Киһи үөрэрэ баар — учууталлар, оскуола салайааччыларын ортолоругар “Бэлэм буол”-“Кэскил” хаһыат урукку эдэр кэрэспэдьиэннэрэ, эрэллээх ааҕааччылара бааллар. Ол курдук, А.И. Леонтьев аатынан Лөкөчөөн орто оскуолатын дириэктэрэ, үрдүк категориялаах физика учуутала, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ үөрэҕин эйгэтин Бочуоттаах үлэһитэ Аида Афанасьевна Леонтьева “Бэлэм буоллаах” оҕо сааһын маннык аҕынна:
Ким да этиитэ суох
— V кылааска үөрэнэ сылдьан, ким да этиитэ суох сайыҥҥы сынньалаҥым уонна оскуолам сонуннарын туһунан “Бэлэм буол” редакциятыгар суруйбутум. Онтум хаһыакка 1976 сыл ахсынньы ый 9 күнүгэр бэчээттэммитэ миэхэ соһуччу үөрүү этэ. Онтон ыла “Бэлэм буол” эдэр кэрэспэдьиэнин бочуоттаах аатын сүкпүтүм, ол туһунан кылаабынай редактор Нина Иннокентьевна Протопопова илии баттааһыннаах суруга кэлбитэ. Кэлин заметкалары кытта өссө хоһооннорум тахса сылдьыбыттара. Хаһыакка бастакы заметкам кэннэ миэхэ Сахабыт сирин араас муннуктарыттан оҕо бөҕө суруйбута, онон элбэх саҥа доҕоттордоммутум, сорохторун кытта билиҥҥэ диэри билсэбин. Ол “Барыта үөрүүлээх, үчүгэй” диэн ааттаах бастакы заметкабын олус күндүтүк саныыбын уонна кичэллээхтик уура сылдьабын. Өссө «Мындыр өй оскуолатыгар» дьарыктанарбын сөбүлүүрүм. VII кылааска үөрэнэ сылдьан «Бэлэм буол» хаһыат ыыппыт ахсааҥҥа олимпиадатыгар II миэстэ буолбутум. Онуоха грамотаны кытта “Саха народнай ырыалара” кинигэни редактор Н.И. Протопопова илии баттаан ыыппыта. Ону эмиэ харыстаан тутабын.
Аҕам суруйтаран саҕалаабыта
—«Кэскил» (уруккута “Бэлэм буол”) хаһыат мин олоҕум арахсыбат аргыһа. Аҕам Афанасий Иванович Леонтьев Лөкөчөөн оскуолатын бастакы үөрэнээччитэ, выпускниктарыттан бастакы учуутал, бастакы дириэктэр. Үөрэҕин бүтэрээт даҕаны дойдутугар Лөкөчөөҥҥө учууталлыы кэлээт, «Бэлэм буол” хаһыаты мин төрүөм уон сыл инниттэн суруйтаран барбыт.
“Оҕолору ырыаҕа үөрэтэргэ сөптөөх ырыа, муусука нотата мээнэ көстүбэккэ эрэйдиирэ. Дьэ, оннук түгэҥҥэ “Бэлэм буол” өрүү өрүһүйэрэ. “Летчик буолуом”, “Туллуктар” диэн оҕо-аймахха сөбүлэппит ырыалары аан бастаан “Бэлэм буолтан” булан үөрэппиппит. Математикаҕа сыһыаннаах араас суоту, таайбараҥнары, моһуурдаах сорудахтары эмиэ хаһыаттан ыларбыт. Инньэ гынан, куруһуок үлэтигэр абыраллаах этэ. Маны таһынан “Бэлэм буолга» сурутууга бастаан, проигрыватель бириэмийэҕэ тиксибиппит. Оскуола бүтүннүү үөрбүтэ. Бу проигрыватель бары дьоро киэһэлэргэ оскуола иһин музыканан толороро. Оҕолор дуоһуйа сынньанар, аралдьыйар кыахтаммыттара. Маны таһынан “Бэлэм буолу” нэһилиэк олохтоохторугар тарҕатыыга үөрэнээччилэр көмөлөһөллөрө. Почта кэллэр эрэ, үөрэнээччилэр уочаратынан таһаллара. Маныаха үчүгэйдик үөрэнэр көрсүө оҕолорго итэҕэйэн түҥэттэрэрбит. Онуоха матан, хомойон ытаабыт кытта баар буолааччы. Оччотооҕуга “Бэлэм буолу” наһаа бэриниилээхтик пионер баһаатайа Прокопий Сидорович Петров пропагандалыыра. Кини араас тэрээһиннэри хаһыатынан сирдэтэн аһары үчүгэйдик көҕүлүүрэ”, — диэн Афанасий Иванович Леонтьев “Кэскил” хаһыат 1996 с. муус устар 12 күнүнээҕи нүөмэригэр кэпсээбит.
