И.Н.Слепцов аатынан Кустуур агропрофилированнай орто оскуолатын иһинэн « Мэрлэҥкэ» табаһыт оҕолоругар улуустар икки ардыларынааҕы табаһыт оҕолор II сүлүөттэрэ ыытыллан, Булуҥ улууһун Бороҕон агрооскуолатын уонна Эбээн Бытантай улууһун Кустуур агрооскуолатын, ону таһынан Саккырыыр орто оскуолатын оҕолоро мустан күрэхтэстилэр. Бу ураты тэрээһин туһунан Кустуур орто оскуолатын технология учуутала Колесова Валентина Николаевна кэрэхсибиллээхтик суруйар.
Саха сирин биир маанылаах сиригэр-уотугар, Арктика эргимтэтигэр киирэр Эбээн-Бытантай национальнай улууһун Кустуур нэһилиэгэр Түгэһиир эбээннэрэ уонна олохтоох хотугу сахалар олохсуйан олороллор. И.Н.Слепцов аатынан Кустуур орто агропрофилированнай оскуолатыгар быйыл 106 оҕо үөрэнэр. Ол иһигэр — «Мэрлэҥкэ» табаһыт оҕолоро. Сайын аайы дьонноругар таба ыстаадатыгар тахсан сайылыыллар.
Бу көс оскуола быйылгы үөрэх дьылыгар,төһө да 3-с эрэ сылларын үлэлээтэллэр, күһүн Норуоттар икки ардыларынааҕы Макаренковскай Форумҥа ситиһиилээхтик кыттан, 1 миэстэни ылан, сүргэлэрэ көтөҕүллэн үлэлэрин салгыыллар.Оскуола администрацията сыл аайы былааннаахтык, утумнаахтык оҕолору, табаһыттары кытта үлэлиир.
Бу дьыл 2021сыл муус устар 11 күнүгэр «Инэньгидэ тор кунални бисэп» («Мы- дети Севера»), Саха сиригэр Доруобуйа сылыгар, Эбээн Бытантай улууһугар «Ленинскэй» совхоз 60 сылыгар, чуум үлэһит А.Д.Слепцова 100 сааһыгар, олорон ааспыт табаһыттарбыт кэриэстэригэр аналлаах улуустар икки ардыларынааҕы таба күрэҕин, табаһыт оҕолорбут II сүлүөттэрин «Һээмэн» кыстык сиригэр-уотугар, Моотто Алыытыгар тиийэн, тэрийэн, оҥорон кэллибит. Барыта 19 оҕо 4 көрүҥҥэ күөн көрүстүлэр.
Барарбытыгар 6 буранынан тэринэн, оскуол дириэктэрэа Анна Егоровна Никитина, завуч Горохова Матрена Алексеевна, физкультура учуутала Колесов Иннокентий Егорович, производственнай маастар Юрий Юрьевич Винокуров, суоппарбыт Слепцов Михаил Иннокентьевич, төрөппүт Захаров Василий Александрович, Кустуур учаастактааҕы балыыһатыттан медик-фельшер Слепцова Анна Вячеславовна, бурааны ыытааччылар Горохов Афанасий Витальевич, Горохов Николай Николаевич, Стручков Михаил Семенович, Намы нэьилиэгиттэн Старостин Софрон Софронович, культура туйгуна, үлэ бэтэрээнэ, Колесовтар табаһыт династияларын тэниппит А.Д.Слепцова кыыһа Саргина Мария Иннокентьевна, оскуола учуутала Колесова Валентина Николаевна уонна 11 табаһыт оҕолорбутун илдьэ сарсыарда 11 чааска ыраах, 11,5 көстөөх сиргэ турар айаҥҥа туруммуппут. Кустуур орто оскуолатыттан Горохов Сеня (6 кылаас), Старостина Алена (7), Другин Вася (7), Слепцова Таня (8), Горохова Элина (8), Захаров Вася (8), Самойлов Степа (8), Старостин Петя (9), Горохова Катя (10), Борисов Александр (11), Сухонина Алина (11) сырыттылар. Киэһэ биэс ааһыыта, алта иннинэ, кырдьаҕас «Һээмэн» сиригэр үктэнэн 11-тэн тахса көстөөх сири этэҥҥэ айаннаан тиийдибит.Манна Саккырыыр оскуолатын 3, «Кочевник-2» сайын аайы сайылыыр оҕолорбут Аммосов Арсений (9), Сыроватский Давид (7), Другин Давид (6) кэлбиттэр этэ.
