«Бэлэм буол» хаһыат диэбитинэн муннукка ытаабыт оҕолор эмэн сааспытыгар тиийэн кэллибит. Күн-дьыл күлүмэх айана түргэниэн!»- диэн ахтыытын саҕалыыр Ульяна ШИШИГИНА, СӨ Үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, РФ уопсай үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ, “Учууталлар учууталлара”, «Методист Якутии» анал бэлиэлээх, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ.
1936 с. оҕолорго аналлаах сахалыы тылынан өрөспүүбүлүкэҕэ аан маҥнай тахсыбыт уонна киэҥник тарҕаммыт «Бэлэм буол» хаһыат, кэлин «Кэскил» диэн ааттанан, билигин 21-с үйэҕэ да тахса турара үөрдэр. Ийэ тылбытынан ааҕан, суруйан, кынат оҥостон, кэлбит хаһыаппытын сиэннэрбит сэҥээрэллэрин көрө-көрө, «күлүкпүтүгэр имнэнэбит: «Сахалыы саҥабыт сатарыырын тухары, төрөөбүт төрүт тылбытын төлкөлүү турар хаһыаппыт күүтүүлээх күндү ыалдьыт буолан кэлэ туруохтун!».
«Бэлэм буол»-«Кэскил» хаһыаттар эрэдээктэрдэринэн 51 сыл 8 ый үлэлээбит РСФСР уонна Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ Суруналыыстыкаҕа Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата Н.И. Протопопова этиитинэн ахтыыбын саҕалаатаҕым буоллун.
1941-1959 сс «Бэлэм буол» хаһыаппыт кыайан тахсыбакка тохтуу сылдьан баран, саҥалыы тыыннанан, күн сирин иккистээн көрбүт эбит. Чурапчыга 5 саастаахпар «Кыым» хаһыаты аан бастаан тутан-хабан, сирийэн көрбүтүм. Булуҥ булчута сүүнэ улахан балыгы тутан турар хаартыскатын көрөн сөхпүтүм. 1-4 кылаастарга Булуҥ, Аллайыаха быыкаайык нэһилиэктэригэр нуучча тыллаах оскуолаларга үөрэммитим. Бастакы кылааска киирээт, икки тылынан хаһыаттары аахпытынан барбытым. Хоту дойдуга олорор кэммитигэр «Бэлэм буол» хаһыаты биирдэ да көрбөтөҕүм.
1963 с. «Опорная школа Якутского филиала Института национальных школ АПН СССР» диэн аар-саарга аатырбыт үлэлээх Мэҥэ Хаҥалас оройуонун Хаптаҕай 8 кылаастаах үөрэҕин кыһатыгар, уһатыллыбыт күннээх икки мэндиэмэннээх оскуолаҕа 5-с кылааска үөрэнэ киирбитим. «Бэлэм буол» хаһыакка кылааһынан бука бары суруйтардыбыт — 100%! Бииргэ төрөөбүт түөрт кыыс эмиэ бары! Почтальон дьиэбитигэр 4 «Бэлэм буолу» аҕалар. Оскуолабыт эркинигэр «Пионерская правда», «Бэлэм буол» хаһыаттар «Ааҕыҥ. Сэргээҥ. Сэҥээриҥ» диэбиттии ыйанан тураллара. Нуучча тылын уруоктарын саҕаланыыларыгар «политинформация» диэн, тэттик сонуннары бэлэмнээн кэпсиир этибит. «Бэлэм буолга» тахсыбыт ыстатыйаны тута тылбаастаан, соҕуруу дойдуттан ананан кэлбит учууталбын Р.Н. Ларионованы сөхтөрөрүм. «Юнкор» диэн куруһуокка суруйтардыбыт. Толя Аргунов бэлиэтээһиннэрэ «Бэлэм буолга» тахсыбыттарын ааҕа-ааҕа, ааранан ымсыырабыт. Ирдэбиллээх баһаатайбыт Альберт Гаврильевич Петров отчуоттатар. «Клуб дошкольников» үлэтин туһунан суруйан бооччойдум уонна кимиэхэ да көрдөрбөккө, ыытан кэбистим. 13 саастаах оҕо үйэтигэр аан бастаан суруйбут бэлиэтээһинэ күн сирин көрбүтэ – умнуллубат түгэн. Бэчээттээбиттэрин ааҕаммын наһаа үөрбүтүм. Онон «Бэлэм буол» хаһыатым суруксут буоларбар көмөлөспүт эбит.
