Оҕолору билиигэ-көрүүгэ көҕүлээн, 1968 сылтан туйгун үөрэнээччилэргэ “Володя Ульянов дневнигэ” аһыллыбыта. Бу хамсааһын икки түһүмэҕинэн (кэнникитэ 1979-80 сс.) киэҥ далааһыннаахтык ыытыллыбыта. Кэлиҥҥи сылларга туйгуннук үөрэнэр кыргыттарга “Муся Гаврилова”, оттон уолаттарга “Володя Ларионов” галереялара тахсар буолбуттара. Бу үтүө үгэс билиҥҥэ диэри салҕанар. Хаһыат геройдарыттан Саха сирин биллиилээх дьоно, артыыстар, суруйааччылар, суруналыыстар, худуоһунньуктар, о.д.а. идэлээхтэр иитиллэн тахсыбыттара.
Билсиҥ, Нина Кырджагасова. Кини “Бэлэм буол” 39-с нүөмэригэр 15.05.1969 сыллаахха “Володя Ульянов дневнигэр” бэчээттэммитэ.
Нина Андреевна Михайлова билигин Арассыыйа уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, СР үөрэҕириитин туйгуна. Үөрэҕирии үлэһиттэрин 11-с съезтэрин, СР дьахталларын 13 -ссъезтэрин делегата. Үс оҕо амарах ийэтэ, сэттэ сиэн тапталлаах эбэтэ. Улахан кыыһа үрүҥ көмүс медалист. Оҕолоро бары үрдүк үөрэхтээх үлэһиттэр. Улахан сиэнэ Саха гимназия 9-с кылааһын туйгуннук бүтэрэн баран, Н.А. Алексеева аатынан техническэй лицей XI кылааһын туйгун үөрэнээччитэ. Кэргэнэ Петр Иванович Михайлов бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыар диэри оскуолаҕа физкультура учууталынан үлэлээбит.
6- с кылааска туйгун үөрэнээччи буолан, Бүтүн Союзтааҕы «Орленок» лааҕырга сынньаммытым. 8-10-с кылааска Үөһээ Бүлүүгэ биллиилээх математик, педагог Михаил Андреевич Алексеевка үөрэммитим. Улуу педагог сыдьаайыытынан оҕолору үөрэтиэм диэн бигэ эрэллээх этим. ЯПУ-2, СГУ пединститутун дошкольнай салаатын кыһыл дипломунан бүтэрэн Хаҥалас улууһун 2-с Дьөппөнүгэр биэбэйиккэ 36-а сыл үлэлээтим.
Онтон бу Зина Николаева. Кини хаһыат 62-с нүөмэригэр 03.08.1969 сыллаахха “Володя Ульянов дневнигэр” бэчээттэммитэ.
Зинаида Николаевна Попова инженер-строитель идэлээх, «ДСК -проект» тэрилтэҕэ отдел начальнига.
Үөһээ Бүлүү 8- с кылаастаах оскуолатыгар үөрэммитим. Онтон 2- с нүөмэрдээх орто оскуолаҕа көһөн ону бүтэрбитим. В.И. Ленин 100 сааһыгар аналлаах «Володя Ульянов дневнигэр” «Бэлэм буол» хаһыакка тахсыбыппыттан олус үөрбүтүм. Ол кэмҥэ хас саҥа хаһыат кэлэрин кэтэһэрбит, сөбүлээн ааҕарбыт. Дневниккэ тахсыбыт оҕолору эҕэрдэлэһэрбит, каинилэринэн киэҥ туттарбыт. Бу хамсааһын оҕо саас дьоллоох түгэннэриттэн биирдэстэрэ этэ.
Биһиги саайтпытыгар “Ханнаҕытый, оскуола урукку туйгуннара? ” диэн галереяҕа “Володя Ульянов дневнигэ” диэн хамсааһын дьоруойдарын кытары билсиэххитин сөп. Баҕар билэр дьоҥҥутун, аймахтаргытын булан көрүөххүт диэн эрэнэбит.