«Кэскил» («Бэлэм буол») хаһыат 85 үбүлүөйдээх сылынан кылаабынай редактор Нина Иннокентьевна Протопопова уонна кини үөлээннээхтэрин, кэллиэгэлэрбитин үтүө тылынан ахтабыт-саныыбыт. Бүгүн эһиги болҕомтоҕутугар суруналыыс, суруйааччы Иван Андросов-Айанньыт ахтыытын таһаарабыт.
Дьылҕам миигин “Кэскил” эрэдээксийэтигэр сирдээн аҕалан, сүдү даҕаны дьону кытта алтыһыннаран ааспыт эбит. Кэм-кэрдии төһө даҕаны уу сүүрүгүнүү суккулуннар, кинилэр сырдык мөссүөннэрэ, үөрэппит-такайбыт тыллара, күлүүлэрэ-оонньуулара өйбөр-санаабар ордук чуолкайданан иһэр.
Билигин санаатахха, эрэдээктэрбит Нина Иннокентьевна Протопопова үлэни олус даҕаны сөпкө аттаран, дьону таба наардаан туруорар эбит. Хас биирдии үлэһит туохха ордук сыһыаннааҕын көрөн, анал балаһаларга анаталыыра. Холобур, Александр Васильев-Көрдүгэн спорду, сэриини, биллиилээх дьон, артыыстар тустарынан балаһалары бэрэлиирэ. Киниттэн ордук ити тиэмэлэри ымпыктаан-чымпыктаан билэр, суруйар суруналыыс аҕыйах буолуо. Бэйэтэ спортивнай судьуйа-кэмэнтээтэр буолан, спорт эйгэтин кытта ыкса сибээстээҕэ. Хапсаҕай, көҥүл тустуу, биирдиилээн спортсменнар, тренердэр тустарынан элбэх кинигэни таһаарда. Итини таһынан, Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии кыттыылаахтарын тустарынан үгүһү билэрэ сөхтөрөр. Сэрии тиэмэтигэр үгүс кинигэ кини эрэдээксийэтинэн ааспыта, бэйэтэ — хас даҕаны кинигэ ааптара. Тыйаатыр, артыыстар, биллиилээх дьон, суруйааччылар тустарынан балаһалара ааҕааччы интэриэһин өрүү тардара. Ханна даҕаны тиийдэр, оҕону кытта оҕо, кырдьаҕаһы кытта кырдьаҕас буола түһэн, “күлүүс”тылы була охсон, сэһэн-тэппэн ыраатара.
Оттон мелодист, “Хатыҥнар сайыны түһүүллэр“ ырыа матыыбын айбыт Василий Петрович Иванов, “Кэрэ эйгэ” балаһаны иилээбитэ-саҕалаабыта. Киниттэн ордук ырыаһыттары, мелодистары тус билэр киһи аҕыйаҕа. Араас музыкальнай үнүстүрүмүөннэргэ оонньуура. Эрэдээксийэ ыытар киэһэлэрин баянынан доҕуһуоллуура, олус истиҥник ыллаан киэргэтэрэ. Оҕолорго аналлаах араас куонкурустары тиһигин быспакка ыытара. СӨ бастакы Президенэ М.Е. Николаев бөлүһүөктүү санаатынан саҕаламмыт „Муусукалыын алтыһыах“ хамсааһыны „Кэскил“ хаһыат нөҥүө өрөспүүбүлүкэ оҕолоругар тарҕаппыт Василий Иванов буолар.
