Төрүт омук олоҕо
Сырдыы сайдар дьарыга
Агро-оскуола уһуйар,
Олох үөһээ угуйар.
Тыабыт сирин олоҕор
Оҕо манна такаллар.
Олох ирдиир идэтигэр
Оскуолаҕа иитиллэр.
Оскуола тэриллибит историятыттан
1907 сыллаахха алтынньы 14 күнүгэр Күөх Оттооххо Петр Михайлович Кривогорницын биэрбит чааһынай дьиэтигэр маҥнайгы оскуола аһыллыбыта. Бастакы учууталынан Хаҥаластан төрүттээх учуонай, фольклорист Гаврил Васильевич Ксенофонтов үлэлээбитэ.
1909-1910 сылларга Кэлтэгэй Сыырдаахха бырааттыы Федот уонна Григорий Михайлович Стручковтар дьиэлэрин оскуолаҕа туһанарга биэрбиттэрэ.
1936-1957 сылларга олохтоохтор күүстэринэн Мас Булгунньахха сэттэ кылаастаах оскуола тутуллан үлэҕэ киирбитэ 1939 сылтан 7 кылаастаах оскуола буолбута.
1958-1978 сылларга начаалынай оскуола быһыытынан үлэлээбитэ.
1966 сыл күһүнүгэр оскуола Мас Булгунньахтан Суола бөһүөлэгэр көһөрүллүбүтэ.
1978 сылтан райсовет исполкомун быһаарыытынан 8 кылаастаах оскуола буолбута.
1996 сыллаахха орто оскуола статуһун ылбыта.
2003 сыллаахха өрөспүүбүлүкэтээҕи экспериментальнай площадка буолбута.
2004 сыллаахха агро-оскуола аатын ылбыта.
Академик Афанасий Васильевич Чугунов аатынан Мэлдьэхси орто оскуолатын уратыларынан 30 миэстэлээх уһуйаан, өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан үлэнэн уһуйулла, агро хайысха сатабылларыгар үөрэнэ, дуобатынан, саахыматынан, мас тардыһыынан утумнаахтык дьарыктана кэлэр оҕолорго аналлаах 20 миэстэлээх интэринээт буолар.
Быйылгы үөрэх дьылыгар уопсайа 135 оҕо, ол иһигэр 101 үөрэнээччи, 34 уһуйаан саастаах иитиллээччилээхпит.
Билиҥҥи сайдыылаах цифровизация үйэтигэр оҕо эт-хаан өттүнэн мөлтөөһүнэ, хамсаммат буолуута доруобуйаҕа охсуулааҕын бары билэбит. Тыа сирин агро хайысхалаах оскуолата буоларбыт быһыытынан, оҕону уһуйаантан саҕалаан, дуобат, саахымат нөҥүө сайдыбыт мындыр өйдөөх, мас тардыһыы, тустуу курдук көрүҥнэргэ уһуйуллубут тулуурдаах, үлэттэн иннибэт доруобай, үтүө майгылаах, талааннаах, сатабыллаах ыччат гына иитэн-такайан таһаарабыт.
Саха сөбүлээн оонньуур дьарыгар дуобакка Россия, Европа, Аан дойду таһымнаах күрэхтэригэр мэлдьи инникибит. Мас тардыһыы курдук көрүҥ саха оҕотугар үлэнэн иитиини кытта дьүөрэлэһэрин таба көрөн, оҕону эт-хаан өттүнэн сайыннаран, Россияҕа тиийэ миэстэлэһэбит. Нэһилиэкпит олохтоохторугар күннээҕи олохторун чэпчэтэн, араас чинчийэр үлэлэри ыытабыт. Ол курдук кыайыы болуоссатыгар мас олордон, тулалыыр күөллэр ууларын хаачыстыбаларын, почвабытын анаалыстаан, собо балыгы чинчийэн, ол түмүгэр, бигэргэммит күөллэртэн иһэр мууспутун ылынан, балыктаан, доруобуйабытын тупсарынабыт. Сылын аайы аҕам саастаах дьоммутун бэйэбит көрбүт-истибит хортуоппуйбутунан күндүлүүбүт.
Үлэбит түмүгүнэн, бэйэбитин холонон 2020 сыллаахха Аан дойдутааҕы таһымнаах Макаренковскай форумҥа кыттан бастакы миэстэни ылары ситиспиппит.
