Бу сайын “Бичик” кинигэ кыһатыгар “Саха ситиһиилээх дьоно — оҕолорго” сиэрийэҕэ Арсен Томскай “Үрдүккэ дьулус, санаабыккын ситис” диэн сайдыыга сирдиир сүбэлэрэ түмүллүбүт оҕолорго аналлаах кинигэтэ таҕыста.
СӨ Бастакы Президенэ Михаил Николаев: “Сахабыт сиригэр үөрэммит, улааппыт биир дойдулааҕыҥ Арсен Томскай кинигэтин ааҕан баран, “саҥаны билэ сатаатахпына, кыһалыннахпына, мин даҕаны цифровой эйгэҕэ ситиһиилэниэхпин, ыра санаабын толоруохпун син эбит”, дииргэр бүк эрэнэбин”.
“Кэскили” чугастык саныыбын
Биһиги кинигэни бэлэмнээбит редактор Оксана Манчуринаны кытары “Кэскил” хаһыат “Ааҕымта” рубрикатыгар анаан-минээн кэпсэттибит. Үөрүөхпүт иһин, дьоруойбут урут “Кэскил” хаһыаты аахпыт, өссө бэйэтэ суруйбут, бэчээттэммит эбит:
—«Кэскили» ийэм миэхэ анаан суруйтарар этэ. Хаһыакка тахсар куонкурустарга аҥаар кырыытыттан кыттан иһээччибин. Итиэннэ түмүк хаһан тахсарын кэтэһии бөҕө буолааччыбын. Испииһэккэ бэйэм ааппын буллахпына, мин саҕа дьоллоох киһи суох буолара. Онтон суруйууга бастакы холонууларбын, кылгас бэлиэтээһиннэри ыытар буолбутум. Ол кэминээҕи Россия эстрадатын ырыаһыттарын тустарынан туох интэриэһинэйи тэлэбиисэргэ истибиппин суруйарбын өйдүүбүн. Линда, Земфира туһунан бэлиэтээһиннэрим «Кэскилгэ» тахсыбыттара. Онтон Байкалга сылдьан баран, ис турукпун, санааларбын суруйан ыыппытым бэчээттэммитэ. Онуоха ийэм ааҕан баран: «Бу мин оҕом суруйбут диэн киһи итэҕэйиэ суоҕун курдук»,—диэбитин өйдүүбүн. Онон «Кэскили» чугастык саныыбын, айар куппун өйөөбүт хаһыат быһыытынан ылынабын.
InDriver сыһыарыы туһунан
—Бу мобильнай сыһыарыы нөҥүө такси ыҥыран, туһааннаах сиргэ көрүөх бэтэрээ өттүгэр тиийэриҥ судургутук быһаарыллар буолбута олус бэрт. Маҥнай «ВКонтакте» социальнай ситим нөҥүө суоппардар бөлөхтөрүгэр киирэн, массыына ыҥырарбын эмиэ өйдүүбүн. Билигин InDriver сыһыарыыга айаныҥ сыанатын, хайдах төлүүргүн бэйэҥ ыйан, оннооҕор, ханнык массыынанан айанныыргын кытта талан, тиийиэхтээх сиргэр илтэрэр кыах үөскээтэ. Айан кэннэ суоппар рейтинигэр дьайар кыахтаах тус сыанабылбытын биллэрэбит, инньэ гынан, барыта хонтуруолланар, ким туга-ханныга барыта дьэҥкэтик көстөр. «InDriver» көмөтүнэн ыҥырбыт массыынаҥ аҕыйах мүнүүтэнэн кэлбитэ эрэ баар буолар. Урукку курдук, өр да өр кэтэспэккин. Инньэ гынан, бириэмэҥ халтайга барбат, барыта сып-сап, түргэн-тарҕан.
Арсен Томскай кинигэтин маҥнайгы билсиим
—“Instagram» социальнай ситимҥэ Арсен Томскай сирэй-лииһигэр суруйтарыылаах буолан, сонуннарын ааҕа, көрө-истэ олорбутум. Ол курдук, кини олоҕун сүрүн кэрдиис кэмнэрин, кыракый куоракка олорон эрэ, билигин аан дойдуга биллэр улахан хампаанньаны хайдах тэрийбитин кэпсиир биографическай хабааннаах кинигэтэ бэчээттэнэн тахсыбытын туһунан суруйбута. Оттон сотору буолан баран, былырыын сэтинньи ыйга Дьокуускайга ааҕааччылары кытта көрсүбүтэ, оскуолаларга үөрэнээччилэрдиин атах тэпсэн олорон сайдыы, үөрэх, билии туһунан санаатын үллэстибитэ. Элбэх бибилэтиэкэҕэ кинигэтин бэлэхтээбитэ. Манна даҕатан эттэххэ, Арсенныын көрсүһүүгэ ылбычча кыайан киирбэт этиҥ: барыта эрдэттэн суруйтарыы, испииһэккэ киллэрдэхтэринэ эрэ, оннук түгэн тосхойоро. Баҕалаах киһи олус элбэҕэ. Социальнай ситимҥэ ааҕааччылардыын көрсүһүү туһунан биллэрии таҕыстаҕына, аҕыйах мүнүүтэнэн миэстэ бүтэ охсоро.
