(Остуоруйа)
Улахан өрүс кытылыгар булчут оҕонньор үүтээн курдук кыра балаҕаҥҥа олорбут. Аһылыга наар балык, куобах, биирдэ эмэ тосхойдоҕуна, тайах, арыт эһэ этэ буолар эбит. Баайа диэн, биир аттаах, кырдьан эрэр ыттаах. Дьонтон тэйиччи олорор буолан, анаан-минээн атынан баран кэпсэтэн, сонун арааһын истэн сэргэхсийэр, таарыйа, кыра да түүлээх буоллар, наадыйар малларыгар, аска-үөлгэ атастаһан, кэлэр.
Кини биир саас дьонноох түөлбэҕэ киирэн, эмиэ “сэргэхсийэн” кэлбит. Арай бэрт үтүө аты мииммит, ол атыгар эмиэ оннук аты сэтиилэммит бэрт эдэр киһи тиийэн кэлбит. Аттарын сэбэ-сэбиргэлэ уратыта, бэрэмэдэйдэрин тигиитэ кичээҥитэ улахан сэниэ киһи ыччата буоларын туоһулууллара.
Оҕонньор ыалдьыт кэлбитигэр үөрэн, тэлгэһэтигэр тахсан көрсөр, аттарын баайсар, бэрэмэдэйдэрин түһэрсэр. Ол тухары киһитэ бастаан дорооболоспутугар киҥинэйэн эрэ ылбыта уонна дьиэлээх ыйытыыларыгар хардарбатаҕа. Оҕонньор ону аахайбатаҕа, баҕар, тыла суох эбэтэр олус сылайбыта буолуо дии санаабыта.
Балаҕаҥҥа киирэн, хоноһотугар ас тардан, остуолга ыҥырар.
– Бэрт эдэр киһи эбиккин. Туох эрэ соруктаах буолан, айаннаан истэҕиҥ?
– Ол мин соругум эйиэхэ туох сыһыаннаах буолуой? Сир-дойду киэҥ киэлитин көрөрүм-билэрим көҥүлүм ини дии саныыбын, – уол хаҕыстык хардарар.
– Оннугун оннук да, кырдьаҕас киһи, баҕар, сүбэ-
ама буолуом дии санаабытым. Ол эрээри, ахсарбатаргын да, этэрбин, саатар, истэн хаал. Ханна да дьону кытта ыксалас, кырдьаҕаһы ытыктаа, тулалыыр эйгэҕэр сиэри-туому тутус. Булка Баай Байанай, Күөх Боллох иччилэртэн көрдөһө, алгыы сырыт. Итилэри тутустаххына, айыыларыҥ арчылыахтара, күүс-көмө буолуохтара.
– Эн да үөрэтиитэ суох истэбин аҕай. Олору бу диэн тутуспаппын эрээри, хата, кимнээҕэр баайбын, чэгиэммин.
– Билигин дьонуҥ баайыгар тараҥныыгын, олоххо араас буолар. Дьэ буоллаҕа… – оҕонньор сүөм түһэн, бастаан үөрбүтэ тута уостан хаалар.
Ол да буоллар, хоноһотун сылаастык утутан, сарсыарда барарыгар үтүө тылынан атаарар. Уол, онуоха махтал диэни хардарбакка, айанныы турар.
Өр дуу, өтөр дуу айаннаан иһэр суолугар биир кырдьаҕас эмээхсини ситэн ылар.
– Эмээхсиэн, суолтан туораа! – диэн көбдьүөрбүтүгэр эмээхсин соһуйан:
– Бабат-татат! – диэбитинэн эргиллэ биэрэр. – Оо, айан киһитэ, дорообо! Сылайдым аҕай, иккис аккар олордуоҥ буолаарай?
– Бачча кырдьа-кырдьа тоҕо мэнээктиигин? Миигинэ да суох ханна тиийэргин билэн истэҕиҥ, – диир уол ааһа хаамтаран иһэн.
– Бээ, дьиэм да олус ырааҕа суох ээ, бу эргин олохтоохпун. Эдэр киһи эрээри, хаҕыс да эбиккин.
– Кырдьаҕаскытынан өттөйөн хаалаҕыт, ким барыта кырдьар ини…
– Мин дойду иччитэбин, эйигин кэтээбитим ыраатта, сиэри тутуспат, саастаахтары ахсарбат бардам, уолҕамчы эбиккин. Кэм-кэрдии ааһыаҕа, кэмсинэр, көрдөһөр кэмиҥ кэлиэҕэ, – диэн баран, симик тыаллыы силир-салыр тыаһыыр уонна от-мас симэхтээх бэрт мааны дьахтар буола түһээт, сыыйа салгыҥҥа симэлийэн хаалар.
Уол соһуйан, айаҕын аппытынан, ыҥыырыгар олорон хаалар. Ол да гыннар, “били” майгыта баһыйан, “бары барыта миигин үөрэтэн, таныйан хааллахтарай!” дии санаат, атын эрчимнээхтик соруйар.