Одьулуун оскуолатыгар эдэр кэрэспэндьиэннэр постарын оскуолабыт завуһа М.М. Иванова салайбыта. Бииргэ үөрэнэр кыыспыт Зоя 4-с кылаастан дьарыктанан, сонуннарын «Бэлэм буол», «Саҥа олох» хаһыаттарга ыытан иһэрэ. Уолаттарбыт «Ойуур хаһыата» балаһаҕа суруйалларын ордороллоро. Саха народнай суруйааччыта Н.Е. Мординов – Амма Аччыгыйа үлэлиир кэмэ этэ. Оҕолор ыытар суруктарын сыныйан ааҕа-ааҕа, ис-иһиттэн үөрэрэ эбитэ үһү. 1986 с. «Бэлэм буол» тэриллибитэ 50 сылын бэлиэтээбитэ. Чурапчы Одьулуунуттан Зоя кыттыыны ылан, тутум үрдээн кэлбитэ.
Сыл-хонук ааһан, ыал буолан, 1987 с. 19 араас омук тоҕуоруспут сиригэр-уотугар, Дьааҥы улууһун киинигэр Баатаҕайга көһөн тиийдибит. 16000 кэриҥэ киһи олороро. Оскуолаҕа 1590 оҕо үөрэнэрэ. Нуучча тыллаах оскуола. Кылааска ийэ тылларын билбэт биир-икки саха оҕото баар буолара. Чурапчыга төрөөбүт, сахалыы иитиилээх оҕолор бастаан утаа муммут кус оҕотун курдук турукка киирбиппит. «Бэлэм буол» хаһыаппыт өлбөт мэҥэ уутун курдук буолбута диэтэхпинэ, арааһа, омун буолбата буолуо.
1988 с. «Бэлэм буол» хаһыаппыт «Будь готов» диэн тылбаастанан тахсан, үөрүү-көтүү ухханыгар уйдаран сылдьыбыппыт. Москубаҕа Максим Горькай аатынан литература институтун тылбаас салаатын бүтэрбит Мария Егоровна Алексеева таһаарар матырыйаалларын ааҕан элбэҕи эбиммиппит. «Сөҕөн да төһөнү сөҕүөмүй. Ураты үрдүк таһымнаах тылбаасчыт» диэн сүгүрүйэр суруналыыһым эппитин умнубаппын. 1989 с. саас «Будь готов» хаһыат үлэһитэ, тылбаасчыт М.Е. Алексеева Баатаҕайга көтөн кэллэ. «Көрүс. Дьиэҕэр түһэрэҕин, көрсүһүүлэри тэрийэҕин», — диэн РОНО сэбиэдиссэйэ Д.А. Слепцова эппитин «тук» курдук толордум. Баатаҕай, Эһэ Хайа, Үөттээх оскуолаларыгар, «Дом пионеров» диэн оҕо-аймах сөбүлээн дьарыктанар тэрилтэтигэр оҕолор, учууталлар, төрөппүттэр сылдьан, сүргэлэрэ көтөҕүллүбүтэ. Сурутуу көхтөөхтүк саҕаламмыта. Ыалдьыппыт М.Е. Алексеева Дьокуускайга көтөр күнүгэр 12 саастаах уолбут Афоня киниэхэ халыҥ кэмбиэри туттаран кэбистэ. Аадырыһа: г. Москва. журнал «Охота и охотничье хозяйство» диэн. Мария Егоровна биир этиинэн быһаарда: «Оҕо ыыппытын баҕар таһаарыахтара». Уолбут илимҥэ иҥнибит куоҕаһы хаартыскаҕа түһэрбит, кылгастык быһааран биэрбит. Мин туох туһунан, хайдах суруллубутун билбэппин. Хата сотору сурунаалбыт кэллэ — Афоня Шишигин ыыппыт матырыйаала хоп курдук бэчээттэнэн тахсыбытын көрөн сөхтүбүт аҕай.
