СӨ үтүөлээх артыыската Домна Уйгурова П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырын быйылгы 115-с сезонугар 70 сааһын туолла. Кини Андрей Борисов “Хаарыан хампа күөх кытылым” испэктээкилигэр Музлук кыыс оруолун 25 сыл устата оонньообута, ити айымньы ааптарын, биллиилээх суруйааччы Чингиз Айтматовы илэ бэйэтин көрбүтэ, илии тутуспута…
Биһиги кинилиин көрсүһүүбүт бэлиэ буолла: олунньу 13 чыыһылатыгар—ийэ тыл күнүгэр. Аан дойду араас муннугар саха омук култууратын көрдөрбүт артыыска дьиҥ олоххо эмиэ уу сахалыы ыраас, ылбаҕай саҥатын-иҥэтин истэр дьолго тигистим. Бэйэ бэйэтигэр майгыннаспат араас тииптээх уобарастары Саха тыйаатырыгар айымньылаахтык, чаҕылхайдык айа-тута сылдьар артыыска хаартыскаларын көрдөрөр. Кини мэлдьи атын, хатыламмат. Уобарас, испэктээкил аайы уларыйан иһэр.
—Сиэним миигиттэн ыйытар: “Эбээ, эн биэбэйиккэ (оҕо саадыгар) сылдьыбытыҥ дуу?”- диэн. Онуоха “суох” диибин. Билиҥҥи оҕолор кэмнэрэ уонна мин оҕо сааһым кэмнэрэ сирдээх халлаан курдук ыраах буоллаҕа, —диир Домна Васильевна.
Кини төрөөбүт сирэ—Үөһээ Бүлүү түгэҕэр баар кыракый Көтөрдөөх диэн сир. Көтөрдөөх сириттэн кэрэ эйгэтин дьоно силистэнэр-мутуктанар эбиттэр. Ол курдук, үс үтүөлээх артыыс: Ольга Григорьева, Домна Уйгурова, Дьулустаан Семенов, итиэннэ муосчут Николай Амыдаев төрөөбүттэр.
Көтөрдөөххө
—Мин Көтөрдөөх сиригэр, Чаҕылыыс Тыымпыта диэн улахан эбэҕэ ахсынньы ыйга, аан туман быыһыгар хагдаҥ окко күн сирин көрбүппүн. Күн күбэй ийэм Мария Софроновна Иванова, төрөөбүт аҕам Василий Никонович Алексеев, ииппит аҕам Петр Данилович Поскачин—бары Көтөрдөөхтөр. 1942-1943 сэрии сут сылларыгар Көтөрдөөххө аччыктаабыттар бараахтарыгар 40-тан тахса киһи хоргуйан, күн сириттэн күрэммиттэр. Кыһын тымныыта бэрт буолан, көмөр кыаҕа суох барыларын: оҕолуун, кырдьаҕастыын мас күрдьүккэ саһааннаабыттар. Сэрии ыарахан сылларын туораан, сап саҕаттан салҕанан, аҕата кэлэн тыыннаах ордубут ийэм барахсан Мария Софроновна алта оҕону төрөтөн, иитэн, улаатыннаран, үөрэхтээн, киһи оҥортоон, удьуорун уһаппыта, кэнчээритин кэҥэппитэ. Аччыктааһын эрэйин этинэн-хаанынан билбит буолан, ийэм олус аһыныгас, ыалдьытымсах этэ. Киирбит киһини аһаппакка таһаарбат идэлээҕэ. Онон Сургуулук, Боотулуу дьоно ийэбин үтүөнэн өйдүүр буолуохтаахтар.
