Билиҥҥи оҕолорго холоотоххо биһиги, 90-с сыллардаах көлүөнэ дьон, оҕо сааспыт хаһыат кыбыныылаах, марка килиэйдээһиннээх, переменаҕа почтаҕа сүүрээһиннээх этэ. Ол кэмҥэ бастыҥ оҕолор, уһулуччу талааннаахтар бары «Кэскилгэ» кэккэлэһэллэрэ. Биһиги да (Кэптэнилэр, «Лөгөй өрүөлчээннэрэ») сылын ахсын ыстатыйа дьоруойа буолан, дьоммутун үөрдэрбит. Билигин халыҥ паапка буолан тиһиллибит архыыбым – оҕо сааһым үтүө өйдөбүнньүгэ…
Хаһыат лоскуйдарын кэмиттэн кэмигэр ылан бэрийэбин, аҕыннахпына ааҕабын. Холобур, «айылҕаттан артыыс талааннаах уол – Гена, улааттаххына хайаан да артыыс буолаар» диэн Татьяна Жиркова, «Штирлиц ойоҕун уобараһыгар «СТЭМ» түһүмэххэ оруолун чаҕылхайдык толордо» диэн хайҕаабыт Анисия Архипова (Иевлева), «эһигиттэн быдан күллүм, ити көрүдьүөстэргитин хайдах толкуйдуугут?» диэн ыйытыылаах Георгий Белоусов балаһанан матырыйааллара хараллан сыталлар. Ыстатыйалары сылларынан ситимтээн, сэргэ тутан аахтахха «Саха КВН» историята тахсан кэлэр. Оччотооҕу хамаандалар, кимнээх оонньообуттара, бастыҥнар ааттара, чаҕылхай уобарастар…
Үтүө тэрээһиннэргэ сыстан, бастыҥнары кытта сайдан, сыыйа оҕо саастан ыччат буолбуппут. Онтон мин бэчээт дьиэтиттэн арахсыбат этим. Ыстатыйаларбын таһабын, арыт доҕотторбун көрсөбүн, тэрээһиннэргэ кыттабын. Оҕо эрдэхтэн саха тылыгар, айарга-тутарга, суруйарга-бооччуйарга, саҥарарга-иҥэрэргэ дьоҕурдаах буолан уонна СГУ-га саха салаатыгар үөрэнэрим быһыытынан хаһыат, кинигэ эйгэтигэр чугаспын.
Эдэрдэргэ олус кыhамньылаах уонна сэргэх ыччаттарга ураты сыhыаннаах эрэдээктэр Нина Иннокентьевна Протопопова миигин болҕомтоҕо ылан, элбэхтэ үөрдүбүтэ. 2006 сыллаахха Дьокуускай куоракка улахан тэрээһини былаанны сылдьан, «дьон ааҕан-сэргээн кыттыһыа этэ» диэн санааттан, ыстатыйа суруйа охсон, билэрдии эрэдээксийэҕэ ойдум. Билигин санаатахха, сэрэдэ күн эбит. Ол аата аны икки күнүнэн, бээтинсэҕэ, хаһыат тахсар(!) Аны туран алтынньы ый буолан биэрдэ, хомсомуол күнүнээҕи нүөмэр номнуо бэлэмнэммит. Таҥыллыбыт макеттары Нина Ниннокентьева хоһугар бэрийэ, эрэдээксийэлии олороругар түбэстим.
«Саха Республикатын оҕолорун общественнай холбоһуктарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Александр Дмитриевич Васильев ыйыытынан кэллим, редакцияҕа ылыахтара диэбитэ» диэччи буоллум. Александр Дмитриевич Нина Иннокентьевнаҕа үлэлээбитин, чугастык алтыһалларын билэрим. (Ол туһунан А.Д.Васильев бэйэтэ туспа ахтыытын оҥорбута). Нина Иннокентьевна хаһыатын толорон, бэчээккэ ыытаары олорорун да үрдүнэн ыстатыйалаах уонна тэрээһин иннигэр бэчээттэтэ охсор сыаллаах кэлбит киһини саба саҥаран кэбиспэтэ. Кэпсэттэ. «Саша билэр ээ, билэр. Чэппиэргэ хаһыат бэчээккэ барарын» диэн ботугуруу-ботугуруу таҥыллыбыт макетка баар «хомсомуолларын» туппахтаан көрө-көрө, хат-хат сыымайдаата.