«Бэлэм буол», «Кэскил», «Юность севера» хаһыаттар күннэрэ, эдэр кэрэспэндьиэннэр сүлүөттэрэ Дьааҥыга 2011 с. ыытыллыбыта.
Хаһыаппыт 75 сылыгар анаммыт дьоһун тэрээһин умнуллубат үтүө өйдөбүлү хаалларбыта. «Кэскил» хаһыат эрэдээктэрин солбуйааччы Анисья Михайловна Иевлеваҕа махтанабыт.
Дьааҥы дьоно-сэргэтэ былыр-былыргыттан хаһыакка, сурунаалга ураты харыстабыллаахтык сыһыаннаһаллар. Сурутууну көҕүлээччилэр — бастыҥ көмөлөһөөччүлэрбит: эбэлэр, эһэлэр, төрөппүттэр уонна попечителлэр.
Мин «Педэкспедиция» диэн ааттаах маҥнайгы айаммын 2007 с. Үөһээ Бүлүүттэн саҕалаабытым. Кэнтик нэһилиэгэр тиийэн «Кэскил» хаһыакка сурутууну ыыппытым. Арыалдьыттарым — оскуола оҕолоро. Сититһиилэрим: «Саха сирэ» хаһыат «Нуучча доҕорум – мин дьылҕабар» куонкуруһугар — 2 миэстэ; «Победитель республиканского конкурса журналистских работ по освещению в СМИ хода реализации приоритетного национального проекта «Образование» в РС(Я)”; “Лучшее освещение деятельности попечительских советов ОО. Ассоциация попечительских советов учреждений образования РС(Я) в СМИ»; “Победитель республиканского конкурса СМИ, посвященного ХIII съезду учителей и педагогической общественности РС(Я) в номинации «Лучшее освещение вопросов образования в радиопередачах».
Педэкспедициям Казахстаҥҥа Шымкент куоракка, Туркестаҥҥа уонна Акжар аулга түмүктэммитэ. Сиэннэрбин сиэтэ сылдьан көтөх муҥунан «Кэскил» уонна «Юность Севера» хаһыаттарбын илдьэ барбытым. Казахстан биллиилээх суруналыыһа Елена Бояршинова «Рабат» хаһыат 34 №-ригэр (20.08.2008 с.). «Гостья с Севера» диэн ыстатыйа суруйан, «Отырар» телевидениеҕа 20 мүнүүтэлээх «Пора вставать» биэриигэ кытыннаран, казахтар сэҥээриилэрин ылбыппыт. Дьааҥым оҕолоро «Одеваем Азиара и Азиану» диэн күөн күрэскэ кыттыбыт оҥоһуктарын «Оҕону, ыччаты сайыннарар киин» мусуойугар бэлэх ууммутум. Экспонаттарбыт туралларын Шымкеҥҥа 2009 с. тиийэ сылдьан көрөммүт үөрбүппүт.
«Бэлэм буол», «Кэскил», «Юность Севера» хаһыаттар айылҕаттан анатыылаах, оҕо-аймах кутун туппут суруналыыстарыгар махтанабыт. «Үтүөҕүт үтүөнэн эргийиэҕэ» диэн улуу эмчит Ньыыкан алгыһа эһиэхэ тиийиэхтин!