Библиотекаҕа элбэх кинигэ, сурунаал, хаһыат уонна дьикти кинигэлэр бааллар. Киһиэхэ саамай наадалаҕа билии, элбэҕи билиэххин баҕардаххына кинигэтэ аах. Билиҥҥи кэмҥэ оҕолор наһаа кинигэ аахпат буоллулар. Олус дьикти кинигэлэр наһаа элбэхтэр. Холобур, оҕолор элбэх кинигэни аахтахтарына улааттахтарына олоххо туһалаах: учуонай, үчүгэй үлэһит буолуохтарын сөп. Ол курдук, Дьокуускай 2 №-дээх Национальнай политехника оскуолатын 6 «В» кылааһын кыргыттара кинигэ туох суолталааҕын уонна билиҥҥи библиотека хайдах буолуохтааҕын кэпсииллэр.
Алиса Аргунова:
Миигин библиотекаҕа аан маҥнай биэс сааспар ийэм илдьибитэ. Ол кэмтэн ыла дьиэм аттыгар баар “Семейнай библиотекаҕа” өрөбүллэрбэр харантыын иннинэ сылдьар этим. Онно бырааппын кытта олунньуга Дайаана Руслановна биэрбит сорудаҕын толорбутум, өйтөн суруйарга бэлэмнэммитим уонна кинигэ уларсыбытым. Мин санаабар, төһөннөн элбэх кинигэ ааҕабын, соччонон сайдабын, билиим кэҥиир туһалаах.
Сөбүлүү аахпыт аан маҥнайгы кинигэм “Незнайка” буолар. Ааҕа олорон Незнайкалыын уонна кини доҕотторунаан тэҥҥэ араас мүччүргэннээх сырыыларыгар бэйэм сылдьыспыт курдук буолбутум. “Сладость на корочке пирога” канадскай суруйааччы Алан Бредли романын сэргээбитим. Элбэхчаастан турар «Флавия де Люс ведет расследование» диэнкинигэлэринсөбүлээнаахпытым.
Флавия сүрүн герой, кини уон биир саастаах кыыс. Кыра эрдэҕинэ, таайа Тарквин де Люс, өлбүтүн кэннэ, химическэй лабароториятын кыыска хаалларар.Флавия химия наукатын баһылаан, ырытар өйдөөх-санаалаах, араас уопутунан дьаат оҥорорго маастар. Ааҕарга олус интэриэһинэй, мин Флавия курдуккүүстээх санаалаах, эппит тылыгар турар, атыннык сөптөөхтүк толкуйдуур, быһаарыыны ылынар, киэҥ билиилээх буоларга сананным.
Инникитин библиотеканы Интэрниэт өҥөтүн нөҥүө туттуохпут дии саныыбын. Мин билигин куораппыт библиотекатыгар, маҕаһыыныгар суох кинигэлэри (японскай манга) ааҕарбын ордоробун. Интэрниэт киэҥ эйгэтигэр төлөппүөн нөҥүө ааҕарбар, сорох саайтар вирустар көстүөхтэрин сөп. Онтон библиотека сайтын нөҥүө эбитэ буоллар куттала суох буолуох этэ. Ааҕар дьон өссө элбиэҕэ, мин санаабар библиотекаҕа билигин дьон мэлдьи сылдьар, кэлэр курдук.
Лиля Маркова:
Мин ийэм библиотекаҕа үлэлиир. Ол иһин бу идэни, библиотека эйгэтин үчүгэйдик билэбин. Онно сылдьан элбэх баҕайы кинигэни көрөөччүм, ааҕааччым, оттон сөбүлээбиппин суруттаран дьиэбэр илдьэн ааҕабын. Рекорды Гиннесса энциклопедияны, “Фантазерка Дорри” кинигэлэри сөбүлүүбүн. Бу манна Дорри диэн кыыс өйүгэр иккис олоххо олорор, ону кинигэ бүтүөҕэр дылы биһиги олохпутун кытта холбуур. Ону таһынан, араас чахчылар, историялар туһунан ааҕарбын кэрэхсиибин. Ол иһин Гиннесс рекордарын ааҕан олус элбэҕи билбитим. Саас харантыын иннинэ смарт библиотекаҕа сылдьыбытым.
Кинигэ, библиотека син биир хаһан баҕарар баар буолуо. Ол эрээри электроннайга көһүөҕэ дии саныыбын. Билигин төлөпүөҥҥэ араас туһалаах сыһыарыылар бааллар. Онно эн ханнык кинигэни ааҕыаххын баҕараргын бэйэтэ билэр, көрөр.
Диана Константинова:
Билиҥҥи сайдыылаах үйэҕэ билиини аҥардас Интэриниэттэн эрэ буолбакка, библиотекаҕа сылдьан эмиэ элбэҕи үөрэтиэххэ, туһаныахха сөп. Мин алын сүһүөхтэн саҕалаан библиотекаҕа сылдьабын. Учууталбыт уруок быһыытынан, нэдиэлэ аайы сырытыннарар этэ. Онтон ыла интэриэһиргээн бэйэм эмиэ кэлэр буолбутум.Бутэһигин смарт библиотекаҕа сылдьыбытым. Кулун тутарга кылааһынан бара сылдьыбыппыт.
Библиотека киһиэхэ туһата элбэх.Онно чуумпуга олорон, мин уруок ааҕарбын сөбүлүүбүн. Ким да айдаарбат, мэһэйдээбэт. Үчүгэйдик ыксаабакка олорон элбэҕи ааҕыахха сөп ээ. Үөрэхпиттэн ураты библиотекаҕа араас кинигэни, комикстары, көрдөөх-нардаах кэпсээннэри ааҕарбын сөбүлүүбүн. Бу кэлин көрбүт, аахпыт комиксым The Umbrella Academy.
Мин санаабар, билигин библиотекаҕа оҕолор син сылдьаллар быһыылаах. Аныгылыы смарт библиотека курдук өссө элбиирэ буоллар. Элбэх аныгылыы 3D, 4D кинигэ хас хардыы аайы, атыы-эргиэн кииннэригэр баар буолуон баҕарабын.
Туяра Горохова:
Мин I кылаастан библиотекаҕа сылдьабын. Ийэм миигин оскуолаҕа киириэм иннинэ В.Г. Белинскай аатынан библиотекаҕа суруттарбыта.
Билигин технология, Интэриниэт ситимэ улаханнык сайдан турар кэмигэр оҕо, дьон-сэргэ кинигэни олох аахпат буолла. Холобур, мин библиотекаҕа сылдьаммын сайдабын, тулалыыр эйгэни билэбин, элбэх ыйытыыга хоруйдары булабын.
Инникитин библиотеканы маннык курдук көрөбүн: сырдык, киэҥ, элбэх этээстээх дьиэ, улахан түннүктэрдээх, үлэһиттэр бары таҥастаахтар, үөрэ-көтө көрсөллөр, араас ааҕар хостоох. Кинигэ ааҕар хостор киһи интэриэһинэн, үлэлиир эйгэтинэн, сааһынан арахсаллар. Өссө аһыыр хостоох, киһи хараҕын сынньатар, этин, көхсүн көннөрөрүгэр массажнай кириэһилэлээх курдук көрөбүн. Уонна интэриэһин тардар курдук көрүдүөр ортотугар кинигэнэн туох эмит оҥоһук оҥоруохха син этэ. Дьон кэлэ-бара хаартыскаҕа түһэрин курдук.
Кэпсэттэ Павел Ильин