«Кэскил» хаһыат 85 сылын көрсө, Ньурба оройуонун Күндээдэ орто оскуолатын «Ньургуһун» поһун салайааччыта Таисия Ивановна Иванова ахтыытын бэчээттиибит.
Урукку сылларга оскуола иһинэн «Куорсун» диэн эркин хаһыата тахса сылдьыбыт эбит. Бэйэтэ историк үөрэхтээх, ол гынан баҕа өттүнэн саха тылын, литературатын үөрэппит Мария Никитична Гаврильева салайан үлэлэппит. Оскуола оҕолорун күүһүнэн оччотооҕу «Бэлэм буол» хаһыаттан саҕалаан, заметкаларын син ыыталлар эбит, кыра ситиһиилэр бааллар этэ диэн кэпсиирэ. Кэлиҥҥи кэмҥэ Мария Никитична, эдэр киһи эн үлэлэтээр диэн баҕа санаатын эппиттээх. Опыттаах учуутал кэриэһин толорон, “Ньургуһун” пост диэн ааттанан, үлэбитин саҕалаабыппыт. Оскуола иһинэн “Сахам мандаар саҥата” куруһуоктан саҕалаан, оскуола хаһыата “Куорсунтан” кынат анньынан Данилова Шура, Иванова Кристина кыра саастарыттан “Кэскил” хаһыакка ыстатыйалары суруйан ыытар буолбуттара. Иванова Кристина, Иванова Ира, Иванова Сайаана «Сосновый бор” сынньаммыттара.
Иванова Кристина, Степанова Марианна, Степанова Диана, Нахов Проня, Варламова Аня, Иванова Сайаана, Варламова Вера, Иппатьева Алена, Корнилова Виолетта, Осипова Наташа оскуола хаһыатын солбуллубат кэрэспэдьиэннэрэ буолбуттара.
2014 сылтан «Ньургуһун» пост үлэтин саҕалаабыта. Бүлүү бөлөх кэрэспэдьиэннэрин сүлүөтэ Сунтаар оройуонун Элгээйи нэһилиэгэр ыытыллыбыт сүлүөккэ аан бастаан кыттыыны ылбыппыт. Манна икки күннээх күрэхтэһии түмүгүнэн, «Эдкорпост бастыҥ салайааччыта-2014» күрэскэ 3 миэстэ буолан грамотанан, махтал суругунан, бочуотунай грамотанан, дипломунан наҕараадаламмытым.
2015 сыл кулун тутар 17-18 күннэригэр Үөһээ Бүлүү оройуонун Ороһу нэһилиэгэр «Аҕа дойду Улуу сэриитин 70 сылыгар уонна литэрэтиирэ сылыгар” аналлаах Бүлүү бөлөх оройуонун эдэр кэрэспэдьиэннэрин сүлүөтүгэр икки 6 кылаас кылаас кыргыттарын илдьэн, ситиһиилээхтик кыттыбыппыт. Нам нэһилиэгэр саха народнай поэта П.Н.Тобуруокап аатынан музейга бэйэ айбыт хоһоонугар Иванова Сайаана 1 миэстэни ылбыта, дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ Харлампьев Василий Пудович-Хара Лааҥкы хоһооннорун сүрдээҕин хайҕаабыта. Тамалакааҥҥа ыытыллыбыт бэйэ айбыт тэттик кэпсээннэригэр эмиэ Сайаана 1 миэстэни ылан, ороһулар кубоктарын илдьэ кэлбитэ. Онтон Кондратьева Лия К.С.Чиряев аатынан норуот педагогикатын Ороһутааҕы киинигэр ыытыллыбыт НПК күрэҕэр 3 миэстэни ылбыта. “Роль СМИ в воспитании подрастающего поколения” диэн төгүрүк остуолга кыттан сертификат, Литература сылынан уонна Аҕа дойду Улуу сэриитэ 70 сылынан сертификат ылбытым.
2017 сыл олунньу 28 күнүгэр, саха норуотуттан ССРС норуодунай учууталын үрдүк аатын соҕотоҕун ылбыт М.А.Алексеев төрөөбүтэ 100 сылыгар анаммыт Бүлүү бөлөх улуустарын эдэр кэрэспэдьиэннэрин сүлүөтэ, Бүлүү оройуонун Илбэҥэ нэһилиэгэр ыытыллыбыта. 2015 сыллаахха Ороһуга ыытыллыбыт сүлүөт кыайыылааҕынан “Көмүс бөрүө” пост буолан, Баппаҕаайыга буолбута.Бу сүлүөккэ суол көстүбэккэ, кэтэхтэн кыттыыны ылбыппыт. Ол курдук салаайааччы быһыытынан уопуту тарҕатыыга сертификаты уонна махтал суругу туппуппут. М.А.Алексеев туһунан Баһылай Харысхал “Учуутал» диэн фотоальбом (хаартысканан дьүһүйүү) кинигэтинэн биһирэм ылбыппыт.
