В.Г. Короленко аатынан Амма 1 №-дээх оскуолатыгар кинигэ нэдиэлэтин чэрчитинэн заметканы суруйуу күрэҕэ ааспыта. Үгүс киирбит үлэттэн дьүүллүүр сүбэ бастыҥнары талбыта. Түөрт бөлөҕүнэн түмүк таҕыста:
Бастакы бөлөх
1-2 кылаас үөрэнээччилэрэ
1 миэстэ — Дмитриева Сандаара, 1 «б” кылаас.
Моя любимая сказка.
Моя любимая сказка называется «Сказки про Карандаша и Самоделкина». Автор сказки Валентин Постников.
В одном городе жили два друга: волшебный художник Карандаш и Самоделкин — мастер на все руки. Однажды друзья полетели путешествовать на воздушном шаре. Они летели над океаном и увидели остров. Шар опустился на берег и друзья отправились на отважные прогулки. Побывали в джунглях, на глубине океана, в стране дорожных знаков и разноцветных красок, в городе цифр и зоопарке и даже на луне с профессором Пыхтелкиным.
Эта сказка пронизана волшебством, добротой, увлекая нас в необычный мир волшебства. Учит нас быть добрыми, смелыми, умеющими дружить и не бросать друзей в беде. Кроме этого, сказка учит нас творить, быть смекалистыми и находчивыми.
2 миэстэ -Тимофеева Алина, 1 «б» кылаас.
Мин Аммаҕа тѳрѳѳммүн Аммабын таптыыбын. Мин эбэм, ийэм, аҕам бары Аммаҕа тѳрѳѳбүттэрэ. Дойдум наһаа кыраһыабай айылҕалаах. Саха сирин араас муннуктарыттан сайын аайы дьоннор сынньана кэлэллэр.
Аммам ѳрүһэ ып-ыраас, дьэҥкир уулаах, сайын сѳтүѳлүүргэ, сынньанарга олус үчүгэй. Аны балыгын арааһа эмиэ элбэх. Сардаана сибэккинэн киэргэммит хочолордоох. Сирин аһа наһаа дэлэгэй. Бастаан түүбүктэ ситэр, онтон дьэдьэн, моонньоҕон, хаптаҕас, сугун, отон барыта үүнэр. Элбэх биллэр, үлэһит туруу дьоннордоох.
Мин Аммабын таптыыбын, киэҥ туттабын. Аммаҕа тѳрѳѳммүн — дьоллоохпун!
3 миэстэ — Смирников Женя, 1 «в» кылаас.
Мой любимый, первый самостоятельно прочитанный рассказ «Телефон». Его написал Николай Николаевич Носов. Эта веселая и поучительная история о том, как двое друзей Мишка и Коля купили игрушечный телефон. Потом они разобрали его на части, чтобы понять его устройство.
Я люблю читать рассказы и сказки детских писателей. Они очень интересные и нас учат многому.
Иккис бөлөх
3-4 кылаас үөрэнээччилэрэ
1миэстэ — Иванова Элина, 3 «а» кылаас.
Моя любимая книга «Доктор Айболит»
Моей одной из любимых книг является книга Корнея Ивановича Чуковского «Доктор Айболит». Данная книга учит добру, находчивости, справедливости, смелости, любить животных. Эта книга перечитана мною несколько раз. Многим, наверное, известны произведения К.И. Чуковского такие как «Мойдодыр», «Муха-Цохотуха», «Тараканище», «Федорино горе», «Собачье царство» и другие.
Я хотела бы немного рассказать о моей любимой книге «Доктор Айболит». Содержание книги состоит из двух частей: первая часть – «Путешествие в Страну Обезьян», а вторая часть «Пента и морские пираты». В первой части рассказывается как добрый доктор «Айболит» со своими зверями отправляется в Африку лечить больных обезьян. У доктора есть злая сестра Варвара, которая сердилась на него за то, что у него в комнате было столько зверей. Она била зверей, но однажды Робинзон увозит ее далеко на необитаемый остров, чтобы она не могла больше никого обижать.
