Кэнчээри ыччаты үлэнэн иитии бүтүн норуот, дойду саһарҕалаах сарсыҥҥытын түстүүр тыын боппуруос буолар. Ол да иһин, киэҥ көрүүлээх өбүгэлэрбит оҕону тулуктаһыыга туран хаалбат, от-мас, сир-буор үлэлэриттэн толлубат, дьулуурдаах киһи гына иитиини өрө туталлара.
Академик В.П.Ларионов аатын сүгэр Майа орто оскуолата ахсыс сылын агро хайысханан таһаарыылаахтык үлэлиир. Оскуола кэнчээри ыччаты иитэр- үөрэтэр үлэтэ Владимир Петрович: «Биһиги баай кыраайбыт сайдыыта уонна инникитэ физико-техническэй уонна тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэриттэн тутулуктаах», — диэн этиитигэр тирэҕирэн, политехническай уонна агро-технологическай хайысхалаах. Оскуолаҕа аныгы тэтимнээх олоххо тус миэстэтин булунар, тыа сиригэр олорон үлэлиир-хамныыр сатабыллаах, булугас өйдөөх оҕону иитэн таһаарыыга туһуланар бизнес-инкубатор сэттис сылын ситиһиилээхтик үлэлиир.Тыа атын оскуолаларыттан агро буолар сүрүн уратыта диэн — үөрэтэр былаан атына буолар. Ол эбэтэр эбии чаастары киллэрии, 1-11 кылаастарга кэрэхсэбиллээх экономиканы, предпринимательствоны, агрономиканы предмет быһыытынан үөрэтии, производственнай практиканан хабыы, идэлэри ылан тахсыы,оҕону үлэнэн иитиигэ усулуобуйа, хаһаайыстыба тэринии. Агрооскуола үлэтэ устар сылы быһа тэриллэр, сайыҥҥы кэмҥэ үлэ элбиир, үөрэнээччи инники олоҕор туттар сатабылларын баһылааһыныгар үлэ барыта туһуланар.
Агро хайысханан ньиргиччи үлэлээн олорор оскуола хаһаайыстыбатыгар сылгылаах, мүөттээх ыҥырыаны иитэр, оҕуруот аһын үүннэриинэн дьарыктанар сайыҥҥы хонуктаах лааҕырдардаах, хортуоппуй бааһыналардаах, оттуурга анаммыт алаастардаах. Үөрэнээччилэр кыһыннары-сайыннары эмтээх отунан дьарыктанар оскуола фито-барыгар, арассаада, сибэкки арааһын үүннэрэр теплицаларыгар үлэлииллэр, көтөрдөрү инкубаторынан таһааран, холууптары, кроликтары кытта көрөллөр-истэллэр. Маннык дьарыктана сылдьан утумнаах чинчийии үлэлэрин ыыталлар, араас күрэхтэһиилэргэ кытталлар. Бу үөрэх сылыгар научнай-чинчийэр ааҕыыларга Арассыыйаҕа 11 оҕо, өрөспүүбүлүкэҕэ – 10, улууска 45 үөрэнээччи миэстэлэстэ. Агрооскуолалар чинчийэр үлэлэригэр туттуллар оборудованиенан былааннаахтык хааччыллаллара буоллар, ситиһии өссө да үрдүөн сөбүн үлэһиттэр бэлиэтииллэр.
Күүтүүлээх сандал сааспыт саймаархай күнэ сандаарыччы тыган, оҕуруот силигилиир кэмэ чугаһаата. Оскуола сып-сырдык, кип-киэҥ сэҥийэлэрдээх түннүктэригэр оҕурсуу номнуо астанан ырааппыт, күөх үүнээйи, араассаада арааһа дэлэччи үүммүт. Үлэни өрө тутар оскуола сааскы түбүктэрин туһунан агро-блок үлэһиттэриттэн, итиэннэ үөрэнээччилэртэн туоһуластыбыт.
Түннүк оҕуруотун туһунан 6 кылаас үөрэнээччитэ Настя Черкашина бу курдук сырдатар:
- Олунньу ыйтан саҕалаан түннүктэрбит сэҥийэтигэр күөх үүнээйилэри олордобут. Укробу, петрушканы, салааттары күөх луугу сотору атыыга таһаарыахпыт. Түннүк оҕурсуулара астанан ырааттылар. Үүнээйи өртүгэр сүрүн сорукпутунан, оҕуруот астарын арассаадалаан нэһилиэнньэни хааччыйыы буолар. Билигин кылаастар үүннэрэллэригэр анаан 3000 курдук минньигэс перец биэс суордун уонна биир оччо помидору олортубут. Махровай петрушкалары, дьэдьэн ростоктарын пикировкалаан бүтэрдибит. Сибэкки арааһын, кабачок, арбуз, тыква, хаппыыста рассаадаларын 21000 курдугу олордобут. Кылаастар 300 рассааданы көрөн-истэн үүннэрэллэр. Хаар ыраастааһыныгар,сылгы хааччаҕыттан саах кууллааһыныгар субуотунньуктар буоллулар.
