Мэҥэ-Хаҥалас улууһун В.Н Оконешников аатынан Павловскай орто оскуолатын үөрэнээччитэ Алена Попова «А.Е. Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй айымньылара уонна оонньуу технологията» диэн бырайыагынан араас таһымнаах кэмпириэнсийэлэргэ ситиһиилээхтик кыттар. Салайааччылар — Тамара Иннокентьевна Нестерова , Лия Дмитриевна Петрова.
Мин Мэҥэ-Хаҥалас улууһун В.Н Оконешников аатынан Павловскай орто оскуолатын 6 «а» кылааһыгар үөрэнэбин. «А.Е. Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй айымньылара уонна оонньуу технологията» бырайыагынан үлэлиибин. Бу бырайыагы алын кылаастан саҕалаабытым.
Политехническай оскуолалар «От ученических исследований до научных открытий», улуустааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи «Инникигэ хардыы» научно-практическай кэмпириэнсийэлэргэ ситиһиилээхтик кыттыбытым. Салайааччыларым — Нестерова Тамара Иннокентьевна, Петрова Лия Дмитриевна.
Бу үлэм сыала- саха улуу суруйааччытын А.Е.Кулаковскай оҕолорго аналлаах айымньыларын билиһиннэрии, оонньуу технологиятын туһанан билиини чэпчэкитик ылынарга көҕүлээһин буолар.
А.Е.Кулаковскай оҕолорго аналлаах «Кутуйах», «Куоска» айымньыларыгар анимационнай мультиктарым YouTube канаалга киирбиттэрэ. Мультиктарбын оҥорорбор оҕо саадыгар иитээччим Максимова Наталья Интеровна көмөлөспүтэ. Эбии «Өрүс эстиитэ», «Оҕонньор кэпсээнэ», «Кутуйах», «Куоска» айымньыларыгар таайбараҥ-кубик оонньуур оҥорбутум.
Кэлин, бырайыагым үлэтин хаҥатан, орто, үрдүкү сүһүөх кылаас оҕолоругар аналлаах тыл оонньууларын эбэн биэрбиппит. Бу оонньуулары сыллааҕы хатылааһын уруоктарыгар туттуохха сөп. Ол курдук, «Палиндром» — лексиканы, тыл баайын хаҥатарга, саҥа тылы, литературнай термины билэргэ, оҕо кэтээн көрөр, толкуйдуур дьоҕурун сайыннарарга үөрэтэр оонньуу. Иннинэн-кэннинэн аахтахха тыл тахсыахтаах. Холобур: атас-сата.
«Домино» оҕо толкуйдуур, ырытар дьоҕурун, кэтээн көрөр сатабылын сайыннарарга, үөрэнээччи ханнык тиэмэҕэ (“Лексика”, “Саҥа тиибэ” ) ыарырҕаппытын оонньуу нөҥүө билэргэ, сахалыы хоһоон уратытын (аллитерацияны) билиитин чиҥэтэргэ, уус-уран ойуулуур-дьүһүннүүр ньымалары, саҥа тииптэрин хатылыырга наадалаах. Манна хоһоонтон этиллибит строканы салҕыыллар, ситэрэн биэрэллэр.
«Ыһыллыбыт хоһоону хомуйуу» — сахалыы хоһоон уратытын-аллитерацияны билэргэ, оҕо кэтээн көрөр дьоҕурун сайыннарарга үөрэтэр, оҕолор тылллары таҥан, хоһоону гына сааһылаан таһаараллар.
«Физминутка» оҕо өйүн хатыырга, дьоҕурун сайыннарарга, эти-хааны чэбдигирдиигэ көмөлөөх. Оҕолор бэлэмнээн кэлбит хоһооннорун ааҕа-ааҕа , хамсанан көрдөрөллөр. Оонньуу ыытыллар бириэмэтэ уруок ортото буолуон сөп.
Алын сүһүөх оҕолоругар аналлаах хоһооннорунан тест эмиэ оҥорбутум. Аахпыт айымньытын төһө өйдөөбүтүн, айымньы тылын-өһүн төһө ылыммытын бэрэбиэркэлииргэ көмөлөһөр.
Инникитин бырайыакпар өссө эбии атын тиэмэлэри киллэрэр былааннаахпын.