Тааттатааҕы лиссиэй 7-с кылааһын үөрэнэээчитэ Cардаана Дедюкина алын кылаастан саҕалаан, чинчийэр үлэнэн дьарыктанарын туһунан кэпсиир.
— Биһиги, оҕолор, билиҥҥи сайдыылаах үйэни кытта тэҥҥэ хаамсыахпытын баҕарабыт. Элбэҕи билэр, сатыыр, туһалаах, ситиһиилээх буолаары, элбэх кэмпириэнсийэлэргэ, ааҕыыларга, куонкурустарга, курэхтэргэ, фестивальга кыттабыт.
Мин бастакы кылаастан саҕалаан оскуолаҕа, улууска ыытыллар “Бианковскай ааҕыыларга”, “Инникигэ хардыы” кэмпириэнсийэлэргэ ситиһиилээхтик кыттабын, кыайыы, ситиһии элбэх сыраттан, үлэттэн тахсарын билэбин.Оҕо бэйэтэ сөбүлүүр тиэмэтин таллаҕына дьаныһан, интэриэһиргээн үлэлиир.
Мин кыра сылдьан, “Пластилин кистэлэҥнэрэ “ диэн бастакы дакылааппын суруйбутум. Онтон кэнники икки сыл “Влияние температуры и влажности окружающей среды на изменения снежных узоров на оконном стекле” диэн тиэмэнэн үлэлээтим.
Саамай урдук ситиһиилэрбинэн “От ученических исследований до научных открытий” 10-с өрөспүүбүлүкэтээҕи политехническай кэмпириэнсийэ «Математика и физика» секцияҕа 2-с степеннээх диплом (Дьокуускай, 2019 ), Н.И. Лобачевскай аатынан Россиятааҕы үөрэнээччилэр кэмпириэнсийэлэригэр “Физика. Астрономия” секциятыгар 2 степеннаах дипломунан (Казань, 2019) наҕараадаламмытым буолар.
Казань куоракка баран кыттыбытым, умнуллубат өйдөбүл буолан хаалбыта. Тааттатааҕы лиссиэйтэн алта оҕо, икки салайааччы буолан тиийбиппит. Атын сири көрөн, оҕолордуун билсэн, араас экскурсияларга сылдьан, интэриэһинэй дакылааттары истэн, харахпыт кэҥээн, өйбүт дьэҥкэрэн кэлбиппит. Өрөспүүбүлүкэбит аатын ааттатан, элбэх ситиһиилэнэн, дьоммутун үөрдүбүппүт.
Оҕолорго сүбэлиэм этэ, толлубакка, бириэмэни туһанан, элбэҕи билэргэ дьулуһуҥ, араас тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттыҥ.