Таатта улууһун П.А.Ойуунускай аатынан Чөркөөх орто оскуолатын иһинэн тэриллибит»Утум» педагогическай үлэ бэтэрээннэрин түмсүүтэ ыччаты кытта тэрээһиннээхтик үлэлиир.
П.А. Ойуунускай төрөөбүтэ 125 сылыгар аналлаах «Ойуунускай ыллыктарынан» бырайыак ыытыллыбыта. Оскуола үөрэнээччилэрэ, нэһилиэк ыччаттара,» Утум» бэтэрээннэрэ Ойуунускайы кытта ситимнээх ытык сирдэринэн айаннаан, десант ыыппыттара. Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр Платон Ойуунускай саха норуотун государственноһын олохтоспут биир ытык киһибитинэн буоларын бары саныахтаахпыт.
Саппыйа томторо. 1937 с. Ойуунускай ССРС Үрдүкү Сэбиэтигэр депутатынан туруоруллубут кэмигэр дойдутугар бүтэһигин сылдьан, кэриэһин эппит ытык сирэ.
Халамнаайы күөлүн үрдүгэр репрессия сиэртибэлэригэр ананан туруоруллубут Мэҥэ таас.
Былатыан үөрэммит оскуолата. М.М.Сивцев — Маппыайабыс учуутал 1907 c. Чөркөөххө туттарбыта.
Тохтобул алаас. 1920 с.Чөркөөххө үрдүкү начаалынай училище аһыллыбытынан Куоста Сокольников малааһын ыһыаҕын тэрийбит. Онно туруоруллубут, Ойуунускай тыл эппит тырыбыната. Чөлүгэр түһэриллибит.
П.А.Ойуунускай айымньытыгар олоҕуран 2004 c. оҥоһуллубут » Оҕо куйуурдуу турара » литературнай композиция.
Ааптар: Екатерина Аржакова.