В комнате у доктора жили зайцы, в шкафу жила белка, на диване жил колючий еж, в сундуке жили белые мыши. Но из всех зверей доктор Айболит любил больше всего утку Кику, собаку Авву, маленькую свинку Хрю-Хрю, попугая Карудо и сову Бумбу. Он один из всех людей, который умеет говорить по-звериному. Он лечит тигров, крокодилов, зайцев, обезьян, лягушек, позже в Африке вылечил детей льва, носорогов, тигров, которым стало потом совестно, что сразу не помогли доктору, когда он лечил обезьян от боли в животе. Звери в Африке за то, что он их полечил, подарили ему самый редкостный зверь африканских лесов – Тянитолкая, у которого было две головы, одна – спереди, другая – сзади, которая неоднократно спас от Бармалея и его разбойников. Бармалей жестокий и злой, запирает доктора Айболита и его зверей в тюрьму, хотел убить их, но друзья помогают доктору сбежать от него. Когда разбился корабль, на котором приплыли Доктор и его звери в Страну Обезьян, на обратном пути доктор Айболит берет корабль Бармалея, чтобы он больше не разбойничал на море, чтобы не грабил беззащитные морские судна, проходящие мимо его берегов. Из Африки доктор Айболит привозит свой чудесный подарок – Тянитолкая, которого автор называет «Чудом природы», какого детям еще не дарили, все приходят глядеть на него и покататься.
Вторая глава начинается с рассказа как доктор Айболит любит гулять по лесу, поляне со своими друзьями и вдруг в пещере находят плачущего мальчика Пенту, который потерял отца-рыбака. Дельфины, орлы, собака Авва начинают его искать. И собака Авва своим нюхом по ветру находит рыбака, он лежал в яме страшно худой и бледный. Его бросили злые пираты, кровожадные, злые люди, не дали ни еды, ни питья. Самый старый пастух в деревне по имени Бамбуко и жители дарят собаке Авве в благодарность за то, что освободил из ужасного плена и спас отца Пенты от разбойников, в подарок ошейник. А любимому, бесстрашному доктору Айболиту старый моряк Робинзон и все друзья подносят в подарок построенный ими чудесный корабль за то, что очистил все море от лютых пиратов, похищавших корабли. Доктор в ответ от всего сердца приветствует и выражает им благодарность за их самоотверженную дружбу и начинается веселая звериная «ткелла», да так лихо и ловко, что даже медведь, даже лошадь не выдерживают и пускаются плясать вместе со всеми. Так и заканчиваются приключения доброго доктора, который начинает лечить не только зверей, но и раков, и рыб, и дельфинов, которые подплывают к берегу вместе со своими детьми…
Эта замечательная книга, которая мною прочитана легко и прививает любовь к чтению. Иллюстрации в книге яркие и красочные. Например, смотришь и имеешь представление как выглядит Тянитолкай, которая похожа на лошадь, но с двумя головами и с рогами. В конце хочется сказать, что человек должен быть добрым и отзывчивым, быть терпеливым, иметь силу воли, уметь оказать нужную помощь, тогда и верных друзей станет намного больше.
2 миэстэ — Слепцов Коля, 4 «б» кылаас.
Мин таптыыбынАммабын!
Амма, Амма, Амма,
Көрөбүн ыраас уугун
Хайҕыыбын араас сирин аһын
Тыынабын эн ыраас салгыҥҥынан
Ол иһин хайҕыыбын, сөҕөбүн.
Долгуйа Аммабын таптыыбын. Эбэкэм саас мууһа устарын көрө киирэбин. Кыһыҥҥы уһун уутуттан уһуктан көмүөл муус тыаһыырын истэбин. Мууһа устан налыйан сайын кэлиитэ, сөтүөлуур кэм кэлэр. Оо, ол оҕолорго үөрүү! Наһаа да үчүгэй, ыраас ууга сөтүөлээн, оонньоон сынньанабыт. Хонууга таҕыстахха сардаана сибэкки кытаран олорор. Хонууга сайыҥҥы оһуор тэлгэнэн сытара көрөргө олус да кэрэ.
Сир аһын кэмигэр дьэдьэн, хаптаҕас, сугун, моонньоҕон, отон арааһа үүнэр.
