Кэлиҥҥи кэмҥэ куораттары, бөһүөлэктэри тупсарыыга улахан болҕомто ууруллар буолла. Арктикатааҕы государственнай агротехнологическай университекка «Ландшафтнай архитектура» специальность арыллан, улахан интэриэһи тарта. Бу идэ туһунан билиһиннэриэ Айталина Анисимовна Старостина, АГАТУ «Землеустройство и ландшафтная архитектура» кафедратын сэбиэдисэйэ, архитектура кандидата, доцент.
- Кэпсэтиини бэйэҥ тускунан билсиһиннэрииттэн саҕалыахха. Ханнык үөрэҕи бүтэрбиккиний? Тоҕо бу идэни талбыккыный?
— Мин бэйэм Новосибирскайдааҕы архитектурнай академияны бүтэрэн, архитектор идэтин баһылаабытым уонна онно аспирантураҕа киирэн, саха омук төрүт тутууларын уонна тутууга нууччалар сабыдыалларынан киирбит уларыйыылары үөрэтэн, архитектура кандидата буолбутум. ХИФУ-га «Архитектура уонна куорат тутуута» кафедратыгар сэбидиссэйинэн үлэлии сылдьан, куорат уокуругун архитектура уонна градостроительство салаатыгар көспүтүм. Бастаан отдел начальнигынан, онтон — куорат кылаабынай ландшафтнай архитекторынан. Ландшафтнай архитектор идэтэ аныгы кэм ирдэбилинэн буоларынан, Дьокуускайдааҕы государственнай тыа хаһаайыстыбатын академиятыгар маннык идэни аһыахха сөптөөҕүн билэн, манна көспүтүм.
- Оҕо эрдэххинэ архитектор буолуом дии саныыр этиҥ дуо? Оскуолаҕа хайдах үөрэммиккиний?
— Мин оскуолаҕа үөрэхпэр үчүгэй этим. Ордук сөбүлүүр предметим черчение этэ, хаста да өрөспүүбүлүкэтээҕи черчение олимпиадатыгар ситиһиилээхтик кыттыбытым. Ону тэҥэ нэһилиэкпит мусуойугар иһинэн үлэлиир экскурсовод куруһуогар сөбүлээн сылдьар этим. Өссө биологияны ордорор этим. Кэлин идэбин таларбар уонна салгыы сайдарбар ити дисциплинэлэр улахан оруолу оонньообуттара.
- Кэлиҥҥи кэмҥэ куораттары, бөһүөлэктэри тупсарыыга улахан болҕомто ууруллар буолла. Арктикатааҕы государственнай агротехнологическай университекка «Ландшафтнай архитектура» специальность арыллан, улахан интэриэһи тарта.
— Оннук. Бу идэни интэриэһиргээн ыйытааччы олус элбэх. 2018 сыллаахха тыа хаһаайыстыбатын академиятыгар саҥа «Лесной комплекс и землеустройство» факультет, ону тэҥэ саҥа «Землеустройство уонна ландшафтная архитектура” кафедра аһыллыбыттара. Онтон 2019 сыллаахха кафедраҕа «Ландшафтная архитектура» бакалавриат тэриллиитэ бигэргэтиллибитэ. Онон кэтэхтэн үөрэххэ 12 устудьуон киирэн үөрэнэ сылдьар.
- Ландшафтнай архитектор — бу туох соруктаах идэний? Архитектор туох тус хаачыстыбалаах буолуохтааҕый?
— Билигин дьон сынньанар уонна олорор сирин тупсарыыга, киэргэтиигэ элбэх үлэ ыытыллар буолла. Көҕөрдүү уонна кэрэ көстүүлээх хаачыстыбалаах эйгэни тэрийии-тутуу ирдэнэр буолла. Онон биһиэхэ аһыллыбыт идэ билинҥи кэмҥэ сөп түбэһэр, наадалаах үөрэх буолар. «Ландшафтное строительство” диэн бэриллибит учаастакка көҕөрдүүттэн ураты дьоҕус архитектурнай формалары тас эйгэҕэ, тулалыыр тутууну, дьиэлэри кытта сөп түбэһэр, барсар, ситимнээх көстүүлээх гына оҥоруу буолар.