Биир үтүө күн Өрөспүүбүлүкэ лиссиэйигэр (уруккута РФМШ-РК) оҕолордуун көрсүбүтүн ааҕан баран, хайдах эрэ ыксаабытым. Биллэрин курдук, кини бу оскуоланы бүтэрбитэ. Хайдах үөрэммитин, Саха сиригэр аан бастаан көмпүүтэр саҥа үөдүйэн эрэр кэмигэр программированиеҕа интэриэс бу үөрэх кыһатыгар саҕаламмытын кинигэтигэр ахтан ааһар. Оттон мин эмиэ бу кыһаны, Иван Иванович Шамаев дириэктэрдээх, ол саҕана Өрөспүүбүлүкэтээҕи кэллиэһи 2003 сыллаахха бүтэрэн, ситии-хотуу аттестатын ылбытым. Тоҕо эрэ үөрэппит учууталларбын санаабытым уонна: «Арсен Томскайдыын биир бырайыакка үлэлэһиэхпин наада эбит», диэн санаа элэс гыммыта. Дьиҥэ, Арсенныын оскуолаттан атын туох да ситимнээбэт буоллаҕа: үлэлиир хайысхабыт да атын, эбиитин, кини атын дойдуга олорор. Инньэ гынан, бастаан утаа ааҕааччылардыын көрсүһүүгэ хайаатар даҕаны сылдьыахтаахпын диэн сыал туруоруммутум. Ол курдук, биллэрии тахсыбытыгар тэрийээччилэргэ олус түргэнник суруйан испииһэккэ, дьэ, киирбитим.
Ыйыллыбыт күн эрдэ тиийэн, кинигэни атыылаһаары уочараттаабытым, онуоха мин иннибэр турбут уол бүтэһик эксэмпилээри атыылаһан, ытыс соттон хаалбытым. Мустубут ыччат итии бэрэскини атыылаһар курдук, былдьаһар кэриэтэ кинигэлэрдээх улахан хопполору олус түргэнник түгэхтээбитин көрөн, сөрү диэн сөхпүтүм. Ыччат ааҕар. Аахпат буолбатах.
Көрсүһүүгэ
—Бу көрсүһүү тус бэйэбэр олус дириҥник иҥмитэ. Арсен эппитинэн, киһи бэйэтин бары өттүнэн сайыннардаҕына, аан дойдуну үтүө өттүгэр уларытыан сөп. Саха сиригэр олорорго туох ыарахаттар баалларын, олохтоох дьон ханнык кыһалҕалары көрсөллөрүн ырытыспыппыт. Онуоха аныгы технология көмөтүнэн туох эрэ уратыны айан таһааран, олохпутун чэпчэтиэххэ сөбүн туһунан санаатын үллэстибитэ. Саха сирин миссиятын, туһааннаах бырайыактар, өйү үлэлэтэр бырагырааммалар тула кэпсэтии олус интэриэһинэйдик ааспыта. Саха ыччатын толкуйдуур, айар дьоҕурун сайыннаран, биһиги өрөспүүбүлүкэбитин интеллектуальнай өттүнэн хайдах күүһүрдүөххэ сөбүн туһунан Арсен Томскай санааларын мустубут дьон олус болҕойон олорон истибитэ.
Ити күн кинигэ электроннай барыйаанын атыыласпытым, оттон бэчээттэммит кинигэтин Москваҕа үлэспитим. Ааҕа олорон, үгүһү санаабытым, элбэхтэ толкуйдаабытым. Арсен Томскай курдук ураты толкуйдаах, өйдөөх саха саарыннаахпытыттан киэн туттубутум. Кини бырайыактара Саха сиригэр олорор дьон-сэргэ олоҕун тупсарарга, өй-санаа уларыйарыгар, айар дьоҕур өйөбүллээх буоларыгар туһаайыллаллар.
Сөбүлээбит түгэннэрим
—Кинигэ бары түһүмэхтэрэ олус интэриэһинэйдэр. Арааһа, бу аттыбытыгар баары, буолбуту кытта ситимнээх буолан, кэбэҕэстик өйдүүгүн, ылынаҕын. Мин ордук спортка уонна сүрүн үөрүйэхтэргэ, сатабылларга сыһыаннаах Арсен тус санааларын бэлиэтээбитим. Холобур, кыратыгар спорду кытта соччо доҕордоспот эбит. Көмпүүтэр иннигэр олорон эрэ үлэлиир буолан, уойан барбыт. Ол иһин бастаан бэлисэпиэт тэбэн уонна сүүрэн саҕалаабыт. Онтон кэлин аан дойду саамай биллэр марафоннарыгар—Токио, Чикаго куораттарга ситиһиилээхтик кыттыбыт. Дьокуускайга сыллата ахсын буолар полумарафону тэрийсэр. Кини сүбэтинэн, биллиилээх дьоппуон суруйааччыта Харуки Мураками «О чем я говорю, когда говорю о беге» диэн кинигэтин булан аахпытым. Инньэ гынан, бэс ыйыттан саҕалаан сүүрүүнэн дьарыктанабын. Урут оскуолаҕа, университекка сүүрэр этим, онтон хайдах эрэ тохтоон хаалбытым. Быйыл бу спорт көрүҥэр төннөрбөр Арсен Томскай кинигэтэ көмөлөстө диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо.