Күһүҥҥү кэм туспа кэрэ. Оҕуруот аһа үүнүүтэ — ситэрэ, от-мас дьүһүнэ уларыйара, араас өҥүнэн оонньоон бэйэтэ туспа кэрэ кэм.
Кыһын кэллэҕинэ, эчи тымныыта сүрүн, хаар бөҕө түһэр. Тымныы Моруос оҕонньор тулабытын муус оһуорунан киэргэтэр. Салаасканан, хаҥкынан оонньуур кэм эмиэ үчүгэй.
Араас кэрэ кэмнээх мин Аммам, дэлэҕэ даҕаны кыыс Амма дэниэ дуо? Ол иһин, туохтааҕар да күндүгүн мин дойдум Амма.
3 миэстэ — Егоров Ньургун, 3 «в» кылаас
Моя любимая книга
Мне очень понравилась книга « Лучшие стихи». Автор этой книги — Андрей Усачев. В этой книге очень много разных стихов, но больше всех мне понравилось стихотворение «Щенок». А художник нарисовал красивые картинки к детским стихам. И книга получилась самой лучшей.
Я люблю стихи. Мне очень интересны рифмы, люблю сам составлять рифмы и писать стихи. И я бы хотел, чтобы мои одноклассники прочитали эту книгу.
Я написал свой маленький стишок:
Вышел ежик из тумана
Вынул маску из кармана,
А остался он один
Потому что карантин.
Үһүс бөлөх
5-6-7 кылаас үөрэнээччилэрэ
1 миэстэ — Конова Арина, 6 «а» кылаас.
Амма 1 нүөмэрдээх орто оскуолатын оҕолоро Кэриэй оҕолорун кытта биир ситимҥэ
Үөрэнээччилэр билии-көрүү өттүнэн сайдалларыгар сүрүн үөрэх таһынан эбии дьарык буолар. Олохпут сайдан, тулалыыр эйгэбит омук тыла уонна технология буолан эрэрин бэркэ билэбит. Онно олоҕуран, 2018 сылтан «Омук (аангылыйа уонна кэриэй) тыллара» уонна «Робототехника» куруһуоктарын чэрчититинэн, Кэриэй омук оскуолаларын кытта үөрэхтээһин биһиги оскуолабытыгар ситиһиилээхтик үлэлиир. Эбии дьарыкка оҕолор баҕа өттунэн кэлэн дьарыктаналлар, олус астыналлар.
Быйыл дойду үрдунэн «хамсык» ыарыы тарҕанан, бу бырайыак куйаар ситимин нөҥүө ыытыллар. Соҕуруу Кэриэйэҕэ олорор оҕолору кытары куйаар ситимин нөҥүө быһа холбонон аангылыйа тылын уруоктарын учууталларбыт Аграфена Васильевна Никулина уоннаУльяна Андреевна Путренко үөрэтэллэр. Ону таһынан биһиги Кэриэй оҕолорун кытары аангылыйа тылынан «Фейсбук» уонна «Ватсап» сыһыарыылар нөҥүө кэпсэтэбит, сонуннары үллэстэбит. Өссө бэйэ-бэйэбитигэр буостаннан дойдубут бэлиэ оҥоһуктарын, минньигэс астарын ыытыһабыт.
Ол курдук, Саҥа дьыл алыптаах бырааһынньыгар Соҕуруу Кэриэйэ оҕолоро биһиэхэ олус үчүгэй кэһиилэри бэлэхтээн, эҕэрдэлээн ыытан үөрдүбүттэрэ. Онуоха биһиги эмиэ утары бэйэбит дойдубут туһунан истиҥ тыллаах бэлэхтэри, өйдөбүллэри оҥорон бэлэх ууммупут.
Сотору кэминэн «хамсык» ыарыы уҕарыйан, Соҕуруу Кэриэйэни көрүөхпун, ол улуу куорат хайдах олохтооҕун-дьаһахтааҕын, миигин кытары саастыы оҕолор хайдах олороллорун көрүөхпүн олус баҕарабын. Соҕуру Кореяны кытары көрсүһүү мин ыра санаам буолар. Бу бырайыакка кыттыһыахпыттан омук тылын интириэһиргиирим улаатта, саҥарарым тубуста уонна билиим кэҥээтэ дии саныыбын.