Афанасий Васильевич аатынан илин эҥэрдээҕи “Чугунов ааҕыыларын” сыллата үрдүк таһымнаахтык ыытабыт.
Афанасий Васильевиһы олус убаастаан, киэн туттан кини аатынан Мэлдьэхси нэһилиэгэр уулусса, кини үрдүк аатын сүгэр оскуола, оскуола иһинэн кини үлэтин-олоҕун сырдатар түмэл, “Нооһой сиэннэрэ” диэн литературнай куруһуок бааллар. Ытык киһибит 80 сааһын бэлиэтээн, 2018 сыллаахха нэһилиэккэ кини аатынан улахан өрөспүүбүлүкээтэҕи таһымнаах ыһыах ыытыллыбыта.
Биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит Афанасий Васильевич биһиги оскуолаҕа сүбэлээн-амалаан, сүрэҕин ууран туран кыһаллар сыаналаммат сүдү көмөлөөх. Ол курдук сылын аайы бастыҥ выпускникка стипендия олохтуур, АГАТУ-ттан учуонайдары таһааран, практическай лабораторнай үлэлэри, үрдүк таһымнаах лиэксийэлэри ыыттарар, АГАТУ-га киирэн үөрэх ыытыытын, научнай үлэлэри, лабораторияҕа экскурсиялары тэрийэр, научнай пособиелары, үөрэх кинигэлэрин бэлэхтиир.
Үлэни эрэ өрө тутан, науканы кытта ситимнээн, сайдыыны уһансар дириҥник убаастыыр чулуу киһибитигэр Афанасий Васильевичка уонна бүтүн Арассыыйа таһымнаах “Чугунов ааҕыыларыгар” кыттар уонна тэрийсэр биир идэлээхтэрбитигэр улахан эҕэрдэбитин, махталбытын тиэрдэбит.
Лариса Дмитриевна Сыромятникова,
А.В. Чугунов аатынан Мэлдьэхси орто оскуолатын дириэктэрэ.
Уһуйааммыт “Детство” уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи “Тосхол” бырагырааманы дьүөрэлии тутан үлэлиир. Оҕолор дуобакка, саахымакка дьарыктаммыттара ыраатта, кэккэ ситиһиилэрдээхтэр. Хамсык иннинэ 2-3 сыл дуобакка улуус күрэхтэһиитин ыыппыппыт. Оҕолорбут хамаанданан I, II миэстэлэрдээхтэр.
Уһуйааҥҥа оҕолор саас эрдэ олордубут оҕурсуларын көрөллөр-истэллэр. Сотору кырачааннар сибэкки олордуохтара. “Кыайыы саллаатыгар махтал” аахсыйаҕа кыттаары бэлэмнэнии үлэтэ бара турар. Хамсык буолан, оҕолор куонкуруска кыттар ньымалара уларыйда. Онон барыы-кэлии суох. Кэккэ ситиһиилэр бааллар. Ол курдук хоһоон ааҕыытыгар, ырыа толоруутугар, илиинэн оҥоһукка куонкурустар буоллулар. Култуура уонна спорт эстафетатын 65-с сылыгар быйыл бастакытын уһуйаан оҕолоро кытыннылар.
Быйыл оскуолаҕа бэлэмнэнэр бөлөххө биэс оҕолоохпут: 2 уол, 3 кыыс.
Агро-оскуола буоларбыт быһыытынан, ыһыыга субуотунньуктарга, дьуһуурустубаҕа кыттабыт.
Антонина Петровна Степанова,
“Хатыҥчаан” уһуйаан эппиэттиир иитээччитэ.
Туяра Климентовна Яковлева, дириэктэри үөрэх чааһыгар солбуйааччы:
-Оскуолаҕа методическай үлэ хас биирдии оҕо бэйэтин кыаҕынан, дьоҕурунан сайдарыгар туһаайыылаах технологиялары баһылааһыҥҥа олоҕурар.
Үлэ сүрүннээн 4 хайысханан ыытыллар: учууталлар методическай холбоһуктарын ситимнээһин, эдэр учууталларга көмө, педагогтар идэлэрин таһымын үрдэтии, үлэ бастыҥ уопутун түмүү, тарҕатыы.
