Бу кыһын “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһата “КЭСКИЛ МЕДИА ПРОДАКШН” Ютуб ханаалыгар Москва куоракка олорор Ваня уонна Маша Березкиннар дойдубут тэбэр сүрэҕин интэриэһинэй миэстэлэрин туһунан саха оҕолоругар анаан, видеогид устубуттарын сороххут көрбүтэ буолуо. Ыраастык сахалыы саҥаран кэпсииллэрин көрөн киһи сэҥээрэр. Онтон дьиэ кэргэн аҕата видеоҕа устара олус умсугутар. Бүгүн мин кинилэри кытта кэпсэтиибин эһиэхэ анаан бэчээттииргэ сананным.
-Оҕолор, эһиги Москваҕа хаһан көспүккүтүй?
Ваня: Биһиги былырыын 2019 сыллаахха эрэ көһөн кэлбиппит.
-Дьэ, хайдах эбитий бастаан көһөн тиийдэххэ?
Иккиэн: Олус улахан куорат. Дойдубутун, чугас дьоммутун наһаа күүскэ ахтар этибит. Билигин да ахтабыт. Ол эрээри үчүгэйдик үөрэнэр уонна нууччалыы кэбэҕэстик кэпсэтэр буоламмыт, ыарырҕаппаппыт.
-Соҕуруу дойду сылаас кыһынын сөбүлээтигит дуо?
Ваня: Былырыын манна олус сылаас, хаара суох кыһын буолбута. Мин тымныы кыһыммын суохтаан, 2020 сылы төрөөбүт куораппар Дьокуускайга көрсүбүтүм. Сайыҥҥы сынньалаҥмытын эмиэ дойдубутугар олус үчүгэйдик атаарбыппыт.
-Хаһыс кылааска үөрэнэҕит?
Ваня: Мин VI-c кылааска, балтым Маша IV-с кылааска үөрэнэбит.
Маша: Бииргэ үөрэнэр оҕолорбутун кытта табаарыстаһабыт. Бастаан утаа, кылааһынан мусуойдарга, быыстапкаларга сылдьар этибит. Билигин барыта сабыллан турар.
-Дойдубут киинигэр интэриэһинэй сир үгүс. Эһиги саамай сөбүлээн ханна сылдьаҕытый?
Ваня: Биһиги барытын сэҥээрэ көрөбүт. Чуолаан “Планетарийга”, зоопааркаҕа, “ВДНХ”-ҕа, “Зарядье” пааркаҕа күүлэйдиирбитин уонна кыһынын “Гум-катокка” хаҥкылыырбытын олус сөбүлүүбүт.
-Эһиги бииргэ төрөөбүт хаһыаҕытый?
Иккиэн: Үһүөбүт. Кыра балтыбыт Люба быйыл I кылааска үөрэнэ киирбитэ.
-Ыраах да олорон, ыраастык сахалыы саҥараргытын олус биһирии иһиттим.
Маша: Саха тыла төрөөбүт тылбыт буоллаҕа дии. Мин “Кэнчээри” уһуйааҥҥа сылдьыбытым. Онно биһиги элбэх сахалыы ырыа, хоһоон, тойук үөрэтэр этибит. Ваня I нүөмэрдээх оскуола алын сүһүөххэ саха кылааһыгар, оттон мин “Айыы кыһата” оскуолаҕа үөрэммитим. Онон, сахабыт тылын сүрэхпитигэр, быарбытыгар илдьэ сылдьабыт.
-Москваҕа олус элбэх саха олорор. Кимниин эмит билсэҕит дуо?
Иккиэн: Бу сыл саҥатыгар Саха сирин бэрэстэбиитэлистибэтигэр Вера Петровна Душкевич салайан ыытар саха тылын куруһуогар Москваҕа олорор саха оҕолорун кытта билсибиппит. Хомойуох иһин, пандемиянан сибээстээн, куруһуок үлэтин тохтоппута. Соторутааҕыта “Сердце Пармы” киинэҕэ уһуллубут Милена Софроновалыын билсэн, передача оҥорбуппут. Ону “Кэскил медиа продакшн” ютуб ханаалыгар көрүөххүтүн сөп.
-Иллэҥ кэмҥитигэр тугунан дьарыктанаҕыт?
Маша: Мин уруһуйдуурбун сөбүлүүбүн.
Ваня: Оттон мин футболлуурбун.
-Интэриниэккэ күҥҥэ хас чаас олороҕут?
Ваня: Быһа холоон 2-3 чаас буолуо. Араас оонньуулары оонньуубут, киинэ көрөбүт.
-Ваня, Маша, эһиги саамай улахан баҕа санааҕыт тугуй?
Иккиэн: Чугас дьоммут бары доруобай, чөл, ыалдьыбакка сылдьыылара. Ону тэҥэ Аан дойдуну кэрийиэхпитин баҕарабыт.
-Чахчы даҕаны, ханнык омук сиригэр сылдьыбыккытый?
Иккиэн: Суох, сылдьа иликпит. Барыта иннибитигэр. Элбэх атын сирдэри кэрийэн, атын омук олоҕун-дьаһаҕын, култууратын кытта билсиэхпит диэн бигэ эрэллээхпит.
-Оттон сахалыы үгэстэртэн эһиги дьиэ кэргэн саамай тугу сөбүлээн туттаҕытый?
Ваня: Эбэлэрбит биһиэхэ кыра эрдэхпититтэн ханна да буолларгыт сири-уоту аһата сылдьар буолуҥ диэн сүбэлииллэрэ. Айылҕаҕа таҕыстахпытына, дьиэбитигэр да буоллун, ийэбит хайаан да алаадьылаан, сир-уот иччитин күндүлүүр, барыта этэҥҥэ буоларын туһугар көрдөһөр, махтанар.
-Улааттаххытына ханнык идэлэри баһылыаххытын баҕараҕытый?
Ваня: Мин программист буолуохпун баҕарабын.
Маша: Оттон мин быраас буолуом.
-Тымныы Моруос оҕонньорго сурук суруйдугут дуо?
Маша: Ахсынньы ый 4 күнүгэр сурукпутун ыыппыппыт. Кыра балтыбыт Любушка Эһээ Моруостуун көрсөн доҕордоһуон баҕарарын суруйбут этэ. Оттон биһиги баҕарар бэлэхпитин сакаастаабыппыт.
-Олус үчүгэй. Оҕолор, видеогидка өссө туох саҥа былааннардааххыт?
Иккиэн: Пандемия бүтэн, мусуойдар, экскурсиялар үлэлээн бардахтарына, Москва туһунан элбэх интэриэһинэй сюжеттары устуохпут диэн баҕа санаалаахпыт. “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһата биһиэхэ итэҕэйэн, эрэнэн, бу курдук бэйэбитин холонуубутун өйүүллэригэр, сүбэ-ама буолан көмөлөһөллөрүгэр улахан махталбытын тиэрдэбит. Сахабыт сирин оҕолоро, доҕотторбут, биһиги устар видеоларбытын сэҥээрэн көрөөрүҥ диэн ыҥырабыт.
-Истиҥ кэпсэтиигит иһин махтал. Үрдүк ситиһиилэри баҕарабын!