И.И. Котельников аатынан Дьааҥы улууһун Дулҕалаах орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ Күннэй Слепцова Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр аналлаах “Саха буоларбынан киэн туттабын” дьүһүйүүтүн бэчээттиибит.
Саха буоларбынан киэн туттабын
«Мин – сахабын. Саха уратытынан
киҺи – аймах кэскилин кэңэтиҺиэм.
Аан дойду сайдыытын үрдүк таһымынан
Саргыбын саңардан түстэниэм».Саха норуодунай поэта М.Д. Ефимов
Сахабыт сирэ, Саха өрөспүүбүлүкэтэ, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин саамай улахан субъега буолар. Биһиги төрөөбүт кыраайбыт, Саха Сирэ, олус кэрэ айылҕалаах, ыраас салгыннаах. Сахабыт Сирэ уһун томороон тымныылаах, кылгас куйаас сайыннаах. Ханна да суох ураты кэрэ көстүүлээх, хатыламмат дьиктилээх сирдэрдээх. Манна үтүө айылгылаах, холку майгылаах, киэҥ көҕүстээх дьон түөлбэлээн олороллор.
Мин саха буоларбынан киэн туттабын. Улахан баҕа санаам — Сахабыт сирэ аан дойду таҺымыгар тиийэ сайдарыгар! Ол туҺугар хас биирдии саха киҺитэ кыҺаллыахтаах. Тугу гыныахха? — диэн ыйытыы үөскүүр. Мин үс араас хайысхаҕа бэйэм санаабын этиэм, төрөөбүт дойдубут олох хаамыытынан туруктаах буолуутугар толкуйдарбын үллэстиэм.
Бастакытынан, биҺиги бары тыа сириттэн силис-мутук тардарбыт быҺыытынан, тыа сирэ сайдыан баҕарабын, онтон Саха сирэ Россия сайдыыта тутулуктанар. Хас биирдии тыа сирин олохтооҕо дойдутун инники кэскилин туҺунан толкуйдуохтаах, бэйэтин тус кылаатын киллэриэхтээх. Тыа сирин сайдыыта, сүнньэ, мин санаабар, сахабыт сылгытын, сүөҺүтүн иитиигэ сытар дии саныыбын. Ɵбүгэ саҕаттан илдьэ кэлбит дьарыкпытын сөргүтэн, тилиннэрэн, билиҥҥи олоххо сөп түбэҺиннэрэн, үлэлиэххэ — хамсыахха наада. Эдэр ыччат тыа сиригэр тохтообот буолла, ону тэҥэ, хаҺаайыстыба сайдыыта эмиэ мөлтөөтө диэн этэллэр. Ыччат тыа сиригэр олохсуйарын туҺугар үлэ миэстэтин тэрийиэххэ. Yлэ баар буолла5ына, эдэр дьон үлэлээн-хамсаан, сүөҺүттэн – сылгыттан тирэхтэнэн, тыа сирэ сайдарыгар, бигэ туруктаах буоларыгар туруулаҺыахтара этэ. Саха оҕото буоларым быһыытынан, төрөөбүт дойдум инникитэ тыа сирин сайдыытыттан тутулуктааҕар саарбахтаабаппын.
ИккиҺинэн, Сахабыт сирэ сайдарын туҺугар туризмы сайыннарыахха наада. Атын дойдуттан Саха сиригэр ыалдьыттыы кэлэр дьону, олохтоохтору даҕаны, айылҕабыт бэйэтэ чочуйан оҥорбут дьикти, кэрэ сирдэригэр сырытыннарыахха сөп. Сахабыт сирин биир киэн туттуутунан аан дойдуга биллэр «Өлүөнэ очуостара» буолар. Очуостар саастара – 500 мөлүйүөн сыл эбит. Айылҕа онорбут дьикти көстүүтэ — 40 км усталаах таас хайалар буолаллар. Муома улууҺугар «Умуллубут вулкан» диэн хайа баар, бу хайаны дьоннор атыннык «балаҕан» диэн ааттыылар эбит, тас көстүүтүнэн балаҕаҥҥа майгынныыр. Биир дьикти көстүүнэн Хаҥалас улууһугар баар Булуус буолар. Манна төгүрүк сылы быһа дьэҥкир уу сүүрүгүрэ сытар. Мууһа, хаара сайынын да ирбэт. Булуус уута ырааһынан аан дойдуга биллэр.Тымныы чыпчаала – Өймөкөөн буолар. Манна муҥутуур тымныы – 71 кыраадыс буола сылдьыбыт. Саха сирин биир кэрэ көстүүтэ — Киһилээх хайата. Киһилээх хайата Үөһээ Дьааҥы улууһун Яна уонна Адыаччы өрүстэр икки ардыларынааҕы үрдэлигэр Киһилээх сиһигэр, Черскэй хайа тиһиктэрин хотугулуу арҕаа өттүгэр баар. Киһилээх хайа чыпчаала муора таһымыттан 1548м үрдүккэ тиийэр, устата — 80 км. Киһилээх — саха дьонугар ытыктабыллаах сир. Киһилээх хайалара — дэҥҥэ көстөр айылҕа кэрэ көстүүтэ. Бу сир цивилизация тыыппатах уу туҥуй айылҕата, ураты көстүүтэ буолара уруккуттан биллэр, хайалар киһини эмтиир дьайыылаахтар диэн кэпсииллэр. Туризм сайдыыта дойдубутугар туҺалаах буолуо этэ дии саныыбын.