Арай хас да күн ааспытын кэннэ, аттара эһэ сытын ылан, онтон сиргэнэн, суолтан туора ыстаналлар да, уол ыҥыырыттан эһиллэн хаалар. Ыарыыланан, балайда сыппахтаан баран, аттарын көрдүү барар, сылайыар, хараҥарыар диэри хаамар. Аттар тохтообокко барбыттар. Уол уот оттунан, хонорго быһаарынар. Тэлгэнэр, бүрүнэр таҥаһа суох буолан, түүн ырбаччы тоҥон, уотун уккунньаҕынан оттон, олорбутунан хонор. Сарсыарданан эрэ нуктаан ылар. Аны хайысхатын сүтэрэн, мух-мах буолар. Аччыктаан, кур отону сиэн үссэнэр. Ох саалаах, хаатыгар толору оноҕостоох эрээри, биир да булт түбэспэт. Биирдэ эмэ куобаҕы, хабдьыны көрдөҕүнэ, сыыһан ыытар. Устунан сэниэтэ олох эстэн, нэһиилэ эрэ хамсыыр буолар. Сынньанаары, охтубут маска олорон: “Хаһан охтуохпар диэри баран көрүөм, арыый сэниэ баарына, уот оттон, били оҕонньор сүбэтин курдук, иччилэртэн, айыылартан бардамсыйан, араастык тылласпыппын бырастыы гыналларыгар көрдөстөхпүнэ, өлөрбөр да чэпчэки буолуо этэ”, – дии санаан, уот оттор, кур отону хомуйан, онтуларын уокка уура-уура, көрдөһөр. Олорбохтоон баран, хаамыытын салгыыр. Киэһэлик уот да оттор сэниэтэ суох өй-мэй буолан, охтон хаалар. Ол сыттаҕына, итии салгын илгийэринии, били көрсүбүт дойду иччитэ имэрийэрдии далбаатаан ааһар. Ол быыһыгар эмиэ да нарын кыргыттар үҥкүүлүүр курдуктар.
Өйдөммүтэ уот оттуллубут, оллооҥҥо солуурчах ыйаммыт, антах тииккэ ата бааллан турар. “Хайдах хайдаҕый? Арааһа, өлөөрү түлээгирэн эрдэҕим…” – дии саныыр. Аны амынньыары көтөхпүт оҕонньор кэлэн, уоту күөдьүтэн биэрэр. Онтон туос тордуйаны туппутунан киниэхэ чугаһыыр. Айаҕын атытан, туох эрэ убаҕаһы куолайыгар куппутугар, уол бастаан утаа чачайыахча буолан иһэн, син, кыралаан аа-дьуо ыйыстар. Уол кэҥии быһыытыйар, өссө иһээри, илиитин уунар.
– Кыра-кыралаан иһиэхтээххин, аа-дьуо аһыахтааххын, бэйэҥ да билэр инигин, – диир оҕонньор уонна туран, ат диэки хааман бэгэдьийэр. Атын сиэтэн илдьэн, чугастааҕы хонууга, атах тардыстар гына баайан кэбиһэр.
Уол киэһэнэн арыый сэниэлэнэн, бэйэтэ аһыыр, улам кэпсэтэр буолар. Оҕонньортон ону-маны токкоолоһор:
– Эн бу ханналаан иһэн миигин буллуҥ?
– Айанныыр санаа отой суоҕа. Арай балыктыы бараары сылдьыбытым. Биир сарсыарда балаҕаным таһынааҕы хонууга эн аттарыҥ сылдьалларын көрөн, биирин сиэтэн, иккиһин батыһыннаран, эйигин көрдүү барбытым. Үһүс күммэр эһэ кырдьаҕас аттаргын үргүппүт сирин таба тайанан, астаах бэрэмэдэйи тырыта тыытан ыспытын булбутум. Хата, ол бэрэмэдэйгэ аралдьыйан, эйигин эккирэппэтэх. Ыппар суолгун ирдэтэн, күнү супту барбыппыт кэннэ, ардах түһэн, сытыҥ сүппүтэ. Ол да буоллар, мунан, төттөрү хайысханан барбытыҥ биллэрэ. Ити курдук онон-манан сирдэппитэ буолан айаннаан истэхпинэ, ытым салгыны сытырҕалаат, ыйдаҥаран көстөр ырааһыйа диэки ыстаммыта. Ону батыһан, бу сытаргын булан ыллахпыт. Быһыыта, айыылар көмөлөһөн, ыкка буллардахтара. Оттон аттарыҥ анал тэһииннээх, быалаах буоланнар, маска иҥнэн хаалбатахтар.
– Эн миэхэ тугу сүбэлээри гыммыккыный? – уол симиктик ыйытар.
– Өрүс эриллэр тоҕойдорун быһа түс диэн, оччотугар, икки күн айанныаҥ оннугар, күнүнэн да тиийиэххин сөбүн ыйаары-кэрдээри, таарыччы сиэр-туом туһунан холобурдаан кэпсээри гыммытым да… Өйүөҥ сорҕотун бэйэҥ сүгүөхтээҕиҥ. Оччотугар аҕыйах кэмҥэ син тулуһуохтаах этиҥ.
– Оо, ытык кырдьаҕас, мин хаҕыс сыһыаммар баалаабакка, күн-ый буолбуккар, аҕа саастаахтары ытыктыырга, сиэри тутуһарга өй укпутуҥ иһин эйиэхэ уонна сиэдэрэй Айылҕабар махтанабын. Мантан инньэ сыыһаларбын, миигиттэн хоргуппуккутун алы гынан уҕарытар туһугар кыһаллыам. Өс-өһүөн санааны тутумаҥ диэн ааттаһабын-көрдөһөбүн! – диэт, бастаан оҕонньорго, онтон уот иннигэр сөһүргэстии түһэр. Онуоха кырдьаҕас сирэйэ сырдаан: “Айылҕа уонна киһи алтыһыыта, чугас ыксалаһыыта – итэҕэл”, – диэн баран, илиитин уол санныгар уурар.
Семен НИКИТИН.
Бахсы, Чурапчы.