Ийэбэр аныыбын
Сир үрдүгэр дьон бары
Ийэ тапталын билэр.
Оҕоҕо саамай күндүтэ –
Төрөппүт ийэтэ.
Ийэбинээн барытын сатыыбыт,
Тугу барытын кыайабыт,
Куруук бииргэ үлэлиибит,
Үөрэ-көтө кэпсэтэбит.
Ийэм истиҥ сыһыаннаах
Уонна олус кыраһыабай
Мин сыыһабын өйдөтөр
Куруук миэхэ көмөлөһөр.
Юра Прибылых, VII “А” кылаас.
Күн кэриэтэ күндү киһим
Мин ийэм аата Нария Семеновна Бурнашева. Кини “Сардаана” оҕо уһуйааныгар иитээччи көмөлөһөөччүтүнэн хаһыс да сылын үлэлиир. Ийэм кыра оҕолору таптыыр буолан, үлэтин олус сөбүлүүр. Сарсыарда эрдэ үөрэн-көтөн үлэтигэр барар. Иллэҥ кэмигэр ыллыырын, хомуска оонньуурун сөбүлүүр. Араас тэрээһиннэргэ кыттар.
Күндү киһим олус сымнаҕас майгылаах. Кини миигин илдьэ сылдьан, элбэххэ үөрэтэр-такайар. Ол курдук иккиэн ас астыыбыт, иистэнэбит. Куруук дьоҥҥо эйэҕэс буол диир. Сайын, күһүн айылҕаҕа сылдьарбытын туохтааҕар да ордоробут. Арааһы кэпсэтэн, күлэн-үөрэн, сибэкки, сир аһа хомуйан дьиэбитигэр кэлэбит.
Ийэм дьиэҕэ киирдэҕинэ, тулабыт сырдыы түһэр. Мин кинини олус күүскэ таптыыбын уонна дьоллоох, доруобай эрэ буолуон баҕарабын!
Ньургуйаана Бурнашева, VII “В” кылаас.
Ийэм оҕо сааһыттан…
Ийэ диэн биһигини төрөппүт, күн сирин көрдөрбүт күндү киһибит буолар. Кин куруук биһиги аттыбытыгар баар.
Мин ийэм аата Мария Александровна Степанова. Кини “Россельхоз” бааҥҥа менеджеринэн үлэлиир. Улууспут биир кэрэ айылҕалаах сиригэр, үс дьоруойдаах Байаҕантай нэһилиэгэр Тандаҕа төрөөбүтэ. Ыал соҕотох оҕото буолан, атаахтаан, мааныланан улааппыта. Кыра сааһыттан күн аайы таҥаһын уларыттан, баттаҕын икки гына өрдөрөн, улахан баанчыктатан уһуйааныгар барара үһү. Бороҕоҥҥо мин оскуолабар үөрэммитэ. Маҥнайгы учуутала Анна Николаевна Колесова туһунан биһиэхэ олус истиҥник санаан кэпсээччи. Ийэм кыра сааһыттан үчүгэйдик уруһуйдуур буолан, кылааһыгар солбуллубат худуоһунньук эбит. Ону тэҥэ үҥкүү куруһуогар дьарыктаммыт. Араас таһымнаах куонкурустарга, кэнсиэрдэргэ ситиһиилээхтик кыттыбыт.
Ийэм ас астыырын, иистэнэрин туохтан да ордорор. Биһиги бииргэ төрөөбүт 3 кыыспыт. “Бурда” сурунаалтан көрөн, бэйэтигэр уонна биһиэхэ таҥас тигэр. Мин ийэбин кытта үүт-үкчү таҥастары кэтэрбитин сөбүлүүбүт. Саҥа дьылга араас маскарааттары тигэр, оттон биһиги көмөлөһөбүт. Ийэбитин кытта тэҥҥэ үлэлиирбитин наһаа сөбүлүүбүт. Сайынын сибэкки арааһын олордон, дьиэбит тиэргэнэ сибэккинэн киэркэйэр.Онно уу кутааһын – биһиги сүрүн эбээһинэспит.
Ийэм үтүө майгылаах, истиҥ мичээрдээх. Күндү киһибэр кытаанах доруобуйаны, үлэтигэр ситиһиилэри, уһун дьоллоох олоҕу олороругар баҕарабын.
Дайаана Степанова, VII “В” кылаас.
Мин уонна ийэм