Маны таһынан, ыраах Хотугу Муустаах муора кытыгар турар Найба (Хара Уулаах) нэһилиэгиттэн табаһыт, бэтэрээн, эдьиийин Наталья Николаевна Никитина 100 сааһынан оҕо сүлүөтүгэр спонсордаан Никитиннэр дьиэ кэргэттэрин аатыттан бирииһи туруорбут Христофор Гаврильевич Никитин, «Кочевник» чум үлэһиттэрэ, Горохова Матрена Константиновна, Слепцова Анна Семеновна уонна родовой общиналар эдэр табаһыттара бааллара.
Эрдэ сүбэлэһии, кэпсэтии быһыытынан оҕо сүлүөтүгэр табаһыт оҕолорун кытыннаралларыгар Булуҥ улууһун Намы нэһилиэгин Бороҕон орто оскуолатын дириэктэригэр Жанна Прокопьевна Осиповаҕа тахсан, бу сүлүөккэ кыттыыны ылалларыгар ыҥырбыппыт. Бороҕон орто оскуолатыттан физкультура учуутала Горохов Василий Васильевич, алын кылаас учуутала, библиотекарь, кэргэнин кытта сайын аайы ыстаадаҕа оҕолорун илдьэ сылдьар Мирена Яковлевна Дьячковская, бэтэринээр, төрөппүт Старостин Софрон Николаевич, кулууп үлэһитэ,төрөппүт Анна Ивановна Бурцева, бураны ыытааччы Дьячковскай Михаил Иванович, төрөппүт Колесова Эльмира Юрьевна кэлбиттэр, биир хонук эрдэ хомунан кэлэн, икки квартиралаах дьиэттэн бииригэр олохсуйан олороллор этэ. Биһигини олохтоох хаһаайыттар олоҕун табаҕа анаабыт Слепцова Ирина Мопровна туспа турар дьиэтигэр олохтообуттара.
Оннубутун булан, ыалдьыттары кытта билсиһэн, кэпсэтэн, сылайбыт дьон быһыытынан астанан аһаан, киэһээ оннубутун булан, үчүгэйдик сынньанан эрдэ турбуппут, күммүт кыра былыттаах этэ. Сарсыарда тэринэн сүлүөт ыытыллар сиригэр Моотто Алыытыгар, ким буранынан, ким табанан тиийэн, табаһыт оҕолорбут 2-с улуустар икки ардыларынааҕы табаһыт оҕолор сүлүөттэрин арыйбыппыт. Сүлүөт саҕаланыытыгар, сиэр быһыытынан, Аал уот оттуллан, сир-дойду иччилэрин аһатан, буруо, сыт таһааран, эбээн омук абыычайынан Айыылартан көрдөһөн , сирдээх-уоттаах хаһаайка табаҕа олоҕун анаабыт киһибит Ирина Мопровна аал уотун оттон, сыалаах, арыылаах бурдук аһынан аһатан , эмтээх отторунан буруо таһааран арчылаата, оҕолорбут курэхтэрэ этэҥҥэ ааһарыгар көрдөстө. Кыттааччы оҕолорбут ким сыарҕаҕа, ким уучахха олорон барааттаан, былаахтарынан киэргэтиллибит түһүлгэҕэ мустубут дьон-сэргэ иннигэр турдулар.
Кустуур орто оскуолатын дириэктэрэ Анна Егоровна оҕо сүлүөтүн арыйан табаһыттарга Махтал суруктары, өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттартаата. Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччытын А.А.Григорьева эҕэрдэ суругун ааҕан биэрдэ:
-Уважаемые участники 2-го оленеводческого межрайонного слета школьников «Мы-дети Севера»!
Сердечно поздравляю Вас от имени Государственного Собрания (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия) с открытием 2-го оленеводческого межрайонного слета школьников «Мы-дети Севера»! Это особый день, для всех Вас на который, собираются мальчишки и девчонки, а также Ваши педагоги, чтобы подвести итоги, наметить дальнейшие планы и обменяться новым опытом. Для нашего северного края национальные традиции имеют большое значение.Сохранение самобытности доказывает, что коренные малочисленные народности Севера способны сквозь время пронести уникальную культуру и традиционный жизненный уклад, не подтвержденный влиянию нашего быстро меняющегося мира.Сегодня, несмотря на интенсивное промышленное освоение Арктической территории, именно Вы остаетесь одной из основных движущих сил, направленных на ее развитие. Славные ряды Севера пополняются молодыми кадрами, которые продолжают дело, начатое отцами. Это вселяет уверенность в будущем Арктики.
