Алтынньы 5 күнэ -Учуутал күнэ! Учуутал оҕоҕо билиини биэрэрин таһынан, үтүөҕэ, кэрэҕэ уһуйан, хас биирдии үөрэнээччигэр дууһатын сылааһын иҥэрэн, идэтин таларыгар олук ууран, улуус, өрөспүүбүлүкэ, дойду кэскилин түстүүр ураты суолталаах киһи буолар. Ытыктабыллаах учууталлары, иитээччилэры, эбии үөрэхтээһин педагогтарын, педагогическай үлэ бэтэрээннэрин сырдык бырааһынньыккытынан эҕэрдэлиибит!
Мэҥэ Хаҥалас Хаптаҕай орто оскуолатыгар «Кустук» телестудия тэриллэн үлэлээбитэ 20-тэн тахса сыл буолла. Салайааччынан баай педагогическай уопуттаах, идэтигэр бэриниилээх, айымньылаах сыһыаннаах, кэллэктиип биир тутаах үлэһитэ Нина Николевна Яковлева үрдүк таһаарыылаахтык үлэлии сылдьар.
Диана Терентьева:
— Биһиги, телестудия иитиллээччилэрэ, куруһуокпутугар элбэххэ үөрэнэн, буһан-хатан, күүстээх социализацияны ааһан, олох аартыгар үктэннибит. «Кустук» телестудиянан араас күрэхтэргэ, куонкурустарга, форумнарга, көрсүһүүлэргэ кыттыбыт, кыайбыт-хоппут кэрэ түгэннэрбит, онно билсибит атастарбыт-дьүөгэлэрбит мөссүөннэрэ, күннээҕи дьарыктарбыт кэмнэрэ үтүө өйдөбүл буолан, биһиги дууһабытыгар, өйбүтүгэр-санаабытыгар үйэ саас тухары оҕо саас биир чаҕылхай өйдөбүллэрэ буолан сылдьыаҕа. Онно барытыгар биһиги Нина Николаевнаҕа махталбыт муҥура суох улахан!
Нина Николаевнаны Учуутал күнүнэн эҕэрдэлиибин! Баҕарабын киниэхэ кытаанах доруобуйаны, үлэтигэр өссө элбэх ситиһиилэри, «Кустук» телестудия тула баҕалаах оҕолору түмэн, кинилэри сайыннарарыгар, талааннарын арыйталыырыгар!
Ая Кривошапкина, «Үйэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи сурунаал редакторын солбуйааччы:
— «Кустук» телестудияны айымньылаахтык улэлэтэ сылдьар истиҥник саныыр учууталбын Нина Николаевнаны идэлээх күҥҥүнэн итиитик -истиҥник эҕэрдэлиибин! Нэһилиэк олоҕор, оҕо сайдыытыгар телестудия үлэтэ кэмнэммэт өҥөлөөх. Телестудия аҥардас информацияны тиэрдиинэн эрэ муҥурдаммат. Сүрүнэ- оҕо оҥорон таһаарбыт үлэтин түмүгүн тута көрөр, үлэтинэн дуоһуйууну ылар. Оҕо онтон кынаттанан, салгыы сыалын ситиһэргэ үөрэнэр, сайдар. Маны таһынан, иитиллээччилэр нэһилиэк араас араҥатын- кырдьаҕастары, кыра оҕолору, орто саастаах, эдэр дьону кытта сатаан алтыһарга үөрэнэллэр, киһи киһитэ буолар олох оскуолатын ааһаллар. Нина Николаевна оҕону сатаан истэр, идеятын өйүүр, эдэр дьоҥҥо айалларыгар-туталларыгар толору кыаҕы биэрэр сатабыллаах. Историяны кытары күннэтэ үлэлэһэр учууталбар чэгиэн доруобуйаны, дьиэ кэргэнигэр дьолу баҕарабын!
Владиан Цыпандин:
— В жизни каждого человека есть люди, которые оказали большое влияние на формирование его качеств, характера и мировоззрения. И особенно счастлив тот, кому встретился наставник, умеющий хорошо направлять, да и просто открыть больше возможностей в твоей жизни. Таким человеком для меня стала моя руководительница Нина Николаевна. Говоря о ней сложно не отметить того факта, что она является одной из самых опытных педагогов нашей школы, через ее руки прошло не одно поколение учеников, включая и мою маму. Как человек, Нина Николаевна крайне добрый, понимающий, отзывчивый, а главное, умеющий находить подход к каждому воспитаннику и правильно направлять человека в нужное русло жизни, по которому и поплывет человек. Я понимаю, что без нее я бы никогда не встретил много новых верных друзей, так как именно благодаря ее наставлению я попал во многие крупные детские центры, которые дали мне еще больше возможностей и способствовали моему личностному росту и общему саморазвитию. Я крайне благодарен и горд тому, что я являюсь одним из учеников такого человека как Нина Николаевна.