Боотулууга
—Боотулууга оскуолаҕа “нулевой” кылааска үөрэнэ кэлбитим. Көтөрдөөххө холоотоххо, дьиэлэрэ улахаттара, элбэҕэ киһи мунар дойдута. Остоолбоҕо турар тэриэлкэ араадьыйа саҥата улахана сөҕүмэр этэ. Аан бастаан дьарапылааны (вертолету) көрбүппүн олох умнубаппын. Дэриэбинэ ортотугар, маҕаһыын иннигэр спортивнай площадка баара. Дьарапылаан онно кэлэн түспүтэ, чугастааҕы дьон, оҕо-уруу бары сүүрэн кэлэн көрүү-истии, сэргэхсийии бөҕө. Мин эмиэ онно кэлэн, дьон ортотугар сөҕө-махтайа сырыттым. Биирдэ өйдөөбүтүм, дьон бары куоппут, дьарапылаан таһыгар соҕотоҕун хаалбыппын. Арай иэдээннээх тыал түстэ, дьарапылаан үрдүгэр туох эрэ эргийэн барда. Мин санаабар, төбөбүн быһа тардыах, тыал көтүтүөх курдук буолла, өлүмээри, ыксаан, турар сирбэр буорга умса түстүм, тыал олох көтүтүөх курдук, кыракыйым да бэрт буолаахтыа, көтүмээри, ийэ буорбуттан кумаахтаһан тутуһа сатыыбын да, тутуһар суох. «Таах сибиэ манна өлөн эрэбин”, диэн, ытабыл бөҕө. Санаабар, уһуна бэрдэ… Онуоха дьэ, дьарапылааным көтөн бара турда. Мин хараҕым, айаҕым хара буорунан туолан, көтөр көлөттөн нэһиилэ тыыннаах ордон, соҕотоҕун ытыы-ытыы, туран хаалбытым…
Бастакы учууталым Никита Данилович Григорьев диэн этэ. Көстүүмнээх киһини саҥа көрүүм, эчи, мааныта, улахана. Куттанар, толлор этим. Интэринээккэ олорбутум, дьоммун, ордук эһэбин олус ахтарым. Боотулуу оҕолоро маанылара, кыргыттар араас өҥнөөх атлас лиэнтэлэрэ килэбэчийэн, үчүгэйэ бэрдэ. Учууталлар оҕолоро үөрэхтэрин билэллэрэ, бэрээдэктээхтэрэ. Мин буукубаны билбэккэ, интернакка шефтэһэр кыргыттартан элбэхтик дьарылларым ол иһин буолуо. “Тоҕо мин учуутал оҕото буолан төрөөбөтөҕүм буолуой”, диэн, муҥатыйарым. “О” кылаастан көтөн, 2-с кылааска учууталым Елизавета Даниловна Анисимова буолбута. Биирдэ пионерга ылыы буолла. Оҕолорго дьонноро тикпиттэр, сорохторго атыыласпыттар: бары хаалтыстаахтар. Арай миэхэ эрэ суох. Ытыахча турдахпына, учууталым: «Домна, бу мин Милкам хаалтыһа, маны эйиэхэ биэрэбин», диэн, ньылыбырас кыһыл хаалтыһы моонньубар баайда. Онно үөрдэхпиэн. Учууталым барахсан үтүөтэ сүрэхпэр сүппэттик иҥмитэ.
Үөһээ Бүлүүттэн—Москваҕа
—Эһэм Саппырыан дьаһалынан, Үөһээ-Бүлүүгэ эдьиийбэр Иванова Варвара Софроновнаҕа үсүһү бүтэрэн, IV үөрэнэ барар буолтум. Биир сыл үөрэммэккэ балыыһаҕа сыппыттааҕым. Онуоха саҥа кэлбит, үөрэҕэр көтүтүүлээх оҕоҕо, учууталым Мария Михайловна Горохова сылаас, амарах сыһыанын көрдөрбүтэ, наһаа өйөөбүтэ. Эбии ыҥыран дьарыктыыра. Орто сүһүөх кылаастарга Уйбаан Ороһуунускай салайар литературнай куруһуогар сылдьарбын, хоһоон ааҕарбын сөбүлүүрүм. Биир эппиэттээх тэрээһин саҕана куруһуокпут салайааччыта ыалдьан хаалла. Онно кини бэйэтин хоһоонун ааҕыахтаах эбит. Арай туран, сурук суруйан илдьиттээбит эбит: “Домна Иванова мин хоһооммун аахтын”, диэн. Онуоха дьиктиргээбиппин уонна испэр киэн туттубуппун өйдүүбүн. Ол түгэнтэн, кини миэхэ эрэниэҕиттэн ыла, хоһоону сөбүлүүр, ааҕар буолбутум. Оскуоланы бүтэрэрим саҕана, саха дуу, омук тылларын үөрэҕэр дуу барыахпын