Агро оскуола буоларбыт быһыытынан алын сүһүөх кылаас оҕолоругар анаан, “Төрүт дьарык” диэн агро хайысхалаах предмет үөрэтиллэр. V-IX кылаастарга «Комнатное цветоводство”, “Основы агрономии”, “Приусадебное животноводство” предметтэрэ киирбиттэрэ. Бу предметтэри маастар Охлопкова Людмила Егоровна үөрэтэр.
Оҕолор теорияны таһынан элбэх практическай, чинчийэр хайысхалаах үлэлэри оҥороллор, араас таһымнаах ааҕыыларга, научнай-практическай кэмпириэнсийэлэргэ ситиһиилээхтик кыттыыны ылаллар. Ол курдук 13 сылын ыытыллар академик А.В. Чугунов аатынан “Чугунов ааҕыларын” түмүктэринэн Кристина Герасимова Ил Дархан елкатыгар кыттыыны ылар путевканан наҕараадаламмыта, Шура Свинобоева Бүтүн Россиятааҕы “Океан” оҕо сынньалаҥ киинигэр барар чиэскэ тиксибитэ. Учууталлар Л.Д. Степанова, О.И. Дьяконова, А.С. Сокольникова, Т.Н. Колесова, А.П. Семенова., Л.А. Сивцева, А.Н. Герасимова, А.В. Кривогорницына, Р.Н. Неустроев, Т.А. Игнатьева агро хайысхалаах ааҕыыларга сылын аайы оҕолору ситиһиилээхтик кытыннараллар.
VIII-IX кылаастарга идэлэргэ туһаайар, сирдиир сыаллаах элективнэй курстарга үөрэнээччилэри талларан үөрэтэбит. Учууталлар олохтоох матырыйаалга, усулуобуйаҕа олоҕуран, бэйэлэрэ бырагыраама суруйан, араас көрүннээх дьарыктары тэрийэллэр.
X-XI кылаастарга хайысхалаах үөрэхтээһин тэриллэр. Үөрэнээччилэр талбыт предметтэрин дириҥэтэн үөрэтэллэр, үөрэххэ туттарсарга бэлэмнэнэллэр.
2012 сылтан оскуола сүрүн уонна биир кэлим эксээмэннэри туттарар пуун быһыытынан үлэлиир. Пууҥҥа Бэдьимэ, Хорообут оскуолаларын IX уонна XI кылааһын оҕолоро кэлэн, эксээмэн туттараллар.
Выпускниктарбыт тыа хаһаайыстыбатыгар эрэ буолбакка, норуот хаһаайыстыбатын араас салааларыгар ситиһиилээхтик үлэлии сылдьаллар. Н.Н. Неустроев, А.П.Сокольников бэйэлэрэ хаһаайыстыба тэринэн, “Начинающий фермер” Гранын ылбыттара.
Юлия Николаевна Петрова, дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы:
-Биһиги оскуолабыт иитии үлэтэ 6 хайысханан үлэлиир: “Биир дойдулаахпынан киэн туттабын”, “Манчаары сиэттэрэ”, “Удьуор утумун оскуолата”, “Хомус”, “Төрөөбүт дойдум айылҕатын харыстыыбын”, “Идэни сөпкө талыы – олоххо сүрүн хардыы”.
Агро-оскуола буоларбыт быһыытынан, оҕо кыра эрдэҕиттэн атыыга-тутууга, бизнескэ сыстаҕас, билиҥҥи үйэҕэ сайдыылаах буоларын ситиһэр сыалтан быйылгы үөрэх дьылыттан II-X кылаастар бырайыак толкуйдааннар үлэлэтэ сылдьаллар. Ол курдук, II-с кылаас үөрэнээччилэрэ клубника уонна дьэдьэн үүннэрэн, рассадалаан атыылыыллар. Олордубут үүнээйилэрин лабораторияҕа көрөллөр-истэллэр. III-с кылаастар минньигэс капкейк астаан, нэһилиэккэ атыылыыллар. IV-с кылаас оҕолоро фри хортуоппуй уонна битэмииннээх смузи оҥорон атыылыыллар.
