ХИФУ медицинскэй института биир саамай куонкурустаах үөрэх кыһата буолар. Институт салааларын, ханнык хайысхаларга үөрэтэллэрин туһунан абитуриеннары кытта үлэҕэ эппиэттээх Лена Анатольевна СТЕПАНОВАНЫ кытта кэпсэттибит.
— Ханнык хайысхаларынан үөрэтэҕитий?
– Биһиги институппут «Лечебное дело», «Педиатрия», «Стоматология», «Фармация», «Медико-профилактическое дело», «Сестринское дело» специалитеттарга үөрэтэр. Институту бүтэрээччилэр ким да үлэтэ суох хаалбат, бары үлэнэн хааччыллаллар. Бүгүҥҥү туругунан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 150 быраас, 400 сиэстэрэ тиийбэт.
— Ханна үлэлиир буолалларый?
– Биирдиилээн быһаардахха, «Лечебное дело» уонна “Педиатрия” специалитеттары талбыт устудьуоннар терапевт-быраас, педиатр-быраас быһыытынан поликлиникаҕа үлэлии бараллар. Стоматолог – чааһынай уонна судаарыстабаннай тиис поликлиникаларыгар. «Фармация» специалитетын бүтэрээччи провизор идэлээх буолар, эмп-томп атыытын хонтуруоллуур, учуоттуур. «Медико-профилактическое дело» – гигиенист-быраас буолан, санэпидемстанцияҕа, Роспотребнадзорга, СЭС лабораторияларыгар үлэлиир.
«Сестринское дело» устудьуоннара бу көннөрү сиэстэрэ буолбатахтар, укуол туруорбаттар, кинилэр орто уонна алын медицинскэй персонал үлэтин тэрийээччи менеджердэр буолаллар. Салгыы магистратураҕа үөрэнэн, медицинскэй тэрилтэ кылаабынай бырааһа, солбуйааччыта буолуохтарын сөп. Бу идэҕэ туттарсар абитуриент салайар дьоҕурдаах буолара наада. Устудьуоннар үһүс куурустан балыыһаҕа, «Суһал көмөҕө» сиэстэрэ быһыытынан үлэлиир кыахтаахтар.
— Ханнык предметтэргэ КГЭ туттаралларый?
– Химия, биология, нуучча тыла.
— Кэллиэһи бүтэрбиттэр институкка киирэллэригэр ханнык эксээмэннэри туттаралларый?
– Биологияны, химияны, нуучча тылын тестирование быһыытынан туттараллар. Бэлиэтиэхпин баҕарабын: аҥаардас медицинскэй эрэ буолбакка, ханнык баҕарар кэллиэһи бүтэрбиттэр кэлэн салгыы мединститукка үөрэниэхтэрин сөп. Тестированиены эрэ этэҥҥэ ааһыахтарын наада.
— Быйыл бүддьүөт хас миэстэтэ көрүлүннэ?
– Былырыын 209 этэ, быйыл – 215. Ол иһигэр 23 миэстэҕэ тулаайах, инбэлиит оҕолор киирэллэр. Стоматологтар элбэх миэстэлээхтэр – 20. Итинтэн сэттэҕэ тиийэ «целевой» буолуон сөп. Ол аата улуустар, тэрилтэлэр миэстэлэрэ.
— Быраас буолуон баҕалаах хайаан да химияны үчүгэйдик билиэхтээх дуо?
– Хомойуох иһин, сылтан сыл ахсын КГЭ-ҕэ химияны талааччылар аҕыйаатар аҕыйаан иһэллэр. Хоту улуустарга олох суоҕун кэриэтэ. Хотуттан мединститукка киирээччи олох аҕыйах. Бу улуустарга быраас тиийбэт кыһалҕата баар. Быраас буолуон баҕалаахтар бааллара буолуо да, химияны сөптөөх таһымҥа үөрэппэттэриттэн баҕа санаалара туолбат. Онон бу оҕолорго бастаан кэллиэскэ киирэн үөрэнэллэригэр сүбэлиэхпит этэ. Эбэтэр үрдүк үөрэх иннинээҕи уонна профориентация факультетыгар киирэн, билиилэрин чиҥэтэн баран, биһиэхэ туттарсыахтарын сөп. Бу факультекка химияны, биологияны, нуучча тылын институппут преподавателлэрэ бэйэлэрэ үөрэтэллэр.
— Оскуола оҕолоро дьарыктаныахтарын сөп дуо?
– IX-XI кылаас үөрэнээччилэрэ Дьоҕус медицинскэй академияҕа үөрэнэллэр. Улуус оҕолоро алтынньы, сэтинньи, ахсынньы ыйдарга дистанционнай ньыманан дьарыктаналлар. Тохсунньуга «Кыһыҥҥы оскуолаҕа» манна ыҥырабыт. Онтон эмиэ үс ый дистанционнай ньыманан. Ол кэнниттэн – «Сайыҥҥы оскуола». Онон, чахчы, быраас буолуон баҕалаах оҕоҕо суол аһаҕас.
— Устудьуоннар ханнык предметтэри үөрэтэллэрий?
– Ыарыһаҕы көрүү-харайыы, анатомия, химия, физика, Россия историята, медицинскэй информатика, нуучча, омук тыллара, о.д.а. Үрдүкү кууруска таҕыстахтарына, педиатрия, терапия, хирургия, офтальмология, травматология, фармакология, о.д.а. эбиллэр.
— Хас сыл үөрэнэллэрий?
– «Лечебное дело», «Педиатрия», «Медико-профилактическое дело» – 6, «Стоматология», «Фармация» – 5, «Сестринское дело» – 4 сыл. Салгыы хайысхаларынан көрөн, иккиттэн биэс сылга диэри үөрэнэллэр (холобур, тымыр хирура – 5 сыл).
— Төлөбүрдээх үөрэх биир сылга төһө буоларый?
– Мединститукка киириигэ куонкурус олус улахан, баҕалаах элбэх. Төлөбүрдээх үөрэх эмиэ баар. Бастакы кууруска сылга 213 тыһ.солк. кэриҥэ буолар.
Кэпсэттэ ТАИСИЯ АЛЕКСЕЕВА.