Хас биирдии киhи оҕо сааhын биир умнуллубат кэминэн оскуолаҕа үөрэммит сыллара буолаллар. Оскуола, учуутал – арахсыспат өйдөбүллэр. Быйылгы үөрэх сыла оскуола аайы уратытык саҕаланна. Балаҕан ыйын бастакы күнүттэн буолбакка, ый бүтэhик күннэриттэн үөрэнэн саҕалаабыппыт. Бары да оскуолабытын олус ахтыбыт, бииргэ үөрэнэр оҕолорбутун, учууталларбытын суохтаабыт этибит. Учуутал күнүн көрсө идэлээх бырааhынньыктарынан билиигэ-сайдыыга уhуйар күндү дьоммутун, Үөһээ Бүлүү улууһун Дүллүкү орто оскуолатын учууталларын, итиитик-истиҥник эҕэрдэлээн туран, ыйытыыларбытыгар эппиэттииллэригэр көрдөстүбүт.
- Ханнык оскуолаҕа үөрэммиккитий?
- Тоҕо учуутал идэтин талбыккытый?
- Кылааска аан бастаан үөрэтэ киирбит күҥҥүтүн өйдүүгүт дуо?
- Yөрэнээччигэ саамай сөбүлүүр хаачыстыбаҕыт тугуй?
- Уруоккутугар буолбут көрүдьүөс түгэнтэн быһа тардан кэпсээҥ.
- «Учуутал – …» этиини салҕааҥ.
- Биир идэлээхтэргитигэр, үөрэнээччилэргитигэр баҕа санааҕытын тиэрдиҥ.
Наталья Матвеевна Степанова, оскуола иhинээҕи «Кустук» оҕо тэрилтэтин салайааччыта, СР үөрэҕириитин туйгуна:
- Мин билигин үлэлии сылдьар Дүллүкүм орто оскуолатыгар үөрэммитим.
- Алын кылааска үөрэнэ сырыттахпына, биир күн: «Учуутал буолуон баҕалаах оҕолор дуоска иннигэр тахсыҥ», – диэбиттэрэ. Онно тахсан турбутум. Кыра сылдьан талбыппын уларыппатаҕым. Сөбүлүүр учууталларбын холобур оҥостон, Бүлүүтээҕи педучилищены бүтэрбитим, онтон үрдэтиммитим.
- Маҥнай кып-кыра 6 саастаах оҕолору үөрэтэ киирбитим. Бастакы уруокпар сүрдээҕин долгуйбутум. Кылааска оҕолор төрөппүттэринээн бааллара.
- Эппиэтинэстээх, кырдьыксыт буолууну.
- Учуутал куруук көрүдьүөскэ түбэһэр. Кыра оҕолор күллэрэр түгэннэрэ элбэх буолааччы. Арай биирдэ, уруок кэмигэр таhырдьа түннүк анныгар туох эрэ көстө-көстө сүтэр. Чугаhаан баран көрбүтүм, үөрэнээччим эбэтэ сиэнэ үөрэнэрин көрүөн баҕаран, түннүк анныгар кэлэн саhан турар эбит.
- Учуутал – билиигэ, сырдыкка сирдиир чаҕылхай сулус.
- Доруобай эрэ буолуҥ! Барытын бэйэҕит ситиһиэххит.
Ася Семеновна Анисимова, математика учуутала:
- Чурапчытааҕы №1-дээх оскуолаҕа V-XI кылааска ситиһиилээхтик үөрэммитим. Yөрэхпэр куруук үчүгэй этим. Кылааспар сыл аайы ыстаарыста, оскуола актыбыыстарын чилиэнинэн буоларым.
- СВФУ-га математика уонна информатика институтун бүтэрбитим. V-с кылаастан кылааһым салайааччыта математика учуутала этэ, онон ити предмети кыра кылаастан сөбүлүүбүн.
- Аан бастакы уруокпун Далыр орто оскуолатыгар биэрбитим. Кылаас тобус-толору оҕо этэ. Бары интэриэhиргээбиттии көрөн баран олороллоро.
- Чиэhинэй уонна үлэhит оҕолору сөбүлүүбүн.
- Уруокка буолбут көрүдьүөс түгэн суох. Арай, аан бастаан оскуолаҕа үөрэтэ кэлбиппэр: «Оо, саҥа оҕо кэлбит!», – диэбиттэрэ.
- Учуутал – инники кэскил эрэлэ!
- Yірэнээччилэр, учууталларгытын убаастааҥ, үлэлэрин сыаналааҥ, биэрэр билиилэрин толору иҥэриниҥ! Учууталлар, доруобай, дьоллоох буолуҥ.
Мария Иосифовна Софронова, II-с кылаас учуутала, СР үөрэҕириитин туйгуна:
- Дүллүкү орто оскуолатын үөрэнэн бүтэрбитим. Кылааспытыгар 39-40 буолан үөрэнэр этибит.
- Yөрэппит учууталларым курдук буолуохпун баҕарарым. Бүлүүтээҕи педагогическай училищены, Магаданнааҕы педагогическай институту бүтэрбитим.
- Yөрэммит оскуолабар долгуйа-долгуйа киирбитим. Кылааска 20-тэн тахса оҕо баар этэ уонна уу-чуумпу…
- Yөрүнньэҥ, элбэҕи билэ сатыыр.
- Таhырдьа ардах түhэ турар.
Yөрэнээччи:
— Ураа, сарсын ардах түһэр буоллаҕына, үөрэнэ кэлбэппит дуо?
