 сылын бэлиэтээһинэ күүтүллэр. Ол курдук, үбүлүөйүнэй тэрээһиннэр былааннарыгар үөрэҕирии управлениетын начальнига Черкашина И.В. өйөбүлүнэн Байыаннай комиссариат (сал.Петров А.Д.), улуустааҕы киин библиотека (сал.Корнилова Е.С.), улуустааҕы Р.Г.Васильев аатынан краеведческай музей (сал.Шарина З.В.), ыччат уонна дьиэ-кэргэн политикатын управлениета (сал.Захаров К.А.) тэрилтэлэр кыттыгастаах, «Чтобы помнили» бырайыак олоххо киирэн, улууспут сыаллаах оскуолаларынан сылдьан, Федор Попов олоҕун, хорсун быһыытын сырдатар, өйдөтөр сыаллаах үлэлэр барбыттара. Саҥа сүүрээн быһыытынан патриотическай «Дьоруой суолунан» диэн бырайыак оҥоһуллубута. Бырайыак бастакы саҕалааһыныгар 27 улууспут оскуолаларын оҕо хамсааһынын лидердара уонна Десяткин Т.Г. аатынан Тумул уонна К.О.Гаврилов аатынан Бүтэйдээх орто оскуолаларын директоры иитэр үлэлэргэ солбуйааччылар Слепцов Ю.М., Семенова А.Д. буоламмыт, бөлөх салайааччытынан ананан, сэтинньи ыйга Белоруссия өрөспүүбүлүкэтигэр айаҥҥа туруммуппут. Белоруссияҕа тиийэн Гомель, Лоев куораттар музейдарынан, дьиҥнээхтии кыргыһыы буолбут сирдэринэн сылдьан, Федор Кузьмич дьоруойдуу хорсун быһыытын оҥорбут сирдэрин илэ харахпытынан көрөммүт, көмүллэ сытар көмүс уҥуоҕар төрөөбүт алааһын буорун илдьэн ууран, сүгүрүйэн кэлбиппит.
2017 сыллаахха биир улахан ситиһиибитинэн Москва куоратыгар ыытыллыбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы «Победа» байыаннай-спортивнай оонньууларга кадеттарбыт, дойдубут 63 регионуттан кыттыыны ылбыт хамаандаларыттан, уопсай түмүккэ 3 бочуоттаах миэстэҕэ тахсан, дьоруой Ф.К.Попов аатын чиэстээхтик сүгэн кэлбиттэрэ буолар.
Бу үрдүк ситиһиилэр барыта Баатара оскуолатын педагогическай кэллэктиибин, нэһилиэк общественноһын, улуустааҕы үөрэҕирии управлениетын, улуус дьаһалтатын сыралаах, түбүктээх үлэлэрин, көмөлөрүн, өйөбүллэрин, өйөөһүннэрин түмүгэ буолар.
Сахаттан бастакы дьоруой Федор Кузьмич Попов сүүс сыллаах үбүлүөйүнэн барыгытын ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин! Дьоллоох, ситиһиилээх буолуҥ, чэгиэн-чэбдик сылдьыҥ!
Николай Мирославович Семенов
СӨ үөрэҕириитин туйгуна
Бойобуой дьайыылар бэтэрээнэ
Мэҥэ-Хаҥалас улууһун бойобуой дьайыыларын бэтэрээннэрин
«Доблесть» түмсүүтүн салайааччыта
Кадеттар – бүгүн
Сэһэргэһэр киһим Тарабукин Владислав Эдуардович – Баатара кадеттарын ыстаарсай офицер-иитээччитэ.
Влад Тарабукин – кадетскай кылааска үөрэнэ сылдьан байыаннай-спортивнай күрэхтэһиилэргэ «Сыл бастыҥ хамандыыра» ааты ситиспитэ. Үчүгэй үөрэҕин, көхтөөх, холобурга сылдьар спортсмен буоларынан 2016 сыллаахха муус устарга путевканан наҕараадаланан «Океан» лааҕырга сынньанан кэлбитэ.