Улахан убайдарбыт, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһиттэрэ Николай Степанович Дмитриев, Николай Прокопьевич Васильев, кэрэ даҕаны дьон этилэр. Николай Степанович өр кэмҥэ хаһыат эппиэттиир сэкирэтээринэн үлэлээбитэ. Туттара-хаптара түргэнэ сүрдээҕэ. Эн суруйбут матырыйаалгын макекка батарбатаҕына, бэчээттэммит илииһи улахан кыптыыйынан быһыта кырыйталаан кэбиһэрэ (оччолорго матырыйаалбытын бэчээттиир массыыҥкаҕа бэчээттиирбит). Ол эрээри, суруллубут матырыйаал онтон тугун даҕаны сүтэрбэтэ, сорох ардыгар өссө тупсубут курдук буолара. Хохочой комсомолецтарын, Абаҕа пионердарын анаан үөрэтэн, ааттарын үйэтитэн, Саха суруналыыстарын Емельян Ярославскай аатынан бириэмийэтин лауреата буолбута, оҕолорго аналлаах хас даҕаны кинигэни суруйбута. Олортон саамай сүрүннэрэ – Сэбиэскэй Сойуус аатырбыт дьоно – маршаллар, генераллар, геройдар, космонавтар, артыыстар, суруйааччылар – Саха сирин пионердарын кытта суруйсууларын кинигэтэ буолар. Николай Степанович салайар талааннааҕа, Саха сирин суруналыыстарын сойууһун Бырабылыанньатын салайбыта, ССРС суруналыыстарын сьеһигэр кыттыбыта. Кини күһүн, саас сааланарын олус сөбүлүүрэ. Үчүгэйдик ытарын туһунан бииргэ сылдьыспыт дьон кэпсииллэрэ. Ханнык эмэ бэлиэ күҥҥэ муһуннахпытына, бултаабыт булдуттан амсатарауонна … Алдан булчутун “короннай” ырыатын дьиэрэтэрэ.
Маннык үтүө кэмнэргэ биир убайбыт, Николай Прокопьевич Васильев, дьээбэтэ-хообото уонна “Саас буолан…” диэн ырыатын тартаҕына, бэл, аан таһыгар истээччилэр баар буолаллара. Николай Прокопьевич үлэтиттэн уурайыар диэри литература отделын салайбыта. Кини илиитин иһинэн төһөлөөх суруйааччы үлэтэ ааспытын ааһан сиппэккин. Бэйэтэ оҕолорго аналлаах хас даҕаны кинигэни нууччалыыттан сахалыыга тылбаастаабыта. Олортон биирдэстэрэ оҕо аймах кутун туппут „Красные дьяволята“ диэн кинигэни „Кыһыл абааһычааннар“ диэн ааттаан таһаартарбыта. Редакцияҕа отучча сыл үлэлээбит Н.Е. Мординовы-Амма Аччыгыйын кытта өр кэмҥэ алтыспыт буолан, үчүгэй ахтыылары суруйан хаалларбыта. Николай Прокопьевич дьээбэлээх, көрдөөх-нардаах, кэпсээнньит мааныта этэ. „Бэлэм буол“ хаһыат эт саастыыта – иккиэн 1936 сыллаах „төрүөхтэр“. Биирдэ эмэтэ, быыс кэм түбэстэҕинэ, эрэдээксийэ уолаттара хомуллан отонноон, балыктаан, кустаан кэлэрбит үчүгэй даҕаны буолара…
Бу үтүөкэн дьоммун кытта сэргэстэһэ, сэрии бэтэрээнэ, түөрт бойобуой уордьан кавалера Иннокентий Петрович Канаев, САССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ Марина Андреевна Дьячковская, 1959 сылтан „Бэлэм буолу“ уруһуйунан киэргэппит улуу худуоһунньук Спиридон Васильевич Федоров, кинини солбуйбут талааннаах тарбахтаах Дмитрий Николаевич Мухин, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһиттэрэ Варвара Николаевна Угарова, Евдокия Семеновна Иринцеева, Анатолий Николаевич Павлов оҕо аймаҕы иитиигэ сүдү кылааттарын киллэрбит улахан суруналыыстар ааттарын ахтыахпын баҕарабын.
Бу курдук, санаан-ахтан аастахха, “Бэлэм буол”, “Кэскил”, “Будь готов”, “Юность Севера”, “Учуутал аргыһа”, “Учительский вестник” хаһыаттарга үүнэр көлүөнэни иитиигэ төһүү күүс буолбут улахан суруналыыстар үлэлээн ааспыттара.