Оскуола эмтээх отунан дьарыктанар фито-барын туһунан СӨ үөрэҕириитин туйгуна Роза Петровна Васильева кэпсиир:
- Хаар ууллан ньургуһун быгыыта оскуолабыт фитобарыгар эмтээх оттору, үнүгэстэри, ата илик ньургуһуну, хатыҥ сымалалаах эдэр сэбирдэҕин, бэс иннэлэрин хомуйуу саҕаланар. Хас биирдии кылаас оҕото анал сорудахтаах буолар. Сайыҥҥы кэмҥэ эмтээх оттору – үөрэ отун, боҕуруоскайы, оҕонньор отун хомуйуу дьиэ кэргэнинэн уонна лааҕырдарынан тэриллэр. Күһүҥҥү ыйдарга дөлүһүөнү, кучу отун, кытыаны, лабыктаны, муоҕу, туорааҕы хомуйабыт. Маны барытын фито-барбытыгар түмэн сыл устата агро-чаас уруоктарыгар оҕолор ыраастаан, пакеттаан, аннотациялаан туһаҕа таһаарабыт,үөрэнээччилэрбит олохторугар тутталларыгар үөрэтии тэриллэр. Хомуллубут дөлүһүөнү күһүн-саас уоннуу күн битэмииннээх утах оҥорон оскуолабыт үөрэнээччилэригэр бүттүүн иһэрдэбит. Доруобуйаларын иммунитеттарын бөҕөргөтөбүт. Оҕолор олус сөбүлүүллэр, төрөппүттэр махтаналлар.
Агро оскуола түбүктээх үлэтэ манан муҥурдаммат. Үөрэнээччилэр ордук интэриэһиргээн сылдьар сирдэринэн көтөрдөрү таһаарар инкубатор буолар. Манна перепелка, кус, хаас, индюк сымыыттарын таһаараллар. Ааспыт үөрэх сылыгар бу инкубаторга сүүһүнэн көтөр тахсыбыта.
Инкубатор туһунан агро-блок производственнай үөрэхтээһининүлэһитэ Галина Федоровна Егорова уонна 9 кылаас үөрэнээччитэ Марина Григорьева кэпсииллэр:
- Автоматическай инкубаторбытыгар 72 куурусса, 130 кэриҥэ перепелка, 50 хаас, 50 кус сымыыта батар. Оҕолор инкубаторы кэтээн көрөн, чинчийэр үлэ ыытан дойду таһымнаах кэмпириэнсийэлэргэ тиийэ ситиһиилээхтик кыттабыт, бизнес-бырайыактары суруйабыт. Тахсыбыт көтөрдөрү көрүүгэ-истиигэ көмөлөһөбүт. Инкубатор иһигэр сымыыт турар температурарата көтөр арааһыттан уратылаах. Холобур, перепелка сымыыта 37С, хаас сымыыта 37,8 С температураҕа турар, автоматическай повороттаах. Ол аата икки чаас буола-буола сымыыты бэйэтэ эргитэр.
Наука бары кирилиэһин ситиһиилээхтик дабайан сахаттан бастакы академик буола үүммүт В.П. Ларионов сырдык суолунан үөрэнээччилэрбит научнай-чинчийэр үлэнэн утумнаахтык дьарыктаналлар. Санк-Петербург, Москва, Челябинск, Верхний Уфалей, Сочи куораттарга тиийэ норуоттар икки ардыларынааҕы ааҕыыларга республика чиэһин ситиһиилээхтик көмүскүүллэр. «Инникигэ хардыы» норуоттар икки ардыларынааҕы форум быйылгы кыайыылааҕа, 11 кылаас үөрэнээччитэ Игорь Неустроев бэйэ мүөтүн оҥорон таһаарыы тиэмэлээх чинчийэр үлэтин туһунан кэпсиир:
— Үлэм тиэмэтэ: «Уһук Хоту сир услуобуйатыгар мүөтү уонна мүөттэн оҥоһуллар бородууксуйалры оҥорон таһаарыы», сыала – Мэҥэ-Хаҥалас олохтоохторун уонна ыалдьыттарын бэйэ мүөтүнэн уонна мүөттэн оҥоһуллар бородууксуйаларынан хааччыйыы. Оскуолабыт агро хайысхалах үлэтинэн мүөттээх ыҥырыалары иитэбит. Ыҥырыаларбыт мүөтү оҥороллорун таһынан, доруобуйаҕа туһалаах буоска уонна забрус эмиэ таһаараллар. Ону сыыска-буорга түһэрбэккэ, туһаҕа таһаарарга үлэлэһэбит. Мүөттэн ньдь араас бородууксуйа оҥорорбут, холобура, саахара суох сакалаат, леденцы,мыыла у.д.а., быйыл ыҥырыа уйатын харахтарыттан –иһигэр сыттаах араас оттордоох чүмэчи оҥорорго үөрэннибит. Бу үлэбинэн «Инникигэ хардыы» НПК Россиятааҕы этабыгар өрөспүүбүлүкэ чиэһин ситиһиилээхтик көмүскээбиппинэн киэн туттабын.
Бу курдук, Владимир Петрович Ларионов аатынан Майа агро оскуолатыгар кэнчээри ыччат тыа сиригэр олорон олоҕу салайсар, үлэни таптыыр дьоһун дьон буола улаатарга үөрэнэллэр.
Ааптар: Изабелла Романова