Дьааҥы улууһун Боронук оскуолатыгар Акулина Трофимовна Стручкова салалтатынан үлэлиир “Сиккиэр” эдкорпост оҕолорун үлэлэрэ атыттартан дириҥ ис хоһооннооҕунан, суруйар тиэмэлэрин ымпыгар-чымпыгар диэри илдьиритэн-ырытан суруйалларынан уратылаахтар. Өрөспүүбүлүкэ күнүнэн 7 кылаас үөрэнээччитэ Лена ЗАБОРОВСКАЯ Боронук инники кэскилин туһунан чинчийиитин, нэһилиэк баһылыга Надежда Потапованы кытта интервьютун бэчээттиибит.
Чэчирии сайыннын мин дойдум!
Мин төрөөбүт сирбэр, Боронукка, илин өттүттэн күн барахсан тахсан, сырдык сандаарбыт сардаҥалара арҕаа иилии сытар Үс Кут Хайаттан тэйэн бөһүөлэкпитин ытыска уурбут курдук сырдатан кэбиһэр. Дойдубун наһаа таптыыбын, сайынын Дьааҥы өрүскэ доҕотторбун кытта сырдык таммахтарынан ысыһан сөтүөлүүрбүн, чэбдик салгынынан тыынарбын, хайабытыгар сүүрэн тахсан көнө хонуутугар мэниктиирбитин, Баатылы ходуһатыгар дьиэ кэргэнинэн баран оттуурбутун, отоннуурбутун.
Боронук нэһилиэгэ Хотугу Полярнай эргимтэҕэ Дьааҥы өрүс хаҥас кытылыгар турар. Улуус киинэ Баатаҕайтан 107 километр ыраах сытар. Киһитин ахсаана 2019 сыл түмүгүнэн 407 киһи, ол иһигэр оҕото 105. 35-гэр диэри саастаах ыччатын ахсаана 119 киһи. Нэһилиэнньэ сүрүннээн ынах, сылгы иитиитинэн дьарыктанар: ынах сүөһү ахсаана 182 төбө, онтон ыанар ынаҕа – 83, сылгы ахсаана – 463, онтон биэтэ 290.
Бөһүөлэк 98% итиинэн толору хааччылыылаах. Сайынын уу турбанан дэлэйдик кэлэр. Оҕуруот үүннэрэргэ, сүөһү ииттэргэ, хаһаайыстыбанан дьарыктанарга барыта табыгастаах.
Анкета «Мин нэһилиэгим инники кэскиллээх дуо?»
Улаатан истэҕим аайы төрөөбүт дойдум дьылҕата, инникитэ миигин долгутар. Нэһилиэгим хайдах сайдан иһиэй? Дьон-сэргэ хайдах олоруой? Үлэ-хамнас баар буолуо дуо? Ити санааттан биһиги оскуола оҕолоругар араас ыйытыы биэрдибит. Барыта 25 оҕоттон ыйыттыбыт. Оҕолор маннык эппиэттээбиттэр:
— Эн санааҕар, биһиги нэһилиэкпит инникитин сайдар кыахтаах дуо?
«да» — 22, «суох» — 1, «билбэппин» — 2.
— Эн төрөөбүт нэһилиэккэр төннөн кэлэн олохсуйуоҥ этэ дуо?
«да» — 8, «суох» — 14, «билбэппин» — 3.
— Ханнык идэни баһылыаҥ этэй?
атыыһыт – 1, полиция – 1, повар – 3, парикмахер – 1, учуутал – 3, быраас – 1, фармацевт – 1, массажист – 1, урбаанньыт – 1, билбэппин – 12.
— Хас оҕолоох буолуоххун баҕараҕын?
1 оҕолоох – 2,
2 оҕолоох – 3,
3 оҕолоох – 9,
4 оҕолоох – 1,
2-3 оҕолоох – 2, билбэппин – 3
— Нэһилиэккэ ханнык тэрилтэлэр баар буолуохтаахтарый (5 тэрилтэни ааттаа) диэн ыйытыыга оҕолор оскуола, дьыссаат, кулууп, хочуолунай, аптека диэбиттэр. Биир оҕо бөҕү арааран сааһылыыр тэрилтэ баар буолуохтаах диэбитэ сонун буолла.
Бу хоруйдары ырыттахха, оҕолор бары кэриэтэ (88%) төрөөбүт нэһилиэкпит сайдар кэскиллээх диэн эрэнэллэрэ көстөр. Ол эрээри оҕолор 32% төрөөбүт нэһилиэктэригэр төннүөхтэрин баҕарбаттар эбит. Оҕолор 52% ханнык идэни баһылыахтарын баҕаралларын ыйбыттар, 48% ол эбэтэр аҥаардара билбэттэр. Хас оҕолонуоххун баҕараҕын? — диэн ыйытыыга саамай элбэх бырыһыаны 3 оҕолонуу ылбыт 36% (9 оҕо).
Нэһилиэк баһылыгын кытта кэпсэтии
Маннык хоруйдары туппутунан аны Бабушкинскай нэһилиэк баһылыгар Надежда Васильевна Потаповаҕа бардыбыт. Атах тэпсэн олорон нэһилиэкпит олоҕун-дьаһаҕын, туох кыһалҕалааҕын, сайдар кэскилин туһунан кэпсэттибит.
Бабушкин нэһилиэгэр Боронук уонна Мачах киирэр. Бастатан туран, Надежда Васильевна биһиэхэ нэһилиэк олоҕун көрдөрөр сыыппаралары, чахчылары кэпсээтэ. Онтон сыыйа нэһилиэк кыһалҕаларыгар киирдибит.
— Надежда Васильевна, бука диэн, биһиги нэһилиэкпит олоҕор-дьаһаҕар тирээн турар кыһалҕалары кэпсиэң дуо?
Н.В. Сүрүн кыһалҕа хочуолунан оттууга көстөр. Ол курдук Боронукка хочуоллар эргэрбиттэр. Даамба, күрүө-хаһаа, быһыт кыһалҕата тирээн турар.
Мачах оскуола-саадыгар 25 иитиллээччилээх. Саңа хочуол тутуутугар харчы көрүллүбүт буолан, быйыл Мачахха оскуола-дьыссаакка саҥа хочуолунай туттуллуохтаах. Оскуола сад кырыыһата уонна муостата саңардыллыахтаах. Мачах кулууба сарбыллыыга барар диэн куттал баара, хата хаалларбыттар диэн сонуну үөрэ иһиттибит.
— Нэһилиэкпитигэр туох саҥа тутуу ыытыллыаҕай?
Н.В.: Саҥа тутуу өттүнэн эттэххэ, Боронукка саҥа фельдшерскэй пуун тутуута былааннанар. Эдэр специалистар олороллоругар дьиэ тутуутун эмиэ былаанныыбыт. Олохтоох көҕүлээһини өйүүр бырагыраамаҕа киирсэн, Боронук кулуубун өрөмүөннүүргэ былаанныыбыт.
— Тыа хаһаайыстыбатын өттүнэн сүөһү иитиитигэр туох саңа сүүрээн баарый?
Н.В.: «Тымныы Чыпчаала» ТХПК салайааччыта Е.А.Портнягина Мачах нэһилиэгэр саха ынаҕын сайыннарарга хотон туттарар былааннаах.
— «Төрөөбүт нэһилиэккэр төннөн кэлэн олохсуйуоң этэ дуо?» диэн ыйытыыбытыгар оҕо улахан аҥаара кэлбэппин диэн хардарбыт. Ыччат олохсуйарыгар анаан туох үлэ ыытылларый?
Н.В.: Биһиги бөһүөлэкпитигэр 35-гэр диэри саастаах 119 ыччат баар. Үгүстэрэ үлэлээхтэр. Мин санаабар, эдэр киһи бастаан идэ ылан баран, төрөөбүт дойдутугар кэлэн олохсуйуон сөп. Бэйэтэ дьыала тэринэн, ынах-сылгы иитэн. Ыччаты аан бастаан олорор дьиэнэн хааччыйыахха наада. Билигин тыа сиригэр олохсуйар ыччат араас бырагыраамаҕа киирсэн көмө ылыан сөп. Быйыл 2019 сылга икки эдэр ыал Виктор, Ньургустаана Юмшановтар уонна Николай, Валентина Сыромятниковтар иккилии мэндиэмэннээх саҥа дьиэ туттан киирбиттэрэ хараҕы үөрдэр.
— Быйыл Улуу Кыайыы 75 сылыгар анаан туох үлэ ыытыллыбытай?
Н.В.: Кыайыы скверэ саҥардыллан, тупсарыы үлэтэ барар. Сэриигэ кыттыбыт үс киһибит — Горохов Семен Алексеевич, Жирков Захар Иннокентьевич, Слепцов Кирилл Кириллович ааттарын-суолларын үйэтитэргэ стелла оҥоһуллар. Тыыл бэтэрээннэрин, «Килбиэннээх үлэ иһин» мэтээли ылбыт дьоммутун көрдөрөр баннер саңардыллар.
Надежда Васильевна тыа сиригэр олоруу төһө да ыарахаттардааҕын иһин, үөһэттэн бэлэми күүппэккэ, быар куустан олорбокко, сүбэлэһэн, көмөлөсүһэн, чөл олоҕу тутуһан олордоххо, хаһан баҕарар инникигэ хардыы эрэ баар буолар диэн кэскиллээх кэпсэтиибитин түмүктээтэ.
Түмүк санаа
Ити курдук, мин оҕолорго анкета толотторон, баһылыктан интервью ылан, нэһилиэкпит туох кыһалҕалааҕын, сайдар кэскилин быһааран көрдүм. Дьиңэр, сөптөөхтүк дьаһанан олордоххо, киһи олохсуйарыгар, дьиэ-уот тэринэригэр усулуобуйа баар курдук. Оҕолор улаатан ситэхтэрин аайы санааларан уларыйан, дойдуларыгар төннүөхтэрэ диэн санаа үөскээтэ. Надежда Васильевнаны кытта кэпсэтэн баран, оҕолорго кылаас чааһын ыытыахха сөп эбит дии санаатым. Нэһилиэкпит туругун, олоҕун-дьаһаҕын ис-тас өттүн сиһилии билиһиннэрдэххэ, санаа уларыйыан сөп.
Оттон мин тус бэйэм оҕолорго төрөөбүт сиргитин-уоккутун харыстааҥ, айылҕабытын ыраастыы, хомуйа сылдьыахха диэн баҕа санаабын этэбин. Уонна «Төрөөбүт дойдум миэнэ!» бэйэм суруйбут хоһооммунан үлэбин түмүктүүбүн:
Төрөөбүт дойдум кэрэтэ
Туохха да тэҥнэспэт!
Арай хараңаҕа күн чаҕыла
Сандаарыйарыгар эрэ тэҥнэһэр!
Төрөөбүт дойду туһугар
Геройдуу охтоллор,
Ийэ сир туһугар
Сүрэх тэбэр.
Дойдум сайыҥҥы намыын киэһэтэ,
Сааскы чэбдик салгына,
Көмүһүнэн бүрүллүбүт күһүнэ,
Кини кыһыҥҥы томороон тымныыта!
Мин сүрэхпэр өрүү баар буолуо
Төрөөбүт дойдум!