От всей души желаю Вам продуктивной работы на слете школьников «Мы-дети Севере» и успехов в дальнейшей деятельности на благо нашей Республики Саха (Якутия)! Пусть каждый ваш успех, каждое трудовое достижение станет достойным вкладом в социально-экономическое развитие нашей республики!
С уважением Заместитель Председателя Собрания (Ил Тумэн) Республики Саха(Якутия) / А.А.Григорьева /
Бу маннык учугэй тыллардаах этии кэнниттэн дьон-сэргэ, оҕолор сүргэлэрэ көтөҕүллэн, махтанан ытыс тыаһынан айхаллаатылар. Булуҥ улууһун оҕолоро музыкальнай номердарынан табаһыттары, оҕолору, ыалдьыттары эҕэрдэлээтилэрэ. Наһаа имигэс хамсаныылаах үҥкүүлээх Слепцова Сааскылаана, Кривошеева Алеся, наһаа үчүгэй аһаҕас куоластаах Осипова Сайаана ырыа-үҥкүү бэлэхтээтилэр. Дьыссаат иитиллээччитэ Алиана Колесова «Тугутчаан» үҥкүүтэ дьону манньытта, Бороҕон оскуолатын 3 кылаас оҕото Тимур Колесов «Табаһыт ырыатын» хамсанан –имсэнэн, олус үчүгэйдик толордо. Бу оҕолору таһынан, күрэххэ кытта 9 кылаас оҕото Стручков Андрей, 7 кылаас үөрэнээччитэ Тимофеева Айна кэлбиттэр.
Бастаан кыратык тыалыран, онтон налыччы күнүс күммүт көнөн, чаҕылыччы тыкта. Бастакынан табалаах оҕолор параадтара буолла. Элбэх киһи үс нэһилиэктэн, араас ыстаадалартан табаһыттар мустан оҕолорбут сүлүөттэрин киэргэттилэр. Күрэҕи тренер Колесов Иннокентий Егорович, төрөппүт Сотрудников Егор Михайлович (Кустур), тренер Горохов Василий Васильевич (Булуҥ, Бороҕон оскуолата) сыаналаатылар.
Бастакы күрэҕи араас ыстаада табаһыттара мустан сүлүөт оҕолоругар сыарҕалаах(нарталаах) табанан көрдөрүү сүүрдүүнү ыытан, күрэс былдьастылар, халыҥ хаары бурҕачытан, илин –кэлин түһүстүлэр. Мустубут дьон «ыалдьан», күрэҕи көҕүлээн, киэҥ Алыыны ыһыынан-хаһыынан толорон кэбистилэр. Бугуһуйбут буураттар буурдаан бурҕаччыттылар, тоҥуу хаары ыстылар, сатабыллаах табаһыттар биэтэккэ бастакынан кэллилэр. Дьэ, бу буолар маастар кылаас көрдөрүүтэ, оҕолор сөхпүт, ыалдьыттар махтаммыт иэйиилэрэ, астынан дуоһуйуу, бастыҥнары эҕэрдэлэһии манна буолла!
Табаһыт оҕолорбут илин-кэлин түсүһэн сыарҕа, таба көлүнэ үрүө-тараа сырсыы буолла. Эдэр табаһыттар оҕолоругар көмөлөһөн, сүбэ-ама биэрэн, иннилэригэр буран арыалдьыттаах, 3 км сирдэригэр сирдээн, хотугу дойду хоһуун кыргыттара«старт» миэстэтигэр бардылар. Долгутуулаах күүтүү-кэтэһии кэнниттэн ыраах сыарҕалаах табалар иһэллэрэ көһүннэ, дьон сүүрэн, ким хааман инники ким иһэрин билгэлээһин, хайа ньуоҕуһут, ханнык ыстаада табата бастаан иһэрин араас «комментарий» этиилэр иһилиннилэр. Ырааҕынан быраҕан бастакынан кыргыттар ортолоругар Кустуур оскуолатын үөрэнээччилэрэ, «Кочевник-1» ыстаада оҕото Элина Горохова (8 кылаас), бастакынан элээрдэн кэллэ, син балачча буолан баран, утуу-субу хас да ньуоҕуһуттаах табалар сэргэстэһэ кэлэн биэтэккэ иккиһинэн Алина Сухонина, 11 кылаас (Кустуур, «Кочевник-1»), үсүһүнэн, Алеся Кривошеева, 8 кылаас (Булуҥ), төрдүһүнэн, Таня Слепцова (Кустуур,«Кочевник-1») кэлэн, үөрүү үтүмэнэ манна буолла.