Инникитин маннык солун, саҥа бырайыактар уонна куруһуоктар мин тапталлаах оскуолабар олохпут сайдыытын кытта тэҥҥэ хаамсан иһиэхтэрэ уонна оҕолор кыахтарын туһанан, баҕа санааларын толорор кыаҕы биэрэ туруоҕа диэн эрэнэбин.
2 миэстэ — Алексеева Дайаана, 6 «а» кылаас.
Мин тапталлаах оскуолам
Хас биирдии киһиэхэ оскуола диэн тыл иккис дьиэ кэриэтэ буолар. Оскуолабар кэлэммин саҥа билиини, саҥа көрүүнү, саҥа арыйыылары оҥоробун. Оскуолам киэҥ-куоҥ, сып-сырдык остолобуойдаах, минньигэс астаах, библиотекалаах, спортзаллаах, мустар саалалаах. Киһи эрэ үөрэнэр, дьарыктанар оскуолата буолар.
Мин Амма бастакы нүөмэрдээх орто оскуолатыгар алтыс кылааска үөрэнэбин. Оскуолабар 2015 сыллаахха маҥнайгы кылааска киирбитим. Барыта саҥа курдук этэ. Маҥнайгы учууталым Елизавета Иннокентьевна Романова. Кини биһигини маҥнайгы кылаастан төрдүскэ дылы үөрэппитэ, илдьэ сылдьыбыта. Учууталбар, үөрэммит кылааспар билигин да киирэ сылдьааччыбын. Үөрэхтэн ураты, үҥкүүгэ биһигини дьарыктыыра. Элбэх күрэхтэргэ кыттаммыт үрдүк ситиһиилэрдээхпит. Ол иһин билигин даҕаны үнкүүлүүрбүн олуһун сөбүлүүбүн. «Сир симэҕэ» Россия көрдөрүүлээх ансаамбылыгар дьарыктанабын. Ону таһынан быйыл научнай конференцияҕа кыттан, холонон көрбүтүм. Оскуолабытыгар элбэх тэрээһиннэр, конкурстар, күрэхтэһиилэр буолаллар. Олорго кылааһынан куруутун кыттабыт. Биһиги кылаас сүрдээх эйэлээх уонна көхтөөх. Кылааһым салайааччыта Ульяна Андреевна Путренко.
Мин оскуолабын олуһун таптыыбын, сыаналыыбын. Бу оскуолаҕа мин аҕам, убайдарым, эдьиийдэрим үөрэммиттэрэ. Билигин даҕаны бары оскуолаларын ахталлар, наһаа учугэйдик саныыллар. Оскуолаҕа биһиги улаатабыт, элбэҕи билэбит. Учууталларбыт оскуола сүрэҕэ буолаллар. Биһигини элбэххэ үөрэтэллэр уонна такайаллар.
3 миэстэ — Чикальдина Уйгу, 7 «а” кылаас
Моя Амга
Моя Амга — это моя малая Родина, моя любовь и гордость. Здесь я родилась, сделала свои первые шаги, пошла в школу, завела верных друзей. Моя школа помогает мне познавать этот мир, различать добро и зло, взрослеть, расти, стать личностью.
Что мне нравится в людях в Амге? Это то, что они умеют любить, радоваться жизни. Это потому что, они живут в таком прекрасном месте нашей Якутии — в Амге.
Моя Амга — это чистая, величественная река, переливающаяся на солнце, как алмаз. Это чистое-чистое бескрайнее голубое небо, свежий воздух, леса, поля, горы… По ночам звёзды как маленькие лучики радости. Особенно прекрасна природа осенью. Маленькие, хрупкие листочки постепенно становятся жёлто-оранжевыми, и наблюдать за ними — одно удовольствие. Больше всего я люблю встречать рассветы и провожать закаты, особенно они завораживают меня летом. Лучи солнца дарят нам свет, тепло, радость. Благодаря бескрайним лесным просторам Амги, воздух становится чище.
