Сахабын дэнэр киһи барыта «Тыгын Дархан» киинэни 2 сыл устата долгуйа күүттэ. Киинэ саха норуодунай суруйааччыта В.С. Яковлев-Далан арамааныгар олоҕуран уһулунна. Айымньыга сурулла сылдьарыныы, история биһиэхэ кэпсииринии киинэҕэ эмиэ Тыгын Дархан саха дьонун биир сомоҕо оҥорор, түмэр, или олохтуур өйө-санаата сытыытык арыллыбыт.
XVI-XVII үйэлэргэ саха олоҕо-дьаһаҕа
Розалия Иннокентьевна Бравина, история наукатын доктора, профессор, Гуманитарнай чинчийии институтун археологияҕа уонна этнографияҕа салаатын сэбиэдиссэйэ:
— Тыгын кэминээҕи саха историятын чинчийээччилэр, история уонна искусство наукатын доктордара А.А. Борисов, З.И. Иванова-Унарованы уонна мин оччотооҕу дьиэ-уот, күрүө-хаһаа, итэҕэл тутууларын, таҥаһын-сабын, киэргэлин, миҥэ ат тэриэбэтин, саатын-саадаҕын, туттар тэрилин, иһитин-хомуоһун уо.д.а. өттүгэр үлэлэстибит.
Киинэни устар бөлөх үлэһиттэрэ киинэҕэ уус-уран уобарастары сэргэ, кыргыс үйэтинээҕи саха култууратын тыынын уонна тутулун хайа баарынан кырдьыктаахтык көрдөрүүгэ улахан болҕомтолорун уурдулар. Бу сыалы ситиһэргэ киинэ худуоһунньуктара билигин баар научнай литератураҕа толору олоҕуран үлэлээтилэр. Холобур, кыргыс үйэтин сэриитин сэбин реконструкциятыгар Ф.Ф. Васильев «Военное дело якутов» кинигэтэ «илдьи барыар диэри» туттулунна. Дьиэ-уот туттар тэрил М.М. Носов уруһуйдарыгар, С.И. Боло, А.А. Саввин суруйууларыгар, этнографтар тустаах монографияларыгар олоҕурда.
Ити курдук, Тыгын кэминээҕи олоҕу уус-уран таһымҥа төһө кыалларынан кырдьыктааҕынан көрдөрө сатаатыбыт.
«Тыгын Дархан» киинэ саха историятын өлөр-хаалар тыҥааһыннаах кэрдиис кэмин сырдатан, дьон-сэргэ сэҥээриитин ылан, саха тыына уһуктан, өйө-санаата түмүллэн, саргыта салалла турарыгар дьоһун олук буолуоҕар эрэнэбин.
Тыгын Дархан – историческай личность
Ольга Афанасьевна Парфенова, история наукатын кандидата:
—Сорох дьон Тыгын Дарханы үһүйээҥҥэ, номоххо эрэ кэпсэнэр киһи диэн саныыллар. Ону баара кини олорон ааспытын туһунан наука дакаастаан турар. XVIII-XIX үйэлэргэ этнографтар Тыгын Дархан бэйэтин, кини оҕолорун, сиэннэрин туһунан научнай үлэлэригэр суруйбуттара. Тыгын Дархан — Саха сиригэр бастакы казактар кэлиилэрин тоһуйбут киһи. Ол туоһутунан Сибиир казактарын атамаана Иван Галкин 1631 с. суруйуутугар көстөр.
Олоҕум бэлэҕэ
Александра Григорьева, Айталы Куо оруолун толорооччу:
—Мин Дьокуускайдааҕы культура уонна искусство кэллиэһин фольклор салаатын бүтэрбитим. 2016 сыллаахха кастиҥҥа кыттаммын, Айталы Куо оруолугар талыллыбытым. Арай оруолбар сүүрүк буоларым ирдэнэр эбит. Бэйэм кырабыттан сүүрүүнэн дьарыктаммат буолан бэлэмим суох этэ. Хата, оруолбар бэлэмнэнээри сүүрүүнэн дьарыктанар буолбутум.
Бу киинэҕэ аҕабыныын В.В. Бурнашевы кытта уһуллубуппут. Аҕам Бахсыгыр оруолун толорбута. Кини анал артыыс үөрэхтээх буолан, кыра эрдэхпиттэн айар-тутар эйгэҕэ улааппытым.
Киинэҕэ уһуллары улахан баҕа санаа оҥостубат этим. Олоҕум бэйэтэ бэлэх уунна.
Көрөөччү санаата
Вера Святославовна Гаврильева, Дьокуускай куорат 23 №-дээх орто оскуолатын учуутала:
— “Тыгын Дархан” киинэ олус дириҥ философскай суолталаах уонна билиҥҥи сахалыы киинэ хаачыстыбата сайдыытын туоһулуур кэрэхсэбиллээх үлэ. Киинэҕэ саха омук сиэрэ-туома, олохтоммут үгэстэрэ арылхайдык көстөллөр. Аҥардас ыһыах түгэниттэн элбэҕи сэргии, астына көрдүм уонна иитэр-үөрэтэр үлэбэр туһаныахха сөп эбит дии санаатым. Киинэ түмүк санаата киһини ордук долгутар, толкуйдатар диэн бэлиэтиэхпин баҕарабын. “Сахалар биирбит! Биир сомоҕо иллээх олордохпутуна, норуоппут тэнийиэ, сайдыахпыт, үүнүөхпүт”, — диэн Тыгын этиитэ билигин да тоҕоостоох.
Яна Данилова, эдэр исписэлиис:
— Киинэни сөбүлээтим. Атын омуктарга киһи кыбыстыбакка көрдөрөр киинэтэ. Ордук оҕолорго интэриэһинэй буолуо дии саныыбын, кимтэн силистээх-мутуктаах буоларбытын билэ улааталларыгар туһалаах буолуо.
Артыыстартан ордук Тыаһааныны оонньообут Айталина Лавернованы сэргээтим.
Историяны хаһыстахха, биллэн турар, туора хаамыы, уус-уран киинэ буолан, режиссер көрүүтэ баар. Киинэҕэ үлэлэспит дьон үлэтин хаарыйбакка эрэ, сюжетыгар мөккүһүөх санаалар киирэллэр диэн сыаналыам этэ.
Алеша Сердюков, IX кылаас, Дьокуускай куорат 10 №-дээх орто оскуолата:
—Ньурбаттан төрүттээх буоламмын киинэ сорох хартыыналара Ньурбаҕа уһуллубутун билэр этим. Төрөөбүт дойдубун көрөөрү киинэ тахсарын кэтэспитим. “Тыгын Дарханы” көрөн баран өбүгэлэрбиттэн күн бүгүҥҥэ диэри ыһыахпыт улаханнык уларыйбатах эбит дии санаатым. Тыгын Дархан күүстээх санаалаах, санаатын ситиһэр мындыр толкуйдаах киһи эбит.
Айыына Трофимова