Ааҕарбытын көҕүлүүрэ
—Лөкөчөөн оскуолатын (ол саҕана Андреевскай оскуола диэн ааттааҕа) оҕолоро 100% “Бэлэм буолу” суруйтаран, бастыҥ үөрэнээччи Афоня Харлампьев “Океан” лааҕырга путевканан наҕараадаламмыт. Итиннэ төрөппүттэр улахан оруоллаахтарын аҕам тоһоҕолоон бэлиэтиирэ уонна махтанара. Холобур, 12 оҕолоох Мария Петровна, Егор Сидорович Петровтар ыччаттарын ааҕарга көҕүлээн, оскуола үлэтин өйөөн, хаһыаты оскуолаҕа үөрэнэр оҕолоругар хас биирдиилэригэр суруйтарбыттар. Онон мин төрүөм сэттэ сыл инниттэн суруйтарыллан баран, биир да сыл тохтообокко “Бэлэм буол”, кэнники “Кэскил” биһиги дьиэ кэргэн тапталлаах доҕорбут. Аҕабыт дириэктэр, учуутал буолан, ааҕарбытын көҕүлүүрэ, хаһыат сонуннарын кэпсэтии, дьүүллэһии бөҕө буолааччыбыт.
Михаил Андреевич Алексеев салайар кылааһыгар
—VII кылааска үөрэнэ сылдьан, Үөһээ Бүлүүтээҕи 2 №-дээх нүөмэрдээх физмат оскуолатын туһунан матырыйаал бүтүн биир хаһыакка тахсыбытын олус таттаран аахпытым уонна ити оскуолаҕа булгу туттарсар былааннаммытым. Ити сыл оройуоҥҥа физика, математика олимпиадаларыгар бастаабыт буолан, тургутууну этэҥҥэ ааһан, сайын киирбитим. Онон итинник чулуу оскуолаҕа, Михаил Андреевич Алексеев салайар кылааһыгар үөрэммиппэр миэхэ хаһыатым көмөлөспүтэ. Онно тиийэн үөрэнэр кэммэр комсордаабытым, ПКОҕа үөрэх сектора этим, X кылааска оскуола комсомольскай тэрилтэтин салайбытым, ону таһынан, үс сылы быһа кылааспыт “Эврика” диэн хаһыатыгар солбуллубат редактор этим. Онно үлэлиир үөрүйэҕи миэхэ эмиэ “Бэлэм буол” биэрбитэ.
Эдэр кэрэспэдьиэннэри кытары үлэм
—Бэйэм дойдубар физика учууталынан 1987 сылга кэлэн баран, 2008 сылга дириэктэринэн ананыахпар диэри “Лөкөчөөн” корпоһун салайбытым. Корпост оҕолорун хоһоонноро, суруйуулара тиһигин быспакка бэчээттэнээччилэр. Бастыҥ кэрэспэдьиэннэр Лиза Васильева 2008 сылга «Ленский край”, Михаил Малышев, Диана Петрова 2014 сылга “Сосновый бор” Кииҥҥэ талыллан, эдэр кэрэспэдьиэннэр сүлүөттэригэр кыттыбыттара. Лиза Васильева онно суруйааччы Айсен Дойду уонна редактор Н.И. Протопопова анал бириистэрин ылбыта. Онтон VIII кылааска үөрэнэригэр “Дьиэ кэргэммэр сурук” диэн дьиэ кэргэн сылыгар аналлаах хаһыат “Почта России” тэрилтэни кытта ыыппыт күрэҕэр бастаабыта. 2014 сыл ыам ыйыгар биһиги оскуолаҕа “Кэскил” хаһыат күнэ ыытыллыбыта барыбытыгар умнуллубат сырдык өйдөбүл буолан хаалбыта. Ол көрсүһүү туһунан хаһыакка бастакы сирэйтэн саҕалаан, хас да страницаҕа тиийэ суруллубута, хаартыскалар бэчээттэммиттэрэ.
Сүлүөккэ
—2017 сылга ССРС норуодунай учуутала М.А.Алексеев 100 сылыгар анаммыт Бүлүү бөлөх эдэр кэрэспэдьиэннэрин сүлүөтэ Михаил Андреевич төрөөбүт дойдутугар, ыаллыы сытар Баппаҕаайы нэһилиэгин улуу учуутал аатын сүгэр оскуолатыгар ыытыллыбыта. “Кэскил” хаһыат үлэһиттэрэ кылаабынай редактор Е.С. Иринцеева –Огдо салайыытынан кэлэн, суруйар, айар оҕолорго наһаа туһалаах уонна элбэх тэрээһиннэри ыыппыттара. Онно биһиги оскуолабыт хамаандата (салайааччы В.Г. Николаева) бочуоттаах II миэстэҕэ тиксибитэ. “Кэскил” хаһыаппын мин куруук күүтэбин, үйэм тухары суруйтарар былааннаахпын, дириэктэрдиир, учууталлыыр үлэбэр эмиэ туһанабын.
Ааптар: Жанна Леонтьева.