2019 сыл кулун тутар 13-14 күннэригэр Ньурбаҕа Ньурбатааҕы оҕо техническэй киинигэр «Внимание! Работает пресс-центр Вилюйского региона» Бүлүү регионун эдэр кэрэспэдьиэннэрин сүлүөтэ буолбута. «Калейдоскоп» салайааччыта Федорова Элена Евгеньевна тэрийэн ыыппыта. Биһиги ыалдьыттарбытынан «Кэскил» хаһыаттан Анисия Иевлева («Хаһыат матырыйаалын суруйуу, тылы сөпкө туттуу, сүрүн сыыһалар»), Таисия Алексеева ( «Обмен опытом» салайааччыларга), Пак В.Н. («Мастер-класс по фототворчеству») интэриэһинэй тэрээһиннэри ыыппыттара. Эдэр кэрэспэдьиэннэргэ аналлаах «Чемпионат по мультимедийной журналистике», «Чемпионат по видеопроизводству», «Кэскил» рубрикаларынан квест-оонньуу, «Дьулуур уонна кини хамаандата» киинэни көрүү, «Ньурба эрэлиттэн» В.Н.Михайлов, “Кэскилтэн» В.Н.Пак «Фотокроссинг» күрэҕин ыыппыттара.
Сүлүөт түмүгүнэн ситиһиибит: Махтал сурук, «Айымньылаах пост» диэн номинация кыайыылааҕа, «Кэскил», «Юность Севера» хаһыаттар грамоталара, «Ньургуһун» пост тэриллибитэ 5 сыла туолбутунан «Кэскил» хаһыат эрэллээх доҕоро» диэн анал аат туоһу суруга, «Обмен опытом работы руководителей юнкоровских постов газеты «Кэскил» на республиканском слете юных корреспондентов” семинар сертификата.
Күндээдэттэн төрүттээх кыргыттар, Данилова Шура уонна Иванова Кристина тустарынан сырдатыам.
Шура Данилова кыра эрдэҕиттэн хоһоон айарын, кинигэ ааҕарын, хоһоону өйтөн ааҕарын сөбүлүүрэ. Ньурбатааҕы техлицейгэ 11 кылааска үөрэнэ сырыттаҕына, бастакы хоһооннорун “Олох дьолун туһугар” хомуурунньуга тахсыбыта. Сорох хоһоонноро республика, улуус хаһыаттарыгар, сурунаалларыгар бэчээттэммиттэрэ. Онтон ХИФУга суруналыыстыка салаатыгар үөрэнэ сылдьан, онно-манна актыыбынайдык кыттарын кэпсиир: “НВК Саха “Сэргэлээх» студиятыгар кэрэспэдьиэннээбитим. «Кыайыы сыдьаайа” диэн авторскай рубриканы салайан ыыппытым. 2014-2015 сыл телесезонугар “Кыайыы 70 сылыгар аналлаах “Бастын телепередача” аатын ылбытым”,- диэн үөрэ-көтө кэпсиир.Үөрэҕин бүтэрэн баран, манна дойдутугар Ньурбаҕа кэлэн, “Огни Нюрбы” хаһыат эппиэттиир сэкиритээринэн үлэлиир.
Кристина Иванова эмиэ кыра сааһыттан хоһоон айааччы. ХИФУ саха салаатыгар литературнай критик идэтин баһылаары, магистратураҕа ситиһиилээхтик үөрэнэр. Институкка үөрэнэр кэмнэригэр өрөспүүбүлүкэтээҕи “Чуораанчык”, “Колокольчик” оҕо сурунаалыгар шеф-редакторынан үлэлээбитэ.
Онон түмүкпэр этиэхпин баҕарабын, оҕо кыра сааһыттан айар талааннаах эбэтэр суруйар дьоҕурдаах буоллаҕына, оскуола, оройуон, өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар, сурунаалларыгар бэйэтин сэмэй кылаатын хайаан да киллэрсэр кыахтанан, үүнэн, үрдээн тахсара саарбаҕа суох.