V-с кылаастар үгүстэрэ уолаттар. Онон кинилэр сиэмэнтэн наадалаах, туһалаах, кыраһыабай сибэкки иһиттэрин оҥороллор, итини таһынан тротуарнай плитканы оҥорон, бастакы хардыыларын киллэрдилэр. VI-с кылаастар микрозелень араас көрүҥүн көрөн-истэн, бүөбэйдээн үүннэрэллэр. VII-с кылаастар гидропоннай систиэмэни оҥорон, турбаларынан, мотуорунан таҥаннар үлэлэтэ сылдьаллар. VIII-с кылаастарбыт ураты бырайыактаахтар. Кинилэр инкубаторга кус, хаас, индюк сымыыттарын таһаарыытынан дьарыктаналлар. Ону нэһилиэккэ эрэ буолбакка, улууска эмиэ атыылыыллар. IX-с кылаас нэһилиэккэ “Меркурий” бырагырааманы толорууга көмөлөһүүнэн, алдьаммыт тиэхиникэни таҥыынан дьарыктаналлар. Х-с кылаастар сылгы көрүүтүгэр аналлаах бырайыак үлэлэтэллэр.
Оскуолабытыгар улуустааҕы эбии үөрэхтээһин киин иһинэн икки филиаллаахпыт. Ырыаҕа такайыы “Ыллыкчаан” уонна үҥкүү алыптаах эйгэтигэр “Тэлээрис” диэн ансаамбыллар ситиһиилээхтик үлэлииллэр.
Надежда Карловна Андросова, Мэлдьэхси орто оскуолатын интэринээтин старшай иитээччитэ:
-Биһиги 20 миэстэлээх интэринээппит 2008 сылтан үлэлиир. Быйылгыттан дуобакка дьарыкт анар баҕалаах оҕолору ылабыт. Оҕолор араас улуустартан кэлэллэр. ССРС дуобакка маастара, СӨ үтүөлээх тренерэ Василий Васильевич Куприянов дьарыктыыр. 2019 сыллаахха мас тардыһыытынан дьарыктанар оҕолору СӨ үтүөлээх тренерэ Бояров Николай Иванович ситиһиилээхтик дьарыктаабыта. Интэринээккэ араас улуустартан оҕолор кэлэн олороллор. Хаһыс да сылын “Мин интэринээтим – кэрэҕэ кынаттыыр биһигим” бырайыагынан оҕону иитиигэ туһуланан үлэлиибит.
Интэринээт иһинэн үлэлиир “Мындыр” лааҕырга оҕолор дуобакка дьарыктаналлар, сынньаналлар. Быйыл саахартан баата оҥорор аппараат ыламмыт, араас тэрээһиннэргэ атыылаан, үп киллэринэбит. Маны таһынан иитиллээччилэр бэйэлэрин төрүттэрин үөрэтиигэ үлэлииллэр. Үгэс быһыытынан айылҕалыын алтыһыы, сайыны көрсүү, саҥа дьыл киэһэтэ аналлаах биэчэрдэри тэрийэбит. Оҕо эт-хаан өттүнэн сайдарыгар эмтээх от утахтарын оҥоруу, хаамыылар, сахалыы оонньуулар буолаллар. Нэһилиэнньэҕэ биэчэрдэри, кэнсиэрдэри оҥоробут. Араас субуотунньуктар ыытыллаллар: муус ылыыта, мас олордуу, кырдьаҕастарга тимуровскай үлэлэр. Бүтэйдээх, Хорообут оскуолатын интэринээтин кытта бииргэ алтыһан, уопут атастаһан, истиҥ кэпсэтиилэри, биэчэрдэри тэрийэбит.
Интэринээппитигэр талааннаах оҕолор элбэхтэр. Ол курдук Кыыдаана Боярова сүрдээх үчүгэйдик уруһуйдуур. Былырыын айар үлэтин быыстапкатын тэрийбиппит. Кини үлэлэрэ сылын аайы тупсан, дьон биһирэбилин ылыан ылаллар. Мас тардыһыытыгар Андрей Калитин Россия, өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөнэ, Эдуард Бояров, Гавриил Павлов, Арсений Захаров, Астен Максимов, Витя Максимов өрөспүүбүлүкэ, улуус призердара. Дуобакка Астен Гоголев Европа призера, Настя Стручкова, Нарыйаана Николаева Россия призердара.