Бээтинсэ күн киоскаттан хаһыаппын атыылаһан, арыйа баттаабытым – ыстатыйам толору киирбит! «Хомсомуоллар» сорохторо кэлэр нүөмэргэ көспүттэр быһыылааҕа… Дьэ, доҕоттоор! Айар, суруйар баҕалаах киһиэхэ мантан ордук туох өйөбүл нааданый? Киһини саба саҥаран, кэҕиннэрэн кэбиспэккэ, истиҥ сыһыанынан, киһилии майгытынан айар суолга аартыгы арыйдаҕа… Киниттэн ордук маннык үтүө сыһыаннаах эрэдээктэр баарын билигин да билэ, көрсө иликпин.
Нина Иннокентьевналыын ыкса чугастык сыһыаннаһыым уонна алтыһыым оҕо общественнай тэрилтэтигэр салайааччы буолар кэммиттэн, 2012 сыллаахтан, саҕаламмыта. «Кэскил», «Юность Севера» эн хаhыаттарыҥ диирэ. (Оҕо хаһыаттара уонна оҕо тэрилтэлэрэ урут пионерия эрдэҕинэ биир уорган этилэр). Дьоҥҥун кытта (редакция үлэһиттэрин этэр) куруук бииргэ буол диэн баҕа санаатын биллэрэрэ.
Эрэдээксийэ тэрээһиннэригэр, эдэр кэрэспэндьиэннэр сүлүөттэригэр, суруналыыстар баалларыгар куруук бииргэ сылдьан, чугасыһан барбыппыт. Биирдэ элбэх буолан, Нина Иннокентьевнаны иннибитигэр уктан, Аммаҕа – Абаҕа пионердарыгар, Саһыл сыһыыга – төгүрүктээһин буолбут сиригэр тиийэн, кэпсэтии оҥорон турардаахпыт. Сааскы ылааҥы күҥҥэ элбэҕи сэлэспиппит: кини ордук оҕо тэрилтэтэ, урукку курдук, биир буолуохтаах диэн санаалаах этэ.
2013 сыллаахха Нина Иннокентьевна Протопопова, Татьяна Михайловна Ильина, СР үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, уонна мин буолан, маны таһынан Елена Христофоровна Голомарева, норуот докутаата, Туйаара Олеговна Едисеева, администарция үлэһитэ кыттыылаах, Президент Е.А.Борисовка мунньах тэрийтэрэн турабыт. Сүбэ мунньахха «Дьулуур» оҕо биир сомоҕо хамсааһынын уонна туспа оҕо бэчээтин кыһатын тэрийиини дьүүллэспиппит. Дьоһуннаах кэпсэтии түмүгүнэн 7 сирэйдээх дьаһал тахсан, күүстээх уонна далааһыннаах үлэ саҕаламмыта…
Издательство бастаан утаа атаҕар турарыгар директор А.П.Гоголевтыын улахан үлэни ыыппыппыт. Ордук тапсан «Чуораанчык», «Колокольчик» сурунааллар эрэдээктэрдэрэ Татьяна Ильинична Жирковалыын, «Кэскил» хаһыат таһаарааччы эрэдээктэрэ Анисия Михайловна Иевлевалыын, «Юность Севера» сүрүннээчитэ Екатерина Анатольевна Третьяковалыын айымньылаахтык үлэлээбиппит. Бу кэмҥэ ыччат парламенынан ыкса билсэр доҕорум – Саргылана Борисовна Федорова (Савватеева) сурунааллар эрэдээксийэлэригэр ананан кэлбитэ.
Эдэр суруналыыстар Айыына Ксенофонтова, Татьяна Филиппова буолан, олус сэргэхтик үлэлээн ааспыттаахпыт. Бу кэмҥэ эрэдээксийэ күүстээх туруорсуутунан сурунааллар глянцевай кумааҕыга көспүттэрэ. «Колокольчик» сурунаал саҥалыы олоҕо саҕаламмыта да диэххэ сөп. Ый аайы тахсар кыахтаммыта уонна бэчээтинэй илииһэ эбиллибитэ. Татьяна Ильинична салалталаах тигинэччи үлэлээн, кыайа-хото подписка оҥорон, «салалтаттан» буойуллубут түгэннэрдээхпит. Тираһы олус үрдэтэн, атын таһаарыылары «сэмэйдэр» дэппиппит.
