Быйыл Улуу Кыайыы 75 сылын бэлиэтээтибит. Боронук орто оскуолатыгар (дириэктэр Н.А.Потапова) сылы быһа утумнаахтык Улуу Кыайыы мэңэ өйдөбүлүн үйэтитэр үлэ ыытылынна. Бу тэрээһинтэн ким да туора турбакка, хас биирдии үөрэнээччи, учуутал, төрөппүт көхтөөхтүк кытынна.
Кыайыы сылын үөрүүлээхтик арыйыы саха чулуу буойун суруйааччыта Т.Е.Сметанин төрөөбүтэ 100 сылын бэлиэтээһининэн саҕаламмыта. Оскуола оҕолоро кылааһынан суруйааччы хоһооннорун уус-уран ааҕыыга, айымньыларын оонньоон көрдөрөн, сытыы бөрүөлээх буойун-суруйааччы аатын үйэтиттилэр.
Сылы быһа сэрии толоонугар кыргыспыт буойуннарбыт, тыылга бэйэлэрин харыстаммакка үлэлээбит дьоммут туһунан, ол кырыктаах сэрии кэмигэр оһуора суох оҕо саастара ааспыт оҕолор тустарынан ахтыы хомуйуута (тэрийээччи Горохова С.М.), «Ленинград блокадатын
килиэбэ», «Кыайыы былааҕын өрөгөйдөөхтүк көрсүһүү», «Саллаат саһарбыт суруга» тэрээһин-акциялар, үлэ-тыыл бэтэрээннэригэр тимуровскай үлэлэр быыстала суох тэрилиннилэр.
Алтыс кылаас оҕолоро (кылаас салайааччыта Слепцова Р.С.) бу үлэҕэ барытыгар көхтөөхтук кыттан, Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыттыбыт Боронуктан төрүттээх аймахтарын, тыылга үлэлээбит эбэлэрин-эһэлэрин туһунан ахтыы хомуйан, дууһаларын өрүкүтэн айар үлэҕэ сытыы бөрүөлэрин холонон хоһоон-кэпсээн суруйан, уус-уран ааҕыы күрэхтэригэр өйү-санааны сытыылаан хоһоон этэн, ырыа ыллаан, үңкүү тэбэн Улуу Кыайыы суолтатын көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тиийэр дириң ытыктабылы күүһүрдэн көрдөрдүлэр.
Аҕа дойдуга бэриниилээх буолуу, Улуу Кыайыы 75 сылыгар эбэлэрбит-эhэлэрбит сырдык кэриэстэригэр, сэрии — тыыл бэтэрээннэригэр дириӊ ытыктабылы итэҕэтэн бу үлэбитин уунабыт.
Ааптар: Акулина СТРУЧКОВА, саха тылын, литературатын учуутала.