саныырым. Артыыска буолуом эҥин диэн тыа оҕото хантан саныахпыный. Биирдэ биһиэхэ оскуолаҕа Саха тыйаатырын артыыһа Симон Федотовы кытары көрсүһүү буолбута. Ол онно аан маҥнай артыыс диэн киһини көрдөҕүм. Кини онно Москваҕа хайдах үөрэммитин, үлэтин туһунан кэпсээбитэ. “Наһаа кырасыабайдар артыыс буолаллар”, дии саныырым. Тыйаатыр гастрольга кэлэрэ—бырааһынньык тэҥэ буолара. Алампа “Дьадаҥы Дьаакыбын” Лазарь Сергучев толоруутугар көрбүппүн өйдүүбүн: куолаһа үчүгэйэ, бэйэтэ улахана, дууһалаахтык оонньуура астык этэ. Эдьиийбэр олорон, И.Барахов аатынан орто оскуоланы 1969 с. бүтэрбитим. Киниэхэ олорорум тухары Москваҕа үөрэнэр убайбыттан, кэлин философия наукатын доктора буолбут Лазарь Степанович Филипповтан сурук кэлэрэ, киниэхэ сурук, баһыылка ыытарбыт. Онон кырабыттан миэхэ Москва диэн олус күндү, сырдык күүс курдук иһиллэр тыл этэ. Эһэбэр, эдьиийбэр тугунан да төлөммөт иэс, муҥура суох махтал. Ити сыл Боотулууттан икки буолан, Ольга Григорьевалыын Москватааҕы М.С. Щепкин аатынан театральнай училищеҕа үөрэнэ барбыппыт. Онон Москва диэн аат миигин оҕо сааспыттан угуйбут буолуон сөп. Оччолорго биир дэриэбинэттэн икки оҕо артыыс үөрэҕэр барыыта сэдэх этэ. Ольга Саха тыйаатырыгар үлэлээн, өрөспүүбүлүкэҕэ аата-суола Күөрэгэйинэн биллибит артыыска. Кини миэхэ эдьиий курдук истиҥ сыһыаннааҕа. Куруук сүбэлиир, көмөлөһөр буолара. Үөрэҕэр олох үчүгэйдик үөрэммитэ, кыһыл дипломунан бүтэрбитэ. Бу дойдуттан барыар диэри өйдөһөн, өйөһөн, эдьиийдии-балыстыы курдук үтүө сыһыанннаах этибит.
Түүл да араастаах, этитиилээх
Москваҕа үөрэнэр сылларбар, 1972 с., Польша аатырбыт, “Оскар” бириэмийэлээх киинэ режиссера Анджей Вайда «Современник» тыйаатырга Америка суруйааччыта Д. Рейб айымньытынан «Как брат брату» диэн испэктээкили туруорбута. Онно вьетнамка оруолун оонньообутум. Сыанаҕа аан бастакы тахсыым Москваҕа, «Современник» тыйаатырыттан саҕаламмыта. Партнердарым Олег Табаков, Валентин Гафт, Игорь Кваша, Константин Райкин, Лидия Толмачева курдук улахан биллэр артыыстар. Кинилэри кытта бииргэ оонньуур эппиэтинэс устудьуон киһиэхэ умнуллубат үөрэх, практика, дьоллоох түгэн. Бастакы гастролум эмиэ кинилэри кытта, Латвияҕа ааспыта. Премьера кэнниттэн түүн, түһүүбүн: арай, Москваҕа Колизей баар буолбут. Ол үрдүттэн Москваны көрөн туран, олус үөрэбин. Москва улаханыттан, кэрэтиттэн сөҕөбүн. Ыраах Останкино башня көстөр. “Аныгыскыга ол башняҕа тахсан, Москваны көрүөм, өссө үчүгэйдик көстөрө буолуо”, диэн баҕа санаалаах уһуктабын. Үөрэхпэр тиийбитим, педагогпут: «Бүгүн биһиэхэ үөрүүлээх күн. Биһиги устудьуоммут Домна Иванова «Современник» тыйаатырга оонньоон, «Правда» курдук улахан хаһыакка хайҕанан тахсыбыт”, диэн ыстатыйаны аахта. Улахан артыыстартан ордорон, олус хайҕаан суруйбуттарыттан кыбыстан, сирдээн тимирбэтэхпин өйдүүбүн. Бука, атын сирэйдээх-харахтаах буолан, сонуннук көрдөхтөрө. Түүл да араастаах, этитиилээх буоларын онно дьиктиргээбитим уонна “хаһан аны өссө үрдүктэн Москваны көрүөмүй”, дии санаабытым.