Биир тыын кыһалҕанан тылбыт, омук быҺыытынан уратыбыт түөрэккэй дьылҕаламмыта буолар. “Норуот күүҺэ – өйүгэр, өйүн күүҺэ – тылыгар”, — диэн мээнэҕэ эппэттэр. “Тыла суох – омук суох”, — диэн эмиэ бэргэн этии баар. Аныгы көлүөнэ оҕолор интернет, гаджет кэмигэр аан дойду таҺымыгар тахсан, араас омуктардыын алтыҺаллар, билии киэн далайыттан сомсоллор. Бу сайдыы саҥа саҕаҕа буолара саарбахтаммат, ол эрээри мөкү өрүтэ эмиэ сорох дьоҥҥо, ордук ыччакка, оҕо – аймахха төттөрү өттүгэр өйдөрүн сүүйэрэ баар суол. Сорох кыра саха оҕолоро алаастарыттан, айылҕаларыттан тэйэн, сахалыы саҥаларын умнан, атын омук эйгэтигэр киирэн эрэллэр. Сахалыы үс кут ыҺыллыыта, бураллыыта барыбытын хомотор, толкуйдатар. Бу проблема хас биирдии киҺиттэн, ыалтан, түмсүүттэн, тэрилтэттэн улахан көдьүүстээх үлэни эрэйэр. Тугу гыныахха? Бастатан туран, хас биирдии саха ыала сахалыы эрэ саҥаны өрө тутуохтаах, сахалыы тылы, тыыны о5олоругар иҥэриэхтээх дии саныыбын. Сахалыы үгэс, сиэр – туом эйгэтэ саха ыалын тэлгэҺэтиттэн тахсара буоллар…
БиҺиги, оҕолор, бэйэбит үрдүк таҺымнаах, үтүѳҕэ эрэллээх, патриот эрэ буоллахпытына, дойдубутун сайыннарарбытын ѳйдүѳхтээхпит. Сиэр – майгы ѳттүнэн сайдыылаах, олох хаамыытын кытта тэңңэ хардыылаан иҺэр, аан дойду ыччатын кытта күрэхтэҺэр киэң билиилээх, Сахабыт сиринэн киэн туттар, кини сайдыытыгар бэйэбит кылааппытын киллэрэргэ дьулуҺар дьоҺун дьон буолуохтаахпыт. КуҺаҕан дьаллыктарга ылларбат күүстээх санааланыаҕыҥ! Чэгиэн – чэбдик олоҕу талан, ДЬОЛЛООХ буолуоҕуҥ!
Билигин үөрэнэргэ, үлэлииргэ, үүнэргэ үчүгэй кэм! Онон, сахабыт дьоно түмсүөҕүҥ. Бары төрөөбүт дойдубут, норуоппут туҺугар биир сомоҕо буолан үлэлээтэхпитинэ, үөрэннэхпитинэ эрэ, туох барыта сатаныа, табыллыа, дойдубут сайдыа, кэтит кэскиллэниэ. Ɵбүгэбит үтүө үгэстэрин үйэтитэн, бэйэбит култуурабытын, ийэ тылбытын, өркөн өйбүтүн өрө тутан, харыстаан, өбүгэлэрбит барахсаттары уҺун кэмҥэ киҺи-хара оҥорбут көмүлүөк оҺохторун уота үйэлэргэ умуллубатын туҺугар үөрэниэххэ, үлэлиэххэ, саҥа саҕахтары арыйыахха!