«Кэскил» хаһыат 85 сыллаах историятын устата редакция үлэһиттэрэ араас элбэх тэрээһини, сүлүөтү ыытан кэллэхтэрэ. Ол тэрээһиннэри билиҥҥэ диэри учууталлар, оҕолор олус үчүгэйдик саныыллар, «аны хаһан сүлүөт буолуой?» диэн ыйыталаһаллара элбэх буолааччы. Хомойуох иһин, улуустарынан тэрээһиннэрбитин бу коронавирус дьаҥа тохтотто. Бүгүн Тааттаттан “Харбалаах кыымнара” пост салайааччыта Ирина Романовна Бястинова Амма Аччыгыйа төрөөбүтэ 110 сылыгар ыытыллыбыт сүлүөт туһунан ахтыытын бэчээттиибит.
2015 сыл ахсынньы 4-5 күннэрэ. Амма Аччыгыйын аатын сүгэр Таатта улууһун Харбалаах орто оскуолатыгар Илин эҥэрдээҕи эдэр кэрэспэдьиэннэр сүлүөттэрэ үөрүүлээхтик саҕаламмыта. Сүлүөтү “Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата уонна Харбалаах орто оскуолата, иккиэн Амма Аччыгыйын аатын сүгэр тэрилтэлэр, бииргэ кыттыһан Амма Аччыгыйа төрөөбүтэ 110 сылыгар анаан тэрийбиппит. Бу барыта бэҕэһээ эрэ буолбут курдук этэ.
Номнуо биэс сыл ааһа охсубут. Сүлүөккэ Таатта, Амма, Чурапчы улуустарыттан барыта 120-чэ эдэр кэрэспэдьиэн уонна салайааччылар кэлэн кыттыбыттара. “Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын редактора Е.С. Иринцеева, журналистар Анисия Михайловна Иевлева, Таисия Ивановна Алексеева, Павлов А.Н.–Дабыл, А.В. Васильев-Көрдүгэн, Андросов И.А — Айанньыт, Василий Иванов, В.Н. Пак. эдэр кэрэспэдьиэннэргэ суруналыыстыка ньымаларыгар, албастарыгар, жанрдарыгар үөрэтэр маастар кылаастар ыыппыттара. Сүлүөппүт барыта биир тыынынан, олус түргэнник, көхтөөхтүк ааспыта. Бииртэн биир араас түһүмэхтэр ыытыллыбыттара.
Амма Аччыгыйа уран тыл маастара этэ. Онон эдкордар кэпсээн, остуоруйа айар куонкрустарыгар барыта 45 үлэ киирбитэ. Ону барытын дьүүллүүр сүбэ ааҕан баран, Амма Аччыгыйыныы эттэххэ, «тыыппалаахтарын” бэлиэтээбитэ.
1 миэстэ Виктория Постникова (Уус-Таатта) “Оҕом-мин Харысхалым” кэпсээн.
2 миэстэ-Айыы Сиэнэ Чурукова (Баайаҕа) “Бэлэхчээн” кэпсээн
3 миэстэ- Айыына Михайлова (Ытык Күөл) «Кинигэтин кэпсээнэ»
Биһирэбил бириис — Ангелена Винокурова (Харбалаах) “Туһа киһитэ” кэпсээн.
Амма Аччыгыйа айар үлэтигэр уонна олоҕор анаммыт 15 түһүмэхтээх литературнай викторинаны саха тылын уонна литературатын учуутала Кривошапкина В.С. ыыппыта. Эдэр кэрэспэдьиэннэр билиилэрин тургутар Амма Аччыгыйа олоҕуттан, айымньыларыттан боппуруостарга эппиэттээбиттэрэ. Кыайыылааҕынан Альбина Христофорова (Баайаҕа) тахсыбыта.
Амма Аччыгыйа оҕону толкуйдатар «Тоҕус төгүл “Тоҕо?» диэн кэпсээннэрин оҕо эрэ барыта аахпыт буолуохтаах. Эдкордар онно эбии «Онус «Тоҕо?» диэни толкуйдаан сценка көрдөрбүттэрэ. Олус үчүгэй сценкалар дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуолланаллара. Оруоллары толоруу маастарыстыбата эмиэ сыаналаммыта. Манна Чурапчы Мугудайыттан “Дьүкээбиллэр” бастаабыттара.
Амма Аччыгыйа дуобаты олус сөбүлүүрэ, үчүгэйдик оонньуура. Сүлүөт чэрчитинэн ыытыллыбыт дуобат турнирыгар 9 хамаанда күөн көрсүбүтэ. Кыайыылааҕынан Амма улууһун Амма-Наахара орто оскуолатын хамаандата буолбута. Бу күрэххэ Николай Егорович Мординов-Амма Аччыгыйа сиэн быраата, дуобакка ССРС спордун маастара Мординов Георгий Трофимович күрэхтэһиигэ үчүгэй көрдөрүүлэммит 12 оҕоҕо сеанс биэрбитэ. Күрэхтэһиигэ Россия, Саха сирин чемпионнара, призердара, аан дойду чемпионатын кыттыылаахтара бааллара.
Саха классикатыгар киирбит «Сааскы кэм» роман прототиптара — дьиҥ олоххо баар буола сылдьыбыт дьон. Сүлүөккэ «Сааскы кэм» роман прототиптарын сыдьааннарын кытта көрсүһүү буолан ааспыта. Бу көрсүһүүнү оскуолабыт учуутала Блахирова Валентина Викторовна “Сааскы кэминэн сирдэтэн” диэн суруйбут кинигэтинэн тэрийэн ыыппыта. Көрсүһүүгэ “Сааскы кэм” ромаҥҥа прототип буолбут дьон сиэннэрэ бэйэлэрин төрүттэрин туһунан сэһэргээн, эдэр кэрэспэдьиэннэр сэҥээриилэрин ылбыттара.
Сүлүөт чэрчитинэн кыттааччылар уонна ыалдьыттар бырааттыы Мординовтарга анаммыт литературнай-художественнай мусуойга сылдьан, үс бырааттыы Мординовтар туттубут малларын, Амма Аччыгыйа бэйэтин илиитинэн суруйбут рукописьтарын, кинигэлэрин барытын илэ харахтарынан көрөн дуоһуйбуттара.
Оҕолор элбэххэ үөрэнэн, билбэттэрин билэн, мунаарар боппуруостарыгар эппиэттэри ылан олус астынан тарҕаспыттара.
Николай Егорович Мординов-Амма Аччыгыйа, Нина Иннокентьевна Протопопова “Бэлэм буол” хаһыаттан саҕалаабыт үтүө үгэстэрэ салҕанан бара турдуннар!