Про прекрасную природу Амги слагают песни, стихи, посвящают ей легенды
Төрдүс бөлөх
8-9 кылаас үөрэнээччилэрэ
1миэстэ — Гермогенова Лена, 8 “в” кылаас.
Мин таптыыр дьарыгым
Мин оҕо эрдэхпиттэн улахан, үрдүк уҥуохтаах этим. Киирэн-тахсан, сүүрэн-көтөн оонньуурбун сөбүлүүрүм. Онтон билигин ол эниэргийэбин спортка анаатым.
Мин таптыыр дьарыгым – волейбол. Волейболунан дьарыктаммытым үһүс сыла. Тренерым Константинова Елена Николаевна. Биhиги араас курэхтэhиилэргэ кыттабыт. Аан маҥнай улахан курэхтэhиим Намҥа 2019 сыллаахха этэ. Ол онно бастакы миэстэ буолбуппут. Онтон 2020 сылга куоракка республиканскай курэхтэhиигэ эмиэ бастакы миэстэ буолбуппут.
Мин волейболга үөрэ-көтө оонньуубун, бэйэм ис сурэхпиттэн. Тоҕо волейболунан дьарыктанаҕын диир буоллаххытына, волейбол доҕордоhуу оонньуута, командаҕа баар оҕолору сомоҕолуур. Волейбол миэхэ элбэх доҕоттору, элбэх эмоциялары, кэрэ түгэннэри бэлэхтиир.
2 миэстэ — Севастьянова Лилиана, 8 «б» кылаас.
Музыка в моей жизни.
Хобби — один из самых важных вещей в жизни. Это то, что нам нравится делать, и то, что приносит облегчение от повседневной рутины и позволяет расслабиться.
Мое хобби — музыка. Данный вид искусства всегда был интересен человечеству. Занимаясь своим любимым делом, можно окружить себя музыкой, и обнаружить, насколько ярче становится мир вокруг вас. Она сопровождает нас всю нашу жизнь. Всегда и повсюду — дома, на
улице, в общественном транспорте. Без музыки не обходится ни одно мероприятие или торжество.
Изучаю и играю музыку с пяти лет. Начала ходить ещё в детском саду к специалисту по варгану. Затем окончила пятилетнее обучение якутского народного фольклора в музыкальной школе. Сейчас второй год учусь играть на пианино. И я очень рада, что владею более глубокими знаниями о музыке.
Я считаю, что музыка может говорить, через музыку люди могут выражать чувства и эмоции. Можно по-разному получать от неё удовольствие. Не только создавать, но и слушать музыку — отличное хобби. Музыка не имеет границ. Без музыки жизнь сложно представить.
3 миэстэ — Тимофеева Диана , 9 “б” кылаас.
Оҕо эрдэхтэн идэ арааһын баһылыахпын, үөрэхтээх үлэһит буоларга дьулуһабын.
Быраас буола оонньуурум, бу идэ олус интэриэһинэйин сөҕөрүм. Дьоҥҥо олохторун уһатан, доруобуйаларын тупсарыахпын баҕарарым. Оскуолаҕа киирэн учуутал идэтин сөбүлээбитим. Кини мындыр өйүн, үгүс билиитин. Оҕолорго тапталын биһирээбитим. Онтон билигин Ис Дьыала улэһитин идэтин ордук интэриэһиргээтим. Толору дуоспуруннаах, идэтигэр бэриниилээх, бэрээдэги хонтуруоллуур үлэһит буола үүнүөхпүн баҕарабын. Бу идэ олус ыараханын, эппиэтинэстээҕин ордук сэҥээрэбин. Мындыр өй, хорсун майгы, эппиэтинэстээх сыһыан — бу идэҕэ толору баар буолуохтаах. Маныаха ордук история, обществознание уруоктарын кичэйэн үөрэтэбин, интэриэһиргиибин. Инникиттин ыра санаам туолуон баҕарабын. Талбыт идэбин баһылаан, үтүө үлэһит буоларга дьулуһуом, кыһаллыам.
Күрэх кыайыылаахтарын эҕэрдэлиибит! Айар үлэҕитигэр ситиһиилэри баҕарабыт!