Полина Григорьевна Брызгалова — Мэҥэ Хаҥалас улууһун Р.А.Бурнашов аатынан Табаҕа орто оскуолатын «Кыымчаан» поһун салайааччыта. СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ уопсай үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ, Брызгаловтар педагогическай династияларын утумнааччыта, «Методист Якутии» бэлиэлээх. Агния Спиридоновна Жиркова тэрийбит поһун үлэтин салҕаан, 2012 сылтан эдэр кэрэспэдьиэннэри кытта үлэлиир.
«Кэскиллиин» бииргэ
«Бүгүн почта кэлэр дуо?», «Хаһыат кэллэ дуо?» — бу ыйытыылары хас бээтинсэ эбэтэр бэнидиэнньик аайы мин «Уол Табаҕа» диэн бассаап группатыгар суруйабын. Урут нэдиэлэҕэ иккитэ хайаан да аҕалар почталара билигин нэһиилэ биирдэ кэллэҕинэ, биһиэхэ — улахан үөрүү. Бэчээти тарҕатыы бытаарбытын араастаан быһаараллар билигин: массыына алдьаммыт, куораттан кэлбэккэ хаалбыт, сурутар дьон аҕыйаабыттар…Күүтүүлээх хаһыаттарбытын почтаттан баран аҕалаат, арыт былдьаһыы буолар, ким ханныгы урут ааҕар диэн. Мин, биллэн турар, маҥнай илиим «Кэскилгэ» барар. Тоҕо буолуой?
Бастатан туран, мин бу хаһыаты кытта доҕордоспутум быйыл 58 сылын туолла. Бэҕэһээ курдук өйдүүбүн, 3-с кылааска пионер кэккэтигэр киирэн, кыһыл хаалтыс бааммыппын. Ол сыл миэхэ ийэм, бэйэтэ алын кылаас учуутала, «Бэлэм буол» хаһыаты суруйтарбыта. Ол урукку хаһыаппыт төһө да кубаххай хара суруктаах, аҕыйах, соччо чуолкайа суох хаартыскалардаах да буолбутун иһин, биһиэхэ, оҕолорго, олус да күндү этэ. Биир да ыстатыйаны көтүппэккэ барытын ааҕар этибит.
Иккиһинэн, Майаҕа да, манна да, кылаас салайааччытынан үлэлиирбэр тапталлаах хаһыатым биир бастыҥ көмөлөһөөччүм буолбута. Кылаас чаастарыгар, пионерскай сбордарга, стендэ, монтаж оҥоһуутугар барытыгар туттарга бэлэм матырыйаал манна баар этэ. Биир кылааспын хаһыат биллэрбит «Советская Лениниана» биктэриинэтигэр кытыннаран, редакция грамотатын ылбыппыт, оҕолорум үөрүү бөҕөтө буолбуттара, элбэх араас чахчылары билэн олус астыммыттара. Үчүгэйэ диэн кылаас оҕото барыта кыттыбыта, ким ыйытыыларга эппиэт көрдөөн, ким уруһуйдаан.
Оттон билигин, 18-с сылын эдэр кэрэспэдьиэннэр пуостарын салайааччы быһыытынан, оҕолорум ыстатыйалара, интервьюлара, кроссвордара, биктэриинэлэрэ бэчээттэнэрин интэриэһиргээн кэтэһэбин. Оскуолабытыгар бу оҕо хаһыатыгар оҕолору суруйтарары маҥнай пионер-баһаатай Агния Спиридоновна Жиркова саҕалаабыта, «Табаҕа кэскилэ» поһу үлэлэппитэ. Ол саҕана да оскуолаттан хас да оҕо хаһыат куонкурустарыгар кыттан, «Орленок», «Океан» лааҕырдарга сылдьыбыттара. Мин бастакы кэрэспэндиэннэрим Феня Петрова билигин учууталлар үөрэхтэрин үрдэтэр үнүстүтүүтүгэр саха салаатын испэсэлииһинэн, Наташа Борисова Дьокуускай куорат 14 №-дээх оскуолатыгар нуучча тылын уонна литературатын учууталынан үлэлииллэр.