Кини Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай колледжын бүтэрэн, физкультура учууталын идэтин баһылаан, устудьуоннуур кэмигэр хотугулуу многоборьеҕа Саха сирин уонна Арассыыйа успуортун маастарын нуормаларын толорон, бүтэрбит оскуолатын кадетскай кылааһыгар кэлэн үүнэр көлүөнэни үөрэтиигэ уонна иитиигэ бэйэтин кылаатын киллэрсэр. Дьиҥнээх патриот. Кэтэхтэн Чурапчытааҕы физкультурнай институт иккис курсун устудьуона:
— Күн бүгүн Дьокуускайтан, Эдьигээн, Хаҥалас, Нам, Мэҥэ-Хаҥалас улуустартан 20 кадеттаахпыт.
Интернакка 6 офицер-иитээччилэр үлэлиибит. Кадетскай кылааһы бүтэрбит Сосин Анатолий – юрист идэлээх. Оҕолору мас тардыһыытыгар дьарыктыыр. Санников Петр – культура үөрэхтээх, муусукаҕа, ырыаҕа-тойукка үөрэтэр.
Кадеттар иллэҥ бириэмэлэригэр хапсаҕай, сүүрүү, теннис, дуобат, саахымат, мас тардыһыыта, хотугу многоборье секцияларыгар дьарыктаналлар. Оҕолор байыаннай бэрээдэккэ начаас үөрэнэллэр. Бириэмэлэрин сатаан аттаран сөптөөхтүк туһаналлар. Эргиччи сайдыылаах, дойдуларыгар туһалаах, патриотическэй тыыннаах, ситиһиилээх улэһит буолалларыгар үөрэтэбит, иитэбит.
Түмүк тыл
2021 сыл улууска Дьоруой сылынан биллэриллибитэ. Үгүс үбүлүөйдээх тэрээһиннэр анал былаанынан ыытыллыахтара. Саха өрөспүүбүлүкэтин тэрийэр кэмитиэтин Ил Дархан Айсен Николаев бэйэтинэн салайар.
Тохсунньу 15 күнүттэн (Дьоруой аата иҥэриллибит күнэ) саҕалаан улууска «Дьоруой сулуһун эстэпиэтэтэ» улуус оскуолаларыгар барыларыгар ыалдьыттыа. Бу тэрээһин чэрчитинэн нэһилиэктэргэ сэрии, тыыл бэтэрээннэрин үйэтитиигэ үлэлэр, тимуровскай көмөлөр кырдьаҕастарга ыытыллыахтара. Оскуолалар ыыппыт үлэлэрин түмүгүнэн альбом-рапорт оҥорон Баатаратааҕы оскуола-комплекс музейыгар Дьоруой төрөөбүт күнүгэр, ахсынньы 8 күнүгэр, үйэ саас тухары харайыыга туттарыллыаҕа. Баатара кадеттарын ситиһиилээх хамсааьыннара Саха сирин оскуолаларыгар үтүө холобур, бачыым буоллун диэн баҕалаахпын.
Арассыыйа Президена Владимир Путин ыччаты байыаннай-патриотическай иитиигэ болҕомтону уурарга куруутун санатар.
СӨ үөрэҕириигэ, билиҥҥи министеристибэтэ бу хайысханы сүрүннээн ордук тыа сирин оскуолаларыгар кадетскай кылаастары хото тэрийэллэригэр көрдөһүүлээхпин.
Григорий Михайлов – Дьулҕан.
Арассыыйа Аармыйаҕа, Авиацияҕа уонна Флотка көҥүл өттүнэн көмөлөһөр уопсастыбатын (ДОСААФ России) «Үтүөлэрин иһин» уордьан кавалера, РОСТО (ДОСААФ) Бочуоттаах чилиэнэ