И.Е. Винокуров аатынан Намнааҕы педкэллиэс “Ыллык” литературнай куруһуогун салайааччылара, саха тылын учуутала Прасковья Байанаева уонна кэлин ангылычаан тылын учуутала Тамара Румянцева кыттыһан, сахалыы тылынан ыытыллар «Чиряев ааҕыылара» өрөспүүбүлүкэ таһымнаах научнай-практическай кэмпириэнсийэни бу кэллиэскэ сэттис төгүлүн ыытары былаанныыллар.
Прасковья Дмитриевна төрөөбүт сахабыт тылын дьылҕатын туһугар ис сүрэҕинэн ыалдьар дьоннортон биирдэстэрэ буолар. Кини, эппиппит курдук, саха тылын учуутала буоларын быһыытынан, бу тиэмэни бэрт үчүгэйдик, иһигэр киирэн туран, билэр. Кини сүрүн санаата: дьиэ кэргэн иһигэр сахалыы кэпсэтиэҕиҥ! Оҕолор дьиэ иһигэр кэпсэтэр буоллахтарына, эттэринэн-хааннарынан ылыналлар. Өссө үрдэтэн, саха тыла научнай эйгэҕэ туттуллар буоллаҕына, наадата, туһата өссө кэҥиэ этэ. Төрөппүттэр даҕаны, оҕолор даҕаны саха тылын наадатын өйдүө, сыаналыа этилэр. Прасковья Дмитриевна бу туһунан бэйэтин саныытын үллэстибитин толору билиһиннэрэбит.
— Улахан суолталаах кэмпириэнсийэни ыытарга туох олук буолла? Тоҕо маннык санааҕа кэллин?
— Мин этнопедагогиканы үөрэтэ сылдьан, ийэ тылбыт туттуллар эйгэтэ кыараан иһэриттэн хараастан, сахалыы кэмпириэнсийэ ыытарга тыл көтөхпүтүм. Бастакы кэмпириэнсийэбит 2008 с. кэллиэс иһинэн ыытыллыбыта. К.С. Чиряев кыыһа Мария Константиновнаны Хомустаахтан массыынанан аҕалбыппыт, 13 дакылааты истибиппит, хомуурунньук таһаарбыппыт.
Түргэн тэтимнээх XXI-ис үйэ дьон олоҕор балысхан уларыйыылары киллэрдэ: научнай-техническэй сайдыы, интернет, бассаап, төлөпүөн… Бу көстүү абырыыр да, алдьатар да түгэннэрдээх. Учуонайдар этэллэринэн, көннөрү да киһи саныырынан, күн бүгүн куйаар ситиминэн үлүһүйүү дьоннор икки ардыларыгар, оннооҕор дьиэ кэргэн иһигэр, истиҥ бодоруһууну, ирэ-хоро кэпсэтиини, сэһэргэһиини биллэрдик аҕыйатта.
Ол содула үүнэн иһэр көлүөнэ киһи быһыытынан иитиллиитигэр, үлэҕэ-хамнаска, чугас дьонугар, ийэ тылыгар сыһыаныгар охсуута улахан, сүүһүнэн сылларга олоҕуран кэлбит үтүөкэн үгэстэр кэһиллиилэригэр тириэрдэр кутталланна.
— Ол иһин бу кэмпириэнсийэ аҥардас сахалыы тылынан эрэ ыытыллар буоллаҕа…
— Чиряев ааҕыылара -өрөспүүбүлүкэҕэ сахалыы эрэ тылынан ыытыллар соҕотох кэмпириэнсийэ. Кистэл буолбатах — ийэ тылбыт туттуллар эйгэтэ кыараан иһэр. Күн-түүн нууччалыы иитиилээх, төрөөбүт тылларын билбэт уонна билэ да сатаабат дьоннор элбээн иһэллэр. Кэлин тиһэҕэр сахабыт тыла дьиэ эрэ иһинэн туттуллар, соччо-бачча наадата суох тылга кубулуйуох курдук. Бу маннык көстүүнү көннөрөр инниттэн сахабыт тыла наука эйгэтигэр туттулларын ситиһиэхтээхпит. Онон маннык, сахалыы тылынан ыытыллар, тэрээһиннэри өйүүрбүт, төһө кыалларынан кыттарбыт, кыаллар буоллаҕына, тэрийэрбит олус наадалаах.
— Ийэ тылбыт туттуллар эйгэтэ кыараан иһэр. Сорох төрөппүттэр «саха тыла наадата суох» диэччилэр эмиэ бааллар. Бэл, бэйэлэрэ саха тылын үөрэхтээхтэрэ, учууталлар да, оҕолорун, сиэннэрин кытта нууччалыы эрэ кэпсэтэллэр. Оннук дьоҥҥо туох диэн этэй?
— Киһи өбүгэлэрин кытта ситимнэһэр суос-соҕотох суола ийэ тыл нөҥүө барар. Өбүгэлэр мунньуммут билиилэрэ, харысхаллара, удьуорунан бэриллэр дьоҕур арыллыыта — барыта ийэ тылы кытта быстыспат ситимнээх. Алгыс, сиэр-туом, сахалыы итэҕэл күүһүн ийэ тыл эрэ көмөтүнэн толору туһанар кыахтанаҕын.
Ити сүҥкэн күүһү, айылҕа бэлэҕин ыларга төрөөбүт тыл күлүүс курдук суолталанарын умнар табыллыбат. Көмүскэллээх, махталлаах, аналы толорор кыахтаах буолууга ийэ тыл солбуллубат тирэх буоларын таба өйдүөххэ наада.