Биһиги «Кыымчаан» пуоспут 2012 сыллаахха регистрацияламмыта, манна суруйар 5 – 11 кылаас оҕолоро «Журналистика» диэн анал кууруска дьарыктаналлар, 10-11 кылаастары бүтэриилэригэр сибидиэтэлистибэ ылаллар. Сылын аайы кууруска 11-14 оҕо сылдьар, үксүлэрэ 2-с, 3-с кылаастан сөбүлээн дьарыктаналлар. Эдэр кэрэспэндиэннэрбит «Кэскил», «Юность Севера», улуустааҕы «Эркээйи», «Эркээйи-экспресс» хаһыаттарга суруйаллар, оскуола, нэһилиэк сонуннарын кэпсииллэр. Оҕолор бэчээттэммит ыстатыйаларын барытын анал паапкаларга мунньан, билигин барыта 338 паапка буолла. Кууруспут үлэтин туһунан «Формирование журналистских компетенций у школьников» диэн тиэмэҕэ 10-с кылаас үөрэнээччитэ Алена Белолюбская дакылаат суруйан, Московскай уобалас Ивантеевка куоратыгар ыытыллыбыт аан дойдутааҕы «Үөрэхтээһин», «Наука», «Профессия» диэн научнай кэмпириэнсийэҕэ кыттыбыта. Онно «Кэскил», «Юность Севера» хаһыаттарбытын жюрига бэлэхтээбиппитин олус интэриэһиргээбиттэрэ, үлэбит туһунан кинилэр да, кыттар да оҕолор элбэҕи ыйыталаспыттара. Манна Алена 2 –с истиэпэннээх диплому ылары ситиспитэ.
Кини чинчийиитин түмүгүнэн биһиги эдэр кэрэспэндиэннэрбит оскуолаҕа, нэһилиэккэ ыытыллыбыт араас тэрээһиннэри сырдаталлар эбит, ону таһынан спорт, айылҕа, бэйэлэрин дьоннорун туһунан, сөбүлүүр дьарыктарын, онно-манна сылдьан тугу кэрэхсээбиттэрин, булт, идэлэр тустарынан элбэхтик суруйалларын билбиппит. Сэрии уонна тыыл бэтэрээннэриттэн интервьюлары, музыкальнай оскуолаҕа дьарыктанар оҕолор Грецияга, Кытайга, Сочига, Санкт-Петербурга, Москваҕа уо.д.а. куораттарга куонкурустарга, лидер оҕолор Белоруссияга герой Ф.К.Попов сэриилэспит сирдэригэр, «Океан» лааҕырга, эдэр чинчийээччилэр Самараҕа кэмпириэнсийэҕэ кыттыыларын сырдатар араас ыстатыйалары, наада буоллаҕына, учууталлар, үөрэнээччилэр уларсан тутталлар. Онон туһалаах дьыаланы оҥоро сылдьабыт диэн биһиги киэн туттабыт, үөрэбит. Үөрэбит уонна астынабыт өссө бэйэбит ситиһиилэрбититтэн:
— «Абитуриент-2003, 2009» журналистика салаатыгар киирэр оҕолорго куонкурустарга 2с истиэпэннээх дипломнар (А.Абрамова, С.Романова)
— «Вода России-2008» респ.куонкуруска 1 миэстэ. Уу тиэмэтигэр ыстатыйаларын иһин.(С.Романова).
— Өйтөн суруйууга журналистика өрөсп. куонкуруһа. Иван Арбита туһ. эссе. (А.Аманатова).2015 с.
— «Кэскил», «Юность Севера» хаһыаттарга сурутуу лотереята. (Г.Мотя –сотовай телефон, Толя Б.- фотоаппарат, Костя Б.-принтер сүүйбүттэрэ).
— хаһыаттарга сурутууга өрөсп. куонкуруска «Кыымчаан» пост 4 миэстэ. 2013 с. 56 оҕо суруппут. (бириис – фотоаппарат).
— Д.Слепцова. 9 кыл.- 1 миэстэ «Көмүс бөрүө» өрөсп. куонкуруска. 2013с.
— Белолюбская А.,Кухаренко В. «Бастыҥ эдкор» ааты ылбыттара. «Үбүлүөйтэн үбүлүөйгэ» кинигэҕэ киирбиттэрэ. 2016с. Ил Дарханы кытта көрсүһүүгэ кыттыыны ылбыттара.
— «Кыымчаан» пост өрөспүүбүлүкэҕэ «Бастыҥ пост» ааты ылбыта. 2016с.
— Бастыҥ эдкор А.Белолюбская «Океан» лааҕырга путевканан наҕараадаламмыта. «Бэргэн» 2017 сыллааҕы сорудагын түмүгүнэн.
