Оҕону кыра эрдэҕиттэн тылын баайын кэҥэтэн, санаатын үчүгэйдик ситимнээн саҥарарыгар үөрэтэр билиҥҥи кэмҥэ улахан тоҕоостоох буолла. Саха оҕолоро төрөөбүт тылларын умнан эрэллэр диэн санааттан, хайдах, тугу гынабыт диэн, туох сыыhатын чинчийэн, анааран көрдүбүт.
Уһуйааннарга анаан тыл сайдыытыгар үлэни хайдах ыытарга туһуламмыт сахалыы тыллаах анал методическай босуобуйалар суохтарын кэриэтэ. Оҕо тыла мөлтөх буоллаҕына, ситэри көмөнү ылбат эбит. Логопедтар оҕо дорҕоону сыыһа саҥарарын көннөрүөхтэрин сөп, оттон оҕо кэпсиир дьоҕурун сайыннарарга кэккэ кыһалҕалары көрсөллөр.
Биhиги – Елена Петровна Басыгысова (36 сыл логопед ыстаастаах), Федора Егоровна Романова (22 сыл логопед ыстаастаах), Людмила Ивановна Ширяева (16 сыл логопед ыстаастаах), Анна Алексеевна Тарабукина (12 сыл логопед ыстаастаах), Клавдия Александровна Мучина (4 сыл логопед ыстаастаах), «Оҕо кэпсиир дьоҕурун сайыннарыы» диэн босуобуйаны хомуйан оҥордубут. Оҕо ситимнээх саҥатын сайыннарыы биир уустук үлэнэн буолар. Ол иһин логопедтарга, иитээччилэргэ көмө буоллун диэн бу босуобуйаны хомуйан оҥордубут.
Сүбэлэһэн баран, үгүс ахсааннаах лексическэй тиэмэлэртэн 22 тиэмэни талан ылан, үлэлэһэргэ сананныбыт. Сүрүн болҕомтобутун оҕо тылын баайын кэҥэтэргэ, тыл суолтатын өйдөөн, этиигэ сөпкө туһанарыгар үөрэтиигэ, айан кэпсиир дьоҕурун сайыннарыыга уурдубут.
Кинигэбит 2 чаастаах, 1 чааһа — текст, 2 чааһа өҥнөөх ойуулар.
Босуобуйаҕа киллэриллибит тылы араастаан уларытыыга бэриллибит матырыйаалы логопед, иитээччи бэйэтэ көрөн, таба аттаран айымньылаахтык туһаныахтаах.
Басыгысова Е.П., Романова Ф.Е.,
Ширяева Л.И., Тарабукина А.А., Мучина К.А.
Сибээстэһэр нүөмэр — 89142880189