Людмила Егоровна Охлопкова, “Ландшафтнай дизайн” бырайыак салайааччыта, производственнай үөрэх маастара, агро хайысхалаах предметтэри үөрэтэр учуутал:
-Оскуолабытыгар оранжереяҕа сибэккилэнэр декоротивнай сэбирдэхтээх сибэккилэри бүөбэйдээн, 60 көрүҥү үүннэрэбит, культурнай отонноох мастары олордобут. Практическай дьарыктарга сайыҥҥы сибэкки, оҕуруот астарын, рассадаларын оҕуруокка бэлэмниибит, сорҕотун атыылаан, оскуолабытыгар харчы киллэрэбит. Хас биирдии дьиэ тиэргэниттэн саҕаланар, ол курдук биһиги оскуолабыт таһын киэргэтиигэ улахан болҕомтобутун уурабыт. 2008 сыллаахтан “Ландшафтный дизайн территории Мельжехсинской школы им. А.В.Чугунова” бырайыак ситиһиилээхтик үлэлиир. Арааһынай композициялар сыл аайы уларыйаллар, сибэккинэн чэчирээн, оскуолабытыгар кэрэ көстүүнү биэрэллэр. Бырайыакпыт чэрчитинэн, чинчийии, кэтээн көрүү үлэлэрэ ыытыллаллар. Араас сылларга “Школа с лучшим пришкольным участком”, “Лучшая территория учреждения (организации)”, “Лучшая клумба” уо.д.а. анал аат кыайыылааҕынан буолбуппут.
Алевтина Васильевна Кривогорницына, Лена Афанасьевна Сивцева, “Ростик” лааҕыр:
-Мэлдьэхси орто оскуолатыгар “Ростик” үлэ-сынньалаҥ лааҕыра 2006 сылтан “Ландшафтный дизайн территории Мельжехсинской школы” диэн бырайыагынан үлэтин саҕалаабыта. “Ростик” лааҕыр үлэтин сүрүн сыалынан: оҕолору үүнээйи, оҕуруот астарын үүннэрии, көрүү-харайыы сатабылларыгар үлэнэн үөрэтии буолар. Сайыҥҥы сынньалаҥ кэмигэр икки сезонунан 50 оҕону хабан үлэлиир. Үүнээйини кытта үлэлиэн баҕалаах II-VIII кылаас оҕолоро сылдьаллар. Кыһыннары “Основы агрономии”, “Комнатное цветоводство” диэн дьарыктарга оҕолор ылбыт биилиилэрин, сатабылларын сайыҥҥы лааҕыр үлэтин кэмигэр көрдөрөллөр.
Оскуолабыт хортуоппуй, сүбүөкүлэ, хаппыыста уо.д.а. үгүс оҕуруот аһын, сайыҥҥы сибэкки 30-тан тахса көрүҥүн үүннэрэр. Ону барытын лааҕыр оҕолоро ыһан, олордон, уу кутан, тээпкэлээн, сыыс отун үргээн, кыһаллан көрөллөр-харайаллар.
Лааҕыр үлэлиэҕиттэн олус элбэх ситиһиилээх. Хас да төгүллээх улууска ыытыллар үлэ лааҕырдарын быыстапкатын кыайыылааҕа, өрөспүүбүлүкэтээҕи агро быыстапкалар номинананнара. Лааҕырга үлэлиир оҕолор сайыҥҥы үлэнэн муҥурдаммакка, научнай-чинчийэр үлэлэринэн араас таһымнаах ааҕыыларга ситиһиилээхтик кытталлар.
А.П. Птицын, оскуола сылгыһыта:
–Оскуола бас билиитигэр билиҥҥитэ 10 сылгы баар: 3 эдэр биэ, 1 айаас ат, 5 кырдьаҕас биэ уонна 1 атыыр. Х кылаас оҕолоро аһатарга уонна дал ыраастааһыныгар көмөлөһөллөр. Нэдиэлэҕэ үс күн иккилии буолан солбуһан сылдьаллар. Сылгыны көрөргө-истэргэ үөрэнэллэр, хойут бэйэлэрэ сылгы иитэр дьон буолан тахсыахтара.
Быйыл кыһын сылгыларбыт 10 туонна отунан сыл таҕыстылар, бары уулаахтар. Күһүнүн убаһа этин, араас бүлүүдэни астаан атыылыыбыт. Дьон хамаҕатык ылар.
Кураанах диэн алааска сылгыбыт үөрүгэр анаан база тутулла турар. Бу базаны олохтоох дьаһалта, оскуола, Мэҥэ Хаҥалас үлэтэ суох буолуу киинэ өйөөн, “Уолан” диэн лааҕырга 14 саастарыттан уолаттарга үлэ киниискэтин астаран, хамнас төлөөн үлэлэтэр.