Миша Сидоров, Амурскайдааҕы медицина академиятын устудьуона:
— Мин «Кустук» телестудияҕа дьарыктаммыппын олус истиҥник саныыбын. Студияҕа сылдьан элбэххэ үөрэммитим –камераҕа устарга, оцифровка оҥорорго, озвучкалыырга. Күн аайы студияҕа кэлэн дьарыктанан, биир интэриэстээх оҕолору кытта алтыһарбын күндүтүк саныыбын. Мин дьиҥэ «Кустукка» алҕас (случайно) диэбит курдук, киирбитим. Көрүдүөрүнэн ааһан иһэн студияҕа дьарыктана олороллорун көрөр этим. Тугунан дьарыктаналларын билбэтим. Уонна салайааччылара «строгай», мөҕөрө буолуо диирим. Сылдьан барбытым. Нина Николаевна олох мөхпөт, наар үөрэтэ, сүбэлии сылдьар эбит. Студияҕа сылдьан, араас таһымнаах күэххэ кыттан, бүтүн аан дойдуга, Россияҕа, өрөспүүбүлүкэҕэ ситиһиилэммиппит. Мантан киһи үөрэр, кынаттанар, инникигэ эрэл үөскүүр. Учуутал күнүнэн бары үөрэппит учууталларбын итиитик –истиҥник эҕэрдэлиибин! Күндүтүк саныыр, үтүөҕэ-кэрэҕэ уһуйбут учууталбын, «Кустугум» салайааччытын Нина Николаевнаны бу үөрүүлээх күҥҥүнэн эҕэрдэлиибин! Баҕарыам этэ бары үчүгэйи, дьолу –соргуну, алмаас таас курдук кытаанах доруобуйаны уонна оҕолору кэрэҕэ-үтүөҕэ угуйар үлэҥ үүнэ-сайда, салҕана турарыгар!
Полина Григорьева, Нерюнгри театрын артыыһа:
— Оскуолаҕа үөрэммит кэмнэрбин олус сылаастык ахтан ааһабын. Нина Николаевна «Кустук» телестудиятыгар алын кылаастан сылдьан ылбыт билиим олохпор, үлэбэр күүс –көмө буолар. Учуутал киһи быһыытынан Нина Николаевна элбэххэ үөрэтэр, угуйар уонна иитэр сүдү талааныгар сүгүрүйэбин. Наадалаах кэмҥэ атаахтатан эбэтэр мөҥөн да ылара сөп дии саныыбын. Сүрэҕэлдьээн да ыларбыт да баар буолааччы, ону кини хайдах эрэ күүскэ интэриэһиргэтэн дьарыктанар санааҕын күүһүрдэр, сурэҕэлдьээбиккин аһардар. Биһиги уһуйааччыбыныын элбэх күрэхтэргэ, тэрээһиннэргэ кыттан, ситиһиилэнэрбит. Саҥа биэриилээри толкуйдаан айбыппыт күн бүгүҥҥэ диэри эфиргэ тахсалларыттан үөрэбин. Өссө киһи үөрэрэ диэн оскуоланы бүтэрэн, атын сиргэ үлэлиир да буолларгын умнубат, куруутун сибээскэ баарыттан махтанабын. Уопсайынан, биһиэхэ талааннаах, үлэлэригэр бэриниилээх уһуйааччы, учуутал элбэх! Күндү Нина Николаевнабар уонна бары учууталларбар, Светлана Анатольевнаҕа, Анастасия Андреевнаҕа,Розалия Герасимовнаҕа,Валентина Ивановнаҕа барҕа махтал! Мин эһигини олус убаастыыбын уонна таптыыбын. Үлэҕит куруутун үөрүүнү, дьолу эрэ аҕаллын!
Сайаана Стручкова, 10 кылаас:
— Хас биирдии киһи олоҕор бастыҥ хаачыстыбаларын, талааннарын арыйбыт улахан сабыдыаллаах дьон бааллар. Иитэр-үөрэтэр, куруутун үчүгэйгэ эрэ угуйар, олоххо баар бары кыахтары арыйарыгар кыһаллар дьоннор. Оннук киһинэн мин салайааччым Нина Николаевна буолар. Кини биһиги оскуолабыт биир саамай уопуттаах педагога, сүрдээх үтүө санаалаах, мындыр өйдөөх, саамай сүрүнэ, хас биирдии оҕоҕо сөптөөх сыһыаны булар. Кини хас да күлүөнэ оҕолору иитэн-үөрэтэн таһаарбыта билигин үөрэхтээх дьон буолан, араас эйгэҕэ дьоһун үлэһит буоллулар. Нина Николаевна салайар студиятыгар дьарыктамматаҕым буоллар мин билиим –көрүүм татым буолуо этэ. Нина Николаевна курдук салайааччы үөрэнээччитэ буоларбынан киэн туттабын. Олус диэн киниэхэ махтанабын, убаастыыбын!
keskil14.ru