Биһиги дьиэ кэргэҥҥэ саамай киэн туттар киһибит – хос эһэбит Никита Васильевич Готовцев. Кини ССРС доруобуйатын харыстабылын туйгуна. Эһэм 1909 сыллаахха Байаҕантай нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Аҕата кини төрүөн иннинэ өлбүт, төрөппүт ийэтэ Мотрена Леонтьевна эһэбин 2 саастааҕар, аҕатын быраатыгар ииттэрэ биэрбит. 1929 сыллаахха Танда оскуолатын бүтэрбит. Салгыы Дьокуускай куоракка эмп техникумугар үөрэнэ киирбит. 1932 сыллаахха техникуму бүтэрэн, Тандаҕа биир бастакы анал үөрэхтээх эмчитинэн буолар. Бастаан Таатта улууһугар үлэлээн баран, 1936 төрөөбүт дойдутугар үлэлии кэлбит. Сэттэ нэһилиэк дьонун доруобуйатын туругун көрөрө-истэрэ. Оччолорго Түүлээх, Бээрийэ, Тиит-Арыы, Танда, Курбуһах, Бахсы уонна Балаҕаннаах дьоно-сэргэтэ киниэхэ көрдөрө кэлэрэ. Хос эһэм соҕотох эмчит этэ. Күннэри-түүннэри сүүрэрэ, ыраах диэн турбакка, бокуойа суох айанныыра. Түүн сороҕор сатыы, эбэтэр ат көлөнөн ыарыһахха барара. Кини дириҥ билиитин, дьоҕурун, ыарахан да ыарыһахтары атаҕар туруорбутун туһунан билигин да дойдутугар кэпсэлгэ сылдьар. Аҕа дойду сэриитэ саҕаламмытыгар киниэхэ соҕотох эмчиккэ бронь биэрбиттэрэ. Дойдуга саамай ыарахан кэмцэ, эмп-том кэмчи кэмигэр, эһэбит эмтээх оттору хомуйан, онон эмтэри, маастары оҥорон, дьонун быыһаабыт үтүөлээх. Былыргы эмчиттэр барыны бары сатыыллар, оҕо да төрөтөллөр, хирург, фельдшер, стоматолог да буолаллара. Олоҕун устатын тухары элбэхтик үөрэнэрэ, актыыбынай, сэмэй үлэһит киһини дьон-сэргэ убаастыыра, ол да иһин элбэх доҕордооҕо. Айылҕаттан айдарыылаах эмчит эһэбит үөрэппит да оҕолоро элбэхтэр. Олортон биирдэстэрэ норуот эмчитэ Гурий – Бороҕон оҕонньор буолар. Хос эһэм туһунан махтанан хаһыаттарга суруйбуттарын кичэйэн уура сылдьабыт. Олоҕун бүтүннүү дьон олоҕун быыһыырга анаабыт үлэһит киһи элбэх мэтээллэрдээх, наҕараадалаах этэ. Билигин кини аатын үйэтитэн, Танда балыыһата сүгэр. Икки этээстээх таас тутуулаах балыыһа дьиэтин көстүүлээх эркинигэр “ССРС доруобуйатын харыстабылын туйгуна Никита Васильевич Готовцев” диэн ааттаах мэтириэтэ ыйанан турар.
Кыайыы күнүгэр эрэ буолбакка, биһиги, эдэр ыччат, дойдуларын туһугар үлэлээбит-хамсаабыт, сэриилэспит дьоммутун, кырдьаҕастарбытын өйдүүр эбээһинэстээхпит.
Нарияна Саввина,
Мүрү 1 №-дээх орто оскуолатын
VI “б” кылааһын үөрэнээччитэ.
Уус Алдан улууһа.