— Сахалыы саҥарар оҕолор аҕыйаан иһэллэр, нууччалыы иитиилээх оҕолор баһыйан иһэллэр. Ийэ тылбыт туттуллар эйгэтэ кыараан иһэр. Дьэ, онон бу кыһалҕа содулун хайдах эмэ аччатарга туһуланан, төрөппүттэргэ, ыччаттарга, оҕону кытта үлэлиир бары педагогтарга көмө, тирэх буолаарай диэн санааттан, сахалыы тылынан ыытыллар «Чиряев ааҕыылара» өрөспүүбүлүкэ таһымнаах научнай-практическай кэмпириэнсийэбитин И.Е. Винокуров аатынан Намнааҕы педколледжка сэттис төгүлүн ыытарга былаанныыбыт.
Маныаха К.С. Чиряев оҕолоро Е.К. Чиряев, М.К. Баишева, сиэнэ А.Н. Чиряев, Норуот педагогикатын Ассоциациятын бырабылыанньатын чилиэнэ, бэйэбит выпускникпыт И.И. Кондаков көмөлөһөргө бэлэмнэр.
Төрөөбүт тыл омук дьылҕатыгар, кини инники сайдыытыгар оруолун туһунан нуучча педагогикатын төрүттээбит К.Д. Ушинскайтан саҕалаан, саха өйдөөхтөрө тоһоҕолоон бэлиэтээбиттэрэ биллэр. Сахабыт саарыннарын олохторун үөрэтэн көрүү ону толору бигэргэтэр.
— — Кэмпириэнсийэ туһунан билиһиннэр эрэ…
— Кэмпириэнсийэ олунньу 18 күнүгэр маннык секцияларынан ыытыллыаҕа: «Ыал – олох төрдө, омук кэскилэ», «Саха саарыннара», «Үөрэх тэрилтэлэригэр оҕону норуот тыыныгар иитии ньымалара». Хамсык бүрүүкээн турарын быһыытынан, тэрээһин кэтэхтэн ыытыллар. Сүрүн ирдэбилэ – сахалыы тылынан ыытыллар. Хомуурунньук тахсарын быһыытынан, дакылаат тезиһэ колледж электроннай аадырыһыгар ыытыллар, көмүскээһинэ видеоҕа уһуллар (5 мүнүүтэттэн ордуо суохтаах).
Биллэрин курдук, Чиряев ааҕыылара Үөһээ Бүлүү оройуонугар 1997 с., Константин Спиридонович өссө тыыннаах эрдэҕинэ, ыытыллыбыттара. Бу үтүө саҕалааһыны норуот иилэ хабан ылбыта, өрөспүүбүлүкэ бары муннуктарыгар тарҕаммыта. Нам улууһугар 2001 сылтан ыытыллаллар, биһиги үөрэхпит кыһатыгар — 2008 сылтан. Табыллыбыт бырайыак кыттааччыта элбээн, таһыма үрдээн иһэр буолааччы. Ол да быһыытынан, биһиги тэрээһиммит таһыма үрдээн иһэр. Бастакы иккис ааҕыыларбыт колледж иһинэн барбыттара, үһүспүтүгэр улуус таһымыгар тахсыбыппыт. Манна даҕатан эттэххэ, ол кэмпириэнсийэбитигэр оскуола оҕолорун эмиэ кытыннарбыппыт. Манна экспертэринэн Дьокуускайтан ыҥырыллан тахсыбыт ыалдьыттарбыт: “Күрүлгэн” уус-уран альманах дьаһабыла Гуринов А.Г.-Арчылан, “Хатан” ыччат сайдам сурунаалын эрэдээктэрэ Егор Николаев, сытыы бөрүөлээх суруйааччы А.Г. Старостин-Сиэн Кынат – буолбуттара. Төрдүс кэмпириэнсийэбитигэр Бүлүүтээҕи педколледж устудьуоннара кыттыбыттара, бэһис-алтыс ааҕыыларбыт өрөспүүбүлүкэ таһымыгар тахсыбыттара. Кыттааччы ахсаана эбиллэн иһэр, ол онтон испитигэр сэмэйдик үөрэ саныыбыт, сүргэбит көтөҕүллэр.
Биһиги «кустук өҥнөөх, кымыс сыттаах» сахабыт тыла туттуллар эйгэтэ кэҥээн иһэригэр, түргэн тэтимнээх аныгы үйэни кытта дьүөрэлэһэн, салгыы сайда турарыгар, ийэ тылбыт сахалыы тыыннаах эдэр көлүөнэ иитиллэн тахсарыгар көмө-тирэх буолуоҕар ис сүрэхпититтэн эрэнэ уонна баҕара хаалабыт.
Кэмпириэнсийэ сыала: Ыччаты патриотическай тыыҥҥа иитиигэ, ийэ тылы туттууга төрөппүт, иитээччи, учуутал оруолларын үрдэтии.
Манна ким баҕарар кыттыан сөп, арай эрэ учууталлар, устудьуоннар буолбатах. Ийэ тылбыт дьылҕатыгар кыһанар, ыалдьар, баар кыһалҕалары билэр, өйдүүр киһи барыта кыттыан сөп.
Кэмпириэнсийэ 3 хайысханан ыытыллар:
1. Ыал — олох төрдө, омук кэскилэ.
2. Үөрэх тэрилтэлэригэр оҕону норуот тыыныгар иитии ньымалара.
3. Саха саарыннара.
Доҕоттоор, бу тэрээһиҥҥэ көхтөөхтүк кыттыҥ! Ыччаппыт саха буолан сандаардын, киһи буолан килбэйдин!