Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Хаптаҕай орто оскуолата 2009 сылтан оччотооҕу дириэктэр Никифоров В.Г. көҕүлээһининэн, туруорсуутунан агро-хайысханы ылынан үлэлиир, Саха өрөспүүбүлүкэтин агрооскуолаларын Сойууһун чилиэнинэн, 2015 сылтан «Сатабыл как образовательное пространство для формирования надпредметных компетенций» тиэмэнэн өрөспүүбүлүкэтээҕи инновация былассаакката буолар.
Кылгастык историяны сэгэтэн көрдөххө, биһиги оскуолабытыгар оҕону үлэнэн иитии ааспыт үйэ 30 сылларыттан саҕаламмыта. Ол саҕана ЯНОПШ учууталлара Парфений Никитич, Надежда Евменьевна Самсоновтар оскуола таһынааҕы учаастагы тэрийэн, оҕуруот араас аһын үүннэрэн, оҕолору үлэҕэ сыһыарбыттара. Оскуола оҕуруотун оскуола барыта бүөбэйдиир, оҕо барыта үлэлиир эбит. Салгыы бу үлэни Социалистическай үлэ геройа Самсонов Г.С. уонна биология учуутала Павлова Ф.С. салҕаан үүнээйи арааһын элбэтэн, саҥа районированнай суортары үүннэрэн, ситиһиилээхтик үлэлээбиттэрэ. Үлэҕэ иитии утума Хаптаҕай оскуолатыгар ситимин быспатаҕа, ол курдук Социалистическай үлэ геройа Новгородова Е.И. салайыытынан, учуутал Орлов В.Е. көҕүлээһининэн «Юность» үлэ- сынньалаҥ лааҕыра үлэтин ааспыт үйэ 70 сылларыгар саҕалаабыта. Оскуола үөрэнээччилэрэ сайын устата үлэлээн оҕуруот аһын үүннэрэн үрдүк үүнүүнү ылары ситиһэллэрэ. Оскуолабыт историятыгар оҕону үлэҕэ иитии ситимин быспакка үлэлээн-хамсаан олорор. Дириэктэрбит Терентьев А.Е. , оскуолабыт выпускнига, үөрэммит оскуолатын үлэҕэ иитиитин оскуолатын барбыт буолан, оскуола үлэнэн иитии уопутун туһанан, сөптөөхтүк дьаһанан, салайан олорор.
Быйылгы 2020-2021 үөрэх дьылыгар оскуолабытыгар 168 үөрэнээччи, онтон маҥнайгы кылааска 11 оҕо киирдэ. Оскуолабытыгар 39 педагог, ол иһигэр 8 үрдүкү, 9 бастакы категориялаахтар учууталлар үлэлииллэр.
Хаптаҕай агрооскуолатын үлэтин хайысхаларынан агротехнологическай үөрэхтээһин, экология уонна доруобуйаны харыстааһын (здоровьесбережение), информатизация, оҕо личноһын социализациялааһын уонна сайыннарыы буолаллар. Үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрэ «Агрономия төрүттэрэ», «Тыа хаһаайыстыбатын механизацията», «ЭВМ оператора», «Тракторист-машинист» специальностарыгар үөрэнэн идэ ылаллар.
Агроскуолабыт улууспутугар, өрөспүүбүлүкэҕэ уонна Россия таһымыгар ыытыллар араас хайысхалаах тэрээһиннэргэ таһаарыылаахтык кыттар. Ол курдук өрөспүүбүлүкэҕэ, улууска ыытыллар «Үүнүү» дьаарбаңкаҕа сыллата бэйэбит үүннэрбит оҕуруоппут аһын атыылыыбыт, «Бастыҥ бизнес» номинация хаһаайыттара буолабыт. Оскуолабыт үлэнэн иитии А.С.Макаренко аатынан норуоттар икки ардыларынааҕы күрэххэ кыттан, 2017 с. үһүс буолар, 2018 с. бастыыр чиэстэммиппит. Оскуолабыт хамаандата бизнес бырайыактары көрүү күрэхтэригэр кыттан өрөспүүбүлүкэҕэ 2017 с. иккис миэстэни ылары ситиспитэ. Ааспыт үөрэх сылыгар улууска ыытыллыбыт «Эргиэн» бизнес- оонньууга оскуолабыт хамаандата бастаабыта. 2018 с. Хаптаҕай агрооскуолатын хамаандата илин эҥэрдээҕи улуустар агрооскуолаларын «Сир эдэр хаһаайына» («Молодой хозяин земли-2018») күрэхтэригэр бастаабыта. Алын сүһүөх үөрэнээччилэрэ 2019 с. бүтүн Россиятааҕы агро-олимпиадаҕа кыттан, бастакы истиэпэннээх дипломнарынан наҕараадаламмыттара. Оскуола хамаандата 2020 с. кулун тутар ыйыгар Мэҥэ-Хаҥалас улууһун агрооскуолаларын алын сүһүөх үөрэнээччилэригэр ыытыллыбыт «Росток» оонньууга бастаабыта.
Агрооскуолабыт оҕуруот аһын (овощеводство), үүнээйи үүннэриитинэн (растениеводство) дьарыктанар. Хаппыыста, хортуоппуй, сүбүөкүлэ, моркуоп уонна атын оҕуруот астарын үүннэрэбит, оҕолорбут оҕуруот астарын үүннэриигэ уопут, чинчийэр үлэни ыыталлар. Балаҕан ыйыгар оҕуруоппут аһа хомулунна, үүнүүтэ куһаҕана суох. Улууспут, нэһилиэкпит оскуолаларын, тэрилтэлэрин, нэһилиэнньэтин сибиэһэй аһынан хааччыйабыт. Билигин үүнүүбүтүн нэһилиэктэринэн батарыыга сылдьабыт. Былааммытын толоруохпут диэн бигэ эрэллээхпит.
Оскуолабыт сыллата Кыайыы күнүгэр нэһилиэк бэтэрээннэригэр эрдэтээҥҥи оҕурсууну бэлэх уунабыт, күһүн Учуутал күнүгэр оскуолабыт бэтэрээннэригэр, Аҕам саастаахтар декадаларыгар нэһилиэк кырдьаҕас олохтоохторугар бэйэбит үүннэрбит хаппыыстабытынан күндүлүүбүт.
Ааптар: Нина Яковлева