Иккис сырыыга оскуолабыт үөрэнээччилэрэ, уолаттарбыт бардылар, сытыы тыалы аргыстанан, эдэр оҕолорбут начаас суолга көһүннүлэр, бастакы сүүрүк ньуоҕуһуттаах Аммосов Арсений, 9 кылаас (Саккырыыр орто оскуолата, «Кочевник-2» ыстаада), иккис Другин Давид, 6 кылаас (Саккырыыр орто оскуолата, «Кочевник-2»), үсүһүнэн, Борисов Александр, 11 кылаас (Кустуур,«Кочевник-2») кэлэн үөрүү, кыайыы , эҕэрдэ, ким хайдах табатын салайбытын кэпсээн үтүмэнэ манна саҕаланна!
Ол кэмҥэ уучаҕынан күрэххэ суруйтарбыт кыргыттарбыт ыҥыырдаах уучахтарын миинэн, оҕолорбут уучаҕынан сүүрдүүгэ 1 км сиргэ бардылар. «Старт» биллэрии буолбутун кэннэ ыҥыырдаах уучахтар туох баарынан түһүнэн кэбистилэр. Бастакынан биэтэккэ быһый атахтаах уучахтаах Алена Старостина, 7 кылаас (Кустуур, «Кочевник-1»), иккис Таня Слепцова, 8 кылаас (Кустуур, «Кочевник-1»), үсүһүнэн, Элина Горохова, 8 кылаас (Кустур, «Кочевник-1») кэллилэр.
Аны уолаттар уучахтарын булунан, ыҥыырдаталаан, табаларын үрдүгэр сымсатык миинэ түһэн күрэххэ бардылар. Бастакынан эмиэ Аммосов Арсений, 9 кылаас уучаҕа кимиэхэ да иннин биэрбэккэ ойутан кэллэ, иккиһинэн Другин Давид, 6 кылаас, арыый да куоттаран биэтэги ааста, үсүһүнэн Сыроватский Гаврил, 7 кылаас, эрэллээхтик үһүс кэллэ, атыттар кэлин утуу-субу кэллилэр.
Бу кэнниттэн 4 түһүмэхтээх «Хотугу оонньуулар» эстафета ыытылынна. Манна 4 хамаанда, 4-түү киһилээх күрэх саҕаланна, бу күрэх дьоҥҥо интэриэһи тарта. Оҕолор, быһыйдарын, сатабылларын, хамаанданан үлэҕэ бэлэмнэрин көрдөрдүлэр. Бүтэһик түһүмэххэ ыраас хаарга «Хомуур хапсаҕай» буолан, ыалдьыттары, табаһыттары барыларын төгүрүччү түмтэ, араас сүбэ-ама, «ыалдьааһын», дьэ, эмиэ күөрэйэн тахсан, киэҥ Алыыны ылан кэбистэ. Манна сыа хаарга төкүнүйүү, атахтаһан сууллуу, илииттэн ылсан хапсыы, төҥкөтөн быраҕыы — араас албас барыта тутулунна. Бу түһүмэхтэр түмүллэн бары бааллара ааҕыллан, кыайыылаах «Буһурук» хамаандата үөрэн туран, «Р.Н.Горохов» ИП туруорбут бирииһин тутта. Манна хас түһүмэх аайы, биирдии уһулуччу көрдөрүүлээх оҕолору жюри бэлиэтээтэ: Старостин Петя- 9 кылаас., Катя Горохова-10 кылаас., Айна Тимофеева-7 кылаас., Слепцова Сааскыйа-9 кылаас.