Учуутал:
— Кэлэҕит, оҕолоор.
Yөрэнээччи:
— Оо, оччоҕо эмиэ бадарааҥҥа буккуллар эбиппин…
- Учуутал – үтүөнү, сырдыгы, кэрэни саҕааччы.
- Бары доруобай буоллуннар. Учууталларга элбэх билиилээх, эйэҕэс үөрэнээччилэри!
Валентина Захаровна Иванова (хаартыскаҕа ортоку олорор), алын кылаас учуутала, СР үөрэҕириитин туйгуна:
- Дүллүкү орто оскуолатыгар үөрэммитим. Оччолорго 8 кылаастаах этэ. Маҥнайгы учууталым Наталья Андреевна Прокопьева диэн этэ. Ураты кэрэ куоластаах, уһулуччу буочардаах этэ. Аргыстаhан, суумкатын тутан, дьиэтигэр тириэрдии бэйэтэ ураты кэрэлээҕэ. Бастакы уонна II-с кылаастарга ыстаарыста этим.
- Учуутал буолуохпун баҕаран, ийэм сүбэтинэн, Бүлүү педучилищетыгар үөрэнэ киирбитим. Онтон Магаданнааҕы пединституту 1981 сыллаахха бүтэрбитим.
- Аан бастаан Тааттаҕа (оччотооҕу Алексеевскай оройуон) пионер баhаатайынан педагогическай үлэбин саҕалаабытым. Наhаа да долгутуулаах этэ. Дириэктэр линиэйкэҕэ миигин билиhиннэрэригэр: «Валентина Захаровна Борисова баhаатай оруолун толоруоҕа», – диэбитигэр дьон күлсүбүттэрэ. Онно 19 саастаах этим, наһаа да кыбыстыбытым.
- Yөрэнээччигэ саамай кылаабынайа кыhамньы наада. Бэйэтин туһугар, инники олоҕун туһугар үөрэнэрин өйдүөхтээх. Оччоҕуна олоххо суолун булунарыгар чэпчэки буолар.
- Арай, дуоскаҕа оҕону таhаараарыбын хааман иһэн аатын ааттаат, иҥнэн охтон түспүппүн олох умнубаппын. Кылааска уу-чуумпу буолан хаалбыта. Ону билигин наhаа сонньуйа саныыбын.
- Учуутал – кэрэҕэ, үтүөҕэ сирдээччи.
- Талан ылбыт идэҕит эһиэхэ үтүөнү эрэ аҕаллын, дьиэ кэргэҥҥитигэр, олоххутугар дьол эрэ тохсойдун!
Лариса Егоровна Лазарева, математика учуутала, СР үөрэҕириитин туйгуна:
- Ньурба улууһун Маалыкай орто оскуолатын үөрэнэн бүтэрбитим. Ойор күннээх оҕо сааhым умнуллубат күннэрэ буолан, оскуолабын, учууталларбын, бииргэ үөрэммит доҕотторбун санаталлар.
- Учуутал идэтэ – оҕо сааhым баҕа санаата. 1988 сыллаахха Новосибирскайдааҕы государственнай пединституту бүтэрбитим.
- Дүллүкү орто оскуолатыгар үлэлии кэлбитим. Физикаҕа IX-X кылаастары үөрэппитим. IX-с кылаастарга кылаас салайааччытынан анаабыттара. Аан бастаан X-с кылаастарга физика уруогун ыыппытым. 30-ча оҕолоох улахан кылаас этэ. Паартаҕа барыта билбэт оҕолорум көрүү-истии буола олороллоро. Санаабар, улахан дьон курдуктара, онтон олус долгуйбутум.
- Үрдүк эппиэтинэстээх, киэҥ билиилээх-көрүүлээх, сайдыылаах, баай өйдөөх-санаалаах буолуу.
- 90-с сылларга уруокка, эксээмэҥҥэ эппиэттэрбит сороҕор «Поле чудес» бырайыакка майгыннаан ылааччы. Ол оҕолор олохторун авиацияны кытта ситимнээн, лүөччүк, мэхээнньик идэтин баhылаан, үлэлии сылдьалларыттан астынабын, үөрэбин.
- Учуутал – саамай үтүө, саамай махталлаах идэ бэрэстэбиитэлэ. Учуутал үрдүк аата үйэлэр тухары махталынан ахтылыннын, кини муударайа, ыйыыта-кэрдиитэ, сүбэтэ-амата сыаналана турдун.
- Билиҥҥи сайдыылаах үйэҕэ айымньылаах, үрдүк таhаарыылаах үлэни, үөрэҕи, бэриниилээх, эппиэтинэстээх буолууну, үөhэттэн-үөhэ дабайа турар үрдүк үктэллэри, саҥаттан саҥа ситиhиилэри, чэгиэн туругу, этэҥҥэ буолууну!
Күннэтэ биhиги туспутугар кыhаллар, киэҥ билиилээх, сайаҕас майгылаах, сиэрдээх, олоххо бэлэмнээх дьон буолан тахсарбытыгар бары күүстэрин ууран үлэлиир күндү учууталларбытыгар чэгиэн-чэбдик доруобуйаны, махталлаах үөрэнээччилэри, дьолу-соргуну баҕарабыт!
Дайаана Федорова, Уруйдаана Афанасьева, Уруйдаан Прокопьев,
IX кылаас үөрэнээччилэрэ, «Эрчим» эдкорпост.