- Үөрэххэ киириигэ туох ирдэнэрий?
— Быйыл бу үөрэххэ 26 бүддьүөт миэстэтэ көрүлүннэ, онтон — 15 миэстэ күнүскү (очнай) уонна 11 кэтэхтэн салааларга. Ирдэбил бары үөрэххэ киирэр курдук биир, БКЭ түмүгүнэн математика 27, нуучча тыла 36, физика 36 баалтан итэҕэһэ суох буолуохтаах. Бу идэҕэ ыарырҕаппакка үөрэнэргэ, мин санаабар, маны билиэххэ наада: уруһуй, саады тэрийэр искусство историята, ботаника, дендрология, о.д.а.
- Киирдэхтэринэ, ханнык предметтэри үөрэтэллэрий, тугу оҥорору сатыыр буолуохтаахтарый?
— Устудьуоннар үүнээйини хайдах олордор уонна көрөр харайар туһунан тустаах үөрэҕи бараллар. Көҕөрдүү, кэрэ көстүүлээх үүнээйилэри таба дьүөрэлээһин. Ону таһынан уруһуйдуурга, бырайыагы оҥорорго уонна аан дойду ландшафтнай архитектуратын историятын үөрэтэллэр.
- Уопсайынан, бу идэ төһө наадалааҕый?
— Билигин Саха сирин нэһилиэктэригэр сквердэр уонна дьон сынньанар, күүлэйдиир сирдэрин оҥоруу тэтимнээхтик баран эрэр. Инники өттүгэр бу тутуулары көрөр-харайар специалистар наада буолуохтара. Онон бу специальность инники өттүгэр кэскиллээх буолар.
- Ландшафтнай архитектор буолуон баҕалаах оҕолорго тугу субэлиэҥ этэй?
— Бу идэни баһылыан баҕалаахтарга баҕарыам этэ, өскөтүн тулалыыр эйгэҕит кэрэ көстүүлээх, олорорго, үлэлииргэ уонна сынньанарга табыгастаах буолуон баҕарар буоллаххытына, бу идэ — эһиэнэ. Кэрэни кэрэхсиир, архитектураны сэҥээрэр, айар-тутар баҕалаах абитуриеннары Арктикатааҕы государственнай агротехнологическай университет «Ландшафтнай архитектура» идэтин баһылыырга ыҥырабыт.
Ааптар: Таисия Алексеева
Кафедра «Землеустройство и ландшафтная архитектура»
Старостина Айталина Анисимовна – и.о. заведующего кафедрой, кандидат архитектуры, доцент. Адрес: 677007 г. Якутск, ш. Сергеляхское, 3 км., дом 3, каб. 1.415 Тел.: 89142790809 Эл. почта: zemysaa2018@mail.ru |
Профессорско-преподавательский состав и сотрудники кафедры
Персональный состав кафедры
1. Гаврильева Надежда Константиновна, зам. декана по учебной работе к.с.-х.н., доцент
2. Сальва Андрей Михайлович, к.г.-м.н., доцент
3. Спиридонов Алексей Спиридонович, уч.мастер
4. Румянцев Владимир Афанасьевич, к.с.-х.н., доцент
5. Соловьева Римма Алексеевна, ст. преподаватель
6. Стрекаловская Мария Ильинична, ст.преподаватель
7. Слепцова Кюннэй Егоровна, ассистент
8. Аргунова Кюннэяна Федоровна, ст.лаборант
Совместители:
1. Попов Светозар Семенович
2. Пучнин Александр Николаевич
3. Слепцова Светлана Ивановна
4. Николаева Роза Николаевна
5. Федорова Татьяна Николаевна
6. Ефремова Инга Ивановна
7. Степанова Дария Ивановна
История кафедры
Направление подготовки 21.03.02 «Землеустройство и кадастры» профиль «Управление земельными ресурсами» открыто в 2011 г в Инженерном факультете Якутской ГСХА. В 2014 г. получили дипломы бакалавров первые выпускники направления. В 2018 году в Якутской государственной сельскохозяйственной академии открыт новый факультет «Лесного комплекса и землеустройства». В связи с принятием закона о «Дальневосточном гектаре» остро стоит вопрос о необходимости подготовки высококвалифицированных специалистов, будущих инженеров землеустроителей в Республике. На базе кафедры «Природообустройство» учреждена кафедра «Землеустройство и ландшафтная архитектура». Кафедра выпускает бакалавров по образовательной программе 21.03.02 «Землеустройство и кадастры».
