Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйын аатын сүгэр «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата бу 2021 сылга олус элбэх үөрүүлээх бэлиэ күннэрдээх. Ол курдук, Амма Аччыгыйа төрөөбүтэ 115 сыла, киэн туттар улуу суруйааччыбыт Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон төрөөбүтэ бу күһүн 115 сыла уонна «Бэлэм буол»-«Кэскил» хаһыат 85 сылынан Таатта улууһугар олус дириҥ, суолталаах, култуурунай, сырдатар, духуобунай эйгэҕэ анал командировка тэриллэн, дьоҕус делегация Чөркөөх, Баайаҕа нэһилиэктэринэн сылдьан кэллэ.
«Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын ыҥырыытын ылынан, РФ суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, оҕо бырааһа, оҕо суруйааччыта Светлана Валентиновна Тарасенко сылдьыста.
Тэрээһин чэрчитинэн Чөркөөхтөөҕү П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннас түмэлигэр оскуола үөрэнээччилэрин уонна «Аленушка» оҕо уһуйаанын иитиллээччилэрин кытта көрсүһүү буолла. Светлана Тарасенко оҕо толкуйдуур, суруйар эйгэтэ сайдарыгар сүрүн болҕомтотун ууран, Чөркөөх уонна Баайаҕа нэһилиэгин элбэх оҕолоох ыалларыгар оҕо хаһыатыгар уонна сурунаалларыгар сурутууну бэлэхтээтэ уонна: «Хас биирдии киһи ааҕар эйгэни тэрийиигэ, кэҥэтиигэ ылсан өссө тэрээһиннээхтик үлэлиэҕиҥ», – диэн бэйэтин баҕа санаатын олохтоохторго тиэртэ.
Оттон «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата бу сырыытыгар, айаныгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин 100 сылыгар анаан уонна улууканнаах суруйааччыларбыт үбүлүөйдээх сылларынан КЭСКИЛ МЕДИА ПРОДАКШ ютуб-ханаалга, социальнай ситимнэрбитигэр тарҕатыллар литература, культурология, история, этнография биридимиэттэригэр уруоктарга туһанар гына үөрэнээччи билиитигэр анаан видео матырыйааллары уһуллубут. Муҥха Дэлбэрийбит алааска П.А.Слепцов-Былатыан Ойуунускай балаҕаныгар уонна аан маҥнай үөрэммит оскуолатыгар сылдьан устубут үлэлэрбит үйэтитиллиэхтэрэ. Ону сэргэ Суорун Омоллоон оччолорго суруйан, айан хаалларбыт үлэтин үүнэр ыччакка кэпсиир, сырдатар суолталаах кыра тэттик видео устуулары Ытык Таҥаһа сайылыгар, ону тэҥэ Ойуун күөлэ диэн сиргэ көмүллэ сытар уҥуоҕар уһуллубут. Бу туһунан биһиги КЭСКИЛ МЕДИА бары сырдатар эйгэтигэр – социальнай ситимнэргэ, «Кэскил» хаһыаппытыгар, «Юность Севера», «Чуораанчык», «Колокольчик» оҕо сурунаалларбытыгар рубрикаларынан тыыран сыл устатын тухары бэчээттиэхпит.
Биһиги делегациябытын Чөркөөх нэһилиэгин баһылыга Адрей Петрович Семенов, Ойуунскай аатынан Судаарыстыбаннас түмэлин сэбиэдиссэйэ Михаил Геннадиевич Аржаков, түмэл сүрүн үлэһитэ Изабелла Яковлевна Жерготова, Саха сирин политсыылкатын түмэлин сэбиэдиссэйэ Николай Ефимович Попов арыаллыы сылдьан кэпсээн үтүө өйдөбүлү хаалларбыттарыгар истиҥник махтанабыт.
Иккис күммүтүгэр ытык сиргэ Баайаҕаҕа сырыттыбыт. Биһигини нэһилиэк баһылыга Роман Романович Романов, «Ньургуһун» оҕо уһуйаанын сэбиэдиссэйэ Конон Кононович Мандаров көрсөн арыаллаатылар. Мандар Уус үөрэҕин тарҕатааччы, уус Николай Иванович Егоров уонна КСК сүрүн үлэһитэ Фекла Михайловна Тимофеева нэһилиэк биир саамай сүдү улахан баайын, өрөспүүбүлүкэ бары маастардара туоһунан тигэн оҥорбут, адьас былыргылыы тутуулаах 12 м үрдүктээх Моҕол ураһа тас көстүүтүн, ис бараанын, сэдэх, баай экспонаттарын сиһилии сырдатаннар элбэҕи биллибит. Бу Моҕол ураһа туһунан туспа матырыйаал оҥорон сырдатарга былааннанан, видеоҕа устан, хаартыскаҕа түһэрэн кэллибит. Салгыы «Айымньы. Айылгы» киинигэр бары сүгүрүйэр, ытыктыыр, убаастыыр киһибит Б.Ф.Неустроев-Мандар Ууска ыалдьыттаан, атах тэпсэн олорон сөҕүмэр сэһэнин-сэппэнин истэн, айылҕалаах киһи алгыһын иҥэринэн, дууһалыын чэпчээн, санаалыын сырдаан кэллибит.
Үйэлээх, баай матырыйаалы билиҥҥи, кэлэр кэнчээри ыччаттарбытыгар тиэрдии, иҥэрии биһиги улахан сорукпут буолар. Ол сыалбытын былаан быһыытынан ытык сирдэргэ сылдьан ситтибит. Чөркөөх Судаарыстыбаннаһын түмэлин кытта биһиги бэчээппит кыһата «Деревянное кольцо России» диэн улахан бырайыакка кыттарыгар сэбиэдиссэй Михаил Аржаковтуун илии тутустубут. Сырыыны сүрүннээтэ «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын сүрүн эрэдээктэрэ Татьяна Жиркова, суруналыыс Мария Захарова, видеограф Владислав Потапов.