Дьокуускай куоракка кулун турар 9-15 күннэригэр Бүтүн Россиятааҕы научнай-технологическай бырайыактар эрэгийиэннээҕи куонкурустара ыытылла турар. Манна VII-IX кылаастарга үөрэнэр чинчийэр бырайыактарынан дьарыктанар оскуола оҕолоро кытталлар.
Куонкурус хайысхаларынан өрөспүүбүлүкэбит тыҥаан турар кыһалҕалара буолаллар: “Освоение Арктики и Мирового океана”, “Современная энергетика”, “Нанотехнология”, “Искусственный интеллект”, “Генетика”, “Персонализированная медицина”, “Космические технологии” уо.д.а.
Быйыл куонкурус СӨ үөрэҕин уонна наукатын тэрээһининэн IV төгүлүн ыытыллар.
Михаил Петрович Сивцев, СӨ үөрэҕин уонна наукатын миниистирэ:
- “Большие вызовы” куонкурус эрэгийиэннээҕи трегэ быйыл аан бастакытын онлайн ыытыллар. Бу тэрээһин эдэр чинчийээччилэр наука, технология, инновация эйгэтигэр сайдалларыгар биир сүдү олук буолар. Өрөспүүбүлүкэбит киин куоратыттан уонна 26 улууһуттан 83 сүүмэрдэммит кыттааччы финалга күөн-көрсөн кыайыыга кынаттанар. Инникитин чуолаан кинилэртэн саамай сайдыылаах лиидэрдэр үүнэн тахсыахтара диэн эрэнэбит. Сылтан сыл ахсын олохпут саҥаттан саҥа ыҥырыылары утары уунар. Ону биһиги ылыныах уонна быһаарыах тустаахпыт. Куонкурус диэн хаһан баҕар сайдыы төрүүр төрүөтэ, уопуту уонна билиини байытыы. Күндү эдэр чинчийээччилэр, хаһан да кэлэр ситиһиилэринэн тохтоон хаалымаҥ. Эһиэхэ саҥа интэриэһинэй, ураты көрүүлээх бырайыактары олохтоон иһэргитигэр баҕарабын!
Майя Андреевна Данилова, СӨ экономикатын миниистирэ:
- Сахабыт сирин социальнай-экономическай страгетията биһиги талааннаах оҕолорбутугар туһуланар. 2032 сылга Сахабыт сирин эдэр кэскилин үөрэҕин сайдыыта Норуоттар икки ардыларынааҕы таһымҥа биир бастыҥ лиидэринэн буолуохтаах. Бу куонкуруска оҥоһуллубут бырайыактар саҥа экономика сайдыытын төрүттүөхтэрэ. Кыттааччыларга ситиһиини баҕарабын!
Василий Климович Павлов, СӨ Наукатын Аччыгый Академиятын ректора:
- “Трек” диэн ангылычаан тылыттан тылбааһа “суол” диэн буолар. Бу тыл былыргы индоевропейскай төрүттээх, “айан” диэн суолталаах. Күндү эдэр чинчийээччилэр, эһиэхэ наука эйгэтигэр саҥа суол арыллар. Бастакытынан, наукаҕа саҕалааһын хаһан баҕарар хайдах түмүктээх буолара биллибэт. Ол наука биир солбуллубат күүһүнэн буолар. Түмүгэ биллэр буоллаҕына, наука диэн ааттаммат. Иккиһинэн, науканан дьарыктанар киһи ис-иһиттэн баҕалаах уонна үлэтигэр анаан бириэмэлээх буолуохтаах. Бүгүн эһиги “айаҥҥытыгар” өрөспүүбүлүкэбит бастыҥ хампаанньалара, тэрилтэлэрэ, учуонайдар, экспердэр, преподавателлэр аргыс, көмө буолаллар. Быйылгы онлайн куонкурус биир уустук ыҥырыы буолар. Онно эһиги сатабыллаахтык кыайа-хото кыттыаххыт диэн эрэнэбин.
Куонкурус ааспыт сыллардааҕы эрэгийиэннээҕи трегин кыайыылаахтара, призердара Сочи куоракка “Сириус” үөрэхтээһин киинигэр “Большие вызовы” симиэнэҕэ төрөөбүт дойдуларын чиэһин дьоһуннаахтык көмүскээбиттэрэ.
Эдэр чинчийээччилэргэ саҥа арыйыылары, инникилээх идиэйэлэри, ситиһиилээх быһаарыныылары баҕарабыт!