Ийэҕэ анаан элбэх хоһоон сурулуннаҕа, ырыа ылланнаҕа. Кэбээйи оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ, «Нуклеус» эдкорпост чилиэнэ Диана Кобякова эбээн поэта Платон Ламутскай суруйбут хоһоонун Дмитрий Дыдаев уонна Леонид Попов сахалыы тылбаастаабыттарын тэҥнээн көрбүт. Сылаас сааспыт кэлбитинэн уонна сааскы кэрэ бэлиэ күнүнэн бу хоһооннору ааҕыаҕыҥ.
Ийэ бэлэҕэ – олох уйгута
Платон Афанасьевич Степанов-Ламутскай «Ийэм бэлэҕэ» диэн хоһоонун олус себүлээн аахтыбыт. Бу хоһоону эбээн тылыттан икки саха поэта тылбаастаабыттар эбит – Дмитрий Дыдаев уонна Леонид Попов. Иккиэн “Хотугу сулус” сурунаалга бэчээттэммиттэр. Тыла-өһө кыра атыннаах эрээри, сүрүн ис хоһооно — биир. Ийэ уолугар биэрбит күндү бэлэҕин, ол оҕоҕо суолтатын туһунан.
Ийэм ото | Ийэ бэлэҕэ |
Дмитрий Дыдаев тылбааһа | Леонид Попов тылбааһа |
Хомурахтан үргээн биирдэ
Ийэм миэхэ от биэртэ: — Cылаа-элээ киирдэҕинэ, Дьаҥ-дьаһах эмнэҕинэ, Бу оту сыллыыр буолаар, Кыһалҕаҕын киэр кыйдаар.
-Кырдьан мөлтөөн бардаххына, Ыалдьан сытар буоллаххына, Төрүт буоруҥ отун сыллыаҥ- Өлбөт мэҥэ уута гыныаҥ.
-Күлэр:оонньуур бэйэҕин Көлбөх санаа күөйдэҕинэ, Бу оту сыллаат чэпчиэҥ, Сүрэххэр үөрүү биллиэ.
-Бу от үүнэр куустуһан, Тымныы хоппот от иһин, Эһиги эмиэ ханыылаһан, Иллээхтик үүнэн иһиҥ!
Күндү ийэм эмтээх ото Күн уоттаах туундараҕа Силис тардан, чопчута Сэгэлдьийэр сиккиэр тыалга.
Ойор күн уохтаах уота Ыһар өлгөм кыымнары, Кыйдыы турар ол от сыта Саппахтаах санаалары.
|
Тутум оту ийэм биэрдэ
Тугун күөҕэй, тоҕо бэрдэй?!
Ийэм үөрбүт, чаҕылыйбыт Хары хаһан маны ылбыт –
Кыра ньаассын сибиктэни Кыһын кыстыыр күөх сирэми.
— Оҕоом, дьоллоох буолар туһугар Оккун уктан кэбис хоонньугар…
— Ыарыы-сүтүү ыктаҕына,- Ытыс оккун сыллаан ылаар…
— Ийэ буоргун ахтар күҥҥэр- Эмиэ оккун сыллаан ылаар…
— Санааргыыргар хараастаргар Эмиэ оккун салбаан ылаар…
— Оҕом, ончу умнаайаҕын Отуҥ, отуҥ оокколорун!..
Ити курдук этэ-туойа Ийэм биэртэ сибиктэни.
Сибиктэлэр Хоту сирбэр Силигилии үүнээхтииллэр.
Халыҥ хаарым да анныгар Хамсыы-тыына сытааччылар.
Сибигинэһэр, сипсиһэр Сибиктэлэр мичээрдииллэр-
Хахсаат тыалы да курдат Халыҥ хаары да курдат.
Ити — ийэм бэлэхтэрэ Ийэ дойдум симэхтэрэ.
Ити — олох уйгулара Эйэ, үөрүү соргулара! |
Сүрүн ис хоһооно биир – ийэ оҕотугар хаар анныттан от биэрэр уонна алгыыр. | |
26 строка | 30 строка |
Үүнээйи ааттамматах – от диэн | Үүнээйи аата хоһооҥҥо сибиктэ диэн бэчээттэммит. |
Биһиги маҥнай Леонид Попов тылбааһыгар бу хоһоону ааҕан олус сөбүлээбиппит. Хоһооҥҥо уол оҕо кыра эрдэҕинэ ийэтэ хаар анныттан сиибиктэ оту ылан бэлэхтиир. Сиибиктэ – боростуой эрээри, ураты дьикти суолталаах үүнээйи. Атын аата — боруу от. Нууччалыыта — хвощ пестрый. Төгүрүк умнастаах, боруу курдук сүһүөхтээх куруутун күөх от үүнээйи.
Платон Ламутскай хоһоонунан сылыктаатахха, ийэтэ алҕаан, үтүөнү баҕаран, араас тугэҥҥэ сыллаан ылаар диэн бэлэхтээбит сиибиктэ от сахаларга улахан суолталаах эбит. Ол курдук, олоҥхоҕо сиибиктэ от кун сирин киэргэлэ:
Уолбат уулаах,
Охтубат мастаах,
Кыһыл көмүс кылдьыылаах,
Сиибиктэ от симэхтээх...» — диэн.
Сиибиктэ дьоҥҥо, суеьугэ-сылгыга, олус туьалаах эмтээх уунээйи быьыытынан биллэр. Бу туьунан Саха сирин биллиилээх эмчитэ Владимир Алексеевич Кондаков «Аар айылга эмтиир күүһэ» диэн кинигэтигэр суруйбут. Боруу от киьи Салгын Кутугар үчүгэйдик дьайар, хараҥаны тэйитэр, ыраастыыр суолтатын туһунан эмиэ ити кинигэҕэ суруллубут. Сиибиктэ өссө биир уратыта — кыһын күөхтүү кыстыыра. Дьэ, ол иһин бу хоһооҥҥо көстөрүнэн ийэ ото — дьоллоох олох тускула, төрөөбүт дойду бэлиэтэ, тулуурдаах, дьулуурдаах буолуу холобура: «Сиибиктэлэр мичээрдииллэр — Хахсаат тыалы да курдат, Халыҥ хаары да курдат»…
Онтон Дмитрий Дыдаев тылбаастаабытынан, ийэ биэрбит ото – өлбөт мэҥэ уута, сүрэх үөрүүтэ, иллээх олох бэлиэтэ, саппахтаах санааны кыйдыыр ойор күммүт кыыма.
Сиибиктэ, үүнээйи, төрөөбүт дойдубут ото-маһа – төрөппүт ийэни уонна Ийэ дойдуну ситимниир өйдөбүллэр.