Халлааммыт киэһэрэн, маамыкта быраҕыытын сарсыарда ыытыах буолан, хомунан бардыбыт. Мантан киэһэ оҕолорго минньигэс астаах остуол тула олорон доҕордоһуу, истиҥ кэпсэтии, билсии буолла. Эдэр табаһыттарга сибиэһэй салгыҥҥа Булуҥ улууһун, Намы культуратын дьиэтин методиһа Бурцева Анна Ивановна «Өбүгэ оонньуулара» диэн күрэҕи үрдүк таһымнаахтык ыытта. Икки улуус учууталлара мустан, оскуолалар икки ардыларыгар үлэҕэ уопут атастастылар. Кустуур орто оскуолатын завуһа Горохова Матрена Алексеевна сүбэ-ама бэрсэн, сэһэргэһэн, кыттыбыт дьоҥҥо сертификат биэрэн, хаартыскаҕа түстүбүт. Ол кэнниттэн өрөспүүбүлүкэҕэ биллэриллибит «Табаһыттарга — ичигэс таҥаһы» диэн акциябытын хомул лубут малы «Кочевник» родовой ыстаада биригэдьииригэр Колесов Альберт Владимировичка туттардыбыт. Табаһыттар махтал истин тылларын: тус ааттаан Ситникова Наталья Васильевнаҕа, Көс оскуолалар институттарын үлэһиттэригэр, «Хотугу таҥас» фирма иистэнньэҥнэригэр, Н.К. Седалищев- Дьүөгэ-Ааныстыырап аатынан Кэнтик орто оскуолатын, Үөһээ Бүлүү оскуолатын, Дьокуускай куорат национальнай гимназиятын, Кустуур оскуолатын үлэһиттэригэр уо.д.а. тиэрдэллэр.Ити курдук бастакы күммүтүн бүтэрдибит.
Иккис күммүтүгэр сарсыардаттан тренер Колесов Иннокентий Егорович оҕолорго маамыкта күрэҕин ыытта. Араас түмүктэрдээх, хас да оҕолор жеребьевка быһыытынан, ким хаһыс быраҕарынан маамыкталар салгыҥҥа кыырайан сыалларын ситтилэр, элбэх кыттааччы баар буолан, иккилии “попытка» бэрилиннэ, таппатах оҕолор туораан истилэр. Түмүккэ кыргыттартан 1 миэстэни Элина Горохова, 8 кылаас (Кустуур, «Кочевник -1»), уолаттарга Аммосов Арсений, 9 кылаас (Саккырыыр орто оскуолата, «Кочевник-2») ылан кыайыы өрөгөйүн биллилэр, сыаналаах бириистэргэ тигистилэр.
Ити курдук, хоту дойду хоһуун оҕолоро ыраах айаны кыра эрдэхтэриттэн билэн-көрөн, табаһыт оҕолор сүлүөттэрэ маннык буолар эбит диэн илэ-чахчы билэн, бэйэлэрин сымсаларын, дьоҕурдарын холонон көрдөрөн, астына кыттан, сорохтор урут сылдьыбатах сирдэринэн-уоттарынан сылдьан, билиилэрин хаҥатан, көрбөтөхтөрүн көрөн, саҥа доҕоттордонон, дуоһуйа астынан кэллилэр.
Маннык үчүгэй тэрээһини тэрийсибит, спонсордаабыт дьоммутугар истиҥ махталы оскуола администрациятын аатыттан тиэрдэбит.
Спонсордар: Көс оскуолалар институттара (салайааччы Ситникова Наталья Васильевна), Аллараа–Бытантай нэһилиэгин олохтоохторо (баһылык Колесов Р.А), Табаһыттар Владимир Мопрович, Ирина Мопровна Слепцовтар, Михаил Витальевич Горохов, Раиса Николаевна Горохова, Альберт Владимирович Колесов; И.Н.Слепцов аатынан бирииһи оҕолоро Вера, Гаврил, Михаил; үлэлээн ааспыт табаһыттар кэриэстэригэр оҕолоро, сиэннэрэ, дьиэ кэргэттэрэ: Саргина Мария Иннокентьевна, Колесов Николай Егорович, Колесова Надежда Егоровна, Колесова Валентина Николаевна, Старостина Христина Гаврильевна, Колесов Иннокентий Егорович; Ленин орденын кавалерын хаһаайына, 90 саастаах табаһыт Попов Андрей Андреевич аатыттан кыыһа Попова Елена Андреевна; элбэх оҕолоох табаһыт, звеньевод Слепцов Артем Николаевич кэриэһигэр оҕолоро Анна, Феня, Александр, Марианна; ыраах Найба нэһилиэгиттэн табаһыт дьиэ кэргэн Христофор Гаврильевич, Наталья Николаевна Никитиннэр.