«Саха ситиһиилээх дьоно—оҕолорго» бырайыак
—Ааҕааччылары кытта көрсүһүү кэнниттэн, кынаттаммыт бэйэбин сэрэйбит курдук, «Бичик» национальнай кинигэ кыһатын редактора Ульяна Семенова төлөпүөннээбитэ. «Маннык саҥа серия олохтоору гынабыт, онно бастакынан Арсен Томскайы таһаараары былаанныыбыт»,- диэбитигэр, тута сөбүлэспитим. Кинигэ тутулугар, ис хоһоонугар үлэлэстим. Арсен бырайыактарын, үтүө дьыалаларын барытын үөрэтэн, Интернет ситимигэр матырыйааллары ааҕан, көрсүһүүгэ эппит санааларын бэлиэтэммиппин элбэхтэ ылан көрөн, оҕолорго аналлаах кинигэ сүнньэ оҥоһуллубута. Аныгы үйэҕэ ханнык баҕарар оҕо, ыччат ханна олороруттан, ханнык оскуолаҕа үөрэнэриттэн тутулуга суох ситиһиилээх буолуон сөп диэн санаанан салайтарбыппыт. Кинигэ дизайна, уруһуйа олус бэрт. Уопсайынан, бу кинигэҕэ күүстээх хамаанда үлэлээтэ.
Кинигэ уратыта
—Кинигэҕэ ааптар туһунан интэриэһинэй чахчылары, хампаанньалары хайдах тэрийбитин, оҕолорго аналлаах бырайыактары, бырагырааммалары, инники кэм ирдэбилин, урбаан, туризм, киинэ, киберспорт хайысхатыгар хайдах үлэлэһиэххэ сөбүн, киһи быһыытынан сайдарга ханнык үөрүйэхтэр, сатабыллар наадаларын, дьол, харчы, үтүө уонна мөкү санаа туһунан Арсен Томскай көрүүлэрин ааҕыахха сөп. Инники олоххо туһалаах идэлэр, саҥа хайысхалар ыйыллаллар. Ону тэҥэ IT эйгэтин кыаҕын билсиэххит, ханнык баҕарар саха оҕото олус күүскэ баҕардаҕына, ханнык эмэ хайысханан үлүһүйдэҕинэ, аан дойду таһымыгар тахсар кыахтааҕын итэҕэйиэххит. Эбиитин куонкуруска кыттыахха сөп. Дьон олоҕун тупсарарга, эбэтэр, ханнык эмэ кыһалҕаны быһаарарга идеяны үллэстэн, дьоһун бэлэҕи сүүйүөххэ сөп. Куонкурус кинигэ бүтэһигэр сирэйигэр баар.
Сөбүлээбит кинигэлэрим туһунан
—Оҕо сааһым Интернет үйэтэ үөдүйэ илигинэ ааспыт буолан, биһиги көлүөнэ кинигэни кыбына сылдьан улааппыппыт. Аан бастаан аахпыт кинигэм—Роальд Даль ааптардаах «Чарли и шоколадная фабрика» диэн. Арааһа, өйбөр оҥорон көрөр дьоҕурум бу кинигэттэн саҕалаан, сайдыбыта буолуо. Үөһээ Бүлүүгэ бэһис кылааска үөрэнэрбитигэр история учуутала Юрий Кынатов Францияҕа XVI үйэҕэ буолбут «Варфоломеевская ночь» туһунан уруокка кэпсээбитэ. Тиэмэни өссө үчүгэйдик билиэхпитин баҕардахпытына, Александр Дюма «Королева Марго» диэн кинигэтин ааҕарга сүбэлээбитэ. Уруок кэннэ библиотекаттан ити кинигэни уларсыбытым уонна Дюма суруйар истиилин олус сөбүлээбитим. Салгыы Дюма, Виктор Гюго, Морис Дрюон романнарын утаппыттыы аахпытым. Онон ааҕыыга Дюма оскуолатын ааспытым дии саныыбын.
Булан ааҕыҥ
—Биэс бастыҥ кинигэни эдэр ааҕааччыларга сүбэлиэм этэ:
- 1. Антуан де Сент-Экзюпери «Маленький принц» «Кыра Тыгын» диэн Куорсуннаах сахалыы тылбааһын.
- 2. Ричард Бах «Чайка по имени Джонатан Ливингстон».
- 3. Марк Твен «Принц и нищий».
- 4. Валентин Распутин «Уроки французского».
- 5. Джон Р.Р. Толкин «Хоббит».
Кумааҕы кинигэ олус үчүгэй. Сыттыын атын, ураты буолар. Сөбүлээбит этиилэрбин бэлиэтиибин, наадыйдахпына, хаһан баҕарар, ылан көрөбүн.
Ааптар: Жанна Леонтьева