Быйыл эһэлэрбит, эбэлэрбит Улуу кыайыыны ситиспиттэрин үбүлүөйдээх 75 сылын чиэстиибит. 79 сыл анараа өттүгэр, 1941 сыл бэс ыйын 22 күнүгэр фашитскай Германия биһиги дойдубутугар соһуччу саба түспүтэ.
Киһи аймах историятыгар саамай хааннаах сэриигэ 26 мөл. биир дойдулаахтарбыт олохтон туораан, олус ыарахан сыананан биһиги бу кыайыыны ситиспиппит. Билигин биһиги иннибитигэр өбүгэлэрбит хорсун быһыыларын харыстыыр сорук турар. Эдэр көлүөнэҕэ сэрии кэмигэр өрөспүүбүлүкэбит киин куората олоҕун-дьаһаҕын хайдах оҥостон олорбутун, Дьокуускайтан сэриигэ хас киһи ыҥырыллан барбытын туһунан кэпсиир соруктаахпын.
Дьокуускай сэрии сылларыгар
Аҕа дойду улуу сэриитин сылларыгар Дьокуускай куорат хайдах этэй? 1942 сыллааҕы биэрэпис түмүгүнэн, Дьокуускай куорат уонна Дьокуускай оройуонун сиригэр-уотугар 60 227 киһи олорбут (52 882 киһи куоракка, 7 345 – Дьокуускай таһыгар). Таҥара дьиэтэ, баан, бибилэтиэкэ уонна үөрэҕирии института эрэ тааһынан тутуллубут, атын дьиэлэр барыта мас этилэр.
Сэрии саҕаланыан иннинэ Дьокуускай куоракка 7 кыра тэрилтэ үлэлиирэ: Саха киин электростанцията, тирии, кирпииччэ, пиибэ собуоттара, миэлиҥсэ, лесокомбинат, типография. 40-с сылларга түннүгү, лаампаны, хаһаайыстыбаннай иһиттэри таһаарар өстүөкүлэ собуота үлэтин саҕалаабыта. Ону тэҥэ макарон фабриката, механизациялаах килиэп собуота, кондитерскай производство тэриллибитэ.
Сэрии кэмэ төһө да ыараханын иһин, куоракка олох салҕанан бара турар. 1940-1945 сылларга 15 олорор дьиэ, 2 оҕо саада, 16 бырамыысалыннай тутуу, 2 таас оскуола (билиҥҥи 1 №-дээх уонна 3 №-дээх оскуола дьиэлэрэ), прокуратура дьиэлэрэ тутуллубуттара. Билиҥҥи «Центральнай» киинэ тыйаатыра тутуллубута. Сэтинньи 6 күнүгэр 1941 сыллаахха Нуучча драматическай тыйаатырын саҥа дьиэтэ аһыллыбыта. Санаан көрдөххө, улахан тутуулар ыытыллыбыттар.
Сэрии сылларыгар Дьокуускай куорат административнай киин буолан, бүтүн Саха сирин партийнай, сэбиэскэй уорганнарын үлэлэрин салайбыта. Ол курдук, Дьокуускай куоракка Саха сиринээҕи коммунистическай партия салаатын, комсомолун салайааччылара, Красноярскайдааҕы салгын трассатын 1-кы полкатын штаба, бүтүн Союзтааҕы «Якутзолото» трест, Саха сирин өрүс пароходствотын уонна Хотугу муора суолун кылаабынай управлениелара бааллара. Бу тэрилтэлэр үлэһиттэрэ сүрүн кылааттарын иһин Оборона государственнай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ И.В. Сталин илии баттааһыннаах махтал суруктарынан, государственнай уордьаннарынан уонна мэтээллэринэн наҕараадаламмыттара.
Ону таһынан, киин куораппытыгар Красноярскай-Уэлькаль («Аляска-Сибиир (АЛСИБ)») салгын трассатын штаба баара. Бу трасса нөҥүө биһиги дойдубутугар Америкаттан бойобуой уонна транспортнай самолеттар көмөҕө аҕалыллыбыттара.
Сэриигэ мобилизация
Дьокуускайга фроҥҥа саллааттар мобилизацияларынан Дьокуускайдааҕы оройуоннар холбоһуктаах байыаннай комиссариаттара (Якутский объединенный районный военный комиссариат) дьарыктаммыта. Бу холбоһуктаах байыаннай комиссариаттан сэриигэ куораттан эрэ буолбакка, чугастааҕы улуустар олохтоохторо эмиэ ыҥырыллыбыттара (Орджоникидзевскай, Горнай, Нам, Кэбээйи, Кэбээйи, Мэҥэ-Хаҥалас уонна Уус-Алдан оройуоннара). Сэрии бастакы нэдиэлэтигэр олохтоохтортон 430 сайабылыанньа киирбит.
1941 сыл от ыйыгар 1921-23 сыллаах төрүөх эдэр дьону Дьокуускайтан уонна өрөспүүбүлүкэ оройуоннарыттан сэриигэ ыҥырыы саҕаламмыт. Хомуур пуунугар ордук орто үөрэх кыһаларын уонна Дьокуускайдааҕы педагогическай институт устудьуоннара кэлбиттэр. Кинилэр ортолоругар ударниктар уонна үөрэх туйгуннара элбэхтэрэ ахтыллар. Устудьуоннар биир санаанан бэйэлэрин төрөөбүт дойдуларын иннигэр иэстэрин толорорго бэлэмнэрин биллэрбиттэр. Кинилэр ортолоругар Сэбиэскэй Сойуус Геройа Георгий Иванович Шавкунов 1941 сыллаахха атырдьах ыйын 9 күнүгэр ыҥырыллыбыт.
1941 с. фроҥҥа Саха сириттэн барыта 16 964 киһи барбыт. Кинилэр ол сыл күһүнүгэр бастакы бойобуой сүрэхтэниини ылбыттар уонна сүрүннээн Москва уонна Ленинград оборуонатыгар кыттыбыттар. Сахалар үгүстэрэ нууччалыы билбэт буоланнар, ити улахан ыарахаттары үөскэппитэ. Сэрии бастакы сылларыгар маассабай өлүү буолбута.
1942 сыллаахха мобилизация бэс ыйын 6 күнүттэн саҕаламмыт уонна хас да түһүмэҕинэн ахсынньы 22 күнүгэр диэри ыытыллыбыт. Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр барыта 5 863 саллаат ыҥырыллыбыт.
1943 сыллаахха тохсунньу 28 күнүттэн ахсынньы 28 күнүгэр диэри сэриигэ фроҥҥа мобилизация түмүгэр 4 125 саллаат ыҥырыллыбыта.
1944-1945 сыллардаахха барыта 2 160 саллаат (1944 с. — 1 626 буойун, 1945 с. — 534) ыҥырыллыбыта.
САССР 1941-1945 сс. барыта 62 091 саллаат, ол иһигэр 414 дьахтар сэриигэ ыҥырыллыбыта. 32 тыһыынчаттан тахса киһи сэрии хонуутуттан эргиллибэтэх.
Билигин биһиги Аҕа Дойду улуу сэриитин сылларыгар өбүгэлэрбит көрдөрбүт хорсун быһыыларын иһин махтаныах тустаахпыт.
Ааптар: Дмитрий Апросимов, Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу сир аҕыйах ахсааннаах норуоттарын проблемаларын институтун аспирана.