Эрэдээксийэ нөҥүө Интернет ситиминэн суруйсан, «Жулдыз» диэн Казахстаннааҕы оҕо общественнай түмсүүтүн кытта ситим олохтообуппут. Хардарыта бэчээттэһэн саҕалаан баран, хардарыта сылдьыһар чугас доҕордуу буолбуппут(!) Саха сириттэн делегация Астанаҕа биэстэ бара сылдьыбыта, онтон кинилэр Дьокуускайга биир сайын «Дьулуур» оҕо биир сомоҕо хамсааһынын сүлүөтүгэр ыалдьыттаабыта. Аны туран дойдубут тэбэр сүрэҕэр – Москваҕа, кииннэммит «Пионерская правда» хаһыаты, Санкт-Петербурга олохтоох «Костер» сурунаалы кытта эмиэ истиҥ сыһыаҥҥа киирбиппит.
Иннэ гынан издательство үлэһиттэрин кытта чугастык алтыһар буолан, кэргэннэһэн хаалбыппыт. Ити кэмтэн ыла хаһыакка элбэх балаһаны суруйбут, бэлэмнэспит буолуохтаахпын. Доҕорбут, хаhыат кылаабынай эрэдээктэрин солбуйааччы Анисия Михайловна Иевлева көҕүлээһининэн «Кэскилгэ» сахалыы, «Юностька» нууччалыы оҕо общественнай тэрилтэлэрин анал балаһалара олохтоммуттара. Ол үтүө дьаһал билигин да салҕанан бара турарыттан киһи үөрэр.
Оҕо дьон бастыҥ доҕоро буолбут, баһаатай, тэрийээччи эрэ барыта билинэр, ытыктыыр киһитэ Нина Иннокентьевна Протопопова Саха сиригэр оҕо общественнай хамсааһына сайдарыгар, иккистээн тыын ыларыгар уонна государственнай таһымҥа өйөнөрүгэр улахан өҥөлөөх. Бэйэтин холобурунан, үтүө түмүктээх үлэтинэн, дьоҥҥо, тулалыыр эйгэҕэ харыстабыллаах уонна ийэлии эйэҕэс сыһыанынан, олоххо, үлэҕэ ураты кэрэ дьоҕурунан үгүс көлүөнэ ыччаты ииттэҕэ-такайдаҕа, суолларын арыйдаҕа, үрдүккэ көтүттэҕэ…
Кини аатын «суолдьут сулус» оҥостон үйэтитэр, ыччаты иитэр-үөрэтэр, сайыннарар хайысхаҕа холобур быһыытынан сыаналаан, биһиги тэрилтэбит Н.И. Протопопова аатынан оҕо общественнай түмсүүлэрин салайааччыларыгар аналлаах общественнай бириэмийэни төрүттээтэ. Сыллата кэрэхсэбилээх медиабырайыактары сүрүннээбит уонна эдэр суруналыыстары, айар эйгэҕэ оҕолору сыһыарбыт бастыҥ педагогтары наҕаараадалыахпыт, харчынан бириэмийэлиэхпит. Уһуйааччыбыт кэриэтэ саныыр күндү киһибит айымньылаах суруйуулара, олохтоох дьаһаллара оҕо тэрилтэтин историятын, күннээҕи түбүгүн, инники кэскилин кытта быһаччы ситимнээхтэрин куруук билинэбит уонна киэн тутта кэпсиибит!
«Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын кытта доҕордоһуубут салҕанар… Кэм аастаҕын аайы олох хаамыытын батыһа хаһыаппыт тупсар, сэргэхсийэр, саҥалыы тыыннанар. Атын медиа форматтарга көһөр, аныгы ыччат аргыһа буолар суолу-ииһи көрдүүр. Билиҥҥи коллективка @keskil.media, саҥа дириэктэр Ольга Ивановна Семеноваҕа ситиһиилэри, сонун бырайыактары баҕарабыт. Хаһыаппыт, оҕо сааспыт аргыһа, республика оҕотун бүттүүнүн кутун туттун диэн баҕа санаабытын тиэрдэбит!
Геннадий Охлопков, Саха Республикатын оҕолорун общественнай холбоһуктарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, РФ суруналыыстарын сойууhун чилиэнэ, «Кэскил» издательствотын общественнай корреспондена (14№-дээх удостоверение)