Сунтаар улууһун С.Зверев аатынан Түбэй-Дьаархан орто оскуолатын «Үнүгэс» эдкорпоһа 2005 cыллаахтан үлэлиир «Кэскил» хаһыат биир эрэллээх доҕоро буолар. Үнүгэстэр хаһыат ыытар бары куонкуруһугар, күрэҕэр көхтөөхтүк кыттан, бириистээх миэстэҕэ тиксэллэр. Пост салайааччыта Любовь Сергеевна Титова хаһыаты кытта үлэтин баай уопутун кытта үллэстэр.
«Кэскил» — арахсыспат аргыһым
Кэскил» хаһыат, уруккута «Бэлэм буол», ааҕар буолуохпуттан арахсыспат аргыһым буолар. Араас сөбүлээбит матырыйаалбын кырыйан тэтэрээккэ үлүбээй килиэйдээн иһэрим. Ону учууталым Уйбаан Ороһуунускай тиэмэлэринэн наардаан, күнүн-дьылын суруйан, бэлиэтээн иһэрбэр сүбэлээбитэ. Кэлин паапкаларынан наардаан мунньабын, ахсаана 500 буолла. Оҕолор реферат, дакылаат суруйалларыгар, мин бэйэм уруоктарбар туһанабын. Ол курдук М.Н.Тимофеев-Терешкин төрөөбүтэ 150 сылыгар аналлаах улуустааҕы НПК- ҕа 10 кылаас үөрэнээччитэ Данилова Оля ол матырыйааллары туһанан бастакы миэстэни ылбыта.Тапталлаах хаһыатым ыытар араас куонкурустарыгар, үлэлэригэр үөрэтэр оҕолорбун сыһыара, кытыннара, аахтара, суруйтара сатыыбын.
Хаһыат — киһи арахсыспат аргыһа. Оҕо хаһыаты, сурунаалы ааҕан үгүһү билэр, араас оонньуулары, таайбараҥнары таайар, куонкурустарга кыттар.
Бэргэн уол «Бэлэм буол» бастакы таһаарыытыттан күн бүгүнүгэр диэри Саха сирин эдэр кэрэспэдьиэннэрин түмэн үлэлэтэр, оҕолор айар дьоҕурдарын сайыннарар. «Кэскил» хаһыат билии-көрүү аартыгын дабайарга күннэтэ көмөлөһөр, үтүөҕэ, кэрэҕэ уһуйар.
Литература, тыл уруоктарыгар сорудахтары литератураттан, хаһыаттан, сурунаалтан көрдөтөр, булларар оҕо ааҕарыгар интэриэһи күөдьүтэр.
Уруок саҕаланыытыгар хаһыаттан сонуну кэпсэттэрэр эмиэ туһалаах. Сахалыы хаһыаттартан оҕо литератураҕа, тылга, искусствоҕа, театрга сыһыаннаах сонуну бэлэмнэнэн кэлэн кэпсиир. Хаһыаттан саҕалаан, тугу аахпыты кэпсэтиһэр туһалаах. Өссө оҕо интэриэһинэн көрөн паапка оҥорор, матырыйаал мунньар туһалаах. Кэлин кини бэйэтэ мунньарын ситиһэр үчүгэй. Суруйааччылар тустарынан анал паапка оҥордоххо, сыыйа айымньыларыгар интэриэс күөдьүйэрэ саарбаҕа суох.
Күһэйиэххэ, кучуйуохха, көҕүлүөххэ. Онно төрөппүт, учуутал уонна бибилэтиэкэр оруоллара улахан буолуохтаах. Кинилэр биир кэм салгыбакка ирдиэхтэрин, бэрэбиэркэлиэхтэрин наада. Оччоҕо бастаан утаа сорудах курдук ылынан, кэлин бэйэлэрэ баҕаран туран, ааҕар буолуохтара.
Ааҕар кэмҥэр өйүҥ-санааҥ уһуктар, толкуйдуур дьоҕуруҥ сайдар. Дириҥ билиилээх уонна сыыһата суох суруйар буолаҕын. Араас күрэхтэргэ кыттарга анаан араас үлэни толороҕун, элбэххэ үөрэнэҕин. Үлэни ыытан баран — күүтүү, үлэҥ бэчээттэннэҕинэ эбэтэр кыайдаххына — үс бүк үөрүү, өссө атын күрэхтэргэ кыттарга дьулуһуу.
Лена ИвановаЭдкорпоска дьарыктаммыт оҕолортон Лена Иванова (хаартыскаҕа дакылааттыы турар) журналистиканы бүтэрбитэ. «Куо» кэлин «Кыыс Куо» диэн дьон-сэргэ, ордук кэрэ аҥаардар кэрэхсээн ааҕар сурунаалларын 2008-2018 сылга диэри таһаарбыта. Юлия Данилова (хаартыскаҕа «Кэскил» суруналыыһа Анисия Иевлеваны кытта) ХИФУ Хотугулуу—Илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын институтун быйыл ситиһиилээхтик бүтэрэн, бэчээт эйгэтигэр үлэлиир.
Марианна Антонова