— Т.Брызгалов 2017 г. – «Бэргэн» оҕо прессатын өрөсп. куонкуруһа. «Океан» лааҕырга путевканан наҕараадаламмыта. 2017с. өрөсп. «Мин уонна харчы» куонкурус – 3 миэстэ. 2018с.
— Эдкор Вероника Бурнашева ХИФУ филологическай факультетын журналистика салаатыгар үөрэххэ киирбитэ. 2018г.
— Алена Белолюбская (10 кыл.) – «Бастыҥ тиэкис» номинация, I норуоттар икки ардыларынааҕы интеллектуальнай оонньуулар. 2018с. Дьокуускай. Бастыҥ эдкор буолан, Өлүөнэ очуостарыгар барар путевканан наҕараадаламмыта.
– Юлия Санникова (10 кыл.) – «Юный журналист» өрөсп. куонкуруска «Мастерство изложения» номинация кыайыылааҕа. «Кэскил» оҕо лааҕырын «Арт-сити» диэн айар сменатыгар путевканан наҕараадаламмыта. 2018с.
— Рома Брызгалов (3 кыл.) — «В моем объективе – «Юность Севера» куонкуруска 1 миэстэ.
— Галя Бурнашева (5 кыл.) – өрөсп. оҥоһуктар куонкурустара – 2 миэстэ.
— Толя Брызгалов (8 кыл.) – респ. «Бары бииргэ» куонкурус. – 1 миэстэ. 2019с.
— Рома Брызгалов (4 кыл.) – «Кэскил» оҕо кыһата, Үп Министиэристибэтэ «Мин уонна харчы» куонкурустара — 1 миэстэ. (1-4 кыл.)
Уопсай түмүктэр:
— 2013 сылтан «Журналистика» кууруһун бүтэрдэ диэн ХИФУ «Журналистика» салаатын уонна Табаҕа орто оскуолатын сибидиэтэлистибэлэрин 8 выпускник ылла.
— Сыл түмүгүнэн Саҥа дьыл бырааһынньыгар «Оскуола бастыҥ эдкора» диэн номинация туттарыллыыта үтүө үгэскэ кубулуйда.
— 2017с. «Лучший руководитель школьного СМИ» номинация. Пуостар салайааччыларын өрөсп. куонкурустарын түмүгүнэн.- «Кэскил», «Юность Севера» хаһыаттарга кыра кылаастарыттан суруйбут кэрэспэдьиэннэрим Ирина Бурнашева, Саргылана Романова журналистика салаатын бүтэрэн баран, «Кыым» уонна «Эркээйи-экспресс» хаһыаттарга үлэлээбиттэрэ. Билигин Ирина бибилэтиэкэҕэ, Саргылана «Синет» компанияҕа информационнай технология испэсэлииһинэн Дьокуускай куоракка үлэлииллэр.
— 2019с. оскуоланы бүтэрбит актыыбынай кэрэспэдьиэннэрим Алена Белолюбская билигин финансовай колледж студентката, Юлия Санникова Москваҕа Щепкин аатынан театральнай училищеҕа үөрэнэр.
Оскуоланы араас сылларга бүтэрбит, «Кыымчаан» пуоска дьарыктаммыт оҕолорбун кытта сибээстэһэ турабын, кинилэр кэлэн араас интэриэһинэй көрсүһүүлэри ыыталлар, үөрэхтэрин, дьарыктарын туһунан кэпсииллэр. Биир сонун тэрээһининэн ХИФУ журналистика салаатын устудьуоннара оскуолабытыгар тахсыылара буолар. Бу эмиэ үтүө үгэстэрбититтэн биирдэстэрэ.
Түмүккэ биһиги, пуостар салайааччылара, оҕо хаһыаттарын редакцияларын бары улэһиттэрэ, сүрдээх улахан суолталаах дьыаланан дьарыктанабыт диэн этиэхпин баҕарабын. Тоҕо диэтэххэ, оҕо кыра да ыстатыйаны суруйдаҕына, бэйэтэ астынарын таһынан, толкуйдуу, үчүгэйи-куһаҕаны араара үөрэнэр, тыла сайдар, үрдүкү кылаастарга таҕыстаҕына, компьютернай технологиялары баһылаан, медиакультурата сайдар, олох араас уустук боппуруостарын ырыта, ырыҥалыы үөрэнэр, айар дьоҕура, таба суруйуута олоҕурар уонна сайдар.