Образовательная деятельность
Основные преподаваемые дисциплины:
Геодезия
Картография
Фотограмметрия и дистанционное зондирование
Инженерное обустройство территорий
Основы кадастра недвижимости
Основы землеустройства
Основы градостроительство и планировка населенных мест
Основы инженерно-экологических изысканий
Гидрология, метеорология и климатология
Основы природопользования
Управление земельными ресурсами
Кадастр недвижимости и мониторинг земель
Оценка объектов недвижимости
Планирование и использование земель и др.
Учебно-методическая работа кафедры
Профессорско-преподавательский состав кафедры постоянно повышает качество образования за счет совершенствования учебного процесса и внедрения в учебный процесс новых информационных и инновационных технологий, обеспечения к ним широкого доступа студентов. Также активно участвуют в общеакадемических конкурсах на лучшую программно-методическую разработку, на лучшее занятие. Разрабатывают и обновляют методические указания, учебные пособия, электронные учебники и рабочие программы дисциплин по ФГОС ОПОП.
Электронные методические разработки, интерактивные занятия преподавателей размещены на базе системы Мoodle и Портфолио.
Научно-исследовательская деятельность
*Краткое описание НИР кафедры, НИРС
Тема НИР | Исполнитель |
Исследование градостроительных планировочных структур сельских населенных пунктов РС (Я) | Старостина А.А., к.арх., доцент |
Формирование комфортной городской среды, для северных климатических зон. | Старостина А.А., к.арх., доцент |
Исследования по рекультивации мерзлотных почв (гуматы, сапропель) | Степанова Д.И., к.сх.н., доцент; Корнилова Т.И., ст. преподаватель |
Идентификация породного состава насаждений средствами дистанционного зондирования | Федорова Т.Н., к.т.н., доцент, Ушницкий А.А., к.т.н, доцент, Григорьев М.Ф., ст. преподаватель |
Рациональное использование природных ресурсов | Слепцова М.В., к.т.н., доцент |
Мелиоративное и водохозяйственное водоснабжение Центральных районов Якутии | Сальва А.М., к.г-м.н., доцент |
Мелиорация, рекультивация и охрана земель. Экологическое земледелие. | Степанова Д.И., к.с.-х.н., доцент |
Типология и кадастровый мониторинг недвижимости (земельных ресурсов) РС(Я) | Гаврильева Н.К., к.с.-х.н., доцент |
Рациональное использование земельных ресурсов | Стрекаловская М.И., ст.преподаватель |
Развитие полевого кормопроизводства в криолитозоне Якутии | Румянцев В.А., к.с.-х.н., доцент |
Проблема формирования ИКТ-компетентности будущих инженеров направления подготовки 21.03.02 «Землеустройство и кадастры» в информационно-образовательной среде регионального вуза | Соловьева Р.А., ст. преподаватель |
Исследование и совершенствование высокоточного инженерно-геодезического нивелирования в экстремальных природно-климатических условиях Севера. | Слепцова К. Е., ассистент |
Налогообложение объектов недвижимости и кадастровая оценка | Слепцова С.И., доцент (0.5 совместитель) |
Геопространственные данные и их анализ при территориальном планировании, землеустройстве, градостроительстве, кадастровом учете, оперативном управлении территориями и обеспечении жизнедеятельности населения Республики Саха (Якутия) на всех уровнях государственного и муниципального управления. | Федорова Т.Н., доцент (0.5 совместитель) |