Уон сыл кэннэ
—Онтум оруобуна уон сыл буолан баран, Саха тыйаатырыгар 1982 с. Чингиз Айтматов айымньытынан «Хаарыан хампа күөх кытылым» испэктээкили Андрей Борисов туруорбутугар, Музлук диэн оҕо оруолун оонньообутум. Бу испэктээкил туруута Саха театральнай искусствотын үрдүк таһымҥа таһаарыы саҕаланыыта. Онно кыттыһар эмиэ дьылҕам биир бэлэҕинэн буолбута. Бу испэктээкилинэн Москваҕа хаста да оонньоон, Россия, Сэбиэскэй Сойуус араас куораттарынан, онтон кыраныысса таһыгар Мексиканан, Финляндиянан, Германиянан, Американан, Польшанан, Швейцариянан сахалыы оонньоон, араас омук дьонун биһирэбилин, хайҕалын ылан, истэн, аатыран-сураҕыран айаннаабыппыт. Оҕо эрдэхпиттэн Айтматов “Тополек мой в красной косынке”, “Джамиля”, “Первый учитель” айымньыларын утаппыттыы, уйадыйан туран ааҕар этим. Уонна өйбөр да суоҕа, хаһан эрэ кини айымньыларынан оруоллары оонньуом диэн.
Сахалар атын сайдыылаах омуктартан туох да итэҕэһэ суохпутун, өссө кинилэри сөхтөрөр, абылыыр, биһирэтэр кыахтаахпытын өйдөөбүппүт. Төрөөбүт төрүт тылбыт Ойуунускай баҕатын толорон, аан дойдуга дуорааннаахтык дуорайбыта, сахалыы сатараабыта. Омуктар: “Эһиги тылгыт муусука курдук кэрэтик иһиллэр”, диэн элбэхтик этэн тураллар. Кырдьыга да, оннук. 40-тан тахса сыл тыйаатырга үлэлээн, айан киэҥин айаннаан, аҕа көлүөнэ артыыстар А.Д. Иванованы, М.С. Канаеваны, А.И. Кузьминаны, А.К. Адамованы уо.д.а. кытта бииргэ үлэлээбит, алтыспыт дьоллоохпун. Кинилэртэн үлэбэр, тус олохпор элбэххэ үөрэммитим, үтүө сыһыаннарыгар муҥура суох махтанабын.
Кэргэним Давид Николаевич Уйгуров Сургуулук Ыйылаһыттан төрүттээх. Идэтинэн эксперт-геммолог. “Комдрагмет”, “Якутзолото” тэрилтэлэргэ үлэлээбитэ. Билигин пенсионер. Икки уоллаахпыт, сиэннэрдээхпит. Оҕолордоох ийэ киһиэхэ артыыс үлэтэ ыарахаттардаах. Уһун гастроллар, киэһэ хойукка диэри үлэ, ону эр киһи өйүүрэ, тулуйара уустук. Аҕабыт мин айаҥҥа бардахпына, оҕолорун көрөн-истэн, бэйэлэрэ быр-бааччы олорон, кэлэрбэр үөрэ-көтө көрсөллөрүттэн ордук дьол суох буолара.
Дойдубар дьоммун-сэргэбин көрсөн, астынан
—Былырыын дойдубар, оскуола үбүлүөйүгэр баран, дьоммун-сэргэбин көрсөн, астынан, дуоһуйан кэлбитим. Саҥа таас оскуола сыбаайата түһэн, дьүөгэбэр Ольга Васильевна Григорьеваҕа аллея аһыллан, суол-иис оҥоһуллан, сырыы сыыдамсыйан, дьон олоҕо тупсарыгар, сайдарыгар дьоһуннаах олук оҥоһуллубут. Улуус баһылыга Владимир Семенович Поскачин, Боотулуу баһылыга Александр Семенович Поскачин дойдуларын сайдыытыгар сүбэнэн үлэлии-хамсыы, айа-тута сылдьаллара Боотулуу үүнэр-сайдар кэскиллээх, үтүө ыччаттардаах диэн эрэллээхпин. Таҥарабыт дьиэтэ барахсан төһө да сыллар аасталлар, оҕо сааспытын санатан, үрдүк сиртэн, ыраахтан ыҥыра, угуйа турара сүрэҕи, дууһаны долгутар. Маннык былыргы Таҥара дьиэлэрэ Саха сиригэр олус аҕыйах, биэс тарбах иһинэн. Онон харыстаан, көрөн-истэн үйэтитиэххэ.
Ааптар: Жанна Леонтьева